News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2017 » Атырдьах ыйа » 29 » Дьокутаат буолуу "дьоло.." "Улуу пенсионер" Дмитрий Николаевич!
Дьокутаат буолуу "дьоло.." "Улуу пенсионер" Дмитрий Николаевич!
13:16
Дьокутаат буолуу "дьоло.."
"Улуу пенсионер" Дмитрий Николаевич!
Бэҕэһээ куораттан дэриэбинэбэр көһөн кэлэн, " Эһэбин аһатан", тиэргэним иһигэр ону маны гынан тэспэҥнии сырыттахпына сабыс-саҥа Уазик утары дьиэҕэ кэлэн туормастаан кыычыгыратта... Ыала.
Былыр куоратынан, хотунан-соҕуруунан сырыыны сылдьыбыт, уол оҕо одьунааһа кэнники уларыта тутуу саҕана улаханнык тойоргуу сылдьыбыт, сааһырбыт киһи. Дмитрий Николаевич биһиги икки күн сиирэ-халты көрсүбэккэ сырыттыбыт.
Үһүс күнүгэр оҕонньорум тиэргэнин иһиттэн ыҥыран далбаатыы турар эбит. Тиийдим. Киһим уруккуттан билсэр дьон быһыытынан илиитин ууммутунан кэллэ. Ону-маны ылахтаһан син дьиэ таһынааҕыны ырытыһан күммүтүн билбэккэ хааллыбыт.
Миитэрэй: "Чэ, эрэ чэйдиэххэ, -- диэт биир москуобускайы остуолга таһааран "кылбас" гыннаран кэбистэ. Мин эрдэ кэлбит киһи быһыытынан дьиэбиттэн тахсан туустаах балык, искэх эҥин киллэрбиппэр оҕонньорум сирэйэ сырдыы түстэ.
. -Көр эрэ, дойдум аһа,--диэт аһаан кумалаабытынан бардыбыт. Тииһинэн уҥуоҕу тоһута ыстыырыттан иһиттэххэ, бэйэлээх бэйэтин тииһинэн аһаан хачыгыратар. Ол олорон дьиэтин иһин сирийэн көрбүтүм туттар тэрилэ, таҥаһа маннааҕы дэриэбинэ ыалыттан чыҥха атын Миитэрэй көһүннэ.
Дьэ ол олорон "Санаата чэпчээбиттии" Дмитрий Николаевич: " Уларыта тутуу" кэлбитин кэннэ олоҕо тупсубутун астына дуоһуйа кэпсээтэ. Итирик Миитэрэй киһиргиир: "Дьэ, бу эн миигин кытта тэҥҥэ асаһа олороруҥ,-- диэн, миигин кытта биир тэлгэһэҕэ улааппыккынан эрэ",--диэн дьайаана суох халлааны хабарҕатынан киһиргээн ньаамырҕыыр.
-- Мин хата дьолго Ил-Түмэҥҥэ депутатынан талылламмын бу эн курдук далай акаарылары албыннаан куолас хамыйан хас да болдьоххо олорон үрдүк хамнас, сөҕүмэр пенсия ылабын!
Эн саныыргынан эсер, коммунист, единорос олох тус-туспа утарыта турар депутат--партиецтар курдук. Олох да оннук буолбатах. Хомуньуустар тойонноро Губарев, эсерка Корнилова Зоя, едростар бары биһиги биир тыллаах дьоммут. Эһиги мас акаарылар хата ону чахчы итэҕэйэргит буолуо". Итэҕэйбэт буоллаххына киирэҥҥин көр.
Биһиги тус туһунан баартыйалар Ил Түмэҥҥэ, тыыс да бары биир киһи курдук куоластаабыппыт. Далай ахаарылар эһиги нолуогунан мунньан биэрбит бэйэлээх бэйэҕит харчыгытыгар... үрдүк хамнаһы, пенсияны сокуону оҥорор кыахпытынан туһанан куоластаан адаарытан сурунан ылбыппыт. Санаан көр ээ, ама итиччэ үлүгэрдээх былааска киирбит хайа дураах бэйэтин олоҕун чэпчэтиэн баҕарыа суоҕай?"
Ити сорох коммунистар кырдьык атыыламмат дьон бааллар ээ... Урут Нам уолаттара Эрнст Березкин, бокуонньук Саша Гаврильев, бүлүүттэн Сөдүөт Тумусов, Тааттаттан Оппуонньа Махсыымап эҥин",-- диэн дьонун ааттаталаан иһэн Дмитрий Николаевич хатыыс уҥуоҕун үрдүгэр мунна хаччыгынаабытынан утуйан буккураан барда.
Мин куруутун быыбарга сылдьааччыбын. Испэр балачча куһаахан буолан дьиэбэр таҕыстым. Саныыбын: "Мин пенсиям билигин 120 тыһыынча ахаары-дураах",--диэбит тото итирбит Миитэрэй куолаһа кулгаахпар өссө күүскэ дорҕооннонон иһиллэр. Сүрдээҕин абардым да, кыһыйдым да хайыам баарай?
Мин пенсиям диэхтээн 17 тыһыынча.
Сааһым тухары оҕолору үөрэппит дьокутаат ыалым этэринэн "ахаары" математик. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы оҕолору кытта сылайыахпар диэри үлтү миккиһэн тахсыбыт киһи.
Дьэ, аны олорбуппут сыччах куорат бүтүннүү хоруупсуйа буолбут, үбү аһы талбытынан сүүкүрдээн куораппыт топпут тойонун быыбара аны уонтан тахса хонугунан оруобуна ити Дмитрий Николаевич эппитин курдук албын быыбар буолуохтаах... Үнүр кэлэрбэр ыалым дьахтар: " Кими талабыт",-- диэн ыйыппыта, мин уруккута дьокутаат ыалбыттан, Дмитрий Николаевичтан кэлэйэн саҥарбатаҕым:
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 1104 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 103
Ыалдьыттар (гостей): 103
Кыттааччылар (пользователей): 0