Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Муус устар » 6 » Миитэрэй Баппа5ай: Кыйма кытайдартан куттанан бу сурукпун бооччойо сатаан эрдэҕим.
Миитэрэй Баппа5ай: Кыйма кытайдартан куттанан бу сурукпун бооччойо сатаан эрдэҕим.
08:44
Миитэрэй Баппа5ай:
Кыйма кытайдартан куттанан бу сурукпун бооччойо сатаан эрдэҕим.

Cурукпун ааҕааччы мин санаам ыллыктарынан хааман туохтан дьиксинэрбин өйдүө диэн суруйабын. Билигин сэриитэ суох сири былдьаһыы бара турар.
Онобул көрдөрөрүнэн кытай омук атыттары сэриилээн сирдэрин былдьаан ылбыта суоҕа. Хата, ол оннугар, атыттары киллэримээри билигин улуу кытай эркинэ диэн ааттанар таас бохсууну оҥорбутун билэбит. Билэр эрэ буолуохпут дуо, билэ-көрө сатааччыларбыт харчы бөҕө төлөөн, ол бохсууга ыттан сөҕө-махтайа хаамсар буоллулар. Оттон сэриилээн дуу, куотан дуу киирбит омуктары ахсааннара элбэҕинэн уруурҕаспыта буолан симэлитэн испиттэрин эмиэ онобул туоһулуур.

Улуу Чыҥыс Хаан сэриинэн арҕаа ааҥнаан барыытыгар, илдьэ бардахпына таҥнарыахтара, хааллардахпына өрө туруохтара диэн, саха омук курдук үөскээһинигэр биир төрүт буолбут икки тыһыынча урааҥхай боотурдарын, кыайбыт кытайдарыгар кэтэбил сэриинэн хаалларбытын суруксута уйгуур Өлүү Саай ол саҕана суруйан хаалларбыта туоһулуур. Билигин саха омугу икки киһи, Омоҕой баай уонна Эллэй Боотур төрүттээбитин курдук өйдөбүл киирэ сылдьар. Сымыйа итэҕэллээх киристийээннэр Сир үрдүгэр баар бары киһи-аймаҕы соҕотох дьаахса Адаам төрүттээбитэ дииллэринии. Чэ, буоллун. Оччотугар ол икки тыһыынчаттан үөдүйбүт аймахтарбыт Кытайга бааллара буолуо дии саныыгыт дуо? Мин саарбах диибин, кыргыбакка эрэ удьуордарынан саба халыйан симэлиттэхтэрэ, кытай оҥордохторо...

Кытайдар аһары элбээн бэйэлэрин дойдуларыгар батыспат буоллулар. Ыксааннар ыал биир эрэ оҕолоноллорун Төрүт Дьаһахтарыгар (лат. Constitutio) киллэрбиттэрэ. Кэлин икки оҕону көҥүллүүр буоллулар! Айылҕа дьаһаҕынан аһара элбээбит батыспакка атын дойдулары баһылыы тарҕаныахтаах. Оттон ол атын дойдулар кинилэри киллэрбэт мөккүөннээхтэр. Ол иһин сэриинэн киириллиэхтээх. Сэриинэн киириини кытайдар былыргыттан тутуспаттар. Оччоҕо?

90-нус сылларга биһиги Наммытыгар кытайдар кэлэн хаппыыста олордо сылдьыбыттара. Үлэһиттэринэн сөхтөрөн барбыттара. Оннооҕор биирдэ биһиэннэрэ сир хорутар тыраахтыр алдьанна буолбуттар. Кытайдар туох да айдаана суох күрдьэхтэрин сүгэн Дьоло диэки бара турбуттар. Төһө бэйэлээҕи дэспит сахалар нөҥүө күнүгэр тиийэн көрбүттэрэ киэҥ нэлэмэн Дьоло алааһа түөрүллэн хара буорунан көрө сытарыттан соһуйан сыҥаахтара түһэн хаалбыт. Чэ, кытай омук үлэһитинэн биллэр, ону сонурҕатаары кыммаппын. Биирдэ Нам ыччаттара додо курдук быраагалаан (от хомуурун кэмигэр арыгы атыыланара бобуллар этэ) баран кытайдары “үөрэтэ” түһээри массыынанан элээрдэн тиийбиттэр.

“Быхадьыы дыраатса, кытайуоса” буолбуттарыгар соҕотох дьоҕус, хатыҥыр кытай тахсан туох да саҥата суох өрө ыстана-ыстана чиргэл сиэрдийэлэри тосту тэбиэлээбит. Бэрдийбит да сиэрдийэни тосту тэппэт саха уолаттара хайыахтарай, ол киһиэхэ “табаарыс-атас” буолбуттар. Ол киһи үлэлээбэккэ, ол атаскааннарыттан матасыыкыл уларсан, олохтоох кыыһы олордон алаастары кэринэр идэлэммит үһү. Ол саҕанааҕы улууспут баһылыга кэлин Саха сирин дэлэгээссийэтигэр киирсэн кытайга тиийбитэ, ол киһи кытай атыттары чинчийэр-үөрэтэр сэриитин хапытаана таҥастаах көрсүбүт.

Ол саҕана этэ дии, “Кыым” хаһыакка Өймөкөөн Томторуттан нууччалыы-сахалыы билбэт кытай 50 кыраадыс тымныыга кэлэн чэпчэки төлөһүүлээх таҥаһы атыылаан абыраата диэн суруйбуттара. Өймөкөөҥҥө эрэ буолуо дуо, өрбөх-таҥас атыылааччы кытай дьоно киэҥ Саха сирин бары хонноҕор-быттыгар тиийбиттэрэ.

Онон кытайдар билигин саха сиригэр ким-туох ханна уонна төһө баарын, ону хайдах-туохха туһаналларын бэрткэ диэн билэллэр. Ачанаас Былатыанап суруйбутунуу ону хайдах күөгүлүүллэрин сатыыр буоллулар.

Үөһэ ыйыппыт оччоҕобутугар хардата маннык. Бэйэтин кэмигэр нуучча улуу анаарааччыта Бэрнээскэй: “... живая биомасса, подобне массе газа, растекается по земле. При встрече препятствий обходит их, или накрывает...” – диэн суруйан хаалларбыта. Кытайдар билигин төһө да элбээбиттэрин, сэриилэрин сэбин төһө да сайыннарбыттарын иһин кимиэхэ да сэриинэн түһүөхтэрэ суоҕа. Кытайдар билигин ахсааннара элбэҕин туһанан, ити Бэрнээскэй суруйбутунуу, аан дойдуга сэриитэ суох саба халыйан киирии ньыматын тутталлар. Саба халыйан киирэллэригэр мэһэйдэрэ, ол дойду дьоно. Ол дьону “накрывай-дааһыннара”, ол дойдуга киирэн харыыта суох үөскээн-төрөөн,дьаһаныыларын былдьаан олохтоохтору туга да суох хаалларыы. Эбиитин олохтоох кыргыттары уонна дьахталлары ойох ылан, оҥорбут оҕолорун кытай оҥорон кэбиһии. Умнумаҥ, билигин Кытайга уол оҕону эрэ төрөтүү бэлиитикэтэ бара турарын.

Аҕыйах сыллаахха Хабар сиригэр (Хабаровский край) киин ТК (тэлэкөрдөрүү) кэлэ сылдьан устубуттарын көрдөрбүттэрэ. Онно олохтоох нуучча кыргыттара кэлии кытай уолаттарыгар хото эргэ тахсар буолбуттарын этэн туран биир ыалы устубут этилэр. Төрөл баҕайы, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах олохтоох нуучча дьахтара кыра уолун көтөҕөн турар. Аттыгар үс эмдэй-сэмдэй оҕолоро тураллар. Оҕолор тас көрүҥнэринэн сырдык да буоллаллар ыйаастыгас харахтаахтар, хаптаҕай сырайдаахтар. Ыраас хааннаах дьобуруопа уонна моҕол араасата булкустахтарына аһыйаата баһыйарын ааҕааччым билэр инигин? Тэлэсуруналыыс дьахтартан ыйытар: “Почему вы не вышли замуж за своего, русского парня?” – диэн. Дьахтар хардарар: “Где они, наши парни? С утра пьян и ночью пьян. А вот мой зарплату полностью приносит. Сегодня воскресенье, а мой вот где, в огороде”, – диир. Эпэрээтэр түһэрэрин хайыһыннарбыта, кыра хачаайы кытай буору кытта хасыһа сылдьара көстөр, мичээрдээн тииһэ килэйэр.

Биһиги улууска биллэр киһи кэрэчээнэ бэйэлээх соҕотох кыыһа Дьокуускайга сылдьан кэлии кытайга эргэ тахсыбыта. Билиҥҥи нууччатыйбыт дьокуут сиэринэн дьонуттан ыйыппакка, көҥүллэппэккэ. Биирдэ аҕатын дьаһалтаҕа көрсөн, бэйэҥ бэйэҕинэн хайдах буолан кыыскын кытайга биэрдиҥ? Балык уу дириҥин батыһар. Сиэннэриҥ улуу кытайбын дэниэхтэрэ буолбуппар киһим: “Миитэрэй, бэйэҥ бэйэҕинэн хайдах итинник тыллаһаҕын. История көрдөрөрүнэн кыаҕа суох кыахтаахтыын уруурҕаһан тыыннаах хаалара буолбат дуо”, – буолбута. Онуоха мин олох көрдөрөн иһиэҕэ диэхтээбитим. Кэлин истибитим ол кыыс кытайтан уолун илдьэ дойдутугар, дьонугар күрээн кэлбит. Эрэ таһыйара-сынньара бэрт үһү. Кырдьык, кытай киһитэ, биһиги, дьокууттуйбут сахалар курдук, ойохторун тэлэбииһэр иннигэр, дьыбаан үрдүгэр тыһы куоска курдук тылбыҥнаппаттар. Бастаан “Ысталыычынай” ырыынакпытын булалларыгар кытай дьахтара атаҕа эрэ көстөр сүүнэ сүгэһэрдээх сүүрүүнэн сылдьарын көрбүт буолуохтааххыт. Хата билигин баһылааннар үлэтэ суох сылдьар үрдүк үөрэхтээх дьокуут кыргыттарын сүгэһэрдьит-атыыһыт оҥостоллор диэн суруйаллар. Кэлин ол кытай киһитэ суутунан ойоҕуттан арахсан, милииссийэлээх кэлэн уолун былдьаан барбыт сурахтааҕа.

Дьэ, итинник. Саха кыргыттара, кытай киһитигэр эргэ тахсымаҥ! Кытай киһитэ элбэх оҕолонор көҥүллэнэр, өрө тутуллар дойдутугар ахсааннарын эбии элбэтээри эһигини ойох ылаллар. Эһигини ойох ылан түргэнник биһиги дойдубут киһитэ (нууч. гражданин) буолары ситиһэллэр, онон туһанан букатын олохсуйар уонна кытай сирэ оҥосторго дьулуһаллар.

Кытай сиригэр ыал урут биир эрэ оҕону күн сирин көрдөрөр дьаһахтаахтара. Ааспыт сылбыт бүтэһигэр икки оҕолоноллоро көҥүллэннэ. Кытай омук бэйэтэ айсыбыт ҕороскуобун (гир. horoskopos – кэми кэтээччи), һодьуйааҕын ( zodiakos – кыыл эргиирэ) этиитинэн эбисийээнэ сылыгар төрүөхтээх оҕолортон чулуулара үөскүүр диэн өйдөбүллээхтэр. Онон төрөтүөхтээх соҕотох оҕолорун, көҥүллэммит иккис оҕолорун төрөтөллөрүгэр сөптөөх сыл үүннэ. Оттон мин, эбисийээнэ сылыгар Күн Сирин көрбүт, тоҕус бииргэ төрөөбүттэрбиппитэн ордуктарабын дии санаммат, хата олорум акаарыны айдааран бүт диир киһилэрэ, 1,5 миллийээрдээх кытай омук диэки куттана-чаҕыйа көрөрүм күүһүрдэ...

Нууччаларбыт барахсаттар олох эдэр омук буолан өйүн тута илик оҕо курдуктар. Дэлэҕэ “Бесплатный сыр только в мышеловке” диэн өс хоһооннонуохтара дуо? Дьиҥэр, ол мэҥиэни сиэри кутуйах сордоох тыынын толук уурар буоллаҕа дии... Ачанаас Былатыанап суруйар күөгүтэ – кытай өтөн киириитэ. Мэҥиэтэ – ити суруйар инбэстииссийэтэ. Латыыннар investire диэннэрэ ниэмэстэргэ киирэн investition, онтон нууччаларга киирэн инвестиция буола сылдьар. Өйдөбүлэ – атын дойдуга үбү киллэрэн тугу эрэ тутуу. Тугу эрэ тутуу – мэҥиэ! Бэйэтин дойдутун дьонугар ону-маны оҥостор, туттунар кыах биэрбэккэ олорон муҥур тойоммут Буутун биир тылынан атын омуктар өтөн киириилэрин бохсо сатыыр, биир тылынан инбэстииссийэни туһана охсуҥ диир. Тоҕото син өйдөнөр, бэйэтэ уонна кинини өрө салаан чугас буолбут дьоно эбии байаары итинник дьайаллар диэн улахан экэнэмиистэр суруйаллар.

Билигин салайан олорор Сахабыт сирин ил дархана, дьаһахтарбытын оҥорор Ил Түмэммит дьокутааттара! Сахабыт сирэ кытай сирэ буолбатын туһугар сөптөөх дьайыылары оҥоруҥ! Эбэтэр кэлин эһиги көмүс дуйдаах уҥуохтаргытыгар уонна өйдөбүнньүктэргитигэр тыыннаах хаалбыт удьуоргут тобоҕо махтанан чэчик дьөрбөтүн уурарын оннугар ытыы-ытыы тэтиҥ маһынан таһыйыаҕа...

Сахам дьоно! Умуннарылла сатыыр айыы үөрэхпитинэн, таҥара итэҕэлбитинэн олоруоҕуҥ! Буддаа итэҕэлигэр олох киирэн биэримэҥ! Тылгытын харыстааҥ, сахалыы ааттаргытыгар төннүҥ! Буор куккут бодоҥурбатын, ийэ куккут ииригирбэтин, салгын куккут салыйбатын! Дом!

Миитэрэй БАППАҔАЙ.

С.к. Бу сарсыарда араадьыйанан эҕэрдэлэһии бөҕө буолан эрдэҕинэ, “сымыйа Хурустуос төрөөбүтүнэн сахалар эҕэрдэлэһимэҥ...” диэн эрдэхпинэ арааран кэбистилэр. Салгыы эрийиибэр “запрещено” диэн таҕыста. Тоҕотун бэйэҕит анааран көрүҥ.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1478 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024