Оксана Колесова: «Отца на творчество вдохновляла природа»
В центре духовной культуры «Арчы Дьиэтэ» 22 марта состоялся вечер памяти «Олонхосут космического пространства», посвященный 85-летию со дня рождения народного артиста Якутской АССР, заслуженного артиста РСФСР и Якутской АССР, лауреата Государственной премии РС(Я) им. П.А. Ойунского, члена Союза писателей СССР Гавриила Колесова.
В мероприятии приняли участие спикер Ил Тумэна Александр Жирков, глава МР «Мегино-Кангаласский улус» Николай Старостин, председатель Совета депутатов Мегино-Кангаласского улуса Андрей Находкин, председатель Ассоциации «Олоҥхо» Мегино-Кангаласского улуса Февронья Шишигина, директор центра духовной культуры «Арчы Дьиэтэ» Валентина Бочонина, делегация из Мегино-Кангаласского улуса, олонхосуты, работники культуры, студенты.
Известный актер якутской драмы, певец Гавриил Гавриилович Колесов играл во многих драматических классических и современных спектаклях, создал целый ряд острохарактерных образов; выступал в основных партиях-ролях в оперных спектаклях, музыкальных комедиях, выходил с сольными мимическими ролями в балетных спектаклях. Более 10 лет руководил якутским отделением Всероссийского театрального общества.
Творческий опыт Гавриила Гаврииловича в области олонхо, многочасовая магнитофонная запись в якутском радиокомитете в 1957г., исполнение партий Юрюн-уолана и Сорук Боллура в опере «Нюргун Боотур» Жиркова и Литинского в дни Вечеров якутской литературы и искусства в Москве, позволили артисту вдохновенно создать ныне записанный вариант Нюргуна так, как он бытует в народе.
В 1968г. с 5 по 25 сентября Гавриил Колесов исполнил полный текст олонхо «Нюргун Боотур Стремительный» в Ленинградской студии фирмы «Мелодия». Научным руководителем этой уникальной записи был кандидат филологических наук, старший научный сотрудник Института мировой литературы имени Горького Академии наук СССР, автор монографии об олонхо Иннокентий Пухов.
Необычно колоритны образы, созданные Гавриилом Колесовым: легендарного Нюргуна, юного Юрюн Уолана, красавицы Туйаарыма Куо, прелестной Айталы Куо, женщины-богатыря прекрасной Кыыс Нюргун, богатырей Нижнего мира - Уот Усутаакы, Эсэх Харбыйа и многих других.
Общая длительность звучания записи «Нюргуна» на пластинках – восемь часов. Текст П. А. Ойунского записан почти полностью. Олонхо состоит из девяти долгоиграющих пластинок «Гигант» с двухсторонней записью.
На вечере выступила родная дочь Гавриила Колесова, концертмейстер симфонического оркестра Государственного театра оперы и балета им. Д.К. Сивцева-Суоруна Омоллоона Оксана Колесова.
«1968 году мне было 10 лет. И я поступила в специальную школу-десятилетку при государственной консерватории им. Н.А.Римского-Корсакова. Отец в сентябре этого года много работал по ночам и записывал роли. Я тогда была маленькой и мало понимала, как это было сложно на самом деле: приходилось работать с предельным напряжением сил, он один готовился, редактировал тексты. День подготовки и репетиции чередовался с днем записи, где отец в течение нескольких часов подряд должен был напеть столько вариантов материала, из которого могла быть смонтирована одна долгоиграющая пластинка. Раньше он никогда не бывал в таких огромных залах, и тут ему довелось выступать в зале императорской капеллы. Вы представляете, наверно, насколько это ответственно. Там удивительная акустика - каждое произнесенное слово летит куда-то ввысь и никакая ошибочная интонация не проходит – там все слышно, фиксируется. Читать и исполнять олонхо, держа в руке листы, было бы просто невозможно. В это время работала команда профессиональных опытных звукорежиссеров, и они были поражены папиным мастерством исполнения. Звукорежиссер Геннадий Павлович Любимов до сих пор вспоминает, как записывали олонхо «Нюргун Боотур». Все эпизоды олонхо – речевые и певческие – были записаны на высоком художественном уровне. Отец очень любил олонхо именно Платона Ойунского», - поделилась своими воспоминаниями Оксана Гаврииловна.
«Мы каждое лето из Ленинграда приезжали в деревню, все лето проводили на природе. В городе мы никогда не жили. Отец часто уединялся в пустующих деревенских домах, много писал, готовил свои программы, гулял на свежем воздухе. Его вдохновляла одна природа. Он очень любил разговаривать с пожилыми людьми поселка. Помню, как по вечерам к нам приходили старушки, бабушки, и при свете керосиновой лампы они вспоминали старые предания и легенды. Это было очень интересно.
Мы втроем учились в Ленинграде. Все трое детей стали музыкантами. Конечно, мы могли бы остаться работать в разных городах России, но мы вернулись домой. Потому что отец нас растил и воспитывал для того, чтобы
мы трудились на благо развития и процветания родного народа. Я работаю в Государственном театре оперы и балета им. Д.К. Сивцева-Суоруна Омоллоона и надеюсь, что кое-какой вклад я тоже внесла в развитие культуры», - сказала в конце своего выступления Оксана Колесова.
Талантливый исполнитель народных песен Гаврил Колесов в советские годы активно пропагандировал народный эпос-олонхо. Исполнял олонхо «Эрчимэн Бэргэн» в обработке Сергея Васильева по радио, сделал записи на грампластинку этого олонхо и полный текст олонхо «Ньургун Боотур» П.Ойунского (комплект из 9 пластинок, позже перевели на компакт-диск).
Впервые в республике создал Театр одного актёра, с которым объездил всю республику. Он вошел в историю якутской культуры и как прозаик, публицист, опубликовано несколько сборников произведений. На родине в Мегино-Кангаласском улусе его именем назван Дом культуры с.Сымах.
Пресс-служба Ил Тумэна
«Гавриил Колесов норуотун иннигэр улахан суолталаах гражданскай хорсун быһыыны оҥорбута»
Александр Жирков:
Бүгүн, кулун тутар 22 күнүгэр, Россия үтүөлээх, Саха Республикатын норуодунай артыыһа, Россия Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, уһуйааччы Гавриил Гавриильевич Колесов 85 сааһыгар аналлаах «Киэн куйаар олоҥхоһута» олоҥхо, оһуохай түһүлгэтэ Арчы дьиэтигэр буолла. Тэрээһин Дьокуускай куоракка «Кэскили кэрэһилиир кэнчээри ыччаттаах Мэҥэ-Хаҥалас» улууһун күннэрин чэрчитинэн ыытылынна.
Бу киэһэҕэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Олоҥхо» Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Февронья Шишигина, «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин дириэктэрэ Валентина Бочонина, Мэҥэ Хаҥалас улууһун олоҥхоһуттара, култуура үлэһиттэрэ, устудьуоннар кытыннылар.
Айылҕа анаан айбыт, талба талааны иҥэрбит, бүтүн омук киэн тутта ааттыыр саха саарынын - Гавриил Гавриильевич Колесовы билбэт киһи, бука, суоҕа буолуо. Кини уус-уран тыллаах суруйааччы, талааннаах артыыс, кылыгырас кылыһахтаах тойуксут, саха фольклорун үөрэтээччи, сайыннарааччы, тарҕатааччы, түһүлгэлээх оһуохайдьыт, олоҥхоһут быһыытынан биллэр.
Гавриил Колесов 1968 сыллаахха Ленинградтааҕы «Мелодия» фирмаҕа «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону биирдиитэ 42 мүнүүтэҕэ оонньонор 9 пластинкаҕа суруйтарбыта. Манна звукорежиссер быһыытынан үлэлээбит Геннадий Павлович Любимов саха артыыһын үлэтин сөҕөн, аатырбыт хомусчут, учуонай И.Е.Алексеевка – Хомус Уйбааҥҥа маннык диэбит: «Гавриил Колесов ити бэйэлээх айымньыны өйүгэр тута сылдьан хааһахтан хостоон эрэрдии этэрэ-тыынара! Ол ахсын саха олоҥхоһуттара эт мэйиилэринэн уонунан тыһыынча устуруоканы өйдүү сылдьалларын, ону талааннарын уон араас кыамтатынан арыйан толороллорун өйдөөн олус сөҕөрбүт. Оттон Гавриил Колесов ааҕан, үөрэтэн баран уобараһыгар киирэн толоруута да, кини аҥардас артыыс эрэ диэн буолбакка, олоҥхо айыллар феноменын баһылаабыт олоҥхоһутун туоһулуур». Инньэ гынан, Гавриил Колесов олоҥхону грампластинкаҕа таһаарыаҕыттан норуот бу сүдү айымньытыгар сыһыан тосту уларыйан киирэн барбыта.
Гавриил Гавриильевич үтүөтэ-өҥөтө ордук сахалыы ырыа-тойук, олоҥхо сайдыытыгар муҥура биллибэт улахан суолталанна. Ол туоһутунан олоҥхобут бүтүн киһи аймах барҕа баайын (шедеврин) быһыытынан сыаналаммыта сүргэни көтөҕөр, саханы аар-саарга аатырдар биир дьоһуннаах, үрдүк үөрүү, өрөгөй быһыытынан бэлиэтэнэн, олоҥхо сайдарыгар чиҥ үктэл үөскээтэ.
Урут сахалыы ырыа-тойук, олоҥхо умнууга хаалан, эргэ хаалынньаҥ олох көстүүтүн быһыытынан сыаналанан, үтүөх-батаах көрүллэр кэмигэр Гавриил Колесов Платон Ойуунускай сурукка тиһэн хаалларбыт олоҥхотун тыыннаан, эттээн-сииннээн, сахалыы саҥардан-иҥэрдэн, урааҥхайдыы ыллатан, олоҥхо диэн тугун саха эдэр дьонугар иһитиннэрбит-билиһиннэрбит улуу үтүөтэ хаһан даҕаны умнуллуо суохтаах.
Маныаха дьоро киэһэни өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр ааттаах суоллаах олоҥхону толорооччулара, ытык-мааны Захаров Аркадий Михайлович, Григорьев Иван Алексеевич, Тихонов Петр Максимович, ыччат дьон Виталий Никифоров, Станислав Иванов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Гриша Владимиров, Төҥүлү оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Айаал Соловьев олоҥхоттон быһа тардан толорон иһитиннэрбиттэрэ утум салҕанарын бигэргэттилэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Николай Старостин: «Саха култууратын тэнитиигэ күүскэ ылсан үлэлээбит киһибит, биһиги биир дойдулаахпыт Гавриил Колесов төрөөбүтэ 85 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллаллар. Бүгүн биир саамай сүрүн тэрээһиммит буолар. Улууска быйыл Оҥорон таһаарыы сыла биллэрилиннэ. Манна даҕатан эттэххэ, тыа хаһаайыстыбатын салаатынан дьарыктанар дьоҥҥо бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйаны элбэтиигэ уонна ону өйөөһүҥҥэ анаммыт Ил Дархан Егор Борисов этиилэрэ, биллэн турар, биһирэнэллэр», - диэн тыл эттэ. Салгыы Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үтүө үгэс буолбут култуура уонна спорт эстафетатын 60 сылыгар аналлаах өйдөбүнньүк бэлиэлэри Мэҥэ Хаҥалас улууһун киэн туттар алгысчытыгар, олоҥхону толорооччутугар Аркадий Захаровка, Мэҥэ Хаҥалас улууһун киэн туттар олоҥхону толорооччутугар Иван Григорьевка, Мэҥэ Хаҥалас улууһун биллэр оһуохайдьытыгар Герман Яковлевка, «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин научнай үлэһитигэр, олоҥхону тарҕатааччыга, чинчийээччигэ, култуура уонна спорт эстафетатын бастыҥ кыттыылааҕар Борис Михайловка туттардылар.
Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков мустубут дьоҥҥо туһаайан маннык кэпсээтэ: «Олоҥхо норуот тылынан уус-уран айымньытын биир саамай бөдөҥ көрүҥэ. Ол эбэтэр сурукка-бичиккэ суох, олоҥхоһуттан олоҥхоһукка, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, үйэлэри уҥуордуур ураты дьылҕалаах айымньы буолар. Олоҥхоһут балаҕаҥҥа, кыра түөлбэҕэ, түһүлгэҕэ аҕыйах дьону түмэн олоҥхону толороро. Ол эбэтэр, олоҥхо үөскүөҕүттэн эйгэтэ наһаа киэҥэ суох. Биир олоҥхоһут сири-дойдуну кэрийэн, түһүлгэттэн түһүлгэҕэ, түөлбэттэн түөлбэҕэ көһө сылдьан төһөлүү киһини кыайан хаппытынан олоҥхону тарҕатар кыахтааҕа», - диэн бэлиэтээтэ.
«Оттон XІX үйэ ортотуттан саҕалаан олоҥхону сурукка-бичиккэ киллэрии үлэтэ саҕаламмыта. Онуоха биир кыһалҕа үөскээбитэ: урут олоҥхоһут толоруутун эт кулгааҕынан истэн, ону бэйэтин өйүгэр хатаан, салгыы сайыннаран, эбэн-сабан толорор дьон олоҥхоһут аатын ылар эбит буоллахтарына, кэнники бэлэм суруллубуту ылан, нойосуус үөрэтэн баран өйтөн ааҕар, толорор дьон бөлөҕө үөскээн барбыта. Ити олоҥхону уус-уран айымньы быһыытынан тарҕаныытын балай да тохтоппута. Олоҥхо норуот уус-уран айымньытын быһыытынан тарҕаныытыгар, кини эйгэтэ кэҥииригэр араадьыйа, тэлэбиидэнньэ уонна магнитофон кассетатын лиэнтэтэ, пластинка улахан өҥөлөөхтөр. Олоҥхоһуттар толорууларын устан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатан иһитиннэрии улахан суолталаммыта. Маныаха Гавриил Колесов 1968 сыллаахха Ленинградтааҕы «Мелодия» фирмаҕа «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону пластинкаҕа суруйтарбыта. Кини үрдүк таһымнаах профессиональнай устааччылар иннилэригэр, маннык хабааннаах бөдөҥ норуот айымньытын устарга бэлэмнэниллибит анал устуудьуйаҕа тиийэн, саха олоҥхолоруттан саамай чочуллан суруллубут айымньыны толорбута. Артыыс «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону пластинкаҕа суруйтарыыга сыралаах, илистиилээх үлэтэ — бу бэйэ норуотун иннигэр ытык иэһи чиэстээхтик толоруу, туһугар улахан суолталаах гражданскай хорсун быһыы. 1968 сылтан ылата саамай бастыҥ уһуллуу быһыытынан ааҕыллар. Классическай, хрестоматийнай суолталаах буолан, күн бүгүнүгэр диэри атын ханнык даҕаны устууга бу таһымын биэрэ, баһыйтара илик», - диэн Александр Жирков бэлиэтээн эттэ.
Санатан эттэххэ, Бүтүн Союзтааҕы «Мелодия» фирма олоҥхо суруллубут грампластинкатын комплегын 20000 экземплярынан таһаарбыта. Ону дьон-сэргэ хамаҕатык атыылаһа охсубута. Өссө 15 тыһыынча экземплярдаах комплект эбии сакаастанан аҕалыллыбыта. Инньэ гынан, олоҥхо дьииҥнээх толоруллуута хайдах буолуохтааҕын саха дьоно эт кулгаахтарынан истэр
кыахтаммыттарыгар Гавриил Колесовка махтаныах тустаахпыт. Кини үйэлэргэ сотуллубат улахан үтүөнү оҥорбута.
«Оччотооҕу олоҥхону толорооччулартан, тойуксуттартан Гавриил Гавриильевич Колесов, туох даҕаны омуна суох, биир саамай бастыҥнара, саамай чөллөркөй куоластаахтара, олоҥхо тылын-өһүн дириҥээн билбиттэрэ, саамай артистичнайдара уонна олоҥхоҕо саамай ылларбыт дьоннортон биирдэстэрэ этэ. Биһиги көлүөнэ кини тыйаатырга үлэлиир кэмигэр, кини хайдах ыллыырын, туойарын, артыыс быһыытынан сыанаҕа оонньуурун көрбүт-истибит дьоммут. Хайдах курдук сыанаҕа таҕыстаҕына, сирэйэ ис иһиттэн сырдаан, хараҕа уоттанан кэлэрэй! Кэккэлэһэ турдахха, өндөйө көрбөт киһи, сыанаҕа тахсаат, үрдүү түһэрэ, ис-иһиттэн иэйэн-куойан туоран, ыллаан, кэпсээн-ипсээн барара. Эмискэ биир таһымтан биир таһымҥа, биир эйгэттэн атын эйгэҕэ көтүтэн илдьэр кыахтаах, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдаах артыыс да этэ. Кини «соҕотох артыыс тыйаатыра» диэн өйдөбүлү биир бастакынан киллэрбитэ. Александр Македонскай уобараһын саха тыйаатырыгар көрдөрбүтүн күн бүгүнүгэр диэри биир бэйэм умнубаппын», - диэн Ил Түмэн спикерэ кэпсээтэ.
«Кини олоҕо барыта саха тыйаатырын, искусствотын кытта ситимнээҕэ. Кэргэнэ тыйаатырга үлэлээбитэ, оҕолоро култуураҕа уонна искусствоҕа сыһыаннаах дьон. Гавриил Колесов олоҕун бүтэһик сылларыгар оҕолору дьарыктаабыта, олоҥхоҕо уһуйбута. Кини ыра санаата - саха олоҥхотун сатаан толорор, кылыһахтаах куоластарынан сөпкө туойар, айымньы суолтатын өйдүүр, саха саҥатын сүөгэйин-сүмэтин сүрэхтэригэр, өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэриммит ыччат баар буолуутугар этэ. Кинилэр нөҥүө олоҥхо үйэлэри уҥуордаан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрин ис сүрэҕиттэн баҕарара», - диэн Александр Жирков эттэ уонна Гавриил Колесов төрөппүт кыыһыгар, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан судаарыстыбаннай опера уонна балет театр симфоническай оркестрын концертмейстеригэр Колесова Оксана Гавриильевнаҕа сибэкки дьөрбөтүн уунна.
Бу курдук, Россия үтүөлээх, Саха Республикатын норуодунай артыыһа, Россия Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, уһуйааччы Гавриил Колесов олорон ааспыт чаҕылхай олоҕун, ситиһиилэрин «Киэн куйаар олоҥхоһута» түһүлгэҕэ иһирэхтик ахтан-санаан аастылар.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
|