News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2017 » Олунньу » 9 » Тыа сирэ, тыа хаһаайыстыбатыгар сайдыытыгар санааларым
Тыа сирэ, тыа хаһаайыстыбатыгар сайдыытыгар санааларым | 08:28 |
Тыа сирэ, тыа хаһаайыстыбатыгар сайдыытыгар санааларым
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар билигин тосту уларыйыы киирдэҕинэ эрэ хамсааһын тахсар буолла. Билигин ынах-cүөhү ахсаана күн аайы аччыы турар. Ордук ынах ахсаана. Ол аата үүт-эт элбиирин туһунан кэлэр өттүгэр кэпсэтии суох. Бааһынай хамсааһынын өйүүбүт, производственнай, коллективнай кооперативтары ордук уһун сылларга потребительскэй кооператив диэн ааттаан переработканы харса суох өйөөтүбүт.
Улахана 7 м үрдүктээх комплекстары туттубут. Переработка улахан объектарын. Омук сүөһүтүттэн саҕалаан Россия араас муннугуттан араас эгэлгэ боруода сүөһүтүн аҕаллыбыт сиэмэлээһини 70% тиэртибит. Нэһилиэк аайы таас оскуола, спортзал, детсад, культура дьиэтэ бөҕөтө туттубут. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга бу үлэ барыта төһүү буолуохтаах этэ.
Бааһына да баар курдук. Аны тыа сиригэр билигин ыччат тохтоон үлэлиир гына хотону, дьиэтин-уотун тутан, сирин-уотун сыһыарыы үлэтэ бара турар. Тыа хаһаайыстыбата ол үрдүнэн үөтэлээбэт. Сылы эбиллэр, ынах-cүөhү, таба ахсаана эбиллибэт, аччыыр. Хайдах балаһыанньаны көннөрөбүт. Киһи баарын тухары балаһыанньаттан хайдах тахсарын толкуйдуохтаах.
Тыа хаһаайыстыбатын өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллар бородууксуйатын уонна ынах сүөһүгэ, сылгыга, табаҕа уопсайынан ыал чааһынай хаһаайыстыбата 50-тэн тахса быраһыанын ылар.Дьиҥнээхтии хасыйар буоллахха 60 % бары көрдөрүүлэргэ ылар
. Билигин үүтү-эти туттарыыга саҥа көрдөбүллэр тахсыбыттарынан ол онно сөп түбэһэр кумааҕылар, төлөбүрдэр бааллар. Ону чааһынай хаһаайыстыбалаах дьон балаһыанньаттан тахсар туһугар бааһынайдарга, коопертивтарга кыбылыннылар. Сүөһүлэрэ-сылгылара барыта бэйэлэригэр турар. Бааһынайдар элбээбит курдуктар, сүөһүлэрэ-астара элбээбит курдук, бородууксуйалара эмиэ. Бу барыта албын-көлдьүн. Бу манныкка биһиги бэйэбит тиэрдэбит. Маны туоратар инниттэн респотребсоюз үлэлиэн наада.
Ыраахтааҕы саҕана тэриллибит тэрилтэ, аһы-үөлү элбэтээри, переработкалаары, атыыны-тутууну тыа сиригэр быһаараары. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр «Холбос» баар. Сэбиэскэй былаас баарына тыа сиригэр чааһынай хаһаайыстыба үүтүн-этин, оҕуруотун аһын, сиртэн хомуллар отонуга тиийэ хомуйар этэ, астыыр-үөллүүр этэ уонна атыытын-тутуутун быһаарар этэ.
Бүгүн «Холбос» үлэлиэн наада. Новосибирскайга кооперация академиятын бүтэрбит элбэх специалист баар. Бу специалистары үлэлэтиэххэ, олордумуохха. Холбоско элбэх уопуттаах специалист баар. Кинилэр дьон личнэй подсобнай хаһаайыстыба хайдах сайдыахтааҕын, кооперация хайа хайысхатынан сайдыахтааҕын быһааран биэриэхтэрэ, тэрийиэхтэрэ. Чааһынай хаһаайыстыба сайдыытыгар улахан хамсаайын тахсыаҕа. Онон чаайынай хаһаайыстыба, ол аата эт-үүт, сиртэн хомуллар бородууксуйа үбүлээһинэ барыта тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн «Холбоско» барыан наада. «Холбоско» caҥa дьиҥнээх «Холбос» үлэтин-хамнаһын билэр киһи олоруон наада. Хоту улуустары хабыан наада. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бааһынайдары, переработканы, коллективнай хаһаайыстыбалары күүскэ эрчимнээхтик дьаһайдын.
Дьиҥнээх министиэристибэ аатын суолун бигэргэтэр гына сүөһү, сылгы, таба ахсаанын элбэтиигэ үлэлээтин. Производство атаҕар турарыгар күүстээх үлэни ыытыан наада. Племенной үлэни, сиэмэлээһини, сири кытта үлэни атаҕар туруоруон наада. Манна сөптөөх үбү-аһы ыллын.
Дьэ, оччоҕо бу икки тэрилтэ икки өттүттэн көмөлөөтөҕүнэ тыа хаһаайыстыбата сайдыа, тыа сирэ социальнай көмүскэллээх буолуоҕа. Үлэ миэстэтэ бөҕө тахсыа. Дьон чааһынай хаһаайыстыбатынан күүскэ дьарыктанарыгар, социальнай көмүскэллээх буоларыгар бырабыыталыстыба дьаһал ылыан наада. Маны таһынан, «Холбос» дьон даачаҕа үүннэрэр үүнээйитин, сүөһүтүн, сибиинньэтин, көтөрүн болҕомтоҕо ылара наада.
Васильев Владимир Иосифович, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Наахара нэһилиэгин олохтооҕо, . Кэтэх хаһаайыстыба.
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 1413 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 82 Ыалдьыттар (гостей): 82 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|