Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Тохсунньу » 11 » ЭСТРАДАБЫТ ТЫЙААТЫРЫН ТУҺУНАН
ЭСТРАДАБЫТ ТЫЙААТЫРЫН ТУҺУНАН
11:59
ЭСТРАДАБЫТ ТЫЙААТЫРЫН ТУҺУНАН

Эстрада тыйаатыра Сахабыт Сиригэр тэриллибитин балай да үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.
Ол тухары биирдиилээн артыыстар ситиһиилэринэн олордо. Аҕыйах киһини аҕыннахха бастакылар Юрий Платонов, Наталья Трапезникова, ол кэннэ Владимир Заболоцкай, Марфа Колесова, Петр Пестряков курдуктар балай да киэҥ эйгэҕэ тахсыбыттара.

Ол кэннэ "Чорооннор" , бэйэлэрэ тэриллибин "Чолбоннор" курдук бөлөхтөр ааттара күүскэ ааттаммыта.Араас дойдуларга ыҥырыыга сылдьыбыттара.
Ол да кэннэ биирдиилээн ситиһии тохтообот.Сахаайа, Сайыына, "Айархаан", Чыскыырай, Анастасия Готовцева,  Дьүрүйээнэ, Саарын, Байбал Сэмэнэп, Лэгэнтэй, Далаана о. да а. ааттара араас таһымҥа ааттана турар.Элбэх ааты ааттаабатахпын бырастыы... Дьиҥэр ааттаах элбэх.

Саха дьоно бары таптаан истэр ырыаһыттарбытын Эдьиий Марыынаны, Валерий Ноевы, Аркадий Алексеевы, Александр Самсонов курдуктары бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох.
Эстрадабыт артыыстара урут наар тахса- тахса ыллыыр эрэ курдук көрөр эбит буоллахпытына, дириэктэринэн Алексей Егоров- Өркөн кэлиэҕиттэн олох тосту уларыйыы буолла диир тоҕоостоох. Бу кэмтэн ыла тыйаатыр артыыстара дьиҥнээх артыыс буоллулар диэтэххэ сыыстарбатым буолуо.
Онтон ыла мин бэйэм да алтыһан ону биллим- көрдүм.

Испэктээхтэр, мюзкллар турар буобуттара артыыстары ырыаһыт эрэ буолбакка күүскэ үлэлиир дьиҥнээх артыыс оҥордо.
Көрө сэрэйэ да сырыттахха дьиҥнээхтик бэйэ бэйэлэрин өйдөһөр биир сомоҕо кэлэктиип дьэ буоллулар.
Хас испэктээх эрэпэтэйииссийэтэ ону туоһулуур.
Бэйэм үлэлэһэн билэбин.Хас биирдии артыыс эппиэтинэһэ улахан. Биир бэйэм оруолбун таһымҥа толордорбун диэн сорук турар.
Бу туһунан тахсан бэйэ ырыатын толоруу буолбатах.

Артыыстар ону тута  өйдөөбүттэрэ олус үөрдэр.
Бастакы туруоруубут Сахаайа "Аршин мал алан" режиссер быһыытынан бастакы үлэтэ.
Ити аан дойдуга аатырбыт киинэ буолан көстүбүт айымньыны бастакынан сахалыы саҥардыбыппынан киэн туттабын.
Биллэн, хас биирдии ырыаны сүһүөҕэр тэҥнээн ис хоһоонун биэрии ыарахаттардаах этэ да, син барыта табыллан испитэ. Санаа кыайара диэн баар эбит.
Эстрада артыыстарын, атын да үлэһиттэрин бэйэм да биир биир бэркэ билсэрим да, билигин барыларын кытта биир дьыалаҕа ыалдьар биир сомоҕо буолан хааллыбыт.

Биир дьыалаҕа ыалдьан бииргэ үлэлиир дьону наһаа чугаһатар, түмэр эбит. Маннык үтүө эйгэни бэлэхтээбитигэр оҕом тэҥэ эдэр эрээри толкуйдаах төбөлөөх уолга Өркөҥҥө махтал.
Артыыстар бары да дьиҥнээх артыыс эйгэтигэр киирбиттэрин өйдөөтүлэр дии саныыбын.

Ырыанан аатыра сылдьар дьон режиссер илиитигэр төлөрүйбэттик киирэн хаалан кини этэрин эрэ толороллоро ыарахаттардаах буолуо дии саныыбын.
Эрдэ бу драм.артыыс эйгэтэ буоллаҕа.
Онон эстрадабыт артыыстара ити суолга эмискэ үктэниилэрэ биирдии бэйэлэригэр оннук судургу дьыала буолуо дии санаабаппын. Онон бу саҥа сүүрээни ылынан тус санааларын ууран дьону кытта үлэлии сылдьар эрдэттэн эриллибит режиссердарбытын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Евгений Охлопков барахсаны артыыстар бары истиҥ эрэ тылынан саныыллар- ахталлар. Ону умнар хайдах да сатаммат.Татьяна Чаранская баар биир талаан.

Аны улахан эйгэҕэ аатырбыт режиссербут Сэргэ Потапов ылынан туруорбут "Лоокуут уонна Ньургуһун"мюзклын ылан көрүөҕүҥ.
Бу манна кырдьык да эстрада артыыстара артыыс эбиппин дии санаммыт буолуохтаахтар. Бар дьон билиммит ырыаһыттарыттан  Сэргэй барыбытын алдьатта диэбиттэрин илэ кулгаахпынан истибитим.
Ити алдьатыы диэн үтүө өйдөбүлгэ этиллибитэ.

Хайа да билиниини ылыммыт киһи режиссер этэрин халбаҥнаабакка толоруохтаах диэн өйдөбүлгэ.
Дьэ бу артыыска бастакы ситиһии эбит диэн өйдөөбүтүм.
Иккиһэ: артыыстарбыт ылынан бэриллибит оруолларыгар киирэн ол оруолларын толору толоруулара.
Дьэ, маны мин аан бастаан Сахаайа туруорбут " Аршин мал алан" мюзклыгар кыттыгастаах буолан этэбин.
Кырдьыгынан эттэххэ бастаан саарбахтаабытым. Драматическай артыыс үөрэҕэ суох дьон буоллахтара дии. Хайдах эрэ оонньууллар диэн олус долгуйбутум.

Репетицияҕа сылдьыбытым. Сорохтор тылларын- өстөрүн олох билбэттэр, кумааҕыны эрэ көрөн саҥараллар, ыллыыллар.Онтон дьэ, сценаҕа көрөн баран сөхтүм эрэ.
Хас биирдиилэрэ олуолларыгар киирэн дьиҥнээх артыыстар арыллыбакка сылдьаллар эбит дии санаа киирдэ. Холобур, Айгылаан, Чыскыырай, Варя Аманатова оруолларын уһулуччу арыйбыттарын дьон- сэргэ бары этэр...

Барыларыгар олус махтана санаатым.
Эрэл киирдэ.Эрэл үөскүүрэ диэн мээнэ тыл буолбатах. Ол эрэлбин бу күннэргэ көрсөн кэпсэппит киһим, драм.тыйаатыр артыыһа Куприян Михайлов бигэргэттэ.
Бары туруолуулары көтүппэккэ көрбүт, олус биһирээбит.
Артыыстарбыт миигиттэн бары кэриэтэ балыстар буоллаҕа. Онон балтыларым, бырааттарым диибин.
Дьэ, ол балтыларбар, бырааттарбат эрэлим улаатта.

Артыыс аналларын өйдөөтүлэр ини дии санаатым.
Кэлин үлэбит: "Хотой уонна Хомус".Дьэ бу манна Амгалена Барашкова режиссер быһыытынан чаҕылхайын көрдөрдө дии саныыбын.
Кини режиссер эрэ буолбатах, талааннаах киһи барыга талааннаах дииллэринии таҥасттары- саптарын, декарациятын барытын бэйэтэ толкуйдаан дизайннаан диэххэ, оҥордо. Экран, уот- күөс барыта таһыччы буолбут дии саныыбын.

Улахан үлэ.
Кыттыһан, ылсан үлэлээбиттэргэ барыларыгар улахан махтал.
Мин тылын- өһүн айан баран күүтэн олордоҕум дии.
Амгалена биир сүдү үлэтэ буолла дии саныыбын.
Сюжета эмиэ киниэнэ. Онон бары көмөбүтүнэн бу кини үлэтэ тилиннэ.
Хас сырыы аайы саала толору.

Уонна туран эрэ ытыс таһыммыт дьон ама сымыйанан таһымматылар ини.
Ити баар эбит бэйэ бэйэҕэ астыныы, махтал тылларын этиибит.
Ыҥырбыттарыгар үрдэлгэ тахсан туран сүрэхпинэн- быарбынан сэрэйэн биллим. Бастакы үлэбитигэр эмиэ оннук ситиһии этэ.
Олус долгутуулаах.

Мантан ордук үтүө ханна баар үһү.
Бу үлэни көрсүбүттэр, артыыстар бары да биллэхтэрэ...
Кэтэххэ ахтыллыбакка хаалбыт ааттар бука диэн хомойумаҥ.
Эһигини бу үлэни оҥорбуттар бары өйдүүбүт, махтанабыт.

Түмүкпэр этиэм этэ эдэрдэрбит көмөлөрүнэн саха эстрадата адьас атын таһымҥа таҕыста.
Ону саха дьоно бары салҕыы өйүүргүт буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Бастатан салайааччыларбыт өйдөөн көрөн өйүүллэрэ буоллар.
Дьиэлэрэ- уоттара суоҕа олус куһаҕан.

Ааттаһан- көрдөһөн атын тыйаатырга тиийэн сценаҕа биирдэ эрэ эрэпэтииссийэлэнэн баран тахсан оонньоон бараллар.
Бу олус ыарахан.
Ыччаттарым, артыыстарым тустарыгар ол да иһин хас тахсыыларын аайы олус долгуйабын.
Хата наһаа маладьыастар, сөҕөбүн эрэ.
Урукку, билиҥҥи эстрадабыт артыыстарыгар барыгытыгар улахан тапталбын, махталбын этэбин.Ытыс тыаһа баарын тухары....

Омук Уола.10.01.2017с.
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1442 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 97
Ыалдьыттар (гостей): 97
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024