Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Атырдьах ыйа » 4 » “Турууктары” туран биэрии -- ³р³спµµбµлµкэни та²нарыы!
“Турууктары” туран биэрии -- ³р³спµµбµлµкэни та²нарыы!
14:06

“Турууктары” туран биэрии -- ³р³спµµбµлµкэни та²нарыы!

 

Быйыл Арассыыйа±а Экология уонна ураты харыстанар сирдэр сыллара. Саха сиригэр бу, дьи²инэн, улахан суолталаах сыл буолуохтаах этэ да...

Бу сыл би´иги ³р³спµµбµлµкэбит баар суох “брендин”, киэн туттуутун, Ытык кэрэ сирин -- “£лµ³нэ туруук хайалара” Айыл±а пааркатын -- федеральнай бас билиигэ батара сатыыр дьµккµ³ргэ баран эрэр. Боппуруос тула мунньах, т³гµрµк остуол, уопсастыбаннас туруорсуута, илии баттаа´ынын хомуйуу, миитин быыстала суох бара турар...

Ол тухары “£лµ³нэ турууктарын федералларга биэрэрбит -- µчµгэй бы´аарыы!” диэччи суох да... Салайар систиэмэ олохтоох норуот интэриэ´ин учуоттаабата, араастаан муннара-балыйара сатыыра илэ-бодо к³ст³н та±ыста.

Дьэ, туох дииллэр эбитий, £лµ³нэ туруугун федералларга сы²алааччылар?

 

1. Биллэн турар, бу дьон бары “ЮНЕСКО бырайыагар киирбит пааркалар хайаан да федеральнай ыстаатыстаах буолуохтаахтар” диэн кэлиилии кэбэллэр. Ити – кинилэр куо´урдара. Чахчы оннук дуо? Быйыл муус устар 6 кµнµгэр бу £лµ³нэ турууктарын федеральнай бас билиигэ биэриини сµрµннээччи Алексей Буторин диэн эппиэттээх µлэ´ит Москубаттан Дьокуускайга кэлэ сылдьан, Покровскайга экологтары кытта к³рсµ´µµгэ: “ЮНЕСКО хайаан да федеральнай суолталаах эрэ пааркалары харыстыахтаах диэн буолбатах. Федеральнай, эрэгийиэннээ±и, олохтоох суолталаах Ытык кэрэ сирдэр бары ЮНЕСКО харыстабылыгар киирэр кыахтаахтар” (“Кыым”, 13.04.2017, А.Борисова) -- диэбит. Оччотугар “бэйэбит дьоммут” соруйан муннара сатыыр буолан тахсаллар. Дьэ, ол туох сыаллаах?

Кырдьык, ЮНЕСКО конвенциятыгар (дуогабарын сокуонугар) “федеральнай эрэ бас билиилээх сир харыстаныахтаах” диэн ханна да суруллубатах. Бас билии пуорматын ту´унан онно туох да этиллибэт. “Бас билииттэн тутулуга суох, ураты харыстанар ытык сирдэр судаарыстыбаттан ³й³бµллээх буолуохтаахтар” дэнэр. Ол эбэтэр бу маны итэ±этэ сатааччылар бэйэлэрэ итини ³йд³³б³тт³р эбэтэр дьону соруйан албынныыллар.

ЮНЕСКО генеральнай сэкирэтээрэ хотун Ирина Бокова соторутаа±ыта Саха сиригэр кэлэ сылдьан, “£лµ³нэ турууктара федеральнай эрэ бас билиигэ киирдэ±инэ ЮНЕСКО дабыдалын и´игэр сылдьар кыахтаах!” диэн биир тылы быктарбата±а. Оччотугар £лµ³нэ турууктара то±о эрэгийиэннээ±и Айыл±а пааркатын бы´ыытынан хаалан, ЮНЕСКОнан к³мµскэниэ, эбии µбµлэниэ суохтаа±ый? Дьикти буолбатах дуо?

 

2. “Паарканы федеральнай бас билиигэ биэриэххэ” диэччилэр биир куо´урдара “µбµлээ´ин элбиэ±э” диэн. Бу, сµрµннээн, паарка бэйэтин

салалтатын, Айыл±а харыстабылын министиэристибэтин чунуобунньуктарын, ону кытта улуустар дьа´алталарын µлэ´иттэрин санаата буолара ³йд³н³р.

Кинилэр “µбµлээ´ин элбиэ, хамнаспыт µрдµ³, билим бырайыактара, туризм µбµлэнэн сайдыахтара, матырыйаалынай база тупсуо” диэн бы´аараллар. Оннук µчµгэйи ыраланар баа буолбат. Ол эрээри...

Билигин паарка±а сылга 17 м³л. µп к³рµллэр, 30 ки´и µлэлиир. Оттон “Национальнай”, ол аата федеральнай ыстаатыстанна±ына, “сыллата 50 м³л. солк. к³рµллµ³, ыстаакка эбии 70-80 ки´и µлэлиир буолуо” диэн буолар. Чэ,ба±ар буоллун...

Арассыыйа били²²и экэнэмиичэскэй туругун к³р³н олорон, “£лµ³нэ туруук хайалара” федеральнай бас билиигэ киирдэ да±аны, µтµмэн µп кутуллан барарын кµµтµµ т³´³ сиэрдээ±ий?

“Э´иги “федеральнай” ыстаатыстаммыт ХИФУну к³рµ² ээ”, – диэччилэр. С³п. Ол эрээри, холобур, соторутаа±ыта ХИФУга устуоруйа факультетыгар Саха сирин устуоруйатын кафедрата “федеральнай нормативка эппиэттээбэт” диэн матыыптаан сабыллыбытын, µлэ´иттэрин атын кафедраларынан “тµ²эппиттэрин” ким эмэ билэр дуо? Харчы баара буоллар, итиннэ гыныа этилэр дуо? Онон билигин Саха сирин устуоруйатын µ³рэтэр кыа±а суох буолан олоробут.

“¥тµмэн µп кэлиэ, билим бырайыактара сайдыахтара” диир буоллахха, эмиэ ыраата барбакка Т³рµт оскуоланы чинчийэр-µ³рэтэр билим институтун ылыахха (ИНШ). Баар-суох сахалыы уонна олохтоох омуктарбыт оскуолаларын чинчийэр институппут хас да сыллаа±ыта “федеральнай ыстаатыстанан та´ыммыт µрдµ³” диэн ордугу булаары ³р³спµµбµлµкэ бас билиититтэн тахсыбыта. Ол кэннэ т³´³ чэчирээтэ, сайынна, хамнастара т³´³ µрдээтэ?

Хомойуох и´ин, бу кэнники хас да сылы бы´а институт наар ³р³спµµбµлµкэ±э т³нн³ сатыыр м³ккµ³рдээх. Бука, µчµгэй олохтон куота сатаабатах буолуохтаахтар. Ол ту´унан бырабыыталыстыба да, Ил Тµмэн да мунньахтарыгар µгµстэ эттилэр, т³нн³р³ сатаатылар даа – уустук. Бы´ата, “федеральнай” диэн “та´ым” элбэх µктэтиилээх буолар эбит... Ол ханнык эрэ бµгµн баар, сарсын суох бытархай µлэ´ит, чунуобунньук хамна´ын кыратык эбинэ тµ´µ³н ба±арбытыттан сылтаан ³р³спµµбµлµкэбит киэн туттар баайын биэрэн баран кыайан т³тт³рµ ылбакка сытаайабыт!

Оччо-бачча харчы ы´ыллар-то±уллар, ама, ³р³спµµбµлµкэбит £лµ³нэ турууктарын µбµлµµр кыра харчыта суох µ´µ дуо?

3. “£лµ³нэ туруук хайалара” Айыл±а пааркатын ыстааты´а эрэ µрдµµр, ол бас билиигэ сы´ыана суох, атын та´ым”, – диэн миниистир Сахамин Афанасьев бэйэтэ бы´аарар. Эбиитин, экология кэмитиэтин иилиир-са±алыыр биир дьокутаат мунньахха: “Э´иги федеральнай буолла да £лµ³нэ туруук хайаларын ханна эрэ атын сиргэ к³´³р³н илдьиэхтэрэ диигит дуо?! Манна хаалар ээ!» диэн уопсастыбанньыктары кµлµµ гыммыттыы халы-

мааргытык тылласпытын, дибдийбитин санатабыт. Маннык та´ымнаах дьон £лµ³нэ турууктарын кыайан к³рб³т³хт³рµн-харайбатахтарын да и´ин, кэлин кинилэрдээ±эр дьа´аллаах дьон кэлэн “кимнээх уонна то±о биэрбиттэрэй!” диэн ыйытыа туруо дии.

“Национальнай паарка” диэн буолла да, федеральнай ыстаатыстанар, ол аата федеральнай салайыыга, бас билиигэ киирэрэ ³йд³н³р! “Онно µлэлээбит дьон син биир µлэлээбиттэрин курдук µлэлии сылдьыахтара” диэн миниистир уоскутар да... Ону ким мэктиэлиирий? Ким бас билэр – ол салайар, бы´аарар. Ку´а±анын талан эттэххэ, “µйэ тухары манна µлэлиэхпит, хамнаспыт µрдµ³” диэн федеральнай ыстааты´ы турууласпыт дьоммут “федеральнай регламе²²а эппиэттэспэт” аатыран аан бастакынан µлэлэриттэн тэбиллиэхтэрин с³п. Хамнас µрдµµр буолла±ына, атын, “бэйэ” дьоно да к³стµ³хтэрэ турда±а.

£р³спµµбµлµкэ бас билбэт, бэйэтэ дьа´айбат буолла да µлэ-хамнас кини кыттыга´а суох барара ³йд³н³р. “Туризм сайдыа-чэчириэ” диэн этиллэр да, бу федеральнай бас билии буоларын бы´ыытынан, ол харчы тута федеральнай хаа´ына±а уста туруо...

4. Онон «би´иги бас билиибитигэр киирдэххитинэ эрэ µбµлµµбµт!” дииллэрэ, сымнатан эттэххэ, былдьаан ылыыга эрэ тэ²нэнэр. Судаарыстыба ³й³бµлэ бас билииттэн тутулуга суох о²о´уллуохтаах.

Аны, “сокуоннар уларыйыахтара суо±а” диэн эмиэ ким да мэктиэлээбэт. Бу сыллар тухары Арассыыйа сокуоннара хаста-сµµстэ уларыйдылар! Ол тµмµгэр, сокуон барыта тµ²-та² уларыйан, ону ким хайдах тойоннуура бэйэтин к³²µлэ буолан турар. “Айыл±а харыстабылын ту´унан, Хостонор баайдаах сир ту´унан сокуоннар, Ойуур, Сир, Уу кодексалара аны ха´ан да уларыйахтара суо±а” диэн ким эмэ илии баттыыр дуо? Арай, “£лµ³нэ туруук хайалара” паарка сиригэр-уотугар кэлин туох эрэ ки´и µ³йбэтэх-ахтыбатах, туох да маннаа±ы бэйэбит эрэ уратыбытын учуоттаабат бырайыактарын олоххо киллэрэн бардыннар?

 

5. Холобур, паарка сиригэр-уотугар баар учаастактардаах дьонтон “федеральнай бас билиигэ барарынан” диэн ааттаан сирдэрин ылбыттар. Оттон манна 43 сир учаастактаах дьон баара. Манна тµ² былыргыттан ³бµгэлэрэ олорбут т³рµт олохтоох омуктар общиналара бултаан, балыктаан, т³рµт дьарыгынан айахтарын ииттэн олорбуттара. Бу дьону кытта туох кэпсэтии барбытай?

Буотама эбэ²килэрин общинатын салайааччыта Петр Софронов “Манна Тиит Арыыга ³бµгэбит сирэ баара, арендалаан сылдьыбытым. Ону 2015 с. “сиргит паарка±а барда» диэн былдьаан ылбыттара уонна бэйэлэрэ арендалаабыттара (!). Ону та´ынан µс чаа´ынай бас билиигэ баар

сирдээхпин. Саатар ону хаалларбыт ки´и диибин. Паарка тэриллэн, кэлээччини-барааччыны тохтотуо диэн µ³рбµппµт да±аны, ханна баарый? Сирэ суох хаалаары гынныбыт диэн куттанабын”, -- диэбит (“Кыым”, 13.04.2017).

6. РФ Айыл±а харыстабылын миниистирин солбуйааччы Р. Гизатуллин би´иги министиэристибэбитигэр суругар паарканы федеральнай та´ым²а к³´³рµµгэ “оройуон та´ымыгар уопсастыбаннай истиилэри ыытарга” диэбит. Оттон бу ³р³спµµбµлµкэ бас билиитэ, эрэгийиэннээ±и суолталаах эбийиэк этэ дии! “Хайдах ол дьыл±атын µс да буоллун, улуус эрэ та´ымнаах уопсастыннай истиилэр бы´аарыахтаахтарый?” диэн сиэрдээх ыйытык µ³скµµр.

7. Аны, быйыл Ха²аласка буолбут уопсастыбаннай сэбиэт киэ² мунньа±ар ол “уопсастыбаннай истиилэр” ту´унан паарка µлэ´иттэриттэн атын ким да истибэтэ±э биллэн та±ыста. Улуус уопсастыбанна´а, дьокутааттара, нэ´илиэктэр ба´ылыктара бу баар-суох киэн туттуубут, бас билиибит федералларга баран эрэр боппуруо´ун ту´унан онно кэлэн са²а истэн со´уйбуттара, “улуус уопсастыбанна´а мустан, дьµµллэ´эн, бы´ааран биэрэргэ с³бµлэспит эбит” диэни ³мµрэ истибиттэрэ.

“Оннук истии буоларын ту´унан ха´ыакка биллэрии тахсыбыта” диэн тустаахтар бы´аара сатаабыттара эрээри, ол кып-кыра лоскуй биллэриини ким эмэ булан аахта эрэ, суох! Паарка µлэ´иттэрэ, ба±ар, “министиэристибэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллилэр да ол “уопсастыбаннай истиилэр” дэнэр” диэбиттэрэ буолуо. Нэ´илиэнньэ киэ² ара²атын, дьокутааттары, уопсастыбанна´ы, улуус киэн туттар ытык кырдьа±астарын, общиналар салайааччыларын ы²ыран дьо´уннаахтык дьµµллэ´эри, ким уонна туох мэ´эйдээтэ? То±о уоран-кистээн “дьµµллэ´ии” ыытылынна?!

Билигин кэлэн ол “буолан ааспыт уопсастыбаннай истиилэр” (ону да±аны “ыйытык пуорматынан” ыытыллыбыттар!) ту´унан Москуба±а, тустаах докумуон о²о´уутугар бэлэмнэммит кумаа±ынан эрэ билэбит. Оттон, холобур, Ха²алас, эбэтэр, £лµ³хµмэ да буоллун, олохтоохторо, родовой общиналар, тустаах нэ´илиэктэр олохтоохторо ол ту´унан тугу да билбэккэ хаалбыттар.

Аны, “Материалы комплексного экологического обследования, а также материалы оценки воздействия на окружающую среду (ОВОС) и техническое задание на ОВОС участков территории” диэн ааттаах докумуо²²а, холобур, Ха²алас улуу´уттан тµ³рт ки´и, уопсайа µс улуустан уонна Дьокуускай куораттан 16 эрэ ки´и илии баттаа´ына киирэ сылдьар. Барыта “поддерживаю создание Национального парка Ленские столбы” диэн. Бу кимнээх буоаллара ³йд³н³р ини...

Холобур, Дьокуускайга ыытыллыбыт “ыйытык докумуонугар” айыл±а харыстабылын министиэристибэтин µлэ´итэ бэйэтэ кыттан, илии баттаабыт. Бу маннык буоллун-хааллын диэн, кыра о±ону албыннаабыт курдук к³рµнньµк докумуоннары о²орон £лµ³нэ турууктарын батара сатыы олоробут дуо?!

Бу маннык суолталаах боппуруоска уопсастыбаннай истиилэр итинник уора-к³ст³ ыытыллыа суохтаахтар. Уопсайынан, бу “уопсастыбаннай истиилэр” хайдах ыытыллыбыттарын ырытан к³р³н баран, суутунан ирдэ´эн т³´³ с³бµн-с³т³г³йµн бы´аартарыахха баар этэ.

Билигин “паарканы биэрэ сатааччылар” “Ха²алас улуу´ун олохтоохторо бука бары паарканы федеральнай та´ымныырга с³бµлэ´эллэр” диэн итэ±этэ сатыыллар. Илии баттаа´ына хомуйалларын ту´унан кэпсииллэр. Оттон бу соторутаа±ыта уопсастыбанньыктар тахсан, нэ´илиэктэринэн сылдьан дьону к³рµстµлэр. Онтон к³рд³хх³, Ха²алас улуу´ун олохтоохторо бары £лµ³нэ турууктарын федералларга биэрэри ³йµµр буолбатахтар. Т³тт³рµтэ курдук... Ол аата, тугуй? Бу олохтоохтор интэриэстэрин туран биэриигэ тэ²нэспэт дуо?

Нина ГЕРАСИМОВА

(“Кыым”, № 30, атырдьах ыйын 3 кµнэ, 2017 с.)

Бол±ойу²! Биллэрии!

Атырдьах ыйын 7 кµнµгэр, бэнидиэнньиккэ киэ´э 17.00 чаастан "Холбос" бырабылыанньатын дьиэтин (Крупская уул., 19) .... IV этээ´игэр аактабай саала±а £лµ³нэ туруук хайаларын Саха £р³спµµбµлµкэтин дьа´айыытыгар хаалларары туруорсар уопсатыбаннас мунньа±а буолар. Мунньахха уопсастыбаннай тµмсµµлэр, Ха²алас улуу´ун нэ´илиэктэрин уонна родовой общиналарын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылыахтара.

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1033 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 23
Ыалдьыттар (гостей): 23
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024