Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Олунньу » 9 » Эдэр саастыын көрсүһүү
Эдэр саастыын көрсүһүү
18:27
Эдэр саастыын көрсүһүү
 
       Эргэ саҥа дьыл кэннинээҕи күннэргэ 2017 сыл Варвара Афанасьевна уонна Александр Николаевич Ивановтары кытары төрөөбүт улууспар Уус Алдаҥҥа айанныыбыт. Аара айылҕа маанылаах кыыла тииҥ этэҥҥэ сылдьарбытын билгэлээн илэ бэйэтинэн суолга тахсан хоп-хойуу көп түүлээх кутуругун хоротон уруйдуу көрүстэ. Өр-өтөр буолбатыбыт үөрүү-көтүү, көхтөөх кэпсэтии быыһыгар Мүрүгэ кэлбиппитин билбэккэ хааллыбыт.
        Мүрүттэн Варвара Афанасьевна подругатын Мотрена Николаевна Ховрованы ылан Чараҥҥа Егор Егорович Поповтарга тиийдибит. Ивановтары көрсөөрү кинилэр подругалара Елизавета Михайловна анаан-минээн сахалыы, нууччалыы, казахтыы хас эмэ омук бүлүүдэтинэн симэммит баай дуол менюлаах остуолун тардан үөрэ-көтө көрүстэ. Киирээппитин өтөр көрсүбэтэх дьон быһыытынан эдэр саастарыттан күн бүгүнүгэр диэри арахсыспатах дьүөгэлиилэр куустуһан, уураһан кэпсэтии тимэҕэ тута төлө барда. Үөрүү-көтүү үрдүк өрөгөйүн тылынан ойуулуур да уустук. Сотору хаһаайка дэлэй минньигэс астаах күндү остуолугар ыҥырар. Мин саҥата суох олох эдэр эрдэхпиттэн истэр Орто азиалар түмсүүлэрин  кэпсэтиилэрин истэбин. Дьиэлээх хаһаайын бэрт холку: “Дьэ, кэпсэтиҥ, тыыҥҥытын таһаарыҥ”,-- диэххэ айылаах саҥата суох доп доруобай киһи мүчүк аллайан үгүс саҥата суох мөтөллөн олордо.  Александр Николаевич сэлэһэн иһэн кэпсэтии кини диэки хайыспытыттан эбитэ дуу, дьүөгэлиилэри мэһэйдээмээрии эбитэ дуу? Саҥата-иҥэтэ чуумпурда. Кэлин саала хоско телевизорга спортивнай биэриини үөрэ-көтө олорор киһини буллубут. Кэпсэтиигэ дьүөгэлииллэр хара бастакыттан былааһы ыллылар.
        Хаһаайка Елизавета Михайловна Попова омук тылын учуутала идэлээх бэрт улаханнык үөрбүт- көппүт быһыынан бастакынан кэпсээн күүдэпчилиир:
        ---Мин оскуола кэнниттэн собхуоска үлэлии  тахсарга ыҥырыы таһааран баран онно олох да тахсыбакка дьоммун ыһыытаппытынан 1970 сыл Аан дойдуга түҥ былыргаттан тутуллубут саамай кэрэ көстүүлээх архитпектурнай тутуулардаах орто Азия бастыҥ куоратыгар Алма Атаҕа тиийэн үөрэххэ киирдим. Арай Валадимир Татаринов, Толя Аманатов, Кеша Кочкин онно үөрэнэр саха студеннарын түмэ сылдьаллар эбит. Саркандская уулуссаҕа сахалар олорор, түмсэр квартиралаахпыт. Ол сырыттахпытына: “Саҥа уол биир дойдулаахпыт көҥүл тустууга Венгрияҕа тахсан кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыт”,--диэн үөрүүлээх сурах тарҕанна. Мин санаабар бөдөҥ-садаҥ уҥуохтаах бухатыыр киһини көрүөм, дии саныыбын. Саркандскаяҕа тиийдибит. Онно тиийбиппитигэр биир уолу көрдөрдүлэр. Олох да оскуола оҕотун курдук киһини билсиһиннэрдилэр. Биһиги оччотооҕу ханна да сылдьыбатах тыа дьоно билбэт буоллахпыт, олох кырдьыктамматыбыт. Уолбут сытыы баҕайы: “Ээ, бу мин ээ, мин, мин”,--диир. Ол уолбут ханнык эрэ аан дойду улуу судаарыстыбаларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт улахан күрэхтэһиигэ кыайбыт мэтээлин көрдөрдүлэр Онтон биирдэ итэҕэйдибит. Сашабыт сотору, сотору ССРС араас республикаларынан, кыраныысса таһын улуу судаарыстыбаларынан көҥүл тустуу сбордарыгар барар.
        Биирдэ биһигини спортзалга күрэхтэһиигэ ыҥырдылар. Күрэхтэһиилэргэ син сылдьабыт. Аны онно Сашабыт баал биэрдэ. Биһиги онно сөбүлэспэккэ судьуйалаабыт Винокуров Валераны буруйдаах оҥорон олох сии сыстыбыт. Өссө олох да кинини үчүгэй аҕайдык кэһэттибит ээ.
          1971 сыл Саша аан дойдуга аатырбыт Тбилискэй турнирга чемпионнаата. Биһиги ону саҥа дьыл кэнниттэн таҥхалаан көрүүлэнээччи буоллубут. Кумааҕы уматан ол күлүгүн истиэнэҕэ көрөбүт. Арай үүт үкчү Толя Аманатов уонна Зоя Крылова курдук баттахтаах дьон күлүктэрэ бэйэ-бэйэлэригэр чугасаһан холбостулар. Ол сыл кырдьык кинилэр холбоспуттара.
        Аны биһиги көрдөхпүтүнэ ол кумааҕы күлүгэр пальмалар эҥин көстөллөр. Өссө элбэх баҕайы киһи туста сылдьар. Бүтэһигэр биир киһини илиитин ууннардылар. Ону Саша Ивановка майгыннатан уруй-айхал бөҕө буоллубут. Кырдьык аҕыйах хонон баран киһибит Тбилиситтэн кыһыл көмүс мэтээллээх тиийэн кэллэ. Итинник эмиэ баар буолар эбит.
        Аны Сашабыт олох сиэдэрэйэ сүр. Омук сиригэр таҕыстаҕына хайаан да барыбытыгар кэһиилээх кэлэр. Кимиэхэ эрэ күндү жвачкаттан саҕалаан одеколон, духи араас джинсытыгар тиийэ, оччолорго ханна да харахтаабатах күндү малларбытын биһиэхэ таһар. Дьэ, ол аайы биһиги атын оҕолорго өҥнөнүү бөҕө буолабыт. Аны онно үөрэнэн хаалан кимиэхэ тугу аҕаларын туох да хардата суох кэтэһэбит. Дьэ, ааспытын кэннэ санаатахха олус да сүрдээх дьоммут. Биһиги наар аспыт бүтэр аны ону Сашабыт толуонунан аһатар. Онтон биирдэ Саша эттэ: “Дьокууйскайтан билсэр кыыһым кэлиэҕэ. Ону хайаан да үчүгэйдик көрсөҕүт!”,--диэн буолла уонна бэйэтэ ханна эрэ сбордана көтөн хаалла. Өссө кыыһыгар театрга сылдьарга билет хаалларда. Биһиги баар суох авторитеппыт эппитин кэннэ  кыһаллыы-мүһэллии, сүүрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Самолетунан Варялаах Муся тиийэн кэллилэр. Мин Варяны хантан билиэмий Винокуров Валера билэр буолан хата үчүгэй баҕайытык портка көрүстүбүт. Саркандскаябытыгар илдьэн кыргыттары анаан-минээн үөрэ-көтө көрүстүбүт, күндүлээн-маанылаан хоннордубут. Саша кэлиэр диэри олорор дьиэ булан, театрга, киинэҕэ сылдьан Варялаахха куораты билсиһиннэрдибит.
          Ол самолекка саха сириттэн саха бөҕө кэлбит. Кинилэри аны мин куорат устун сирдээччи буоллум. Дьонум аһаары остолобуой көрдүүллэр. Остолобуой “Асхана”,-диэн суруктаах ол аттыгар кэллэхпитинэ дьонум: “Хантан эрэ минньигэс баҕайы ас сыта кэлэр”,--дииллэр. Ону мин аралдьытан атын сиргэ түһэрэн иһэбин. Тоҕо даа? Оттон дьоммун аһатар харчым суох. Онтон наһаа кыбыстабын. Сотору дьоммун ырыынакка илдьэн ыытан кэбистим. Дьэ, араас ас бөҕөтүн ыллылар. Биирдэ кэлбит дьон харчылаах буоллахтара. Дьыала бэйэбитигэр тиийэн кэллэҕинэ көр итинник эбиппит. Онон дьоммун онно хаалларан бардым. Арай күһүн кэлэн көрсүбүтүм дьонум олорор дьиэ устубуттар. Сороҕор сахалар онно мустабыт эҥин.
    Варялааҕы кэлин даҕаны кыра оҕолоохтор эҥин, диэн аахсыы оччолорго олох суох буолар эбит. Саныы түстүбүт да ойон тиийэн талбыппытынан аһыыбыт, хонобут. Өссө хастыы эмэ киһи батыһыннарыылаах тиийэбит. Аны санаатахха наһаа да сүрдээх эбиппит. (Елизавета Михайловна бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйэн баһын быһа илгистэр) Арыт наһаа элбэх хоноһолонон оронунан, муостанан миэстэ ордубакка Варябыт ыскаабын иһигэр киирэн утуктуу олорор буолаахтыыр. Эбэтэр муостаҕа быыһа суох сытар дьону үрдүнэн анараа уһукка туран дьон биир өттүгэр ыйанан турар оҕолорун таҥаһын көрдүүр. Ону дьону үрдүнэн кэритэн биэрэн абырыыбыт. Биһиги онно олох да кыһаммаппыт иккис күн, арыт үһүс күн кэлэн симиллэ турабыт. Хардатын даа? тугу биэриэхпитий? Бэйэбитигэр туохпут да суох. Хата астарын ол-бу күөстэрин олоччу дэлби аһаан кэбиһэбит. Итинник Алма Ата сахаларын олоччу ким да буоллун кинилэр көрөн-истэн босхо остолобуой, гостиница буолан олорбуттара.
     Аны оҕолоро ынырык бэрээдэктээхтэр.
     Биирдэ Варялаах Саша олоро, диэн Мискэйгэ көстүлэр. Биһиги хомойон аххан, сорохтор харах уулаах поездка киллэрэн Минскэйгэ атаардыбыт. Биһиги дьолбутугар дьоммутугар казахтар икки хостоох квартира биэрэннэр төттөрү кэллилэр. Дьоммут кэлэн эбиитин правительственнай дьиэлэр турар Фурманова уулуссаҕа киэҥ-куоҥ дьиэлэнэн үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Олох бэйэбит дьиэлэммит курдук үөрдүбүт. Сотору, сотору Варялаах Сашаҕа мустан түмсүү бөҕөтө. Онно барытыгар кыараҕас баҕайы дьиэҕэ элбэх баҕайы киһи тобус толору мустарбыт харахпар бу баар. Аны хас эмэ киһи соһуулаах кэлэбит. Аны кэлэн санаатахха олус да, аһара кэрээнэ суох дьон буолар эбиппит. Кинилэр Алма Атаҕа ким кыһалҕалаахха, эстибиккэ быстыбыкка боруоста ангелы хранители этилэр. Итии дойдуга аны санаатахха таһырдьа эҥин да мустан кэпсэтиэх баар эбит. Онно эмиэ усулуобуйа бөҕө сквер, фонтан, ыскамыайка бэрдэ Сашалаах дьиэлэрин таһыгар баар эбээт. Икки хостоох кыра баҕайы квартираҕа ыгыччы симиллии.
      Алма Атаҕа үөрэммит оҕолор Варялаах Сашаҕа махталбыт олох муҥура суох. Варя наһаа үчүгэй асчыт. Муударай сүбэһит. Бэриниилээх дьүөгэ. Улахан спортсмен кэргэнэ буолуу ыарахаттарын дьэ чахчы эт саннынан дьоһуннук сүкпүт киһи. Варяттан атын киһи Сашаны итинник улахан тустууларга сатаан табан өйүөхтээҕэр, тэрийиэхтээҕэр буолуох күрэхтэһиилэргэ кытыннарыа да суох этэ. Алма Атаҕа үөрэммит сахалар бука бары ону үчүгэйдик билэбит, өйдүүбүт. Кинилэр олох эдэр оҕо саастарыттан олохторун сахалар тустарыгар, Сахам норуотун туһугар, диэн патриотическай өйүнэн-санаанан салайтаран күн бүгүнүгэр диэри олороллор. Онон бу Ивановтар дьиэ кэргэн биһиги эдэр студенческай саастарбытын бэйэлэрин аан дойду улахан көбүөрдэригэр ситиһиилэринэн киэргэппит аххан, үөрэхпитин ситиһиилээхтик бүтэрэрбитигэр эргиччи өттүнэн көмөлөспүт баар-суох киминэн да солбуллубат  күндү дьоммут буолаллар.
      Тылы Бороҕон олохтооҕо стоматолог врач Уус Алдан улууһун ытык киһитэ, “Бочуот знага” уордьан кавалера Мотрена Николаевна Ховроваҕа биэрдилэр:
       --Мин оскуола кэнниттэн икки сыл Уус Алдаҥҥа Наяхы собхуоска комсомольскай тэрилтэ сэкиритээринэн үлэлээбитим. Убайым Баһылай Өлөксөөндүрэбис собхуос директора. Кини холкуоска ыччаттары үлэлэтиэн баҕарар. Мин комсомольскай үлэнэн дьарыктанабын. Онно убайбынаан биир тыл булбакка дьиэбитигэр аһыы олорон күрдьүөттэһии бөҕөтө. Ону саҥаһым: “Үлэ боппуруоһун дьиэҕэ туруорумаҥ. Манна дьиэ уот балаһыанньатыгар сынньанар наада”,--диэн бопсон этэҥҥэ кинилэргэ икки сыл убайбар олорон үлэлээбитим. Икки сыл буолан баран Курбуһахха бииргэ үөрэммит Сивцева Лиза билигин Попова, Афанасьева Дуня билигин Бурнашева ыҥыраннар Орто Азия бастыҥ куоратыгар оччолортон баччаҕа диэри саха оҕото бөҕө үөрэх-билии ылбыт Алма Ата куоракка үөрэнэ тиийэбин. Медицинскэй институтка киирдим. Ташкенскай уулуссаҕа маҕаһыыҥҥа килиэп тутааччынан үлэҕэ киирдим. Ол эрээри үөрэхпит ыарахана бэрдэ. Онон сотору үлэбин тохтотон истипиэндийэҕэ олордум. Бастаан 28 солкуобай кэлин 34 солкуобай буолбута. Варялыын тута биир тылы булбуппут. Кинини кытары уопсай сөп түбэһэр сүрүн өрүттэрдээх этибит. Ол курдук иккиэн алта оҕолоох ыалга төрөөбүппүт. Аны бу алта оҕоттон биэһэ кинилэргэ да миэхэ да уолаттар. Биэс уолга соҕотох кыргыттарбыт. Мин аҕам эрдэ өлөн Курбуһах интернат оскуолатыгар иитиллибитим. Кини эмиэ Чурапчы интернат оскуолатыгар улааппыт.  
       Оччолорго суотабай буолуохтааҕар боростуой телефон да суох. Варялаахха тиийэн баран квартираларын айаҕар күүтэн турабыт. Кыра оҕолоох дьон өр буолбаттар тиийэн кэлэллэр. Оннук сотору-сотору түмсүү мунньах сүбэлэһии бөҕөтө. Дьэ, онтон ыла баччааҥҥа диэри арахсыспат доҕордууларбыт. Аны икки хостоох дьиэҕэ Степановтаах, убайдара Колялаах үс ыал олороллор. Саша куруук оччотооҕу модун ССРС араас республикаларын куораттарынан, кыраныысса таһыгар улахан сайдыылаах судаарыстыбаларынан сбордарга сылдьар. Мин кинилэргэ кэлэн наар сынньанар аһыыр сиир этим. Варя аһа-үөлэ наһаа үчүгэй хаһаайка. Киһини бу үөрэ-көтө көрсөрө, кыһаллара олох наһаа  да тапсыбыппыт.
      Өссө мин бастаан кэлэн баран Раялыын Варялаахха бардыбыт. Арай дьоммут дьиэлэригэр суохтар. Биһиги ону түннүгүнэн түһэн дьиэ иһигэр киирэр дьон түбэстибит. Бастакы билсиһии оннук дьиктитик буолан турар.
       Аны оҕолоро ис иһиттэн бу бэрээдэктэрин. Альбина быраатын батыһыннаран хоһуттан тахсар уонна биһигини уһугуннарымаары атахтарын төбөтүгэр үктэнэн сэрэниин сэрэнэн оонньуурдарын ыланнар таһырдьа оонньуу тахсаллар. Итинник бу дьиэ иһинээҕилэр кэлбиккэ-барбыкка сөптөөх усулуобуйаны кыратыттан улаханыгар тиийэ оҥороллоро. Оччолорго саха сиригэр киһи аайы телевизор суоҕа баар да буоллаҕына биир икки канал көстөрө. Онтон Алма Атаҕа канаала той элбэҕэ өҥнөөх телевизоры көрөргө чуолкайа, үчүгэйэ. Онон сынньанарга сөптөөх бары наадалаах олоччу кинилэргэ баара.
       Аны казахтар тас көстүүлэрэ син биир саха курдуктар. Ол иһин эбитэ дуу? Биһиэхэ ким да кыһаммат. Түүн буоллун, күнүс буоллун ханна баҕарар куттаммакка сылдьарбыт. Институтка биир оннук. Ким да, кими да туораппат, араарбат. Мин конспектары дьаныһан  туран оҥорорум. Ол иһин уопсайбар той барыларыгар наада буоларым. Хата онон өрө тутулла аҕай сылдьыбытым.
       Күрэхтэһиилэргэ сылдьарбыт. Сыл аайы Америкаттан кэлэн күрэхтэһэллэрэ. Биирдэ онно Саша туһунна. Бастакы күн кыайда. Иккис күн кыайда. Оттон иккис күн казах уола Карпыков Хайдар 52 киилэҕэ тустуохтаах уол аккаастаан кэбиспит.,-- диэн уол тустубат,-- диэн буолла. Саша ол иһин сарсын ыйаммат,-- диэтилэр да киһибит тото-хана аһаан кэбистэ. Киэһэ ужинныы олорор Сашаҕа кэлэн тренер көрдөстө: “Давай выручай”,--диир. Сашабыт ыйааһыннанна биэс киилэ ордук үһү,-- диэн буолла. Уу дьэ, онно Сашаттан салынным ээ. Кини түүн иһигэр утуйбакка ыйааһынын түһэриннэ. Хотуолаан хайаан, сүүрэн, тустан түүнү быһа дьэ туох да хара сору көрдө ээ. Ону көрөн хата ааранан мин куһаҕан буола иэдэйэ сыстым. Сарсыарда биэс киилэ түспүт,-- диэн буолла. Сашабыт туһунна. Биһиги киниттэн чэпчэки баҕайытык кыайыыны эрэ истэ үөрэммит дьон киһи эрэ буоллар киһибитин аһынан онно дьэ сөп буоллубут ээ.  Айа да айааа.
       Бастакы быыкаайык дьиэбитигэр бырааһынньык бөҕөтө ылыллар. Первэй маай, Орто Азиялар бырааһынньыктара олоччу онно буолар. Онно олорон Панфиловецтар паркаларынан ааһан иһэн Варя ымсыырар: “Хайдах эрэ дьон маннык дьиэҕэ олороллоро буолла?”,--диир. Онтон сотору буолаат аны ол дьиэҕэ икки хостоох квартираланан үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Дьиэ тулата олоччу сибэки ол-бу араас оҥоһуута фонтан, сквер олоччу ситэ. Правительственнай трассаҕа Фурманов уулуссаҕа куорат олох килбэйэр киинигэр турар. Чахчы киһи эрэ ымсыырыах куорат бастыҥ дьиэтэ.
      Аны мин күөмэйим дэлби ыарыйда. Эрэй бөҕөтүн көрдүм. Үөрэхпин эҥин дэлби көтүттүм. Ыарахан баҕайы операцияҕа киирэн күөмэйбин быстардым. Онно ыалдьан эрэй бөҕөтүн көрө сырыттахпына Варям морс араас наадалаах утахтары, аһы сотору-сотору таһан, көрөн-истэн абыраабыта. Оо ону санаатахпына Варябар күн бүгүнүгэр диэри махтанабын.  
      Аны бу соторутааҕыта ыарахан баҕайытык ыарыйдым. Ивановтар Мирнэйгэ олороллор. Онно аны оҕом Афоня, Ивановтар уоллара дьэ кыһалынна ээ. Бэйэм күтүөтүм эмиэ Афоня. Дьэ икки Афоня хардары-таары мин бары хаппырыыспын толорон ас тастылар. Ол-бу наадыйарбын олоччу оҥорон, уолаттарым эргиччи абыраатылар аххан. Дьиэбэр уолум Иванов Афоня таһаарда. Наһаа мөлтөхпүн. Арай кирилиэһи түһэн иһэн охтон түһэ сыстым. Ону уолум илиитигэр түһэрэн ылан көтөхтө. Мин хайыыр да кыаҕым суох: “Сэрэн да сэрэн”,-- диэтим. Ону уолум: “Не беспокойся, не уроню”, --диир уонна оннук көтөҕөн массыынаҕа таһааран олордон дьиэбэр таһаарда. Онон аны уолбар көтөхтөрө сырыттаҕым үһү. Балыыһаҕа сытан икки чаас буолла да бары ааннарын хатаан кэбиһэллэр. Ону мин: ”Оо дьэ мин уолаттарым кыайан киирбэт буоллулар”,-- диибин. Ону үлэһиттэр: “Оо дьэ эн Афоняларыҥ онтон иҥнибэттэр. Ханан баҕарар булан киириэхтэрэ”,-- дииллэр. Оннук буолар даҕаны. Оҕолорум иҥнибэттэр киирэн кэлэ тураллар.
       Афоня кыра сылдьан олох наһаа үчүгэй. “Пыш”, курдук эттээх кыра баҕайы киһи. Көтөхтөххө киһиэхэ сыстан хаалар. Аны онно кулгааҕа табыгастаах баҕайытык айаҕым анныгар кэлэр. Ону мин кулгааҕыттан эмэбин. Уолум ону наһаа сөбүлүүр.
      Афонялар бэйэ-бэйэлэрин билсиилэрэ эмиэ дьикти буолбут. Иванов Афоня массыынатын көлөһөтө тэстэн турдаҕына Домотов Афоня тохтоон көмөлөспүт. Билсибиттэрэ иккиэн Афоня буолбуттар. Ону Иванов Афоня: “Ты откуда”—диэбит. Ону биирдэһэ: “Я Усть Алданский”,-- диэбит. Ону иккиһэ:  “Оо там у меня Мотрена Николаевна Ховрова, тетенька живет”,--диэбит. Ону биирдэһэ: “А она наша мама”,-- диэн күтүөтүм өттүгүн таһыммыт. Онон оҕолорум Афонялар кыһаллан көрөн- истэн ыарахан чаастарбар улахан бигэ тыыллаахпын билэн астынан олоробун.
       Уопсайынан улахан спортсмен кэргэнэ буолар аһара ыараханын биһиги спордунан дьарыктамматарбыт да чугастык билсэн, билэн олоробут. Куруук суох, күрэхтэһиилэргэ сылдьар кэргэни кэтэһии. Оҕолору соҕотоҕун көрүү. Ыалдьыт хоноһо. Сорохтор улахан спортсмен кэргэнэ куруук бэлэмҥэ тарайа сылдьыбыт дьахтар курдук саныыллар. Дьиҥ иһигэр чахчы кытаанах, үрдүкү ситиһиилэргэ улахан дьулуурдаах, ураты тулуурдаах эрэ дьахтар тулуйарын олохпут устата көрөн-көрөн кэллэхпит. Варя көҥүл тустууну кыра сааһыттан наһаа үчүгэйдик билэр, сатаан үрдүкү ситиһиилэргэ көҕүлүүрүн, тэрийэрин таһынан наһаа үчүгэй асчыт, ып ыраас илиилээх хаһаайка, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана бу үчүгэйин киһи эргиччи өттүнэн үчүгэйин, наһаа үчүгэй маама. Урут оҕолорун, билигин сиэннэрин наһаа үчүгэйдик иитэр ийэ, эбээ бастыҥа. Онон мин биир бэйэм Варялаах Саша курдук дьону кытары олоҕум аргыстаспытыттан наһаа астынабын. Варя да баар буолан оҥорон, тэрийэн, өйөөн Саша аан дойду ааттаахтарын баһыйар улахан бөҕөс буоллаҕа.

                                                                               Мин санаабар

      Улуу учууталбыт, тренербит Д.П.Коркин үөрэппитин курдук, көбүөргэ киирэн тустубут киһи тустуу көбүөрүгэр сибэтиэй миэстэҕэ үктэнэн сибэтиэй буоларын мин эмиэ билбит киһибин. Чурапчы бөҕөстөрө ханнык баҕарар тустуукка, ханна да тиий ураты ытыктабылынан сыһыаннаһалларын урут суруйан турабын. Холобура Олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриевка Москваҕа тиийдибит да дьиэбитигэр тиийбит курдук сананарбыт. Москваҕа Таганкаҕа учууталлар үөрэхтэрин үрдэтэр институт баара. Онно курс буолбат кэмигэр сахалар уопсайдарыгар хонон ааһарбыт. Миэстэ суох буолла биэс, уон да буол Арамааммытыгар субуруһарбыт. Онно ааттаах баай дуол остуолу тардан Арамааммыт олох бэйэтин бииргэ төрөөбүт бырааттара кэлбиттэрин курдук үөрэ-көтө көрсөрө. Ахтылҕаннаах көрсүһүүгэ кэпсэтии-ипсэтии үөрүү-көтүү тимэҕэ төлөрүйэрэ.
      1972 сыл Мюнхеннааҕы Олимпиада чемпиона буолбутун үчүгэй бэйэлээхтик бэлиэтээбиппит. Тоҕо эрэ ол сиэдэрэй аһылыктаах остуолларга кыттыһан дуу, харчы уган эрэрбин, саатар тугу эмэ кэһиилэммиппитин өйдөөбөт эбиппин. Итинник Д.П. Коркиҥҥа үөрэммит бөҕөстөр Саха сирин атын улуустарыттан сылдьар, ордук кыаммат, элбэх оҕолоох ыал оҕолоругар чахчы улахан өйөбүл буолбуттарын бу кэлин арааран өйдөөтүм. Онон оҕонньорбут, барыбытыгар даҕаны чахчы да улуу дьыаланы оҥорон барбыт эбит.
       Кэм кэрдии элбэхтик тургутта. Биһиги да сааһырдыбыт. Чурапчы бөҕөстөрүн эргиччи дэлэгэй, сирдээҕи сиэдэрэй майгыларын, сайдыылаах үрдүк таһымнаах култуураларын, доҕор атас быһыытынан чахчы эрэллээх дьон буолалларын сааһыран истэҕим аайы өссө күүскэ үрдүктүк тутар, сыаналыыр буолан иһэбин. Ол аайы улуу учууталбыт Д.П.Коркин ырааҕы өтө көрөр, саха ыччаттарын сомоҕолуур ураты күүһүгэр, киһиттэн киһини иитэр үтүө хаачыстыбаларыгар сүгүрүйэрим күүһүрэр. Дьүөгэлиилэр бүгүҥҥү кэпсэтиилэрэ эдэр сааһым ханна да, киминэн да солбуллубат саамай бигэ, биир ньыгыл эрэллээх доҕотторун, тренербит Д.П.Коркины санатан сүргэм сүрдээҕин көтөҕүлүннэ.

                                                                                                                                            Арамаан Дьөгүөрэп
Views: 1298 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 76
Ыалдьыттар (гостей): 76
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024