Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Олунньу » 21 » проектом устанавливается, что глава муниципального района, городского округа избирается представительным органом муниципального образования
проектом устанавливается, что глава муниципального района, городского округа избирается представительным органом муниципального образования
10:01
“Дьарҕа” дьокутааттар дьаабылара
...проектом устанавливается, что глава муниципального района, городского округа избирается представительным органом муниципального образования из числа кандидатов, представленных конкурсной комиссией по результатам конкурса.
Вторник, 21 Февраля 2017 01:18
Биир дьыбардаах дьыл,  Дьокуускай дьогдьойор киинигэр турар өһөх өҥнөөх кирпииччэ дьиэ томороон тойотторо сир-буор аннынан  уора-көстө сугулаан тэрийэн тилигирэспиттэр.

Туора харах көрбөтүн диэн, хаптаҕай кулгаах истибэтин диэн кистэлэҥ суруктарын-бичиктэрин кичэллик бэрийдэллэр да, аан дайды бары араҥатын, сир-сибиир бары сиксигин ситэ сылдьан ситиигэ тиһэр, батыһа сылдьан сапка баайар Интэриниэт обургу көрө-билэ охсон суруналыыстарга тыллаан биэрбитин, биһиги диэтэх дьон аһаҕас айахпытынан бар дьоҥҥо ыһа-тоҕо кэпсээн кэҕиҥнээн көрүөхпүт буоллаҕа.

Дьэ, сэргээҥ-сэҥээриҥ!

Сымнаҕас кириэһилэҕэ этиргэн кэннитин эрэйинэн батарар буолбут, уста уһуннаах кур кыайан уунан кууспат буолбут “норуот кулута” барахсан маннык диэн тыллаах-өстөөх буолан сыыгыныы олорбут:

-          Норуот сэпсиэм кыайан быыбардаабат быыдыла. Дэмикирийээтийэҕэ бэлэмэ суох ньүдьү-балай маасса. Онон баһылыктарын-таймаларын биһиги үөрэхтээх, сайдыылаах тутум үрдүк, харыс ордук дьон – дьокутааттар бэйэбит эрэ талар кыахтаахпыт. Нэһилиэк буоллун нэһилиэк, куорат буоллун куорат, улуус буоллун улуус... быыбар аайы айдаарсан сахсаҥнаһаллар, кыыһырсан кыҥкыйдаһаллар. Ол – олохторугар улахан охсуулаах буолла. Быыбарга иирсэн баран букатын иллэһэр өйдөрө суох. Күүгүнээ да, күүгүнээ! Адьас сылаттылар. Онон бэйэлэрин тустарыгар кыһаллан туран, быһа быыбары тохтотуохха. Уолдьаста! Оннук сокуону ылыныахха наада, – диэн аҕылыырын быыһыгар эппит тылын дорҕоонун кутуругун ыйыста-ыйыста этии көтөхпүт.

-          Олус берке еттиҥ! Аннук ардук буолуохтаах. Депутаттан ураты баһылыгы аныыр бравтаах ким да сох! – диэн ыккатыгар олорор иккис дьокутаат өҥө суоҕунан өрө көрөн олорон эҕэ-дьаҕа буолан илгистэ түспүт.  

Онуоха туран, үһүс дьокутаат миилэтигэр кэккэлэһэ килиэйдэммит кэчигирэс тиистэринэн, уоһун үрдүгэр саһарымтыйа аастыйбыт тарҕана үүммүт түүтүн ньэмньии-ньэмньии:

-          Оннуга ордук, ол эрэн суолтатыгар да буоллар, утаран көрбүтэ буолан, дьүһүн кубулунан очко хомуйсан оонньообута буолуом... Аныгыс да биэс сылга манна халбыт киһи диэн баҕа санаалаах олоробун, – диэн омуктуу саҥарбыт.

Аттыгар олорор баартыйатын атаһа, оройун ортотугар үрүҥ төбүрүөннээх дьокутаат саҥа аллайан тимир аһыытынан килэс гыммыт:

-          Ээ, мин бэрт киһи бэлиэр аныгыскы биэс сылбын тэлинэн үлэлээн эрэбин. Онон-манан элэстэнэн, “эстэн эрэбит” диэн куттаан куолас хомуна сылдьабын, һэ-һэ...

-          Бэккэ гынныҥ, сатаатыҥ! – дэсиһэн дьокутааттар “эр бэрдин” тастарыгар хайҕаабыттар, истэригэр: “Эн иннигиттэн да “эстиинэн” кэбилэнэр идэтийбит киһилээхпит, ону үтүктэн кутурук уопсан тилэх баттаһаргын билбэтэхпит үһү ”, - диэн сиилээбиттэр.

-          Норуот сордоох онто да туга да суох, сатахха баһылыгын бэйэтэ таларын хаалларыахха баара... – диэн муннук түгэҕиттэн алҕаска аанын бутуйан сугулааҥҥа киирэн хаалбыт биир “чаҕар” чап гыммытын өһөх өҥнөөх улуу уораҕай сүппэт-иҥпэт абааһылара, үрдүк  өһүөлээх дьиэ дьарҕа дьокутааттара олуона тылы ыһыктыбыты көрдөөн муннук диэки суостаахтык тыаһаан эргиллэ биэрбиттэр. Уонна:

-          Далай акаары! Быһа быыбары тохтотор сокуон ыллахпытына, ким да утары көрбөт улуу дьаалыларыгар кубулуйуохпут этэ буоллаҕа, биһиги – дьокутааттар! Ханнык баҕарар баһылыгы дьокутаат эрэ аныыр буолуох этэ, кэнэҕэскитин даҕаны! Бастаан нэһилиэктэртэн, куораттартан саҕалаан дьон этин үөрэтэн баран, атын да Баһылыгы аныыр кыахтаах буолуохпут этэ! – диэн дьөлө күргүйдээн, быһа кынчарыйан саҥарбыты саҥарбатах оҥорбуттар, эппити кэлэҕэй гыммыттар.

Онуоха:

-          Ама хайаан... – эрэ диэн хардаҕа майгынныыр тыл сорҕото муннуктан кэлэн иһэн тыына кылгаан сүтэн хаалбыт.  

-          Татаардар-убайдар тииҥ мэйиилэр, ол-бу кыра нэһилиэктэргэ быыбар диэн боппуттара ыраатта. Үөһэттэн анаан кэбиһэн  норуоттарын абыраабыттар – айдаантан быыһаабыттар, - диэн оҕотук дьокутаат холобур гынан хоп-сип таспыт.

-          Татаардар барахсаттар өйдөрө сүрдээх эбит, - диэн хайҕаһыы буолбуттар, өрө-таҥнары суугунаспыттар.

-  Мин эмиэ хайдах эмэ тулуктаһан хаалларбын диэн олоробун. 15 сылы быһа бииргэ олорбут доҕотторбуттан арахсар ыарахан. Бу тухары убайдарбын утарбытым суох, онон  да бу сырыыга сыалаах сыҥааҕым, тыҥам күүгэнин эһиги этиигитин өйүүрбэр эрэ барыам. Норуот барахсаны бэйэтиттэн бэйэтин быыһыахха наада, сөбүлэһэбин, - диэн тимир көлө күлүүһүн толору хааламмыт сиэбин уйбат дьокутаат тылбай-өспөй буолбут, сүүһүн ортотунан икки аҥыы хайыммыт баттаҕын илитэн баран имэриммит, тэллэҕэр уостарын тиэрэ тардан күлэн мичилийбит. 

Салгыы да, норуот туһугар утуйар ууларын умнубут “норуот кулуттара” боростой киһи дуома кыайан долоҕойдоппот ол-бу дьоһуннааҕын кэпсэппиттэр, эппиттэр-тыыммыттар.

Онтон:

-          Онон оннук! Кумааҕыны бэлэмнээҥ, үлэ бөҕөтүн тэрийиҥ, дьокутааттарга барыларыгар илии баттатыҥ! – диэн тиһэх туочуканы туруорбуттуу, бас-көс дьокутааттара сүүһүн аннынан күрдьүөттээбит атыыр оҕус курдук дьокутааттар сирэйдэрин кэрийэ аахпыт, санаабыт санаатын ситэ этиттэрбититтэн астынан баран улуутуйар улуу тойон, сымнаҕас олбоҕор олорон,  хатыйа бырахпыт суон сотолорун сүөрбүт,  тиэрэ түспүт, дэрэйэ тэппит, этиргэн чэрэ суох ытыстарын остуолга лип ууран баран модьу моойун иэҕэс гынан тахсалларыгар дьаһайталаабыт.

Онон, доҕоттор, диэ. Онон: дьокутааттарбыт барахсаттар норуот туһугар кыһаллан-мүһэллэн туран, норуоту норуоттан быыһыырга куомуннаспыттар. Биһиги туспутугар олус туһалаах сокуону ылынарга өркөн өйдөрүн түмпүттэр.  

Мантан антах нэһилиэк, бөһүөлэк, куорат, улуус баһылыктарын оройуон дьокутааттара талар буолуохтара үһү. Норуот дьокутааттары талар, оттон кинилэр - баһылыктары. Дьоһуннаах дьон дьоһуннаахтары бэйэлэрэ талар буолаллара эбитэ үһү.

Бу туһунан салгыы сиһилии, киһилии суруйуохпут эбитэ буолуо дуу...

Уопсайынан, аһара өр былааска хам хараҕаланан олорбут дьон төбөлөрүн олоруута боростой дьонтон букатын ураты буолар. 20-30-чча сылы быһа биир сиргэ дьарҕа буолан лаҕыран олоруу, далбарга-мааныга сылдьыы дьиҥ олохтон тэйитэр. Дьокутааттарбыт хантан эрэ  атын куйаартан түспүт курдук боростуой дьон олоҕуттан букатыын ыраахтар. Барахсаттары барыларын тыаҕа таһааран, амтаннаах астан хойдубут хааннарын бырдахха, оҥоойуга супту уулатан, убатан, мас-мастаппыт, от оттоппут киһи ньии... Төһөлөрүн үйэтэ уһуо эбитэ буолуой?

***
проект 
ЗАКОН 
РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ) 
О ВНЕСЕНИИ ИЗМЕНЕНИЙ В СТАТЬЮ 13 ЗАКОНА РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ) 
«О МЕСТНОМ САМОУПРАВЛЕНИИ В РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)» 

Статья 1 
Внести в статью 13 Закона Республики Саха (Якутия) от 30 ноября 2004 год                   171-З № 349-III

«О местном самоуправлении в Республике Саха (Якутия)» следующие изменения: 

1) абзац первый части 2 изложить в следующей редакции: 
«Глава муниципального района, городского округа, городского поселения, являющегося административным центром муниципального района в Республике Саха (Якутия), избирается представительным органом муниципального образования из числа кандидатов, представленных конкурсной комиссией по результатам конкурса, и возглавляет местную администрацию. 
Порядок проведения конкурса по отбору кандидатур на должность главы муниципального образования устанавливается представительным органом муниципального образования. Порядок проведения конкурса должен предусматривать опубликование условий конкурса, сведений о дате, времени и месте его проведения не позднее чем за 20 дней до дня проведения конкурса. 
Кандидатом на должность главы муниципального образования может быть зарегистрирован гражданин, который на день проведения конкурса не имеет в соответствии с Федеральным законом «Об основных гарантиях избирательных прав и права на участие в референдуме граждан Российской Федерации» ограничений пассивного избирательного права для избрания выборным должностным лицом местного самоуправления. 
Общее число членов конкурсной комиссии в муниципальном образовании устанавливается представительным органом муниципального образования. 
В муниципальном районе, городском округе половина членов конкурсной комиссии назначается представительным органом соответствующего муниципального образования, а другая половина – Главой Республики Саха (Якутия). 
В городском поселении, являющемся административным центром муниципального района, половина членов конкурсной комиссии назначается представительным органом муниципального образования, а другая половина - главой соответствующего муниципального района. 
Представительному органу муниципального образования для проведения голосования по кандидатурам на должность главы муниципального образования представляется не менее двух зарегистрированных конкурсной комиссией кандидатов»; 
2) часть 3 изложить в следующей редакции: 
«3. В соответствии с уставом муниципального образования глава городского поселения (за исключением городского поселения, являющегося административным центром муниципального района) и сельского поселения избирается  гражданами Российской Федерации, проживающими на территории соответствующего муниципального образования, на основе всеобщего равного и прямого избирательного права при тайном голосовании, либо представительным органом муниципального образования из своего состава, либо представительным органом муниципального образования из числа кандидатов, представленных конкурсной комиссией по результатам конкурса. Полномочия депутата представительного органа муниципального образования, избранного главой данного муниципального образования, прекращаются. 
Установленное требование о прекращении полномочий депутата представительного органа муниципального образования не применяется к депутату представительного органа муниципального образования, избранному главой муниципального образования, имеющего статус сельского поселения, в котором в соответствии с уставом данного муниципального образования предусмотрено формирование исполнительно-распорядительного органа, возглавляемого главой муниципального образования, исполняющим полномочия председателя представительного органа муниципального образования. 
В поселении, в котором полномочия представительного органа муниципального образования осуществляются сходом граждан, глава муниципального образования избирается на сходе граждан и исполняет полномочия главы местной администрации.»; 

Статья 2 
Настоящий Закон вступает в силу 01 января 2018 года. 

Приложение 1 
к проекту Закона  Республики Саха (Якутия) 
«О внесении изменений в статью 13 Закон Республики Саха (Якутия) 
«О местном самоуправлении в Республике Саха (Якутия)» 

ПОЯСНИТЕЛЬНАЯ ЗАПИСКА 
к проекту закона Республики Саха (Якутия) 
«О внесении изменений в статью 13 Закона Республики Саха (Якутия)                                   «О местном самоуправлении в Республике Саха (Якутия)» 

Проект закона разработан в целях реализации конституционных норм в области местного самоуправления. 
Так, проектом устанавливается, что глава муниципального района, городского округа избирается представительным органом муниципального образования из числа кандидатов, представленных конкурсной комиссией по результатам конкурса. 
Также, учитывая объективные особенности осуществления местного самоуправления, аналогичную модель избрания главы муниципального образования предполагается установить и для городского поселения, являющегося в соответствии с Законом Республики Саха (Якутия) от 30.11.2004 172-З №351-III «Об установлении границ и о наделении статусом муниципального района муниципальных образований Республики Саха (Якутия)» административным центром муниципального района, поскольку такое городское поселение по степени концентрации возложенных на него, публичных функций и задач, по своему характеру имеет государственное значение, сопоставимое с городским округом. 
Глава муниципального образования, избранный представительным органом муниципального образования из числа кандидатов, представленных конкурсной комиссией по результатам конкурса, в силу пункта 5 части 2 статьи 36 Федерального закона «Об общих принципах организации местного самоуправления в Российской Федерации» возглавляет местную администрацию. 
Глава городского поселения (не являющегося административным центром муниципального района в Республике Саха (Якутия)), а также глава сельского поселения  избирается на муниципальных выборах, либо представительным органом муниципального образования из своего состава, либо представительным органом муниципального образования из числа кандидатов, представленных конкурсной комиссией по результатам конкурса. 

Приложение 2 
к проекту Закона  Республики Саха (Якутия) 
«О внесении изменений в статью 13 Закон Республики Саха (Якутия) 
«О местном самоуправлении в Республике Саха (Якутия)» 

ПЕРЕЧЕНЬ 
актов, подлежащих признанию утратившими силу, приостановлению, изменению, дополнению или принятию в связи с принятием Закона Республики Саха (Якутия) «О внесении изменений в статью 13 Закона Республики Саха (Якутия)                                   «О местном самоуправлении в Республике Саха (Якутия)» 

Принятие закона Республики Саха (Якутия) «О внесении изменения в статью 13 Закона Республики Саха (Якутия) «О местном самоуправлении в Республике Саха (Якутия)» не повлечет признания утратившими силу, приостановления, изменения, дополнения или принятия нормативных правовых актов Республики Саха (Якутия). 

Приложение 3 
к проекту Закона  Республики Саха (Якутия) 
«О внесении изменения в статью 13 Закон Республики Саха (Якутия) 
«О местном самоуправлении в Республике Саха (Якутия)» 

ФИНАНСОВО-ЭКОНОМИЧЕСКОЕ ОБОСНОВАНИЕ 
к проекту закона Республики Саха (Якутия) 
«О внесении изменений в статью 13 Закона Республики Саха (Якутия)                                   «О местном самоуправлении в Республике Саха (Якутия)» 

Принятие закона Республики Саха (Якутия) «О внесении изменений в статью 13 Закона Республики Саха (Якутия) «О местном самоуправлении в Республике Саха (Якутия)» не потребует дополнительных расходов из государственного бюджета Республики Саха (Якутия). 

проект 
ГОСУДАРСТВЕННОЕ СОБРАНИЕ (ИЛ ТУМЭН) 
РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ) 

П О С Т А Н О В Л Е Н И Е 

О ПРОЕКТЕ ЗАКОНА РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ) 
«О ВНЕСЕНИИ ИЗМЕНЕНИЙ В СТАТЬЮ 13 ЗАКОНА РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ) «О МЕСТНОМ САМОУПРАВЛЕНИИ В РЕСПУБЛИКЕ САХА (ЯКУТИЯ)» 

Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия)                                         п о с т а н о в л я е т: 
      1. Принять в первом чтении проект закона Республики Саха (Якутия) «О внесении изменений в статью 13 Закона Республики Саха (Якутия) «О местном самоуправлении в Республике Саха (Якутия)», внесенный народными депутатами Республики Саха (Якутия) А.И. Еремеевым, В.А. Местниковым, А.С. Уаровым, В.М. Прокопьевым, Ю.М. Николаевым, Н.И. Румянцевым, В.Н. Федоровым, Ю.П. Баишевым, А.И. Корякиным, Д.В. Саввиным, А.А. Романовым. 
2.   Направить указанный законопроект Главе Республики Саха (Якутия), в Правительство Республики Саха (Якутия), Прокуратуру Республики Саха (Якутия), Управление Министерства юстиции Российской Федерации по Республике Саха (Якутия), региональным отделениям политических партий в Республике Саха (Якутия), народным депутатам Республики Саха (Якутия), в представительные органы муниципальных образований для замечаний и предложений.  
Установить, что замечания и предложения к указанному законопроекту направляются в постоянный комитет Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) по государственному строительству и законодательству до 22 марта 2017 года. 
3. Поручить постоянному комитету Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) по государственному строительству и законодательству (А.И.Еремеев) доработать указанный законопроект с учетом поступивших замечаний и предложений и внести его на рассмотрение Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) во втором чтении. 
4. Настоящее постановление вступает в силу с момента его принятия. 

Председатель Государственного Собрания 
    (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия)                                         А. ЖИРКОВ г.Якутск, «__»__________2017  года 
              ГС №_____-V 
А.Д. Алексеев 
(4112) 43-53-22

 
***


Aartyk.Ru
Источник: aartyk.ru
Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 992 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 96
Ыалдьыттар (гостей): 96
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024