News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Сэтинньи » 28 » "Россия нациятын туһунан" сокуон национальнай республикаларга туох содуллаах буолуон сөбүй?
"Россия нациятын туһунан" сокуон национальнай республикаларга туох содуллаах буолуон сөбүй? | 11:32 |
"Россия нациятын туһунан" сокуон национальнай республикаларга туох содуллаах буолуон сөбүй?
Алтынньы 31 күнүгэр, Астрахань куоракка Владимир Путин Омуктар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа сүбэ мунньаҕын тэрийдэ.
Олохтоох СМИ, депутаттарбыт, “национальнай республика баар буоларын туһугар” өрүү туруулаһар общественниктарбыт, бу Сүбэ мунньахха этиллибит сүрүн идиэйэни – Россия нациятын туһунан сокуон ылыллыахтааҕын харахтарын далын таһынан аһардылар, быһыыта. Ким да, туох да диэн сэҥээрбитэ иһиллибэтэ.
Ол гынан баран, биһи санаабытыгар, бу мунньахха өр иитиэхтэнэ сылдьыбыт санаа этилиннэ – Россия судаарыстыбатыгар биир нация баар буолуохтаах. Россияҕа - биир Президент диэн идиэйэ киирбитэ. Аны биир нация диэн идиэйэ олоххо киирэн эрэр.
100-тэн тахса омук Федерация холбоһугун быһыытынан судаарыстыба тэринэн олорор буоллахпытына, билигин бары “биир омук” буолуохтаахпыт.
Бу иннинээҕи Госдума быыбарыгар, 2011 сыллаахха, “Гражданская платформа” политическай партия лидера Михаил Прохоров “Национальнай республикалар оннуларыгар Культурнай автономиялары тэрийиэххэ” диэн быыбар иннинээҕи программатыгар киллэрэн, национальнай республикалары улаханнык өһүргэтэн турар. Бу этиини кэлин Саха сиринээҕи партия отделениятын сэкиритээрэ Елизавета Сидорова, партия лидерэ Афанасий Максимов туруорсан быыбар иннинээҕи программаттан сотторон тураллар.
Хас биирдии Россияҕа баар партия, партия лидерэ Кириэмил проега буолар диэн этэр эбит буоллахпытына, бу санааны Кириэмил "сүбэтэ" суох Прохоров эппэтэҕэ буолуо. Уопсайынан, Кириэмил көҥүлэ суох политикаҕа, буолаары буолан судаарыстыбаны тутууга ким да “чыып” диир бырааба суох.
Путин бу сыл тохсунньу 21 күнүгэр, Наука уонна үөрэхтээһин сүбэ мунньаҕар Ленин национальнай политикатын – атомнай буомбаҕа холообута. Автономизация – Россия судаарыстыбатын анныгар угуллубут атомнай бомба, ол эстэн Сэбиэскэй Сойуус эстибитэ диэн. Бу да иннинэ “Аартык.ру”, Путин хаһан да мээнэҕэ тыл ыһыктыбат, бу этии кэнниттэн туох эрэ уларыйыы тахсар буолуохтаах диэн суруйан турардаахпыт.
Национальнай республикалар Россия судаарыстыбатыгар “мэһэй” буолалларын, губернизация ыытыллыахтааҕын туһанан этии-тыыныы дөрүн-дөрүн бэчээккэ тахсыталаабыта ыраатта. Инньэ 90-с сыллартан этиллэр санаа. Империя тыыннаах хааларын туһугар, судаарыстыбаннай интэриэс өттүттэн – биир кэлим нация буолар кырдьык сүүйүүлээх. Кытай империятыгар кытайдар уонна кытай тылын “диалектара” эрэ бааллар. Дьиҥинэн, “диалект” диэҥҥэ кытайдар туох баар кыра омуктарын суулуу тутан баран барыларын онно уган олороллор. Кытайга национальнай боппуруос күөдьүйэн тахсар кутталын кинилэр эрдэттэн төрдүгэр диэри быһан олороллор. Америкаҕа – араас омуктар суохтар, биир кэлим “американскай нация” баар.
Судаарыстыба чиҥ, бөҕө буоларыгар биир кэлим нация сүүйүүлээх эбит буоллаҕына, биһиги курдук сайдыыта суох, аҕыйах ахсааннаах омукка – “российскай нацияҕа” кубулуйуу – симэлийии боруогун атыллааһын буолар. "Национальнай концепция", "национальнай компонент", "судаарыстыба иһигэр судаарыстыба тэринии" – билигин кыаллыбат да буолан барыаҕа.
Национальнай республикалартан саамай элбэх ахсааннаахтарынан, баай-талым олохтоохторунан Татарстан уонна Башкортостан буолаллар. Кинилэр олигархтара да баһаамнар, производстволара да сайдыбыта бэрт, үөрэхтээхтэр-хаардаахтар, федеральнай былаас бары хаттыгаһыгар ааһан, туох баар политическэй партияларга барытыгар дьонноохтор. Татаардар Москваны кытары туспа Федеративнай дуогабар түһэрсэн олороллор. Оннук Федеративнай дуогабар Саха республикатын кытары 90-с сылларга эмиэ түһэриллэ сылдьыбыттааҕа. Ол үрүмэ кэмнэри биһиги түүл-бит курдук санаан эрэ ааһабыт.
Татаардар Федеративнай дуогабардарын болдьоҕо быйыл бүтэр. Татаардар "Россияҕа биир президент баар буолуохтаах" диэн биир итэҕэллээхтэрэ Чечня баһылыга Рамзан Кадыров этэ турдаҕына, “президеннэрин” аатын "баһылыкка" уларыппатылар. Бары уларыттылар, кинилэр - суох. Путин улахан пресс-конференциятыгар күлэ-күлэ “баҕар, “президент” да диэн ааттааҥ, баҕар, “горшок” да диэн ааттааҥ” диэн ону хардарбыта. “Горшок”... Бу президент тылыттан сэрэйдэххэ, кини татаардарга аһара манньыйбата көстөр. Бото-болдьох туоллаҕына таах хаалларбата чуолкай.
Турцияны кытары Россия улаханнык кыыһырсар кэмигэр – татаардар судаарыстыбаннай политиканы өйөөбөтөхтөрө, эбиитин боруоктаспыттара, быһа Турцияҕа көтөллөрүн тохтоппокко Кириэмилтэн улаханнык кынчарыллыбыттара. Атын ислам итэҕэллээх республикалар курдук “туроктары дьарыйбатахтара”. Турция Сирия террористарыгар көмөлөһөрүн туһунан разведданнайдарга Татарстаҥҥа оҥоһуллубут грузовиктар бааллара эмиэ кинилэргэ үтүөнү оҥорбото биллэр. 90-с, 2000 сыллар саҕаланыыларыгар төһө-хачча Турция уонна Татарстан икки ардыгар таһаҕас таһыллыбыта, үп-харчы мэнэйдэммитэ, бизнес оҥоһуллубута биллибэт.
Итини таһынан, татаардар саҥа үөрэх программатын концепциятыттан саҕалаан, билигин да Федеративнай дуогабардарын салгыырга, президеннэрин президенинэн хаалларарга туруорсан “төгүрүк остуол”, мунньах тэрийэн түбүгүрэ аҕай сылдьаллар. Өскөтүн билигин кинилэр “мунньахтара” сокуон иһинэн эбит буоллаҕына, “российская нация” сокуон ылылыннаҕына ити тэрээһиннэрэ барыта – экстремизмҥэ, судаарыстыбаннаһы ыһыыга тэҥнэниэҕэ.
Чечня “чээ” оҕо буола сылдьар. Ити биир өттүнэн, ислам итэҕэллээх республикалары икки аҥыы араартааһын хампаанньата буолуон сөп диэн сыаналыыллар. Кадыров Путины мэлдьи өйүүр, Россия патриота уобарастаах, бэл федеральнай хампаанньаҕа реалити-шоулаах. Федеральнай бюджеттан көмө бөҕө ыла олорор. Оттон татаардар барытын утар да, утар буола олороллор. Ону барытын Путин таах хаалларыа дуо? Оннооҕор Америка президенин талыыга “Путин илиитэ” көһүннэ диэн этэллэр. Хиллари Клинтон хамаандаата сымыйалыыра буолуо дуо? Аан дойду политикатын оҥорсор кыахтаах киһи бэйэтин дьиэтин иһин “бэрээдэктиэ” суоҕа дуо? Соторутааҕыта тутуллубут Улюкаев дьыалатыгар, Кириэмил хас да куобаҕы тэҥҥэ өлөрдө диэн сорохтор эттилэр. Ол иһигэр биирэ – татаардары "миэстэлэрин" булларыы саҕаланна диэтилэр. Миниистирбит ол дьон биир хааннаахтара этэ эбээт.
Улахан, халыҥ омуктар тустара туспа. Саҥа сокуон таҕыстаҕына, бастакы уочарат, биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах омуктар – бэйэлэрин национальнай самоидентификациялара эмсэҕэлиэҕэ. Сокуон ылыллыбытын кэннэ – мин нууччабын, эбэтэр сахабын, бурээппин, татаарбын, мин уратыбын диирим кыаллыбат буолан хаалар. Национальнай киинэ, литература, олох-дьаһах, өй-санаа уратыта – сокуон таһынан тахсар буолара дуу... “Мин – россияммыммын”, онтон атын уратыбыт суох буолуохтаах.
Сорох коллегаларбыт этэллэринэн, Прохоров “эппит” Культурнай автономиялара сыыйа олоххо киириэн сөп. Ол аата ханнык сиргэ ханнык омук түөлбэлээн олорор – ол территориянан, экономикатынан көрөн буолбакка – культурнай таһымынан автономия тэринэллэр. Политикаҕа, экономикаҕа орооспоттор, култуура таһымынан түмсэллэр. Оччотугар туспа кыраныыссалаах национальнай республикалар баар буолуохтара дуо?
Аны, “олохтоох норуот”, “хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар” эҥин диэн тиэриминнэр, өйдөбүллэр баар буолаллар дуу, суох дуу? Кинилэргэ бюджеттэн көрүллэр көмө, нолуокка чэпчэтиилэр эмиэ хайдах буолуохтара биллибэт.
***
Aartyk.Ru
Источник: aartyk.ru
|
Category: Нац. вопрос |
Views: 1249 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 91 Ыалдьыттар (гостей): 91 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|