Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Олунньу » 12 » ДЬОН СУОХТУУР КИҺИТЭ
ДЬОН СУОХТУУР КИҺИТЭ
14:58
ДЬОН   СУОХТУУР  КИҺИТЭ
            
1975 сыл курдук өйдүүбүн. 
Бороҕон балыыһатыгар сытар ыарахан туруктаах ийэбин көрөөрү балыыһаттан чугас олорор убайбар А.Бурцевтаахха баарым. Кулун тутарга арай Алкивиад Исидорович командировкаҕа тиийэн кэлбитэ. Спортка дьоһуннаах ситиһиилэрин кэнниттэн актыыбынай дьарыгын тохтотон сылдьара.  Тоҕо ала-чуо Акимнаахха тиийэн кэлбитэ эмиэ билиннэ: Алкивиад кэргэнэ Клавдия Алексеевна уонна дьиэлээх хаһаайка Мария Алексеевна биир Төҥүлүттэн төрүттээх дьүөгэлиилэр эбит. Дьиэлээхтэр - Аким уонна Мария биллэр ыалдьытымсах, көхтөөх, ырыаһыт киэннэрэ бэртэрэ, аһы-үөлү, көрү-нары тардан кэбиспиттэрэ. Мин Алкивиады 1964 сылтан, Дьокуускайга Арассыыйа чемпионата ыытыллыаҕыттан тустуутун элбэхтэ көрбүт, киниэхэ туораттан ыалдьыбыт киһи да буолларбын, аттыгар аан бастаан биир остуолга олорбут уонна кэпсэппит түгэним этэ.                            

 Кини Бороҕоҥҥо нэдиэлэни быһа, иллэҥ киһини-миигин үксүгэр батыһыннара сылдьыбыта, бөһүөлэк уһун уулуссаларынан хаамсарбытыгар үгүһү кэпсэппиппит. Онтон  тустаах сорудаҕын таһынан университекка бииргэ үөрэммит табаарыстарыгар эмиэ ыалдьыттаабыта, быһа ааспатаҕа. Итиннэ барытыгар улуу тустуук буолан онон өттөйүү, ол туһунан сыҥалана сатаан кэпсэнии сыта, күлүгэ да суоҕа. Эн иннигэр бэйэҥ курдук тыа сириттэн силистээх-мутуктаах, өйдөөх тыллаах-өстөөх, наһаа элбэҕи билбит-көрбүт, улахамсыйбат, улуутумсуйбат кэрэ киһи уобараһа сибилигин да харахпар баар. Ити Алкивиады кытта аҕыйахта гынан баран киһиэхэ өйүгэр иҥэн хаалар алтыһыылартан бастакылара этэ.                                                                      

Балыыһаҕа буорайа сытар ийэбэр бара сылдьыахха диэбиппин тута сөбүлэспитэ, аккаастаабатаҕа. Онуоха билии, кыах тиийэринэн эмтии сатыыр олохтоох быраастары, киһим биир идэлээх барахсаттарын, түһэн биэриэ суохтаахпыт, туораттан орооһон, ордук-хоһу туттан. Балыыһаҕа киэһэ хойутуу тиийэн соһуйбут сиэстэрэни уоскутан, халаат ылан, көрүдүөргэ лыык курдук симиллэ сытар ыарыһахтары быыһынан ийэбэр тиийбиппит. “Куораттан эйиэхэ анаан улахан быраас таҕыста, эйиигин көрүөн баҕарар”, - диэн билиһиннэрээччи буоллум.  Киһим туттара-хаптара дьоһуна, көрүҥэ мааныта, илиитэ сымнаҕаһа (улуу тустуук илиитэ!) ийэбин тута итэҕэттэ да, абылаата да быһыылаах. “Иҥэн-тоҥон чинчийии, иһиллээһин” түмүгэр Алкивиад ийэбэр эппит тыллара өйбөр хатана сылдьаллар: “Үтүөрэр чинчилээххин, саамай кылаабынайа эмтиир дьоҥҥун итэҕэйиэхтээххин, бэккэ табан эмтииллэр эбит. Эһиил эмиэ кэлиэм, онно бука дьиэҕэр тиийэрим буолуо, үүттээх сылаас чэйгин иһэ”-диэн. Тахсарбытыгар ийэм аттыгар сытар олох мөлтөх туруктаах дьахтар барахсан:  ”Оттон миигин көрбөккө бардыҥ дии”- диэн хомойбут саҥата сибилигин да иһиллэргэ дылы.                                                                               

Ол уоран сырыыбыт, оччотооҕу эдэр, кэнэҕэһин улуу эмчит буолуохтаах, Алкивиад Исидорович Иванов, дьоҥҥо үтүөнү оҥорортон хаһан да куотумматын, киһи көрдөһүүтүн быһа гыммат майгылааҕын илэ-чахчы туоһулууллар. Ийэм үтүө сыһыаҥҥа итэҕэлэ эбиллэн, күүһүгэр күүс киирэн ол сырыыга өрүһүммүтэ, балыыһаттан үөрэ-көтө тахсыбыта уонна ол “куораттан кэлэн барбыт мааны бэйэлээх үтүөкэн бырааһы” кэлин куруутун сураһара, эҕэрдэ тиэрдэргэ көрдөһөрө. ”Үүттээх сылаас чэй иһэ”, баҕар, кэлэ сылдьыа да диэхтиирэ эбитэ буолуо,иһигэр...                                                                                   

Ол саас Дьокуускайга киирэн Шавкунов уулуссатынан баран истэхпинэ киһи үөгүлээн ыҥырбытыгар эргиллэн көрбүтүм уҥуор Алкивиад турара. Илиитинэн далбаатанаат аҕыйахта ойон миэхэ туораан кэлбитэ уонна үгүс киирии тыла суох Москваҕа аспирантураҕа ыытан эрэллэрин туһунан эппитэ. Түмүгэр: “Экзаменнарыгар омук тыла баар, ону кыайыам дуо?” – диэн ыйытан бүтэһиктээхтик соһуппута. Мин даҕаны, күүттэрэ барбакка: ”Ону тулутуоҥ дуо, киирэриҥ эрэбил буоллаҕа”- диэччи буолбутум, итинтэн атын тугу да этэр дьоҕура суох, соһуйбут, өмүттүбүт киһи. Онно үөрэн, ис иһиттэн сырдаан, хаарыан бэйэлээх харахтара сандааран турара бу баар курдук. Ол кыраттан да үөрэр уонна хайа да түгэҥҥэ киһини итэҕэйэр, үрдэтэ сатыыр үтүө быһыыта буоллаҕа, оннооҕор аҕыйахта да алтыспыт киһитигэр.              

Алкивиад Исидорович салгыы үгүс үтүө ситиһиилэрдэммитэ, наука, практика бары үрдэллэрин өрө дабайбыта. Тус бэйэтин дьаныарынан, тулхадыйбат дьулуурунан.  Уонна иҥэриммит үтүө майгытын, дьоҥҥо сыһыанын туохха да атастаспатаҕа, бэйэтэ бэйэтинэн хаалбыта. Ол туоһутунан диирим дуу, биир түгэни:  үгүс сыл кэнниттэн этэ, мунньахха хойутаары ыксаан икки хараҕым “бүөлэнэн” харбыалаһан иһэн правительство дьиэтин өстүөкүлэ аанын ааһыыбар ким эрэ илиибиттэн тарпытыгар соһуйан тохтуу биэрбитим. Алкивиад Исидорович:  ”Хайа, доҕор, киһини билбэт буолкун дуу, тугуй”, - диэбитинэн дьээбэлээхтик көрө, үөрэ, мичээрдии, тардыалаһа турара. Кыбыстан сирдээн тимириэх быһыылааҕым, солом суоҕа, салгыы инним хоту харбыалаһа турбутум.                                                                                      

 Спортка үрдүктэн үрдүк ситиһиилэригэр эбии наука доктора, академик буолбута да кини киһи быһыытынан хаачыстыбатыгар дьайбатаҕын үөрэ, астына, эбии ытыктыы көрөрүм. Туораттан, ыраахтан. Үтүөкэннээх майгытын хайа да түгэҥҥэ өлбөөдүппэтэҕин үгүс чахчы туоһулуур. Холобур, өр кэмтэн доҕорун Алексей Ермолаев туһунан хаһыакка уу сахалыы истиҥ-иһирэх, киһини долгутар ахтыыта.  Алексей тулаайах үөскээбит, уустук, эрэйдээх олоҕу олорбут дьылҕатын, мөлтүү-ахсыы да сылдьыбытын Алкивиад Исидорович кинини олох атын өттүттэн ойуулаан, киэркэтэн таһаарбыта истиҥэ, үчүгэйэ сөхтөрбүтэ. Дьиҥнээх, бүтэһигэр диэри эрэллээх доҕор диэн итини этэн эрдэхтэрэ!                                                                                                                                

Хомойуох иһин, ити кэпсээбитим курдук, биһиги алтыһан ааһыыларбыт барыта быстах-остох, биир ситимэ суоҕа.  Ол гынан баран, Алкивиад Исидорович сыл да, эбэтэр биэс да сыл ааспытын кэннэ көрсөөт бэҕэһээ эрэ арахсыбыт курдук туттан-хаптан сыһыаннаһара киһини сөхтөрөрө. Мин итинник дьикти хаачыстыбаны үгүс атыттарга көрбөппүн.                                         

Тиһэх көрсүһүүбүт өлөр сылыгар  этэ. Эмиэ ол кылгас түгэҥҥэ кэпсэтэ түһээт анаан-минээн көрсүһүөх буолбуппут, тулалыыр эйгэ туругун уонна дьон доруобуйатын туһунан кэпсэтээри. Кини үлэтин-хамнаһын хаһыаттартан, араас научнай суруйуулартан сирдэтэн билэрим, удумаҕалатарым, кэтээн да көрөрүм  уонна онтон астынарым туһунан биллэриэх санаалааҕым да киһим эмиэ урутаабыта: мин суруйууларбын мэлдьи ааҕарын, үксүн сөбүлүүрүн, үлэбиттэн астынарын туһунан этэн соһуппута.                                                                          

Оттон ол көрсүһүүбүт кэмигэр буолбатаҕа, араас буолар-буолбат төрүөттэринэн, ордук мин бытааммыттан буоллаҕа дии саныыбын. Онтон кини суох буолбута... Эмискэ, түргэнник, хомолтолоохтук,  үгүс да үгүс дьону соһутан, уолутан бу дойдуттан барбыта...  Саха сирин биир дьиҥнээх уола, норуотугар өссө даҕаны үгүс үтүөнү оҥоруохтаах, онуоха эрэ айыллан үөскээбит киһитэ суох буолбута абалаах...                                                               

Соторутааҕыта, ааспыт сыл бүтүүтэ, Алкивиад Исидорович 75 сааһын туолбута. Буоларга-буолбакка харчынан ыһыахтанар, муннук аайы дарбыйар Саха республиката бэйэтин чулуу уолун сырдык аатын ахтан-санаан ааһара буолуо диэн кэтии санаабытым. Көннөрү кыра эргимтэттэн, чугас дьонуттан ураты бу бэлиэ күнү сөптөөх болҕомтоҕо ылбыттара биллибэтэ.  Арай, быйыл Н.Тарскай күрэҕэ Сунтаарга ыытыллара быһаарыллыбыта үчүгэй. Онно аатын ааттаан, санаан, бириис анаан тэрийэллэрэ буоллар диэн кэтэһэбит.                         

Кини дойдута Кириэстээх. Манна оскуолаҕа киирбитэ, борбуйун көтөхпүтэ, Бүлүү Эбэтигэр сөтүөлээбитэ, буспута-хаппыта, оччотооҕу ыраас уулаах улуу өрүһэ киниэхэ күүһү-уоҕу биэрбитэ, сылайбат сындааһыннаабыта дииллэр. Кириэстээххэ алмааһы булбут геологтарга анаан бэртээхэй музей үлэлиир, геологтар ааттара мраморга суруллар. Саахалга өлбүт летчик Куницыҥҥа стелла туруоруллубута, сквер оҥоһуллубута. Арай Алкивиад Исидоровичка киһи хараҕар быраҕыллар, туох эмэ дьоһуннаах, кинини санатар баара биллибэт.                                                                                                 

Кириэстээх билигин кыһыннары-сайыннары тыһыынчанан киһи Мииринэйгэ тиэстэр тэргэн айанын аартыга. Алкивиад Исидорович олоҕун олоччу спортка, медицинаҕа уонна наукаҕа анаабыта. Кини курдук, үйэҕэ биирдэ кэлэн ааһар киһиэхэ, үөһэ ааттаммыт  спортар, медиктэр, наукалар кыттыһан Куницын стеллатын чугаһыгар, Мииринэйдиир аартык аттыгар, Бүлүү үрдүгэр Алкивиад Исидоровичка боруонса өйдөбүнньүгү туруорар кыахтаахтар дии саныыбын. Кириэстээххэ төрүүр оҕо тиэргэнин таһын одуулуур буолуоҕуттан ол өйдөбүнньүгү көрө, Саха сирин биир чулуу уола мантан төрүттээҕин билэ, кининэн киэн тутта улааттар дэлэ туһалаах, киэн туттуулах буолуох этэй?! 

                             Иван БУРЦЕВ, эколог, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо
                                                       2017 с. Олуннту 3 к.     
                         
 
 
Category: Люди. Человек. Народ. Общество | Views: 1378 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 78
Ыалдьыттар (гостей): 78
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024