News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2017 » Атырдьах ыйа » 31 » САХАЛАРГА ТО5О БААЙ КИҺИ СУО5УЙ?
САХАЛАРГА ТО5О БААЙ КИҺИ СУО5УЙ? | 19:06 |
САХАЛАРГА ТО5О БААЙ КИҺИ СУО5УЙ?
Бу дьалхааннаах ХХ1 үйэ5э үктэммиппит номнуо 20-чэ сыл буолан эрэр.
«Байар – куһа5ан» диэн үөрэппит сэбиэскэй былааспыт сууллубута 30-ча сыл буолла. Бу тухары сахалартан аан дойду ааттаахтарын кытта тэңңэ аахсар, баһыйталыыр, үтүмэн үбүнэн тардыалаһар киһибит тахсыбата.
Эмиэ бу кэмңэ атын омуктартан «Форбс» испииһэгэр тиийэ киирэр дьоннор үүнэн-хабыллан та5ыстылар. Дагестан. 3 млн. нэһилиэнньэлээх. 50,3 тыһ. кв.км. иэннээх. Сиртэн хостонор баайа: нефть саппааһа – 509 млн. тонна, газ саппааһа – 877 млрд. куб.м., маны таһынан минеральнай эмтиир уулардаах. Саха сирэ - 3 млн. кв.км. иэннээх. Газ саппааһа 2,3 трлн. куб. м.(!). Нефть промышленноһа хойут 1992 с. эрэ аһыллыбыта, ол эрэн аңардас үөрэтиллибит саппааһа 300 млн. т. тэңнэьэр. Биир Талакааңңа быһа холоон нефть 140 млн. т. саппааһа харалла сытар. Быһата Менделеев таблицата барыта Саха сиригэр баар диэн түөспүтүн тоңсунабыт.
Дагестантан Форбс испииһэгэр киирбит хаһытыыр харчылаах, үөгүлүүр үптээх 2 чулуу дьоно: Сулейман Керимов. «Нафта Москва» тэрилтэ бас билээччитэ. Маны таһынан араас сылларга кини илиитигэр киирэн тахсыбыттара: «Полиметалл» холдинг (көмүс уонна үрүң көмүс), «Мосттелесеть» (Москва куоракка), «ПИК» тутуу компанията, «Полюс Золото», «Уралкалий» о.д.а. Керимов 2003—2008 сс. Рублёво-Архангельское (Рублевка, «город миллионеров») бырайыагынан дьарыктаммыта, онтун «Бин-банк» президеныгар атыылаабыта. 2009 с. «Москва» гостиницаны ремоннаан Four Seasons диэн сүүнэ улахан 5 сулустаах отелы арыйбыта. Маны 2015 с. белорус бырааттыы Хотиннарга атыылаабыта.
Биһиги, боростой сахалар, Керимов 2011 с. «Анжи» футбольнай кулуубу атыылаһан ылан онно үтүмэн үбү куппутун билэбит. Холобур футбол аатырбыт сулустарын Роберто Карлоһы, Самуил Это,о-ны о.д.а атыылаһан ылан Это,о биир кэмңэ аан дойдуга саамай үрдүк хамнастаах (!) футболист буола сылдьыбыта. Дьэ, онно дагестанецтар түөстэрин киэн туттар санаа төһө эрэ киэптии тэптэ5э – дьэ бу биһиги манныкпыт диэн!
Ити диэн кыра. 2013 с. «Сулейман Керимов» диэн аһымал фонданы тэрийэр. Махачкала5а «Анжи-Арена» диэн 30 тыһ. киһи батар сабыс сана стадион тутар, о5о футбольнай академиятын арыйар. Москва5а Европа5а биир саамай улахан мечеты ремоннатар (ол аһыллыытыгар Путин кытта сылдьыбыта), сыллата тыһыынчанан мусульман «хадж» диэн Мекка5а баралларыгар уптэрин уйунар, ДЦП-нан ыалдьар о5олорго мед. Центр туттарар, РОССИЯ тустууга федерациятын Попечительскай Советын председателя, «Национальная перспектива» тустууну сайыннарыы программатын үбүлээччитэ о.д.а. 2014 с. аһымал акцияларга саамай элбэх харчыны биэрэн РОССИЯ5А 3-с миэстэ5э тахсар. Сулейман Керимов БААЙА 6-7 млрд. долларынан сыаналанар.
Дагестан норуотун иккис баайа - Зиявудин Магомедов. «Сумма» компания ген. директора. Кини илиитигэр бааллар: туорахтаах культураны үүннэрэр «Глобаэлктросервис», «ИНТЭКС» , «Стройновация», Новороссийскай порта уо.д.а. 2010 сылтан теннис федерациятын үбүлүүр сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Биир кэмнэ АТЭС форум чилиэнинэн сылдьыбыта. 2006 сылга Магомедов 628 млн. Солкуобайга «Якутгазпром» компанияны атыылаһан ылбыта. Ону кытта Талакаан үтүмэн баай саппааһа бара турбута ( Дагестан республикатын нефть саппааһын 5/1 биирэ (!)). Ону Россия ОБЭП-а силиэстийэлии сатаан баран тохтоппута (холобур ОБЭП бэрэстэбиитэлэ Ньурба улууһугар аһара «кыһаллан», хасыһан онноо5ор дьаһалта бухгалтериятын аанын алдьаппытта биллэр). Магомедов Улахан театры 2011 сыллаахха 20 млрд. (!) солкуобайга реконструкциялаабыта. Премьера кэмигэр бастакы эрээт сыаната 1-3 млн. солкуобай этэ…
Атын дагестан баайдарын этэ да барыллыбат. Ханнык эрэ Била́ловы (Россия гольф федерациятын урукку баһылыга, 2014 сылга Сочи олимпиадатын хонтуруоллуур Сэбиэт чилиэнэ, Государственнай Дума бэрэссэдээтэлэ о.д.а.). Кини быраатын Магомеды – ОАО «Красная поляна» акционерын, «Нацбизнесбанк» бас билээччилэртэн биирдэстэрин о.д.а. Ити курдук ситии сал5анарын кэриэтэ – дагестан омуга бэйэ бэйэтин өйөнсөн, сал5анан бара турар.
Татарстан .Нэһилиэнньэтэ 5 млн. киьи. Сиртэн хостонор сүрүн баайа нефть – 1 млрд. тонна саппаастаах. Нефть баайдаах татаардар сүрүн баай дьоно: Рустам Тарико, ««ROUST Inc.» аргынан эргинэр хампаанньа бэрэссэдээтэлэ ( ол иһигэр «Русский стандарт» аан дойдуга биир бастын аргы); «Сentral European Distribution Corporation» диэн аан дойдуга биир саамай бөдөң аргынан эргинэр хампаанньа 20% акциятын бас билээччитэ (!), кини баайа 2 млдр. Долларынан сыаналанар.
Рустем Сультеев.
Татарстаңңа битум оңорор саамай улахан хампаанньа бас билээччитэ. 1 млдр. Доллар баайдаах.
Рустем Терегулов.
Москва аннынаа5ы сиргэ уурбут харчытын барыыһа 50 млдр. Долларга (!) тэңнэһэр. Подмосковье5а Moscow Raceway диэн спортивнай массыыналар куоталаһар суоллара оңоһуутугар 5 млдр. солкуобайы таах ууран биэрбитэ.
Радик Шаймиев. Татарстан а5а баһылыгын Минтемир Шаймиев уола. Татарстаңңа ТАИФ, «ТАИФ-НК», «Нижнекамскнефтехим», «Казаньоргсинтез», ТГК-16 сүрүннээн сиртэн хостонор баайдарынан дьарыктанар тэрилтэлэргэ акционер, бас билээччи. Саха сирин бастакы баһылыга Николаев М.Е о5отугар итинник баайы биэрбитэ буоллар (холобур АЛРОСА-ны) төһөлөөх айдаан тахсыа эбитэ буолуой? Онтон Радик сылдьар, төрөөбүт омугар дурда-хахха буолар.
Чечня. Россия5а чечен курдук ата5астаммыт омук суох диибит. 19 үйэ5э Россия империятын кытта сэрии, Улуу а5а дойду сэриитин са5ана депортация, 1990-с сылларга биһиги харахпыт иннигэр буолбут сэрии… Ол эрээри билигин Чечня нэһилиэнньэтэ - кырата 1 500 млн. киһи. Сиртэн хостонор баайын саппааһа 700-800 млн. нефть - Саха сириттэн бэрт кыранан элбэх уонна биһиги холбутугар кып-кыра газ о5олоох. Уонна атын киэн туттар сиртэн хостонор баайа суох курдук. Ол эрэн президеннарыттан ураты өссө 2 баай киһилээ5инэн биллэр.
Руслан Байсаров.
«Тувинская Энергетическая Промышленная Корпорация» хаһаайына. Россия Уһук Илин территориятыгар тимир суолун тутар. 2014 с. ООО «Стройгазконсалтинг» хампаанньа 44 % акциятын 5 млрд. долларга атыылаһан ылбыта (!).
Чечня иккис баайа- Умар Джабраилов.
2000 сылга Россия президенын быыбарыгар кандидатынан тура сылдьыбыта. 2009-13 сылларга Россия президенын көмөлөһөөччүтэ Сергей Приходько көмөлөһөөччүтэ. «Российское исламское наследие» общественнай хамсааһын үбүлээччитэ. «Сила» ыччат хамсааһынын тэрийээччитэ.
Оттон сахаларга баайдарбыт кимнээ5ий? Ылбычча өйгө кэлбэт да5аны.
Эверстов 1 млн. мас солкуобайга уруу тэрийбитэ диэн буолара хаһан эрэ. Аан дойдуга ити муора5а хааппыла буолла5а, ону биһиги ытыспытыгар түһэрэн ылан сиилээһин, саңарыы бө5өтө, туохпутун эрэ былдьаппыт курдук буолбуппут ( ол кэмңэ З. Магомедов «Якутгазпромы» сиэбигэр уктубут дьыалата, Большой театр ремонугар тендерга анньыһа сылдьара). То5о эрэ З. Магомедовы ити курдук уоттанан-төлөннөнөн туран саңарбатахпыт ээ, билигин да саңарбаппыт.
Максимов туһунан эппэппин, кини туһунан киһи барыта билэр.
Саха сиригэр 500 тахса кыһыл көмүс үөскээбит (месторождение) сирэ баар. Онтон 400 курдуга саппааска сытар. 100-кэ хостонор. Мантан хас саха месторождение бас билээччитинэн буоларый?
А.С. Николаев баар (3-4 көмүс хостуур сирдээ5э дуу, суо5а дуу). Уонна? Буттэ…
Ол аата биһиги, сахалар, аан дойдуга оло5орбут харчы эргиэнин систематыттан туора турбут курдукпут. То5о оннук буолла? Бастатан туран ити «дьиикэй» 90-тар диир сылларбытыгар бэйэбит элитабытын – баай дьоммутун кыайан иитэн таһаарбатахпыт, өйөөбөтөхпүт. Онтон 2000-га Путин былааска кэлэн барытын хам ылан кэбиспитэ да, то5о эрэ туора дьоңңо баар суох баайбытын атыылыы турбуппут. Хата, ол атыылаан үтүмэн үптэннибит диэн буолбута. Кэскилбитин санаабатахпыт да, саатар туруорсан да көрбөтөхпүт.
Онтон саха5а да суон саалынан мохсуо бырахсар, бар дьонугар дурда-хахха буолар, атын омуктары кытта тэң кэккэ5э туран кэпсэтэр дьонноох этибит ээ. Революция иннигэр биир ынах сыаната 3-5 солк. эрдэ5инэ Саха сиригэр 1-кы гильдиялаах (ол аата 10 тыһ. эргитиилээх) 9 атыыһыт, 2-с гильдиялаах ( 1 тыһ. солк. эргитиилээх) 180 атыыһыт баара.
Олортон саамай ча5ылхайдар: Өймөкөөн баайа Николай Кривошапкин – 1-кы гильдиялаах атыыһыт, меценат, икки таңара дьиэтин, икки оскуоланы бэйэтин үбүгэр туттарбыт, 100 тыһ. (!) солк. «САХА ОМУК» общество тэриллэригэр биэрбит о.д.а.; Гаврил Никифоров – Манньыаттаах 1 млн. солк. эргитиилээх (!), хас да оскуоланы туттарбыт, С-Петербург куоракка особняктаах (дыбарыас), революция кэнниттэн Харбиңңа олорбут, эмиэ ма5аһыыннаах, түүлээ5инэн эргинэр эбит, онтон Япония5а көһөн барбыт; Степан Алексеев-Боһуут – 1-кы гилдьиялаах атыыһыт, ыраахтаа5ыттан 7 (!) мэтээллээх, меценат, онноо5ор Варшава куоракка таңара дьиэтэ тутулларыгар харчынан көмөлөспүтэ.
Итинник харчы систематыгар улгумнук киирбит ча5ылхай дьонноох этибит. Боһуут баай хас да сылы өтөрү көрбүт курдук эппит эбит: «Баай - сиргэ баар», - диэн. Ону биһиги, кини кэнэ5эскилэрэ ытыс сотуннубут, сииккэ сиэллибит. Билигин саха баай диэни бэрт судургутук, кыра таһымнаахтык өйдүүр: дьиэ, массыына, дача, үгүөрү хамнас.
Баай Барашков курдук олорор сирдэригэр сайдыыны а5алар кыахтаах-үптээх дьоммут тарбахха баттаналлар. Оннук дьоммутун бэйэбит да ордур5аан өйөөбөппүт, хоп-сип тар5атабыт. Улахан тендердары саха5а биэрбэттэр, ыкка унуох быра5ар кэриэтэ тугунан эрэ саптыахтара, онон бүтэр.
Ити дурда-хахха буолар бэйэбит баай киһибит суо5уттан, күөнүнэн то5о көтөн, инниннэн силийэн харчы эргитиитигэр сыһыаннаах, айыл5аттан баардаах ыччаппытын (оннук элбэх дьинэ) таһаарар киһи суо5уттан. Онноо5ор 200 тыһ. ахсааңңа тиийбэт калмык омукка миллионердаах – Кирсан Илюмжинов, ФИДЕ президена, өссө ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр чилиэн эрдэ5инэ 1 млн. долларга Г. Каспаров аан дойду чемпионун коронатын атыылаһан ылбыта биллэр. Ити үөһээ ааттаммыт дагестан, чечня баайдара бары РФ былааһын таһымыгар, Кремльга чугас сылдьар дьон. Биһиэхэ оннук киһи баар дуо? Суох.
Онон билигин саха5а хартыына уустук. Өрө тахсар, халың баайга тиксэр каналларбыт барыта сабыллан тураллар. Саатар ону күннээ5и «бытовой» да таһымңа, салалта да таһымыгар урут да, быйыл да өйөөбөтүбүт. Ити былыргылыы «баай – куһа5ан», «көмүс – харах уута» диэбит курдук өйдөбүллэрбит биһигини көннөрү хамнаска олорор, муңутаабыта 10-50 млн. солк. тиийэр урбааннаах, Россия таһымыгар сэнэбилгэ сылдьар омукка тиэртэ. Глобальнай сыһыаннаһыыга баайа суох омугу – мөлтөх омук диэн көрөллөрө баар суол.
Кэнчээри ыччаппытыгар эрэ эрэнэрбит хаалла, ону да үчүгэйдик ииттэхпитинэ. Ба5ар кинилэртэн Саха5а да сүрдээх дьоннор бааллар эбит дэтэр иккис Манньыаттаахтар, Боһууттар, Терешкиннар тахсыахтара. Оннукка эрэниэ5иң уонна оннук дьоннорбутун өйүө5үң, саатар сайдыыларын туорайдаһымыа5ың.
Аман.
05.02.16
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 1387 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 110 Ыалдьыттар (гостей): 110 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|