Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Атырдьах ыйа » 8 » «Мир» рудник саахалыгар сүппүт аҕыс киһиттэн иккитэ саха уола…
«Мир» рудник саахалыгар сүппүт аҕыс киһиттэн иккитэ саха уола…
13:00
«Мир» рудник саахалыгар сүппүт аҕыс киһиттэн иккитэ саха уола…

Сегодня 3 часа назад 0 «Мир» рудник саахалыгар сүппүт аҕыс киһиттэн иккитэ саха уола… Атырдьах ыйын 4 күнүгэр, «Мир» рудник шахтатыгар улахан алдьархай таҕыста. Билигин даҕаны аҕыс киһини була, быыһыы иликтэр. Көрдүүр дьоннор испииһэктэригэр икки саха уола баар диэн мииринэйдэр кэпсииллэр. «Мир » рудник саахаллыыр туруктааҕын туһунан сурах-садьык тарҕаммыта ыраатта эрээри, тустаах салайаачылар барыс сырсыытыгар дьону дьон диэбэккэ былаҕайга умса анньа турбуттара бэркиһэтэр. Бу иннинэ эмиэ биир саха уола шахта сууллубутугар сиһин тоһутан комаҕа сытан баран нэһиилэ тыын ылла. Станислав Алексеев, Мииринэйгэ үлэлиир коллегабыт матырыйаалын кытары билиһиннэрэбит.

«Дьокутааттарбыт да, кулубабыт да бары сүтэн хаалбыттар, — диэн кини сөҕөр. — Билигин даҕаны минерализованнай сүлүүннээх сир аннынааҕы ууну (бадарааны) носуостар кыайан хачайдаабакка иккистээн шахта туолар куттала баар. Билигин шахтаҕа 80 горнай спасатель үлэлии сылдьар, кими да шахтаҕа чугаһаппаттар». Үрдүттэн билэ-көрө сылдьар киһи бэҕэһээҥҥи ыстатыйатын ааҕыаҕыҥ: «От ыйын 29, онтон атырдьах ыйын 4 күннэригэр утуу-субуу буолбут ыарахан түбэлтэлэр Мииринэйи эрэ буолбакка, бүтүн Саха сирин аймаатылар.

От ыйын 29 күнүгэр Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтин «МИР» руднигар эдэр шахтёр, саха уола Н.Алексеев забой үрдэ сууллубутугар сиһин тоһутан, Дьокуускай 2-с №-дээх балыыhатыгар реанимацияҕа киирэн, хас да күн куомаҕа сытта. Иккис – бу диэки хаhан да буолбатах улахан саахал – атырдьах ыйын 4 күнүгэр биэс чааска буолла. Шахта -210, -310, -327, -410 кирбиилэригэр ороhуоллаах уу иннигэр сытары барытын үлтү күрдьэн, алдьархай ааҥнаата, иэдээн иэнигийдэ. Симиэнэлэригэр үлэлии сылдьыбыт дьон уу тоҕо көтөн киирбитигэр шахта иhигэр хаайтарбыттара. 151 киhи буордаах ууга бопторон, чачайар кутталламмыттара.

ЫБММ (МЧС) уонна Мииринэй шахтаны быыhааччылара (ВГСЧ) үлэлэһэн, 142 киhи «На гора» таhаарыллыбыта. 9 киhини булбатахтара. Хаалбыт дьону быыhаары, атырдьах ыйын 6 күнүгэр Оразбек Суванов салайааччылаах уопуттаах хайа альпинистара «МИР» туох баар штольняларын, бэнтилээссийэ шахталарын, квершлагтарын, холлорооннорун тургутарга холоннулар. Холонон да диэхтээн, барыта буордаах уу… Аны, хаайтарбыт дьону кытары сибээс мөлтөҕө, уот быста-быста кэлэрэ быыһыыр үлэни атахтаата. Умнастан, клеттэн тэйиччи сылдьыбыт 9 киhини кытары хара бастакыттан сибээс мэлийбитэ. Оттон сир анныгар шахтёру барытын көмпүүтэринэн кэтиир аныгы сыыппара «ноу-хау» баарга дылы этэ дии! Онон 142 шахтёру бэрт эрэйинэн быыhаатылар диир оруннаах.

Мииринэй балыыhата (МЦРБ) В.Горохов салайааччылаах суhал биригээдэни тута ыытан, эмсэҕэлээбит дьону ылла. Атырдьах ыйын 5 күнүгэр саамай аллараа сытар -410 с кирбииттэн кыл мүччү сибээскэ тахсан, 36 саастаах шахтёр Алишер Мерзаев быыhаммыта. А.Мерзаев МЦРБ реанимациятыгар хас да күн сытта. Атын 8 киhи хара бастакыттан сибээстэн уонна монитор хараһын далыттан сүппүттэрэ диэн хатылыыбын. Саахал содулугар Мииринэй ХБК дириэктэрэ Михаил Лопатинскай дуоhунаhыттан босхолонно. Соннук дьаhалы «МИР» рудник начаалынньыга А.Букслер күүтэр буолуохтаах. qw3 «МИР» карьер уу кимэр тугэҕэр ВГ бириискэ инженерэ Ю.Процколыын Санатан эттэххэ, 2015 сыл атырдьах ыйыгар Мииринэй ХБК дириэктэрэ Михаил Иванович Лопатинскайдыын шахта кирбиилэрин, штректэри, забойу күүhүрдэр, цеолиты сакылаакка утумугар таба туhанар туһунан сэhэргэhэргэ холоммутум баара… qwe4 «МИР» карьертан ууну турбанан уөhэ хачайдыыр эниэ «Сунтаарцеолит» тэрийээччитэ Михаил Афанасьевич Акимовтыын кэмбинээт офиhыгар киирэммит, МХБК дириэктэрин кытары атах тэпсэн олорон кэпсэтээри кэлбиппит, биллибэт биричиинэнэн, кэпсэтэртэн кыккыраччы батыммыта.

Эмиэ М.И. Лопатинскай курдук, 2007 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр урукку дириэктэр Дмитрий Мостовов миигин, хаhыакка анаан ыйытыктаах киирбит суруналыыhы, туох да биричиинэтэ суох куруубайдаан, холдьоҕон турардаах. Туохтан сылтаан миэхэ уордайбытын баччааҥҥа диэри билбэппин. Олус бэрдэ суох үлэтин иhин буолаахтыа, 2012 сылга Д.Мостовову бэйэтин муустаах ураҕаhынан кыйдаабыттара.

Бу салайааччылар Арассыыйа сокуонун иннигэр «МИР» шахтата хайдах «сайдан, үүнэн, улаатан» испитин булгуччу отчуоттуохтаахтар! «МИР» рудник шахтатыгар маннык ыар быhылаан тахсыбытыгар Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтин бүтүннүү, МСШСТ (Шахтаны тутар трест), «Якутнипроалмаз» билим институтун дуоhунастаах «испиэстэрин», Мииринэй сабыллыбыт рудоуправлениетын инженердэрин, салайааччыларын — барыларын сокуон иннигэр кытаанахтык эппиэттэтиэххэ наада этэ.

* * * * * * Шахта «уорун-кылынын», кутталын туhунан куруук суруйа сатыыбын. Манна, Мииринэйгэ, оҥорон таһаарыы отчуоттарыгар сигэннэххэ, “барыта кэминэн”, «чуолкай» диэн. Дьыалатыгар – хобдох. 2017 сыл кулун тутарын ортотугар буолбут МХБК хаhаайыстыбаннай актыыбыгар, «МИР» шахтатын гидрологическай боппуруоhа («Ороhуоллаах уу шахтаҕа өтөн киириитэ») «дьэ сатаныах»(!) буолан эрэрэ бэлиэтэммитэ. Сүрүн водоотлив («Уу кимиитин бохсор тэриэбэ») дьэ оннун булла диэбиттии. Хантан?! Сымыйалаабыттар! «МИР» уруудалаах туруупката тайаан сытар сиригэр барытыгар сир аннын уулара дьайбыттарын курдук дьайаллар. Ороhуоллаах ууну бэрт эрэйинэн боhойоллор. Сир аннынаа±ы уу («метегеро-ичерский водоносный горизонт») дохсуна, куттала намыраабат. «МИР» карьер уута уруккуттан да ончу кыайтарбат. Ону шахтёрдарга, эдэр инженердэргэ санатар да наадата суох.

«МИР» 2001 сыллаахха сабыллыбыт карьера уонна аныгы шахта быстыспат сибээстээхтэр. Карьертан уу күрүлгэн курдук дохсуннук, күүгэннирэ-күүгэннирэ тахсар. «МИР» карьер урут да, хойут да уунан туолан, онно үлэлии сылдьар дьону бэрт түргэнник куоттартыыра. 19 сыл аннараа өттµгэр (1998 сыл) «МИР» карьерга уу болуоктары, тиэхиньикэлэри үрэйтэлээн, улахан ыксал буолбуттаах. Уу экскаваторы, бурстаногы тимирдибитэ. Оччолорго МХБК дириэктэрэ Валерий Леоненко этэ. Тойон Леоненко, кылаабынай инженер Даркович мантан туох дьоhуннаах миэрэлэри ылбыттарын отой билбэппин. «МИР» карьер түгэҕиттэн чааска 1.200 кууп ууну бидилитэр сероводородтаах сүүрүгү араастаан бары тохтото сатаабыттара. Уонча сыл тухары аата-ахса суох буор, көөбүл, кумах тиэйэн кутаттаан, самыы сатаабыттара.

«Биилтирдиир экран» диэн хас да хос дьапталаммыт томтору куппуттара. Онтуларыгар хаста да сылдьан турабын. Былыргы дьон “уу курдук сүдү күүстээх аан дойдуга суох” дииллэрин саныыбын… Сир аннынааҕы уу бу – улахан Эбэ Хотун курдук («Метегеро-ичерский горизонт»). Шахта ньыматынан хостооhун туhунан «Мирнинский рабочий» хаhыакка үлэлии сылдьан «Якутнипроалмаз» билим институтун учуонайдарыттан, инженердэриттэн – Н.Крамсковтан, Ю.Поправкаттан, МСШСТ начаалынньыга В.Мозжеринтан, МСШСУ начаалынньыга К.Плохантан, МХБК сүрүннүүр инженерэ А.Кисиличинтан, хампаанньа сир аннынааҕы үлэлэригэр начаалынньык А.Филатовтан истэн-билэн, сурунан турабын. Дьыала санаа хоту барбатах. «МИР» туруупка «минераллаах» уута дьон эрэйин начаас суох гыммытын билигин ким билинэр? Шахтаны тутааччылар, МХБК оробуочайдара, утуйалларын да умнан туран үлэлээбиттэрэ таах хаалбыта. Итинэн да сиэттэрэн «тампонаж» диэн ааттыыр үлэлэрэ «бэрт эриэхэбэй», иhэ истээх эбит дии санаабытым. Yтүмэн ороскуот, тэхиниичэскэй кыах булгуччу ирдэнэр.

Аны туран, айылҕа күүhүн кытары киирсии букатын туhата суох буолан тахсар эбит. Шахта куттала суох буолуутугар аныгы, инновациалаах билим ньымата ирдэнэр. Суhаллык. Ону улаханнык дьаалайбатахтар. Ол алдьархайга тириэртэ! Метегеро-ичерскай уулаах кирбиини урут учуонайдар ситэ чинчийбэтэхтэр. Сир аннынааҕы күрүлгэни хайдах уодьуганныыры тобулбатах учуонайдарга туох иhин µрдµк хамнас, бириэмийэ, буонус биэрэ олорбуттарын олус бэркиhиибин. Дуоннаах ситиhиллибэтэх! Ыллыбыт да алмаас баhан ылыахпыт диэбиттэрэ атын күтүр буолан хаалбыт. Уу тохтоло суох кимиитэ туох баар үлэни атахтыырыттан, ама, туох эмэ түмүгү оҕостубатахтара буолуо дуо?! Сир аннынааҕы эбийиэктэргэ суоhуур уу кимиитигэр барыл толоруллубатах. Ууну уодьуганныыр тэриэбэ («Главный водоотлив») хас эмэ сыл устата алдьана-кээһэнэ үлэлээтэ. 2016-2017 сс. да аат эрэ харата сылдьыбыт эбит. Ньиэмэс омук аатырбыт носуостара модун уу кимиитигэр кыамматтар. qw2 2 Быйыл биир ньиэмэс носуоhун РССУга уларыттылар. Ороhуоллаах уу тимири таах «даамын ылар» эбит.

Быыстала суох бидилийэр күрүлгэннэри боhойорго аналлаах биэс носуос баар. Хас биирдии тэриэбэ чааска 179 кууп уу кимиитин тохтотор. Ити тэриэбэлэр биир чааска 1.200 кууп уу халыйыытын боhойууга, нуорма уонна тиэхиньикэ ирдэбилинэн таах барсаллар диэн буолбута. Аны, урут хаhыллыбыт скважиналар ууну халыппат гыналларыгар µлэлии сатаатылар. Эмиэ халтайга, кµдээринэ. Быйыл сайын эбии биир скважина, носуос туруоруллуо диэбиттэрэ эмиэ таах сибиэ эбит. Аны, шахта ойо хаhыыларын («Выработки забоя») тутатына сиэмэнтэнэн кытаатыннарбатахха, сир анныгар сууллуу, алдьархай тахсара саарбахтаммат. Уу кимиитэ бастаан утаа 2011, 2012 сс. буолуталаабыта. 2012 сыл «МИР» рудник үлэтэ кэлин хайдах буолуон «бэриэтчиттээбит» эбит. Оччолорго начаалынньик А.Еременко этэ. «МИР» үлэтин салгыы Ростехнадзор кытаанахтык чинчийэрин сокуон ирдиирэ. 2012 сыллаахха ороhуоллаах уу дьайыыта лаппа улааппытын быhааран, yлэhиттэри шахта үрдүгэр таhаарбыттара. Руднигы сабар турукка тиийбиттэрэ. 2017 сыл ортото буолла.

Yлэ бара турбута… «МИР» үлэтигэр быhаччы эппиэттээх, барыны-бары тургутар – хампаанньа бырамыысыланнай куттала суох буолуутугар отдела — кытаанахтык чинчийиэхтээх этэ. Оттон «МИР» рудник уу кимиитин аахсыбакка син биир үлэлии олордо. Тохтоппотохтор. Саатар, биир ыйга… Yлэ аны аллараа сытар кирбиилэргэ киирбитэ. — 327, — 380, -410 кирбиилэр. Ууну боhойор кирбии («Дренажный горизонт») былаан чэрчитинэн үлэлии турар диэн отчуоттууллара. Бу кирбии 4 сыл анараа өттүгэр ситэн-хотон бэлэм буолбута. Оттон урут этиллибитинэн, «МИР» биир сылга 750 тыhыынча туонна урууданы тосхоторо былааннаммыта.

Уу кимиитин кутталынан сибээстээн, усулуобуйа ыараабытынан, былаан 550 тыhыынча туонна урууда таhымыгар диэри түспүттээх. Ити курдук 2016 сылтан бырайыактаах таhымнарыгар 1 мөл. туонна урууда тула үлэлии-хамсыы олорбуттара. Билигин балаhыанньа тосту уларыйда. 870 үлэhиттээх «МИР» рудник инникитин хайдах буолара биллибэт. Тосту дьаһал ирдэнэр. Билигин балаhыанньаны ирбэт тоҥ уонна сир аннын ууларын хаамыытын салааларыгар сыhыаннаах улахан учуонайдар кыттыhыылара уонна, бастатан туран, АЛРОСА, чуолаан «МИР» рудник сайдыытыгар туhуламмыт тосхоллоро тугу эмэ «сырдатар» кыахтаахтар дии саныыбын.

Станислав АЛЕКСЕЕВ, Мииринэй к. (yakutia24.ru).

Источник: Aartyk.ru
Category: АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. | Views: 1447 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 110
Ыалдьыттар (гостей): 110
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024