News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2016 » Ахсынньы » 22 » ТҮБҮКТЭЭХ, ТҮРҮЛҮӨННЭЭХ КҮННЭР Иван БУРЦЕВ
ТҮБҮКТЭЭХ, ТҮРҮЛҮӨННЭЭХ КҮННЭР Иван БУРЦЕВ
09:56
ТҮБҮКТЭЭХ, ТҮРҮЛҮӨННЭЭХ КҮННЭР
Ааспыт сэтинньи ый бүтэһик күннэрэ кырдьык да үгүс сабыытыйалаах, дьон өйүгэр-санаатыгар сөҥөн хаалар сонуннардаах буоллулар. Ырааҕыттан ыллахха – Эмиэрикэҕэ быыбар түмүктэниитэ, Трамп правительствотын таҥыыта, арыый чугаһы ыллахха – президент Путин Дьокутааттарга Суругун ааҕыыта, ол ааҕа турдаҕына “Прогресс” грузовой хараабыл саахалланыыта, олох чугаһы ыллахха – республика экологтара общественник-эколог, “Бүлүү” общественнай экологическай комитет иккис председателя П.Н.Мартынов 70 сааһын бэлиэтээһиннэрин курдук бэлиэ түгэннэр сэтинньи тиһэх күннэригэр буоллулар. Трамп таайылла илик таабырыннара Эмиэрикэҕэ буолан ааспыт быыбадар тустарынан Арассыыйа араадьыйата, телевидениетын бары ханааллара, хаһыаттара тугу да быраҕан туран сырдаттылар. Ити кэмнэргэ Швецияҕа, Францияҕа, Молдоваҕа о.д.а. сирдэргэ быыбар араллаана үгүс этэ да Арассыыйа пропагандата болҕомтотун Эмиэрикэҕэ эрэ уурда.
Дойду салалтата оччо айылаах Эмиэрикэттэн дьаарханар, куттанар, сүрүн баттатар дуо? Бэйэтэ да өтөрүнэн буолбатах сытыы киирсиилээх быыбар ааста. Арассыыйаҕа ким президент буолара хас да сыл инниттэн биллэр, оннук оҥоһуллар, быыбар көрүнньүк, нэһилиэнньэ аҥаара быыбарга кыттыбат, сапсыйбыт буоллаҕына Эмиэрикэ быыбарыгар тиһэх мүнүүтэлэргэ диэри ким президент буолара биллибэт этэ. Улуу баай, миллиардер Трамп кыайда диэн буолла.
Онуоха Арассыыйабыт үрдүкү салалтата, президент үөрдүлэр, ону үтүктэн Саха сиригэр эмиэ. Үөрүүлэрин биллэрэ В.Иванов, кини өллөҕүнэ солбуйуохтаах Ч.Гаврильев, Трамп диэн киһини кытта хаһан алтыспыттара, билсиспиттэрэ буолла, тута телевизорга сүүрэн тахсан үөрүүлэрин, астыныыларын биллэрдилэр. Мин быыбары эмиэ онон-манан көрбүтүм, мөлтөөбүт харахтаах, кулгаахтаах киһи телевизорбын холбоотохпуна сороҕор Жириновскай далбаатана турар курдуга. Трамп оччо айылаах Жириновскайга маарыҥныыра буолуо дуо? Алҕас ини.
Трамп бастакы дьаһалларын ылынна диэн буолла: “Иирбит ыт” (“Бешеный пес”) диэн хос ааттаах астаапкаҕа олорор Э.Картер генералы Пентагон баһылыга оҥордо. Бу киһи эмиэрикэ сэбилэниилээх күүстэрин дьаһайар буолла; Кытайы тумнан Тайбаан арыы баһылыгын кытта кэпсэтиини саҕалаан Кытайы кыйахыы оҕуста. Судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы сыһыан, бэрээдэк, субординация эҥин диэннэри билбэт муҥа дуу? Путины ааһа түһэн Дьөгүөр Барыыһапка кэлэн: “Саха сиригэр туох эмэ баай тобоҕо хаалла дуо, кэпсэтиэх эрэ”, - дииригэр тэҥнээх буоллаҕа буолуо. Трамп инникитин өссө хайдах быһыыланыа, тугу оҥоруо билигитэ биллибэт – таабырын.
Уон үһүс Сурук Президент Путин үгэскэ кубулуйбут Дьокутааттарга суругун хас да чаас устата аахта. Сурук быһаччы сорудах курдук ис хоһоонноох. Ол курдук кэлэр сылга туох оҥоһуллуохтааҕа, ис, тас политика эридьиэһэ, экономика, доруобуйа харыстабыла, олохпут төһө тупсуохтааҕа бу Сурукка ахтыллар. Путин итинник 13 сылы быһа Суругун аахта, сорудахтаата, итиннэ суруллубуту барытын толорор буоллар сайдыылаах сэссэлиисимэни былыр үйэ ааһан, хомуйууһуму арааһа тутуох эбиппит да... Ити 13 сыл устата хоруупсуйа хайдах курдук сабардаабытын көрө-истэ олоробут.
Ельцин саҕана, кини ылгын уола, Чубайс (билигин Путин ылгына) ксерокс хоруопкатыгар харчы уган таһааран кыра айдаан буолбутун саныыгын. Билигин туоннанан харчыны уораллар. Миллиардынан үбү уорбут Васильева, Сердюков уонна ити киһи күтүөтэ хайдах быыһаммыттарын ыраах үрэх баһыгар бултуу сылдьар булчут кытта балааккаҕа олорон араадьыйанан истибитэ. Биһиэхэ Стахов диэн бүрүстүүпүннүгү хайдах босхолоон куоттарбыттарын көрөн олордубут.
Хоруупсуйа хонтуруолтан тахсыбытын Улюкаев тутуллуута көрдөрөр. Саха сиригэр үгүстүк тиэстэр, кэлэр-барар Трутневы тутан хаайбыттар үһү диэн сурах кэллэҕинэ киһи соһуйбат үлүгэрэ. Арассыыйаҕа, Саха сиригэр сирэй көрбөх буолуу муҥутаан сайынна. Бачча сааспар диэри итинник быһыыны элбэҕи көрдөҕүм буолуо да бу сылларга сөп түбэһэ сатааччы, ким эрэ эппитинии, туалет кумааҕытын тутан баран тойону батыһа сылдьааччы ахса суох элбээтэ. Ама да килиэп куһуога дуу, сылаас кириэһилэ дуу наадатын иһин икки атах дьоһунун наһаа түһэрдэ, туохха да уурбат буолла.
Үүнэр ыччакка бу “үтүө холобур” содулун туһунан ким да санаан көрбөт муҥа быһыылаах... 13 сыл диэн – уһун кэм. Бу кэмҥэ Арассыыйа биир да табаарыһа-доҕоро суох хаалла. Ханна эрэ Никарагуа, Венесуэла бааллар курдуга да, тоҕо эрэ сурахтара билигин оччо иһиллибэт. Сирия бэйэтин көмүскэттэрэр, Кытай ньиэппитин ыан ыларга толкуйданар, Япония сорох сокуоннай арыыларын төнүннэрээри туруорсар. Итинник быстах былааннаахтар бакаа бааллар курдук, кэлин санааларын ситтэхтэринэ хайдах буолаллара биллибэт. Арассыыйаҕа бу сылларга самолеттар сууллаллар, миллиардынан суумалаах космическай ракеталар, аппараттар саахаллыыллар.
Бу ааһан эрэр сылга араас регионнарга олорор дьиэлэр, объектар, тыа, сир уокка былдьаннылар, ууга тимирдилэр, сыалай дэриэбинэлэр уот аһылыга буоллулар. Аҥаардас Сахабыт сиригэр тыһыынчаҕа чугаһыыр олорор дьиэ умайбыта кэпсэнэр. Бу сылларга, бэчээт быктарбытынан, 300-кэ журналист өлөрүллүбүт. Немцов суорума суолламмыта арыллыбакка эрэ сабыллыа диэбиттэрэ кырдьыктаах буолла быһыылаах.
Дьиэ дьону дьиэнэн кырган кээһэллэр, суол быһылааныгар “пачканан” киһи өлөр, итилэр кими да соһуппат сонуҥҥа кубулуйдулар. Арыычча быгыалаабыттар, болуоссакка тахсыбыттар, баары баарынан эппиттэр сонордоноллорун, хаайыыга сыталларын эмиэ билэбит. И.Данин диэн эдэр киһи сокуон көҥүллүүрүнэн соҕотох пикеккэ тахсан буруйданан, хаайыыга сытар. Түөһүгэр кэтэ сылдьар плакатын үөһээ аҥаарыгар “Путин” диэн суруктааҕа телевизорга көстөрө. Плакатын алын аҥаарыгар “позор” диэн тыл суруллубутун хаххалыы сатыыллара да, алҕаска буолуо, көрдөрбүттэрэ.
“Путин – позор” диэн суруктаах плакаты кэтэ сылдьыбыт. Бүттэҕэ ол. Данин хаайыыга кырбыыллар диэн үҥсүбүтүгэр тутулуга суох хамыыһыйа быһаарыа диэбиттэрэ.
“Тутулуктаах хамыыһыйа” диэн баарын бэйэлэринэн билиннэхтэрэ ол. Оттон Сурукка сокуон кимиттэн тутулуга суох тутуһуллуохтааҕын, барыбытыгар биирин, цензура суоҕун, тыл көҥүлүн, бэчээт тутулуга суоҕун о.д.а. тустарынан харыыта суох элбэхтик, үрүт үөһэ ахтыллар. Ас-таҥас сыаната ыараабытын, ама, ким мэлдьэһиэй. Дьиэ төлөбүрэ, нолуок, арааһа, бензин, транпорт сыаната балысханнык үрдүү турар, өссө үрдүүрэ күүтүллэр. Автобуска уруккулуу 20 солкуобайы төлөөрү мөҕүлүннүм, суоппар кип-кирдээх ытыһын тоһуйан баран олорор, үөхсэр, сыана ыараабытын, 25 солкуобай буолбутун аныаха диэри билбэккин диир.
Тыа сиригэр маҕаһыыҥҥа кинигэҕэ суруттаран иэс ылан аһыы олорооччу үгүс. Ипотека, кредит хабалатыгар хам ылларбыттар ахсааннара улам халыҥаан иһэр. Арҕаа дойдулар ыстарааптааннар, санкция түһэрэннэр олохпут ыараата дииллэр. Кинилэри кытта Арассыыйа уопсай тылы булбатах үһү. Кириэмилгэ олорор аҕыйах киһи тапсыбатаҕар, сатаан үлэлээбэтэҕэр биһиги – борустуой дьон, пенсионер оҕонньор-эмээхсин туох буруйдаахпыт эбитэй? Сурукка Арассыыйа үрдүнэн сыл 365 хонугуттан 200 -һүн өрөбүлгэ, бырааһынньыкка, көргө-нарга атаарарбыт, ону арыычча аччатан, үлэҕэ аныырбыт туһунан анаан-минээн этиллибэтэ.
Уон үһүс Сурук ааҕылла турдаҕына Путин 13-с Суругун ааҕа, космонавтика сайдыытын кэрэһэлии, кинини инникитин салгыы сайыннарыы соруктарын кэпсии турдаҕына “Прогресс” (дьиҥинэн, бу-“Союз” диэн саҥа тутуллубут “ Восточнай” космодромтан көтөр таһаарааччы ракета) грузовой хараабыл саахаллаабытын, Роскосмос салалтата үтүмэн үбү уоран тутуллубутун туһунан телевизортан эттилэр. Дьааттаах уматыктаах ракета Тува кииниттэн – Кызылтан 60 биэрэстэлээх сиргэ дэлби ыстанна диэн буолла. Эстии аҕыйах сөкүүндэнэн хойутаабыта буоллар Тува столицатын үрдүгэр буолуохтааҕа. Хараабыл кырамтатын үгүс өттө 150 биэрэстэлээх үрдүккэ умайда, аҕыйах тоорохой сири булла (устуукатын ааҕа, мээрэйдии, кэмнии охсубуттара эрэ баар...), тулалыыр эйгэҕэ куттал суох диэн, идэлэринэн, уоскутар тыллар этиллэллэр.
Норуоттар икки ардыларынааҕы космическай станцияҕа оборудование, космонавтарга саҥа дьыллааҕы аһылыктарын, дьонноруттан кэһии таһааран испит хараабыл, таһаҕаһын сыанатын киллэрбэккэ туран, аҕаардас бэйэтин сыаната- 2,5 миллиарда солкуобай диэтилэр. Бу түбэлтэни араастаан ханалыта сатаатылар да, хараабыл Оборона миниистирин Шойгу дойдутугар Туваҕа сууллан, араллааны кыайан кистээбэтилэр бадахтаах.
Бүлүү үрдүгэр эбитэ буоллар – саарбах, билиэ-истиэ да суох этибит. Оттон кистиири урут да сатыыллара, билигин да сатыыллар. 1960 сыллаахха алтынньы 24 күнүгэр Капустин Яр космодромтан Р-16 бойобуой баллистическай ракета көтөөрү, сиртэн тэйбэккэ да сылдьан, саахаллаан 165 киһини умаппыта. Ол иһигэр – маршал М.И.Неделини, конструктордары, кадровай офицердары суох гыммыта. Бэчээт алдьархайы кистээбитэ: маршал Неделин “суолга массыына саахалыгар өлбүтүн” биллэрбитэ.
1980 сыллаахха “Плесецкэй” космодромҥа эмиэ итинник иэдээн 48 киһи олоҕун былдьаабыта. Оттон ССТА уонна “Правда” хаһыат сир аргыһа үөһээ космоска таһаарыллан “үчүгэйдик үлэлии сылдьалларын” туһунан сырдаппыттарын “Труд” хаһыат быһылаан кэнниттэн 20 сыл буолан баран дьиҥнээҕин суруйбута. Сүүһүнэн саахалтан икки эрэ холобуру аҕаллым. Кэрэ киһини кэриэстээһин Путин Дьокутааттарга суругун ааҕа турдаҕына Ньурба куоратыгар биир үтүө тэрээһин ыытылынна. Экологическай научнай-практическай конференция общественник-эколог, “Бүлүү” общественнай экологическай комитет иккис бэрэссэдээтэлэ П.Н.Мартынов 70 сааһынан сибээстээн ыытылынна.
Бу үгүс түбүктээх икки күн куорат оскуолатын оҕолоругар, Петр Николаевич доҕотторугар, чугас, аймах дьонугар, дьиэ кэргэттэригэр өтөрүнэн умнуллубат түгэннэри хаалларбытыгар эрэнэбин. Бастакы күн улуус оскуолаларын оҕолорун экология тиэмэтигэр 21 дакылааттарын иһиттибит. Дакылааттар ис хоһоонноро үөрдэр, сөхтөрөр.
Учууталлар, оҕолор бэлэмнэнэ сатаабыттара, үгүһү үөрэппиттэрэ тута көстөр. Оҕону, ыччаты ийэ сири, тула эйгэни таптыырга, патриоттыы өйгө-санааҕа уһуйарга дьоһун хардыы оҥоһуллубута сөпкө бэлиэтэннэ. Оҕолор билиилэрэ-көрүүлэрэ үксээн, харыс үрдээн тарҕаспыттарыгар саарбахтаабаккын. Иккис күн П.Н.Мартынов харыстаабыт, көмүскээбит Бүлүү өрүһүн үрдүгэр туруоруллубут кини памятнигар венок ууруута, миитин ыытылынна. Бүлүү түөрт улууһуттан, Дьокуускайтан бу тэрээһиҥҥэ ыҥырыллан кэлбиттэр уонна куорат, улуус салалтата Петр Николаевиһы үтүө тылынан аҕыннылар, кэриэстээтилэр.
“Бүлүү” комитет туруорсуутунан Петр Николаевич өлбүт 1997 сылыгар кини аатынан уулусса баар буолбута, 2001 сылга олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуоска, 2007 сыллаахха памятник туруоруллубуттара. Билигин памятникка поэтесса Клара Васильева суруйбут маннык тылларын ааҕабыт: “Хаһан эрэ Эн аатыҥ Хаттаан тиллиэ, күлүмнүө, Хотун Бүлүү түргэн аалын Сырдык ыраҥ көтөҕүө”. Оттон памятникка өссө Петр Николаевич бөлөһүөктүү маннык тылларын суруйбуттар: “Когда-то закончатся все войны, государства будут обеспокоены только одним – состоянием окружающей среды...”. Миитиҥҥэ общественник - экологка маннык памятник Саха сиригэр, Арассыыйаҕа да, аан дойдуга да суоҕа, маннык улахан болҕомто уурулла илигэ бэлиэтэннэ.
Манна даҕатан, Ньурба үтүө дьоно “Бүлүү” комитеты куруутун өйүүллэрин бэлиэтиир наадалаах: ааспыт өттүгэр, үөһээ ахтыллыбыттан ураты, экологтар А.И.Тобонов уонна Р.Н.Копылов сырдык ааттарын кэриэстээн Ньурбаҕа уонна Антоновкаҕа мемориальнай дуоскалар туруоруллубуттара, уулуссалар ааттаммыттара. А.И.Тобоновка төрөөбүт нэһилиэгэр Хорулаҕа үөрэммит оскуолатыгар бюст туруоруллубута. Салгыы, күн иккис аҥарыгар улуус баһылыга Б.Н.Попов, Ил Түмэн дьокутаата В.М.Прокопьев, саха республикатын айылҕа харыстабылын министерствотын миниистрин солбуйааччы Я.И.Заровняев, бэтэрээн-эколог А.И.Чомчоев кыттыылаах киэҥ кэпсэтиилээх конференция ыытылынна. П.Н.Мартынов уруу-аймах дьонуттан кэргэнэ Р.Г.Мартынова, оҕолоро Ира, Коля, Туйаара уонна убайа Николай Николаевич тэрээһиҥҥэ кыттыстылар, күүс-көмө, сүбэ-ама буоллулар. Үгүс ахтыылар оҥоһулуннулар, үтүө баҕарыылар этилиннилэр.
Конференция сыалын-соругун толору ситистэ диэн сыана быстыбыт. Бу үтүө тэрээһини “Бүлүү” комитет салайааччылара В.Тимофеев уонна Н.Архипов салайан ыыттылар. Бүтэһигэр “Бүлүү” комитет бэтэрээннэригэр, актыбыыстарыгар, бу уһун сылларга киниэхэ көмөлөспүттэргэ бэлиэ-туһах туттарылынна. Уонна үтүө киһи сырдык аата хаһан да умнуллубатыгар эрэллээх араҕыстыбыт. Түмүккэ аҕыйах тыл Кэлэр 2017 сыл Путин уурааҕынан Экология сылынан биллэрилиннэ.
Урукку өттүгэр Арассыыйа историятыгар маннык суоҕа. Ньурбаҕа ыытыллыбыт П.Н.Мартыновка аналлаах конференцияны биһиги Экология сылыгар бэлэмнэнии курдук ылынабыт. Путин бэйэтин дьокутааттарга анал Суругар: “Арассыыйа бары территориятыгар ыраастаныынан дьарыктаныахха”, - диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини Суругун ааҕа турдаҕына саахаллаабыт Чернобыллааҕы АЭС 4-с энергоблогун 100-н тахса миэтэрэ уһуннаах саҥа саркофагынан саптылар.
Туох да быыһылаабат саркофаг алдьархайдаах саахалы дьэ дьиҥнээхтик боччуйда. Саркофаг иһигэр баар үрдүк сүһүрүүлээх энергоблок тобохторо таска дьайалларын тохтоттулар. Тохтоттулар уонна иһинээҕитин барытын ыксаабакка бүтэһиктээхтик ыраастаан суох оҥоруохтаахтар. Урут ССРС, Украина кэлиҥҥи баһылыктара Кучма, Ющенко, Янукович кыайбатахтарын Порошенко кыайда.
Украина президенэ олус уустук кэмҥэ да олордор дьонун туһун саныырын, үрдүктүк тутарын, төрөөбүт дойдутун айылҕатын, тыынар тыыннааҕын күндүтүк саныырын көрдөрдө.
Путин бу салайааччыттан үтүө холобур ылыан, кини курдук дойдутун туһун саныан, Арассыыйа помуойаҕа кубулуйбут киэҥ иэнин ыраастатыан наада, кытаанах ирдэбиллэри туруоран, дьаһаллары ылан, сэриини ууратан. Кэлэр сылы Экология сылынан биллэриитэ мээнэҕэ буолбатаҕар эрэниэҕиҥ.
Доҕорум П.Н.Мартынов сэриилэр уурайаннар, государстволар айылҕаларын чөлүгэр түһэриигэ ылсыахтарын туһунан этиитэ Путиҥҥа тиийэрэ буоллар!
Иван БУРЦЕВ 03.12.2016 с.
Category: Люди. Человек. Народ. Общество |
Views: 1151 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 90
Ыалдьыттар (гостей): 90
Кыттааччылар (пользователей): 0