Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Балаҕан ыйа » 25 » Владимир Махначевскай - Махно Быралыйар барааныгар..
Владимир Махначевскай - Махно Быралыйар барааныгар..
13:35
Владимир Махначевскай - Махно быралыйар барааныгар..
Түөрт уон хонуга буолар Владимир Иванович уһун ыарахан ыарыы кэнниттэн бу олохтон туораабыта.
Бу кэнниттэн кини кута бу орто дойдуттан быралыйа барар .
Киһи киэнэ кэрэмэһэ, дэгиттэр дьоҕурдаах, талааннаах киһи этэ, туохха барытыгар. 
Музыкаан  бэрдэ,  ырыаһыт үтүөтэ, музыкальнай режиссер, звукооператор, уруһуйдьут, дэгиттэр уус. Киһи киһитэ, эрэллээх атас-доҕор.
 Бу соторутааҕыта эрэ эн-мин дэһэн алтыһа сылдьыбыт,өр сылларга доҕордоһон кэлбит Болуодьабыт барахсан аттыбытыгар суоҕа, «этэ диэн»...ааспыт кэмҥэ ахтар хайдах эрэ курдук...

Бу сиргэ ананан кэлбит өлүүтэ -ыйааҕа оннук буоллаҕа эрэ диирбитигэр тиийэбит.Сирдээҕи олорон ааспыт олоҕор ситиһиилэрин , хайдах туох олорон ааспытын сахабыт сирин дьонугар-сэргэтигэр санатан ааспатахпытына , истиҥник саныыр доҕотторо Болуодьа туһунан истиҥник илдьиппитин,кылгастык да буоллар, тийиэрдибэтэхпитинэ ким тийиэрдиэй...?

        Сыл-хонук ааһара түргэн да буоллаҕа...

Бу соторутааҕыта эрэ курдук өйдүүбүн 1976 сыллаахха хаампыт-сиимпит,турбут-олорбут,эргиччи көрбүт киэҥ харахтаах Болуодьабыт биһиэхэ музыкальнай училищеҕа армия кэнниттэн кэлбитин.
Биһиги оччолорго кинини ыраахтан,=Чороон=ВИА салайааччытын билэр бөҕө этибит буоллаҕа дии...Дирижерско-хоровой салааҕа киирбитэ уонна биһиги =Хомус=диэн ВИА-гар ыллаһан,кыттыһан барбыта.

1981 сыллаахха Г.Сергучев,В.Мохначевскай,Мин, музыкальнай учищены бүтэрбит уолаттар уонна В.Саввин буоламмыт =Чороону иккистээн тэрийбиппит,Саха государственнай филармониятыгар үлэлии киирбиппит.Онтон ыла Болуодьабынаан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри ыкса доҕордоһон,бииргэ төрөөбүт кэриэтэ, убай-быраат буолан бииргэлэһэн кэллэхпит...

Күн сиригэр =Киһи-киһитэ= диэн баар буоллаҕына кини этэ дьиҥнээх Киһи-Киһитэ. Наар дьон туһугар туһугар кыһаллан биэрэрэ..Айылҕаттан ураты айдарыылаах уус буолан сатаабата диэн суоҕа. Барыта уурбут-туппут курдук киһи этэ...убайым барахсан...

Кимиэхэ да,тугу да аккаастаабат этэ. Барыларыгар көмөлөһөрө.=Чорооҥҥо= үлэлээбиппит тухары аппаратурабыт,араас тэриллэрбит олус үчүгэй, ураты туруктаах буолаллара.  Барыта Болуодьа көрөн-истэн тус туһунан хаалаах, дьып-дьап буолара. Музыкальнайын, ырыаһытын туһунан этэ да барыллыбат.Хас биирдии партияны,араас пассажтары дьаныһан туран үөрэтэрэ...

Куолаһын ураты куолас этэ диэхпин баҕарабын. Олус ыраас,күүстээх,үрдүк дорҕооннору олус үчүгэйдик эрэйэ суох ылар,ураты техникалаах куоластаах этэ. Доруобай сылдьан сорох ырыаларын уһултарбатаҕа,кэлин ыалдьан баран миэхэ кэлэн устуудьуйабар уһулла сатаабыта...Истэн баран сапсыйан кэбиспитэ.Харааһыннахпыт дии...

Кэлин кэмнэргэ муусука уонна фольклор мусуойугар үлэлии сылдьан элбэх,араас сахалыы муусука тэриллэрин оҥорбута,онон анаан дьарыгырар баҕалаах этэ..Олус оҕомсох этэ.Валята соҕуруу үөрэнэ сырыттаҕына Дьулуһун-уолун, кыһыл оҕону бэйэтэ көрбүтэ.Кинигэнэн...Олох кимиэхэ да тыыттарбат этэ. Кини туһунан алтыспытым бэрт буолан олус элбэҕи билэбин. Ахтыы кинигэтэ тахсарыгар анаан суруйуллуо. Чэ сити курдук...Сахатын дьонугар,доҕотторугар,чугас аймах-билэ дьонноругар кини аата үчүгэйинэн,сырдыгынан,ырааһынан үтүө холобур буолан куруутун ахтылла туруоҕа...
Алексей Егоров.
 
*******
Мин Болуодьалыын 1995-96 сылларга билсибитим,маннай үчүгэйдик чугастыы кэпсэтэн билсибэт этибит,ол эрэн бу Чороон группа ырыаhыта, музыкана диэн билэр этим.
 
1995 сылга "Дапсы"диэн бөлөх тэриммиппит колледжка үөрэнэ сылдьан,салайааччыбыт учууталбыт Георгий Сергучев этэ,. Мустаммыт оонньуур күннэрбитигэр Болуодьа кэлэн барааччы . Биирдэ эмит, көрө- истэ, эмиэ субэлии -амалыы, үөрэтэ.
Дьэ онтон ыла бодоруhан үчүгэйдик билсэн барбытым. Наhаа дьээбэлээх- хооболоох киhи буолан биэрбитэ, наар киhини куллэрэн тахсааччы.
 
1996 с.  үөрэхпин бүтэрэн баран, дьэ бастакы айар үлэбин са5алаабытым,бастакы альбоммун суруйаарыбын сүүрбүтүм көппүтүм
Биллэн турар оччотоо5у сана үөрэ5и бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэнэргэ кыра ыарахаттар элбэхтэр этэ,  үп хаччы кырыымчык, дьиэ уот боппуруоhа эҥин ыарахан этэ.
 
Ырыам до5уhуолун оноттороору үп харчы көрдөнөн, киэн туттар уонна махтанар киhибэр (билигин эмиэ биhиги кэккэбитигэр суох) аатырбыт композитор,музыкант,Петр Корниловтыын фонограмма оноруутун са5алаатыбыт.
 
Аны Петя ханна да олохтоохтук олорон улэлиир дьиэтэ уота да суох этэ. Онно манна кыбыллан ити билинни ТЮЗ ханнык эрэ кинобуткатыгар муннук булан улэлии сатаатыбыт, тымныыта сурдээх. дьэ ол кэмнэ арай биирдэ Махно көтөн түстэ, ыйыталаста көрдө иhиттэ, усулуобуйаны көрдө уонна "мин дьиэбэр бардыбыт, Петя миэхэ олорон Байбал ырыаларын онор "диэтэ.
 
Биhиги хараҥа5а тыкпыт сырдык курдук үөрэ түстүбүт уонна Махно дьиэтигэр көhөн тиийдибит.
Ол онно, Махно дьиэтигэр мин бастакы альбомум фонограммалара оҥоhуллубуттара,  .Махталым мунура суох убайбар Махно5а, ол онно өйдөөн, өйөөбүтүгэр..
 
Дьэ онтон ылата наар баар этэ аттыбар,оонньуур инструменнарбыт туга эрэ алдьанна5ына, Болуодьа барытын онорон биэрэрэ.  Наhаа да элбэ5и көмөлөспүт эбит аны санаатахха.
"Этэр эҥин санаабыт"диэн урут Чороон бөлөххө ыллыы сылдьыбыт ырыаларын, аны Дапсы бөлөххө, иккиэн , Болуодьаны кытта дуэтом ыллаабыппыт,бэркэ табыллар этэ.
Сольнай кэнсиэрпэр олох хойут, Болуодьа кэлэн эмиэ ол ырыабытын ыллаабыппытыгар,көрөөччү дьон туран эрэ таhыммыттара,
Махно тахсарын кытта саалга ытыс тыаhа хабылла түспүтэ, дьэ ол курдук сөбүлүүллэр этэ кинини!
Мин киэн туттабын кинини кытта билсэн убай, быраат дэhэн алтыhан үлэлии хамсыы сылдьыбыппыттан, дьоллоох киhибин онон.Убайым барахсан наар ахта саныы, махтана сылдьыам!!!                        
Байбал              
 
*****        
 Володя Мохначевскайы кытта 1989сыл күһүнүттэн бииргэ үлэлээбиппит.
 
Оччолорго "Чороон" ВИА саамай күнүгэр сылдьара. Володя көмүс илиилээх киһи этэ.Туох эмэ быстыбытын-ойдубутун олус тупса5айдык онорон кэбиһэрэ.Наар тугу эрэ үөннүү,дьээбэлии сылдьара.
Мин киниэхэ өссө баттах кырыттарар этим. Туттан көрдөпүнэ батта5ым машинканнан кырыллыбыт курдук тэбис тэҥ болара. Кыптыыйынан кырыйара. Тоҥо-хата гастролларга сылдьарбыт.
Иллэрээ сыллаахха дылы ыллыы-туойа сылдьыбыта баара...Убайбыт,до5орбут,анараа дойду арылхай аартыктарын арыйаҥҥын,салгыы аламай айаныҥ алыптаах буоллун .   
               
Асколон
 
 ******
Хомойуох иһин хойутаан истибитим.
 Володяны аан маҥнай"Чорооннор"сана тэриллэн эргэ Саха театрыгар концертаабыттарыгар көрбүтүм.
Гримернайга Арианна Аргуноваҕа көтөхтөрөн олороро.Олох оҕо курдуга.
Наьаа дьиибэргээбитим.   Оттон сыанаҕа тахсан ыллаабытыгар, бу куолаһа куустээҕин, ырааһын, үрдүгүн! Туттара-хаптара холкутун.  Бары Махно дииллэрэ.  Кэлин биир кэмҥэ бииргэ үлэлии сылдьыбыппыт.Наһаа үтүө саналааҕа.Гастролга сүүрүү-көтүү баһаам буоллаҕа дии.
Володя наар көмөлөһөрө. Мир өйбөр-санаабар кини танара аанньалларын курдук .Кимиэхэ эрэ кыыһыран куһаҕаны саҥарбыта суоҕа.
Дьүһүннүүн танара оҕото.Бырастыы,Володя!
Лиза Романова
 *******
Оло5ум улахан анарын, айымньылаах улэм угэнин аргыhа, до5орум - атаhым, Мохначевскай Болуодьа - Махно кун сириттэн курэннэ5э.
Биhиги сыhыаммыт бу тухары, букатын бииргэ төөбүт убайдыы-бырааттыы курдук этэ. Икки ардыбытыгар туох да кистэл, кэтэх санаа диэн ончу суо5а.
 
"Чорооммут" туллар тутаа5а, тулааhына Махно - Болуодьа этэ.
Кинитэ суох "Чороон"ансабылы сатаан санаабаппын. Оччотто, бачча5а диэри, биир саамай астынар ырыаhытым. Айыл5алаах музыкант-инструменталист, музыка5а да, атын да ханнык ба5арар эйгэ5э киэҥ көрүүлээх, мындыр киhи диэн кини баара. Ол эрээри, аны, олус сэмэй, дьиҥнээхтии уопсай дьыала, дьон туhа диэн өйдөөх-санаалаах, үлэлээх этэ Болуодьа.
 
 Сааhынан миигиттэн, лоп курдук биир ыйынан а5а этэ. Ол эрээри мин кинини убай курдук көрөрүм.
     Г. Сергучев.
 
 *****
Ойор-тэбэр оҕо сааспар, кии сыттаах дэриэбинэм түгэҕэр магнитофонтан кини куолаһа дуорайар...
 
Астына истэр ырыаһыппын музей боруогун аан бастаан атыллыырбар дьэ илэ харахпынан көрөн, аҕыйах тылынан айах атан кэпсэтэн үөрүүм диэн ынырык. Ол кэннэ хаста да көрсүбүтүм да, хайдах эрэ долгуйаммын дуу, толломмун дуу улаханнык кэпсэппэппин. Арай телевизорынан көрдөхпүнэ испэр астына саныырым, бу киһилиин билсиһэн турардаахпын диэн.
 
Сыллар аастылар... мин үөрэхпин бүтэрэн музейга үлэҕэ киирэммин били телевизорынан көрөр, араадьыйанан ырыатын истэр киһибин кытта бииргэ үлэлиир буоллум. Улахан ааттаах-суоллаах киһи кэпсээнэ-ипсээнэ сэргэҕэ, киһиэхэ сыһыана боростуойа, киһи киһитэ буолан биэрдэ. Ол курдук бииргэ үлэлээн, бастаан утаа Владимир Иванович эрэ диэн буолара, онтон боруоста Болуодьа диэн буолбута.
 
Аан бастакыттан музыкальнай аппаратураҕа хасыһарын туораттан көрөбүн, дьарыктанан ыллыырын сэҥээрэн истэбин... онтон дьэ хайдах тэҥҥэ аппаратураҕа хасыһар буолбуппун бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. Киһим, аҕата суох киһиэхэ, аҕалыы амарах сыһыаннаах, маны маннык гынаҕын, онно ону холбуугун диэн көрдөрөн биэрэр, бэйэбэр боруобалатан холботор.
 Оннук тэҥҥэ алтыһан бу сыллар тухары үөрүүбүн-көтүүбүн, тус олохпор кыһалҕабын киниэхэ аһаҕастык кэпсиир чугастык саныыр киһим буолбута.
 Хас саҕалааһыммын өйдөөн-өйөөн, сүбэлээн биэрэр аҕа саастаах атаһым, аҕам курдук саныыр, оҕолорбутугар Эһээ Болуодьа диэн ааттанар ытык киһибит этэ.
 
Туох эрэ кыра да ситиһиибин эрийэммин биллэрдэхпинэ, киһим дьэ маладьыас диэтэҕинэ, өссө кынаттанан көтүөх курдук буоларым. Ол курдук музей кыргыттарын биһигини сэмээр сэмэлээн, сүбэлээн-амалаан, үөрүүбүтүн, кыһалҕабытын тэбис тэҥҥэ үллэстэн, тус бэйэм олохпор суолдьут сулус оҥостор, улаханнык убаастыыр, аҕам курдук чугастык саныыр киһим этэ.
 
Бүтэһик сылыгар атын дойдуга бараммын тэҥҥэ буолбатахпыттан, кэпсэтэн саатар санаатын көтөхпөтөхпүттэн харааста саныыбын... ол эрэн анараа дойдуга киниэхэ үчүгэй буолуо, аанньал буолан урукку курдук биһигини куруук араҥаччылыы сылдьара буолуо диэн санаанан курутуйбут санаам уоскуйар, чэпчээбит курдук буолабын.
 
 Кинини кытары тэҥҥэ алтыһан үлэлээбиппиттэн дьоллоохпун диэн сананабын, мин олохпор күлүм курдук көстөн ааспытыгар дьылҕабар махтанабын!
"Арай мин аптаах эбитим буоллар.... чугастык саныыр дьоммор барытын оҥоруом этэ...." 
 
Ия Мекюсярова музейга бииргэ улэлээбит кыыһа
*****
Аан бастаан " Чороон" виа-ны мин оччолорго медицинскай факультетка үөрэнэ сылдьан 80-ыс сыллар саҕаланыыларыгар, нуучча драм театрыгар көрбүтүм, уонна катушечнай магнитофоҥҥа икки микрофонунан сыанаттан устубутум.
Онно Владимир Мохначевскайы билсибитим, көмөлөспүтэ. Оччотооҕута мээнэ сыана иннигэр, кэнсиэр иннинэ элэҥниир, көстөр, олох бобуллар уонна кутталлаах этэ. Онтон кэнники урукку филармония дьиэтигэр аппаратура оҥорон-өрөмүөннээбиппэр ордук чугастык билсибиппит. Наар кэнсиэрдэргэ, массовай мероприятияҕа аппаратура туруорааһыныгар, "Махно" Володята суох туох да буолбат уонна сатаммат этэ. Музыкант - технарь киһи диэн илиигэ баттанар этэ. Ити эмиэ биир дьикти наадалаах мээнэ көстүбэт дьарык уонна "ыарыы" дьиэххэ сөп. Маннык боруода дьон олох туспа хас-да уонунан сылга биирдэ төрөөн-үөскээн ааһаллар.

Онтон саамай сөхпүтүм дьиэн, Лермонтова " кульпросвет" уопсайыгар Володя Валялыын олордохторуна, мин кинилэргэ ыалдьыттыы сылдьан, альбомнарыгар урукку хаартыскалары көрдөрбутэ. Онно оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Володя бастакы самодельнай электрогитараны оҥорбутун хаартыскалара баара. Ону көрөн мин дьиҥнээх творческай "шок" ылбытым. Сөҕүү бөҕө сөҕөн махтайыы бөҕө махтайан. Кыра сылдьан мин эмиэ электрогитара оҥоро сатаан баран кыайбатаҕым. Оннук баҕа санаа курдук хаалбыта. Ону Владимир Махночевскай дэриэбинэ уола таах баһылаабыт эбит.

 Ол саҕанааҕы көлүөнэ оҕолоро уонна ыччаттара бары наһаа да үчүгэй фанатичнай дьарыктаах, баҕа санаалаах эбиппит. Итиннэ көстөр саха ыччата ол да бириэмэҕэ мындыра атыннык эйгэни көрөрө, ууһа.

Кини, маннык диэн эттэххэ, саха мындыр өйдөөх ууһа эбит. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах, ол иһин кини ырыаһыт уонна араас музыкальнай инструменнарга барытыгар оонньуур киһи эбит. Ол саҕана билиҥҥи курдук туох да дэлэй техника инструмент диэн суоҕа сыттаҕа дии. Барытын киһи бэйэтэ толкуйдаан оҥорор, булар талар этэ. этэргэ дылы "из-под подручных средств" оҥоһуллара. Ону мээнэ киһи баһылаабат, биһиги доҕорбут Владимир Ивановичпыт баһылаан, дьоҥҥо көмөлөһөн тириэрдэн биһиги санаабытыгар өрүү сырдык истиҥ киһи өйдөбүлүн өрүү саныы сылдьар гына хааллардаҕа дии.
Рафаел Крылатов.

*****
Владимир Иванович олох эдэр о5о эрдэ5иттэн мындыр уус, худуоhунньук талааннаа5а биллэр этэ. Бэл көмүс оноhуктарга холоноро. Кини оноhуктара кырдьык да араас выставкаларга ситиhиилэнэллэрэ, музейнай экспонат да буолар кыахтаа5а...

Владимир Иванович кэлин, балай да сааhыран иhэн саха музыкальнай инструменнарын комплегын онорбута Дьокуускайга, республикатаа5ы музыка-фольклор музейыгар экспонат быhыытынан туруоруллубутара дьон-сэргэ биhирэбэлин ылаллар.

Ааспыт уйэ 70-с сылларыгар биhиги Володялыын дойдубутугар Чурапчыга до5отторбутун кытары эстраднай музыканан күүскэ үлүhүйэн турдубут. Бастаан олус кэрэхсээн  истэрбит, онтон дьэ бэйэбит гитара5а оонньоон холонон барбыппыт. Санаабытыгар онтубут табыллыах курдук буолан Володя сүбэтинэн, дьаhылынан бастыкы электрогитараларбытын оҥоhуммуппут. Ол гитаралар "Чороон" ансамбль бастакы инструменнарынан буолбуттара, Москва5а эстрада үөрэ5эр барарбытыгар талыы конкурска ол гитаралар күүс-көмө буолбуттара...

Күндү до5орбут Володя, Владимир Иванович киhи киэнэ үтүөтэ, кэрэтэ этэ. Олус киhилии сиэрдээхтик, бар дьон туhугар олорон ааста. Биhигини сырдыкка-кырдьыкка, үтүө5э-үрдүккэ ынырара, угуйара, сирдиирэ. Кини оло5о, дьыл5ата хас биирдиибит оло5ор, дьыл5атыгар өспөт-сүппэт  дириҥ өйдөбүнньүк, кэриэстэбил суол буолан халыа5а.

Раиса, Вячеслав Саввиннар.
 
 
Category: Люди. Человек. Народ. Общество | Views: 1698 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 24
Ыалдьыттар (гостей): 24
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024