Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Атырдьах ыйа » 1 » Александр Жирков Кыргызстан народнай суруйааччыларыгар П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни туттарда
Александр Жирков Кыргызстан народнай суруйааччыларыгар П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни туттарда
15:55

Александр Жирков: «Уһук илин гектар» туһунан сокуоҥҥа Саха сирин уратылара уонна олохтоох дьон интэриэһэ аахсыллыахтаах.

От ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Судаарыстыбаннай Дума дьокутаатын Галина Данчикованы кытта «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр Россия Федерациятын субъектарын сирдэригэр-уоттарыгар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан уонна Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрэр туһунан» Федеральнай сокуону олоххо киллэрии хаамыытын сүнньүнэн мунньаҕы тэрийэн ыытта.

Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Росреестр «Федеральнай кадастровай палаататын» филиалын, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Судаарыстыбаннай регистрация, кадастр уонна картография федеральнай сулууспатын управлениетын уонна да атын тэрилтэлэр салайааччылара, ону тэҥэ Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ кыттыыны ыллылар.

Спикер Александр Жирков мунньаҕы аһарыгар 2016 сыл ыам ыйыгар ылыныллыбыт Уһук илин гектар туһунан Федеральнай сокуон Судаарыстыбаннай Думаҕа хайы-үйэ үһүс төгүлүн көрүллүбүтүн, бүгүҥҥү күҥҥэ сокуон 20 ыстатыйатыттан 14-гэр көннөрүү киллэриллэн сокуону уларытыыга үлэ тохтоло суох бара турарын бэлиэтээтэ.

«Сокуон хара маҥнайгыттан балайда ыксаллаахтык ылыныллыбытын бары билэҕит. Саха сирэ сокуону тиэтэйбэккэ, хас да түһүмэхтээн, сыыһаны-халтыны анаан үөрэтэн, сөҥөрдөн ылынарга туруорсубутун эмиэ билэҕит. Ол эрээри биһиги этиилэрбит сорох сүрүн өттүлэрэ ситэ аахсыллыбатахтара.

Билигин олорго хаттаан төннөргө күһэллии эмиэ баар. Олох бэйэтэ күһэйэр», – диэн Ил Түмэн спикерэ анаан бэлиэтээтэ.

Бу сокуоҥҥа кэнники уларыйыылар бу дьыл от ыйын 25 күнүгэр ылынылыннылар. Сокуоҥҥа уларытыы бастакы барылыгар «уһук-илин гектар» инникитин бултуур сиргэ эмиэ бэриллиэн сөп диэн этии киирбитэ. Ил Түмэн ону утаран 2017 сыл от ыйын 5 күнүгэр уларытыылары тохтотон төттөрү ыҥырар туһунан уураах ылынан Судаарыстыбаннай Думаҕа ыыппыта. «Биһиги туруорсуубут Судаарыстыбаннай Думаҕа көрүллүбүтэ. Судаарыстыбаннай Дума ылыммыт көннөрүүтэ, сүрүннээн, биһиги тутуһар санаабытын ааҕыста», – диэтэ парламент спикерэ. Ол курдук, Судаарыстыбаннай Дума ылыммыт саҥа көннөрүүтүн быһыытынан, босхо бэриллибэт бултуур сири-уоту Россия Федерациятын субъектарын судаарыстыбаннай былааһын үрдүкү толорор уорганнара быһаарар буоллулар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар миниистирэ Евгения Григорьева бүгүҥҥү күҥҥэ сир учаастагын ылар туһунан 18034-тэн тахса сайаапка бэриллибитин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар олорор гражданнары кытта 4038 дуогабар түһэрсиллибитин туһунан эттэ.

Судаарыстыбаннай Дума дьокутаата Галина Данчикова сокуону уталыппакка толоруу боппуруоһугар тохтоото уонна ону өрөспүүбүлүкэҕэ олоххо киллэриигэ ыйыы-кэрдии биэрдэ. Ол курдук, Россия Федерациятын уһук-илиҥҥи субъектара бултуур сирдэрин-уоттарын харыстыыр туһуттан бэриллибэт учаастактары быһаарыах тустаахтар.

Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев булдунан дьарыктанааччылары кытта үлэни күүһүрдэр наадалааҕын ыйда. «Бастатан туран, булдунан дьарыктанааччылары кытта тустаах сөбүлэһии түһэрсиллиэхтээх; иккиһинэн, өрөспүүбүлүкэ айылҕа харыстабылыгар

министиэристибэтэ бултуур сир-уот схематын оҥорон реестргэ киллэриэхтээх», – диэн бэлиэтээтэ парламентарий.

Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев өрөспүүбүлүкэҕэ 365 булдунан дьарыктанааччы баарыттан 86-та – биирдиилээн предприниматель, 279 – юридическай тэрилтэ буоларын, министиэристибэ кинилэри кытта бу дьүүллэһиллэр боппуруоска ыкса үлэлэһэрин бэлиэтээтэ. Билигин, сокуоҥҥа киирбит саҥа уларыйыыларга олоҕуран, айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ Ил Дархан анал Ыйааҕын бэлэмниир үлэни саҕалаата.

Парламент спикерэ Александр Жирков «уһук-илин гектары» Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрэ ылар баҕалаахтарын, өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн букатын аҕыйах сайаапка киирбитин бэлиэтээтэ. Ол курдук, Россия Федерациятын атын субъектарыттан өрөспүүбүлүкэ 21 оройуонугар баара-суоҕа 225 сайабылыанньа киирбититтэн 4 дуогабар түһэрсиллибит. «Маны мыынар табыллыбат, – диэтэ Ил Түмэн спикерэ. – Сокуон биир күҥҥэ дуу, сылга дуу буолбакка, өр сылларга үлэлиэҕэ, ол-бу уларыйыылар, дьону, ордук чуолаан, өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн ыҥыра, угуйа сатааһын тохтуо суоҕа. Онон биһиэхэ уоскуйуу, бытаарыы суох буолуохтаах», – диэн Александр Николаевич мустубут салайааччыларга анаан-минээн бэлиэтээтэ.

Түмүгэр, Александр Жирков Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сокуону-быраабы кэтээн көрүүнү уонна «Судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай бас билиигэ уонна Уһук Илин федеральнай уокурук састаабыгар киирэр Россия Федерациятын субъектарын сирдэригэр-уоттарыгар сир учаастагын гражданнарга биэрии уратыларын туһунан уонна Россия Федерациятын тустаах сокуон суолталаах аакталарыгар уларытыы киллэрэр туһунан» 2016 сыл ыам ыйын 1 күнүнээҕи ФС 119 №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа этиилэри бэлэмнээһини уонна уларытыыны киллэриини сүрүннүүр бырабыыталыстыба бөлөҕүн үлэтин күүһүрдэргэ итиэннэ Галина Данчикова Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьар кэмигэр тэриллибит бу бөлөх састаабын кэҥэтэргэ этии киллэрдэ.

Федеральнай таһымҥа «Уһук илин гектар туһунан» сокуоҥҥа үлэ тохтообот, ол аата биһиэхэ, өрөспүүбүлүкэҕэ, бу сокуоҥҥа үлэлииргэ анаан тэриллибит бөлөх эмиэ тиһигин быспакка үлэлиэх тустаах. Бу сокуону толорууга даҕаны, сокуону инникитин тупсаран оҥорууга даҕаны боппуруос элбэх. Биһиги онтон туора туран, хаалан хаалыа суохтаахпыт. Үлэ уталыппакка, ол гынан баран бары өттүттэн толкуйдаан, охсуулаах содулларын аахсан туран, барыахтаах. Манна саамай суолталааҕа – биһиги федеральнай сокуоҥҥа киллэрэр этиилэрбитигэр дойдубут айылҕатын, климатын, экологиятын уонна этнологиятын уратылара, олохтоох дьон, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттары киллэрэн туран, интэриэстэрэ аахсыллыахтаах», – диэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков.

 

Александр Жирков Кыргызстан народнай суруйааччыларыгар П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни туттарда

 

От ыйын 24 күнүгэр Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр Алыкула Осмонов аатынан Национальнай библиотекаҕа сахалыы тылбаастанан тахсыбыт кыргыз литературатын классига Чингиз Айтматов «Белый дождь» («Илгэлээх ардах») диэн талыллыбыт айымньыларын уонна «Күн кууһар хайатыттан» диэн 40 кыргыз суруйааччыларын уонна поэттарын айымньыларын кинигэлэрин презентацията буолла.

Презентацияҕа Кыргызстан народнай суруйааччыта, Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Геройа Бексултан Жакиев, Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Жокгорку Кенеш дьокутаата, «Саякбай манасчи» аан дойдутааҕы фонда Президенэ Самат Ибраев, Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Президенин аппараатын этническэй, религиознай бэлиитикэҕэ отделын салайааччыта Алмаз Кулматов, суруйааччы-тылбаасчыт Шаршеналы Абдылдаев, Чингиз Айтматов балта Роза Айтматова, суруйааччы, прозаик, публицист Кенеш Жусупов, поэт Рамис Рыскулов уонна Кыргызстан общественноһын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Тэрээһини Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын дириэктэрэ Жылдыз Бакашова салайан ыытта.

Бу икки уруулуу өрөспүүбүлүкэлэргэ буолбут бэлиэ түгэн чэрчитинэн Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Саха Өрөспүүбүлүкэтин П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтинэн наҕараадалааһын буолла.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү наҕараадатын народнай суруйааччы, Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Геройа, Киргизскэй ССР искусствотын үтүөлээх деятелэ Бексултан Жакиевка уонна кыргыз

биллиилээх тылбаасчыта, прозаик, ССРС бэчээтин туйгуна Шаршеналы Абдылдаевка туттарда.

Кыргыз биллиилээх суруйааччыларын уонна поэттарын айымньыларыттан талыллан сахалыы тылбаастаммыт «Күн кууһар хайатыттан» диэн хомуурунньук Кыргызстан уонна Саха сирин литератордарын кыттыгас айымньылаах үлэлэрин түмүгэ буолар. Быйыл бэс ыйыгар Саха сиригэр ыытыллыбыт Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин Литературатын уонна искусствотын күннэрин көрсө тахсыбыт бу икки кинигэни Бексултан Жакиев уонна Александр Жирков хомуйан оҥорон таһаартардылар. Бу иннинэ кыргыз эпоһа «Манаас» уонна Чингиз Айтматов «Муора кытылынан сүүрэр эриэн ыт» айымньыта тылбаастанан тахсыбыттара.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтэ Саха сирин судаарыстыбаннаһын төрүттээһиҥҥэ уонна наука, тыл, литература, культура сайдыытыгар бөдөҥ кылааты киллэрбит уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна общественнай деятель, суруйааччы, учуонай Платон Алексеевич Ойуунускай (Слепцов) аатын үйэтитэр сыалтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2004 сыл бэс ыйын 15 күнүнээҕи 135/I-С 275-III №-дээх Сокуонунан бигэргэтиллибитэ.

 

Ил Түмэн пресс-сулууспата.

Хаартыска Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин

национальнай библиотекатын компьютернай технологияларга отделыттан ылылынна.

 

Ытыктабыллаах Алмазбек Шаршенович! Ытыктабыллаах бүгүҥҥү улахан түмэл кыттыылаахтара! Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин, саха дьонун-сэргэтин аатыттан Алтаай уруулуу норуоттарын түмэр мунньахха эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ!

Мин иннибинэ Татарстан, Башкортостан уонна Алтаай салайааччылара эппит тылларынааҕар мин эһиэхэ төрөөбүт тылбынан анаабыт эҕэрдэбин өйдүүргүтүгэр быдан уустук быһыылаах. Биһиги ыраах барбыппыт, уонна барбыппыт быданнаата.

Биһиги норуоттарбыт үйэлэргэ умнуллубут үгэстэрин быһыытынан баайы-дуолу үллэстиигэ улахан уолаттар өбүгэлэрин, аҕаларын төрүт сирдэригэр дураһыйар кыахтара суоҕа. Аҕаларын баайа-дуола кыра уолга эбэтэр уолаттарга тиксэрэ. Оттон улахан уолаттар төһө кыалларынан ырааҕынан тэлэһийэн саҥа сирдэри баһылаан олохсуйаллара, онуоха аҕалара кыанарын тухары күүс-көмө буолара.

Бастатан туран, ытыктабыллаах Алмазбек Шаршенович, Эйиэхэ уонна Аан дойдутааҕы форум бары кыттыылаахтарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Егор Афанасьевич Борисов эҕэрдэтин уонна бу биһиги норуоттарбытыгар улахан суолталаах мунньах үлэтэ ситиһиилээхтик барарыгар баҕа санаатын тиэрдэбин.

Биир ый анараа өттүгэр, бэс ыйын 20 күнүгэр, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Культуратын уонна искусствотын күннэрэ ыытыллыбыта. Сити кэмҥэ тэҥинэн Россия столицатыгар – Москва куоракка эмиэ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин культуратын Күннэрэ ыытыллыбыттара. Саха сиригэр бу киэҥ хабааннаах тэрээһин культура эйгэтигэр үйэ аҥаарын анараа өттүгэр олохтоммут бииргэ үлэлээһин үтүө үгэһин сөргүттэ. 1966 сыллаахха кыргыз биллиилээх общественнай деятелэ, Киргизскэй ССР суруйааччыларын Союһун салайааччыта Токтоболот Абдумомунов салайааччылаах кыргыз суруйааччыларын улахан делегацията биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кэлэ сылдьыбыта. Ити курдук, биһиги норуоттарбыт икки ардыларыгар

литература, культура эйгэтигэр хардарыта атастаһыыга олук ууруллубута. Үгүс сыл ааспытын кэнниттэн биһиги бу үтүө үгэһи сөргүтэбит. Быйылгы сылга Саха сирин культурнай олоҕор биир умнуллубат дьоһун түгэнинэн Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Культуратын уонна искусствотын күннэрэ ыытыллыыта буолла. Алмазбек Шаршенович, Эйиэхэ, тус бэйэҕэр, бу Күннэри ыытыыга өйөбүлүҥ уонна көмөҥ иһин Саха сирин салалтатын уонна общественноһын аатыттан махталбын тиэрдэбин. Махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын биһиги аксакалбытыгар Бексултан Жакиевка, бу культура эйгэтигэр улахан суолталаах бэлиэ дьаһал кини көҕүлээһининэн уонна истиҥ кыһамньытынан үрдүк таһымҥа ыытылынна.

Уруулуу тыллаах биһиги норуоттарбыт дьылҕатын биир төрүт культурабыт, историябыт ыкса ситимниир. Ол былыргы үгэстэрбитигэр даҕаны, аныгы историябытыгар даҕаны көстөр. Ол курдук, сахалар уонна кыргызтар билиҥҥи историяларын Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбит саҥа судаарыстыбаннастарын төрүттэспит саха норуотун чулуу уола Максим Кирович Аммосов аата эмиэ ситимниир. Биһиги, аан дойду атын норуоттарын курдук эмиэ, Чингиз Айтматовы бэйэбит суруйааччыбытынан ааҕабыт. Кини өлбөт-сүппэт айымньыларын геройдара махталлаах ааҕааччыларын сүрэхтэригэр сөҥөн, күн бүгүҥҥэ диэри күндүлэр. Саха ааҕааччылара кини «Джамиля», «Төрөөбүт ийэ хонуум», «Маҥнайгы учуутал», «Тэбиэн хараҕа» айымньыларын өссө 1966 сыллаахха төрөөбүт тылларынан ааҕар кыахтаммыттара. Улуу гуманист-суруйааччы 85 сааһын көрсө Саха сирин олохтоохторо 2013 сыллаахха булуллубут бөдөҥ алмааска Чингиз Айтматов аатын иҥэрбиттэрэ.

Эһиги билэргит курдук, 2003 сыллаахха кыргыз эпоһа «Манаас» уонна 2005 сыллаахха саха эпоһа Олонхо киһи аймах тылынан уус-уран культуратын баайын чулуу айымньыларынан билиниллибиттэрэ. Бу сыл от ыйын 6-8 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ЮНЕСКО Генеральнай дириэктэрэ Ирина Бокова кэлэ сырытта. Саха сирин уонна ЮНЕСКО икки ардыларыгар үһүс коммюнике илии баттанна. Онно Евразия норуоттарын

эпостарын аан дойдутааҕы киинин тэрийэн ЮНЕСКО иһинэн киллэрэр туһунан этилиннэ. Бу бырайыак 2017 сыл кулун тутар ыйга Россия Федерациятын атын дойдулар дьыалаларыгар миниистирин Сергей Лавров таһымыгар ыытыллыбыт көрсүһүүгэ көтөҕүллэн өйөбүлү ылбыта. Бу көрсүһүүгэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана уонна бүгүҥҥү форум ытык ыалдьыттара Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Рустам Минниханов, Башкортастан Баһылыга Рустэм Хамитов кыттыыны ылбыттара.

Саха сирэ аан дойду таһымнаах хас даҕаны бырайыагы таһаарда. Биһиги 20 сыл устата «Азия оҕолоро» Аан дойдутааҕы оонньууларын ыытан кэллибит. Бу Ооньууларга аан дойду араас дойдуларыттан, чуолаан, азия уонна евро-азия континеннарыттан, спортсмен оҕолор кыттыыны ылаллар. Ааспыт сыллаахха «Азия оҕолоро» VI Аан дойдутааҕы оонньууларыгар 37 судаарыстыбаттан 3 тыһыынча спортсмен 27 спорт көрүҥэр, ол иһигэр национальнай көрүҥнэргэ, күрэхтэспиттэрэ. Ааспыт сылга Саха сирин спортсменнара Кыргызстан салалтатын ыҥырыытынан көс омуктар II Аан дойдутааҕы оонньууларыгар аан бастаан кыттыыны ылбыттара. Бу биһиэхэ бастакы холонуу. Биһиги спорт ханнык көрүҥнэригэр күрэхтэһиэхпитин сөбүн, тугу умнубуппутун, тугу сүтэрбиппитин, итиэннэ өбүгэлэрбит саҕаттан тугу илдьэ хаалбыппытын билбиппит. Бу олус туһалаах саҕалааһыҥҥа, сүҥкэн бырайыакка Саха Өрөспүүбүлүкэтэ инникитин даҕаны кыттыаҕа.

2016 сыл балаҕан ыйыгар көс омуктар II Аан дойдутааҕы оонньууларын чэрчитинэн мас тардыһыытыгар аан дойду иккис чемпионата ыытыллыбыта. Мас тардыһыы, кыргызтыы тайах тартыш – түүр омук спордун көрүҥэ. Бу көрүҥ аан дойду таһымыгар тахсан, билигин олимпийскай программаҕа киллэрэр туһугар үлэ ыытыллар.

Билэргит курдук, билигин өссө биир аан дойдуктааҕы бырайыак – «Аан дойду норуоттарын эпостара» киэҥник биллэн эрэр. Бу бырайыакка бастакынан Кыргызстан народнай суруйааччыта, Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин

Геройа Бексултан Жакиев оҥорбут кыргыз эпоһа «Манаас» кылгатыллыбыт вариана киирбитэ. Биһиги ону 2014 сыллаахха сахалыы тылбаастаан таһаарбыппыт, оттон Кыргызстаҥҥа 2005 сыллааахха киһи аймах тылынан уус уран культуратын баайын чулуу айымньытынан билиниллибит саха героическай эпоһа Олонхо кыргыз тылынан бэчээттэнэн тахсыбыта. 2015 сыллаахха «Аан дойду норуоттарын эпостара» бырайыак Москва куоракка аан дойдутааҕы кинигэ дьаарбаҥкатыгар аан дойду культуратыгар бөдөҥ кылааты киллэрэр чулуу таһаарыы быһыытынан бастакы бириэмийэни ылбыта. Икки ый анараа өттүгэр алтаай эпоһа «Маадай Хара» саха тылынан таҕыста, оттон алтаайдар саха эпоһын Олонхону бэчээккэ бэлэмнээтилэр.

Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын тус өйөбүлүнэн башкир эпоһын «Ураал-баатыры» сахалыы бэчээттээн таһаарарга сөбүлэһии түһэрсилиннэ. Кинигэ бу сыл бүтүүтүгэр тахсыаҕа. Башкир специалистара саха эпоһын оҥорууга үлэлэрин түмүктээн эрэллэр. Онтон – тува уонна бурят эпостара оҥоһуллуохтара. Ити курдук, биһиги бу бырайыакка уонча сөбүлэһиини түһэристибит. Түгэнинэн туһанан, ЮНЕСКО салалтатынан ыытыллар бу аан дойдутааҕы бырайыакка тылынан уус-уран баайдаах атын да норуоттары кытталларыгар ыҥырабын.

Бүгүн биһиги норуоттарбыт икки ардыларыгар культурнай сибээһи олохтооһун өссө да атын ньымалара бааллар. Эһиги билэҕит, өссө 1982 сыллаахха саха театра Чингиз Айтматов «Муора кытылынан сүүрэр эриэн ыт» романынан спектакль туруоран ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатын аатын ылбыта. Быйыл саха театра Орто Азия, Россия уонна Европа куораттарынан гастроллаата. Бу маннык аан дойдутааҕы бырайыактар биһиэхэ аҕыйаҕа суохтар, онуоха алтаай тыллаахтар уонна уруулуу төрүттээх, культуралаах, үгэстээх, тыллаах бары да норуоттар кыттар кыахтаахтар.

Бүгүн Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ эппитин курдук, биһиги уруулуу буоларбытын тус сыаллаах чопчу дьайыылары оҥорбокко эрэ хайдах даҕаны өйдүүр кыахпыт суох. Дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэ уонна

табыгастаах, норуоттары түмэр тустаах дьайыылар наадалар. Бу улахан суолталаах, тоҕо диэтэххэ, норуот бэйэтин уонна судаарыстыба эппиэтинэһигэр аан дойду эйгэтигэр кини дьылҕата, культуратын, тылын кэскилэ, сиэрдээх тускута бэриллэр.

Алтаай сомоҕо норуоттара былыр былыргыттан континеннары уонна цивилизациялары ситимниир аналлаахтар. «Алтаай цивилизацията уонна алтаай уруулуу тыллаах сомоҕо норуоттара» Аан дойдутааҕы форуму ыытыы аан дойдутааҕы алтаистика историятыгар, тылы үөрэтиигэ улахан суолталаах бэлиэ түгэн быһыытынан биһиги норуоттарбыт доҕордуу сыһыаннарын уонна хардарыта өйдөһүүлэрин бөҕөргөтүүгэ тирэх буоларыгар эрэнэбин. Оннук буола турдун!

http://yakutiaprime.ru/politika/17865,
http://yakutiaprime.ru/politika/17836 ,
http://yakutiaprime.ru/politika/17815 ,
http://yakutiaprime.ru/politika/17810
http://yakutiaprime.ru/obzorzakon/17867

Views: 1019 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 25
Ыалдьыттар (гостей): 25
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024