Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Балаҕан ыйа » 22 » Судаарыстыбаннас күнүгэр Күлүмнүүр аата дуораччы ааттаныа
Судаарыстыбаннас күнүгэр Күлүмнүүр аата дуораччы ааттаныа
07:48

Судаарыстыбаннас күнүгэр Күлүмнүүр аата дуораччы ааттаныа

Судаарыстыбаннас күнүгэр Күлүмнүүр аата дуораччы ааттаныа
ХIХ-ХХ үйэлэр кирбиилэригэр саха интеллигенциятын лидерэ, уопсастыбаннай-политическай деятель, сырдатааччы Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр быйыл сыл устата ыытыллаллар. Манна анаан 2013 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр СӨ Президенин дьаһала тахсыбыта. Өрөспүүбүлэкэтээҕи тэрийэр кэмитиэти Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Г.И.Данчикова салайаллар.

Уһулуччулаах биир дойдулаахпыт үтүө аатын үйэтитиигэ, норуотугар төнүннэриигэ биир кэтэһиилээх түгэнинэн балаҕан ыйын 27 күнүгэр – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын бырааһынньыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин дьиэтин иннигэр Күлүмнүүргэ аналлаах улахан боруонса пааматынньык үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыа.
В.В. Никифоров-Күлүмнүүр Саха сирэ, саха дьоно бэйэтэ бэрэстэбиитэллээх былаастаныытын туруорсубута. Кини Саха уобалаһыгар земскэй хамсааһын киириитин төрүттээбитэ, олоххо киллэрбитэ. 1918 сыллаахха Саха сирин уобалаһын земствотын бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Онон Василий Никифоров демократическай төрүккэ олоҕуран аан бастаан талыллыбыт Саха уобалаһын салайааччыта. Кини саха норуотун туһугар уһулуччулаах өҥөтүн бэлиэтээн, үйэлэргэ хаалар өйдөбүнньүк өрөспүүбүлүкэ парламенын дьиэтин иннигэр туруоруллуо.
Күлүмнүүр пааматынньыгын оҥорууга биллэриллибит куонкурус кыайыылааҕынан П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Виктор Федоров тахсыбыта. Скульптор норуокка биллэр үлэлэриттэн Дьокуускайга Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон, академик В.П.Ларионов, Сибэтиитэл Иннокентий пааматынньыктарын ааттыахха сөп. Виктор Михайлович боруонсаҕа кутууну Саха сиригэр бастакынан баһылаабыта, кини бастаан академик В.П.Ларионов пааматынньыгын Дьокуускайга куппута.
Саҥа пааматынньык 3 миэтэрэҕэ чугаһыыр үрдүктээх, гранит акылааттаах буолар. Соторутааҕыта Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.Н.Жирков салайааччылаах хамыыһыйа пааматынньык графикка сөп түбэһэн, үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥоһулла сылдьарын бэлиэтээтэ. Билигин парламент иннигэр пааматынньык акылаатын туруора сылдьаллар. Бу үлэ силигин ситэн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр үөрүүлээх аһыллыыта буолуоҕа.
Күлүмнүүрү үйэтитэр тэрээһин чэрчитинэн Ил Түмэн дьиэтин фойетыгар Василий Никифоровка аналлаах экспозиция аһылынна. Манна Күлүмнүүр олоҕун, үлэтин кэпсиир хаартыскалар, архыып докумуоннара, итиэннэ Дүпсүннээҕи кыраайы үөрэтэр музейтан кини туттубут маллара бааллар. Экспозицияҕа 1912 сыллаахха, эһиил 105 сылын туолуохтаах, Күлүмнүүр тэрийбит сахалар уобаластааҕы съезтэрин оччотооҕу делегаттарын хаартыскалара ыйаммыт. Маны сэргэ эмиэ эһиил 95 сыла бэлиэтэнэр Саха сирин Сэбиэттэрин I cъеһин матырыйааллара бааллар. Ил Түмэҥҥэ кэмиттэн кэмигэр оскуола үөрэнээччилэрэ экскурсияҕа сылдьар үгэстээхтэр. Онон оҕолор уонна ыалдьыттар Сахабыт сирин историятын билэллэригэр, үөрэтэллэригэр бу экспозиция интэриэһи үөскэтэр.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ историятыгар улахан суолталаах бу икки съезкэ аналлаах тэрээһиннэр буолуохтара, анаан бэлиэтэниэхтэрэ.
Урукку өттүгэр Күлүмнүүр аатын умна уонна тумна сатаабыт буоллахтарына, Василий Никифоров айар, научнай, уопсастыбаннай-политическай нэһилиэстибэтин үөрэтиини саҥа таһымҥа таһаарарга хамсааһын барар. Быйыл кулун тутарга М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет уонна Уус Алдан улууһун салалталарын тэрээһининэн Күлүмнүүргэ аналлаах научнай-практическай конференция ыытыллыбыта. Киэҥ хабааннаах, элбэх эдэр чинчийээччини түмэр маннык конференция университекка аан бастаан буолбута, студеннар уонна аспираннар түөрт секциянан 88 үлэни билиһиннэрбиттэрэ. Быйылгыттан университекка гуманитарнай хайысхаҕа үөрэнэр студеннарга Күлүмнүүр аатынан стипендия олохтонуо.
Суруналыыстыка эйгэтигэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан сылын ахсын туттарыллар СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтэ олохтонно. Бу бириэмийэ бастакы лауреатынан Иннокентий Сыроватскай -- уһун сылларга Күлүмнүүр нэһилиэстибэтинэн дириҥ хорутуулаахтык дьарыктанар суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи буолла.
Сыл устата барбыт дьаһаллартан санаттахха, өрөспүүбүлүкэ салалтата, уопсастыбаннаһа Күлүмнүүр төрөөбүт күнүгэр -- ыам ыйын 18 күнүгэр Национальнай библиотекаҕа баар мемориальнай дуоскатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурбуттара. Манна Күлүмнүүр хаан-уруу аймахтара – кини хос сиэнэ, хос хос хос сиэннэрэ кыттыбыттара. Ем.Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейга тематическай быыстапка аһыллыбыта, быыстапканы Күлүмнүүр хос сиэнэ Альбина Никифорова арыйбыта. Саас, муус устарга, Национальнай библиотека историческай саалатыгар П.А.Ойуунускай аатынан литературнай музей тэрийиитинэн В.В. Никифоров-Күлүмнүүргэ аналлаах «төгүрүк остуол” ыытыллыбыта.
Ыам ыйын 16 күнүгэр Уус Алдантан төрүттээх уонна Дьокуускай уопсастыбанньыктарын, интеллигенция бэрэстэбиитэллэрин, устудьуоннар көҕүлээһиннэринэн Ойуунускай уонна Белинскэй уулуссаларын быһа охсуһууларыгар В.В.Никифоров аатынан болуоссаты тэрийэр туһунан миитин буолбута. Бу туһунан А.Н.Жирков: «Күлүмнүүр аатын норуокка төнүннэрии, кини аатын үйэтитии саҥа саҕаланна эрэ. Кэм кэлэн истэҕин аайы, Күлүмнүүр аата ордук үрдүктүк, махталлаахтык ааттанар буолан иһиэҕэ, кини аата салгыы үйэтитиллиэҕэ», -- диэн эттэ.
Ыам ыйын 18 күнүгэр Саха театрыгар Күлүмнүүр аата саха драматургиятын төрүттээччилэр кэккэлэригэр көмүс буукубанан суруллубута. Бу күн Саха театрын сценатыгар Баһылай Никифоров 110 сыллааҕыта суруйан туруорбут «Манчаары» пьесатын сөргүтэн, билиҥҥи кэм көрөөччүтүгэр таһаарбыттара.
Саха норуотун чулуу уолун төрөөбүт дойдутугар, Уус Алдан улууһугар 2016 сыл Күлүмнүүр сылынан биллэриллибитэ. Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылыгар сөп түбэһиннэрэн, Уус Алдан улууһугар икки улахан таас объект тутуллуута өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматыгар киллэриллибитэ. Күлүмнүүр төрөөбүт дойдутугар -- Дүпсүҥҥэ кини аатынан Духуобунас киинэ эһиил үлэҕэ киирдэҕинэ, манна Күлүмнүүр олоҕун кэпсиир музей, оҕолорго эбии үөрэхтээһин киинэ үлэлиэхтэрэ. Аны улуус киинигэр, Бороҕоҥҥо тутуута саҕаламмыт култуура дьиэтэ Василий Никифоров аатын сүгүөҕэ.
Быйыл сайын Дүпсүҥҥэ уонна Бороҕоҥҥо Күлүмнүүргэ аналлаах ыһыахтар ыытыллыбыттара. Ыһыах күн Бороҕоҥҥо Радиотумул түөлбэтигэр Василий Никифоров аатынан уулусса өрөмүөннэнэн, саҥардыллан аһыллыбыта. Тойон Мүрүгэ буолбут ыһыахха улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музей уонна кииннэммит библиотека 120 сыллааҕыта Нижнэй Новгородка Бүтүн Россиятааҕы уус-уран, промышленнай дьаарбаҥкаҕа Василий Никифоров Саха сирин делегациятын аан бастаан кытыннарбытын кэпсиир экспозициятын туруорбуттарын Күлүмнүүр ыһыаҕар сылдьыбыт дьон улаханнык кэрэхсээн көрбүттэрэ-билсибиттэрэ.
Быйыл «Бичик» кинигэ кыһатыгар Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков этиитинэн саха бастакы көлүөнэ интеллигенциятыгар аналлаах саҥа серия олохтонно. Бу серияҕа бастакы кинигэ В.В.Никифоров-Күлүмнүүр олоҕор, үлэтигэр ананан тахсыаҕа. Итини сэргэ Күлүмнүүр олоҕун, нэһилиэстибэтин кэпсиир архыып докумуоннарынан оҥоһуллубут хомуурунньук бэчээккэ барда. Бу икки кинигэ редакционнай коллегиятын Александр Жирков сүрүннүүр.
Кыһын, сэтинньи ыйга, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет театрыгар В.В.Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕа буолуо.
Кулун тутар ыйга Александр Жирков Санкт-Петербурга өссө өрөбөлүүссүйэ иннинэ тэриллибит, номоххо киирбит историческай кииҥҥэ -- «Бродячая собака» диэн ааттаах арт-кулууп директора Евгения Аристованы кытары көрсүбүтэ. Россияҕа ааттаах-суоллаах «үрүҥ көмүс үйэ» бэрэстэбиитэллэрэ, поэттар, суруйааччылар, худуоһунньуктар, айар интеллигенция мустар бу сирдэригэр Россия империятыгар Романовтар династиялара ыраахтааҕылаабыта 300 сылын бэлиэтээһиҥҥэ 1913 с. Санкт-Петербурга тиийэ сылдьан, В.В. Никифоров бу историяҕа киирбит кулуупка бэйэтин суолун-ииһин хаалларбыта. Күлүмнүүр Санкт-Петербург интеллигенциятыгар «Манчаары» драматын нууччалыы ааҕан биһирэбили ылбыта. Ол бэлиэтигэр ХХ үйэ саҕаланыытыгар «Бродячая собака» кулуупка сылдьыбыт улуу талааннар галереяларыгар Василий Никифоров мэтириэтэ киллэриллиэҕэ. Оччотугар улуу киһи мөссүөнэ Санкт-Петербург култуурунай киинигэр Россия «Үрүҥ көмүс үйэтин» кэминээҕи биллиилээх дьонун кытта биир кэккэҕэ үйэтитиллиэҕэ.
Быйыл кулун тутар 21 күнүгэр Айхаллааҕы хайаны байытар комбинат 14 №-дээх фабрикатыгар көстүбүт 121,96 караттаах бөдөҥ алмааска Василий Никифоров аата иҥэриллибитэ. Күлүмнүүр үтүө аата алмаастыы чаҕылыйан норуотугар төннөн, өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов курдук киэн тутта ааттаныллар буолан иһэр. Кини олорбут олоҕо, айбыт үлэтэ барыта норуотун кэскилигэр, инникилээх буоларыгар анаммыта.


****
Ил Түмэн пресс-сулууспата.

Источник: aartyk.ru
 
Category: Люди. Человек. Народ. Общество | Views: 1405 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 34
Ыалдьыттар (гостей): 34
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024