Дорогие якутяне! Жители Хангаласского улуса!
Письмо-обращение
Мы, жители наслега Тумул Хангаласского улуса, который находится у священной горы Лабыдьа, а также те, кто родом из этих мест, выражаем своё непоколебимое мнение о необходимости (целесообразности) оставить Природный парк "Ленские столбы" в ведении республики, не передавая его под видом придания национального статуса в федеральное управление. На чем основывается наше мнение?
-- Говорят, что в случае, если парк станет национальным, повысится его статус. На деле, парк переходит в федеральное управление и республика не будет иметь решающих полномочий. А это значит, что все вопросы, касающиеся интересов местного населения, будут решаться органами власти РФ. Будут ли при этом учитываться особенности Якутии, интересы его жителей? Последние события, к примеру, авария в АЛРОСА и другие нарушения в экологии со стороны недропользователей показывают, к чему все это может привести.
-- Утверждается, что лишь в статусе Национального парка "Ленские столбы" выйдут на мировой уровень, усилятся научные направления, защита исторических, культурных, природных объектов, будет развиваться туризм. На самом деле, всего этого можно добиться и без придания статуса национальный, организовав должным образом работу и усилив финансирование.
-- Говорят, что увеличится количество рабочих мест, будет увеличено финансирование. Однако, руководство Национального парка будет назначаться приказом Министерства охраны природы РФ. Кто гарантирует, что в руководство не назначат "своего человека " и мы не получим в итоге второй "Парк Сочи "?
-- Местных жителей пугают пожарами, что не можем тушить их своими силами. На самом деле, Якутия из-за недостатка выделенных федеральных средств вынуждена тушить лесные пожары в кредит. Из бюджета республики израсходовано 174 млн. рублей. Пожары на Ленских столбах нынче тушили своими силами. При существующих тарифах на тушение пожаров (на Республику
Саха предусмотрено 3 рубля, на ДВФО – 9 руб, на Российскую федерацию в среднем – 25 руб) оснований надеяться на федеральные силы и средства нет.
-- Нахождение без разрешения и оплаты согласно "Концепции развития системы ООПТ федерального значения на период до 2020 года" будет пресекаться административными штрафами, вплоть до уголовной ответственности. В итоге мы опасаемся, что вся наша жизнь может превратиться в нескончаемые административные дела, судебные тяжбы и т.д.
-- Сейчас парк стал известен на весь мир, стал нашей визитной карточкой. Но вопросы дальнейшего его развития, его проблемы до сих пор не обсуждались на высоком уровне. Почему, не поднимая и не обсуждая эти проблемы сами, мы уверены в том, что только став национальным (федеральным) , парк будет развиваться?
-- На всю республику говорят и пишут, что "общественные обсуждения были проведены и весь Хангаласский улус согласен», «работа эта проводится с 2011 года". Но о том, что парк станет федеральным, мы впервые услышали только в этом году. Почему согласие 4-х хангалассцев, которые поставили свои подписи в так называемых «опросах» выдают за мнение жителей всего улуса?
Дорогие наши земляки!
Мы призываем оставить наши "Ленские столбы" в ведении республики. Это наш единственный бренд, Священные горы -- мы верим, что вы поддержите наш призыв!
Степан Иннокентьевич Емельянов – заслуженный артист РС(Я), почетный житель села Тумул;
Тимофей Иванович Христофоров – отличник геодезии и картографии СССР, почетный житель села Тумул;
Надежда Анисимовна Христофорова – отличник связи РС(Я);
Тимофей Николаевич Соловьев – профессор СВФУ, почетный житель Хангаласскогго улуса;
Сэсэг Бадмажаповна Соловьева;
Мария Дмитриевна Семенова – почетный житель села Тумул;
Иван Софронович Емельянов –почетный строитель РС(Я), отличник культуры РС(Я), почетный житель Хангаласского и Намского улусов;
Михаил Михайлович Степанов – ветеран труда сельского хозяйства, механизатор;
Николай Иванович Громов – старейшина села Тумул;
Полина Пантелеймоновна Гаврильева – депутат наслежного Совета села Тумул;
Анна Егоровна Николаева – отличник культуры;
Антонина Егоровна Колодезникова – “Лучший учитель РС(Я)”, учитель учителей;
Василиса Васильевна Николаева – доктор педагогических наук, почетный работник среднего образования РФ, отличник образования РС(Я);
Зоя Ивановна Христофорова – советник Гражданской службы РФ, отличник Охранф природы РС(Я);
Любовь Дмитриевна Варламова – отличник здравоохранения РС(Я);
Ульяна Егоровна Герасимова ;
Лев Семенович Гаврильев;
Николай Иванович Максимов;
Марианна Ивановна Максимовна;
Анна Егоровна Николаева;
Ньургустана Владиславовна Емельянова;
Полина Петровна Соболева-Строева;
Георгий Иванович Емельянов;
Евдокия Иннокентьевна Кирова.
5 сентября 2017
!
Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ, Хаҥалас улууһун олохтоохторо
Ыҥырыы сурук
Биһиги, улуу өрүспүт £лүөнэ туруук хайаларын, Ытык Лабыдьа туруук хайаларын өҥөйөн олорор Хаҥалас улууһун Тумул нэһилиэгин олохтоохторо уонна онтон төрүттээхтэр “£лүөнэ туруук хайалара” Айылҕа пааркатын “Национальнай ыстаатыстаан” диэн ааттаан, федеральнай дьаһалтаҕа биэрэллэрин булгуччу утаран Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэйэтин бас билиитигэр хааларын туруорсаммыт, халбарыйбат кытаанах санаабытын тиэрдэбит. Ол туохха олоҕурарый?
– “Паарка Национальнай буоллаҕына, ыстаатыһа үрдүө” дииллэр. Ол аата, паарка федеральнай судаарыстыбаннай салайыыга киирэр, өрөспүүбүлүкэ туох да быһаарар оруолламмат буолар. Оччотугар олохтоох дьон интэриэһин таарыйар боппуруоһу барытын РФ былаастаах уорганнарын нөҥүө быһаартарарга тиийэбит. Кинилэр биһиги уратыбытын учуоттуохтара дуо?
Кэнники буола турар чахчылар – АЛРОСА саахала, атын айылҕа баайын хостооччулар айбардааһыннара, о.д.а. – ол туохха тиэрдэрин көрдөрөллөр.
– “Национальнай паарка буоллаҕына эрэ “£лүөнэ туруук хайалара” сайдыа, аан дойду таһымыгар тахсыа, наука хайысхатыгар, история-култуура эбийиэктэрин, айылҕаны харыстааһыҥҥа үлэ күүһүрүө, туризм сайдар кыахтаныа”, – дииллэр. Дьиҥэр, бу барыта эрэгийиэннээҕи Айылҕа пааркатын устаабыгар, балаһыанньатыгар, боломуочуйатыгар эмиэ сурулла сылдьар. Онон “Национальнай” диэн ыстаатыһа да суох, күүскэ үлэлээн, үбүлээһинин улаатыннарары туруорсан итини барытын ситиһиэххэ сөп.
– “Федеральнай бас билии буолан, үп тардыллан элбэх үлэ миэстэтэ тахсыа, паарка федеральнай үбү ылан тупсуо” диир аҥаардас баҕа санаа, былаан эрэ. Бу уустук экэнэмиичэскэй кэмҥэ (ол өссө төһө уһуо биллибэт), Арассыыйа бүддьүөтэ сарбылла турар кэмигэр ол кыаллыбат дьыала буолара өйдөнөр.
Аны, Национальнай паарка салалтатын РФ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин быһаарыытынан аныыллар. Иккис “Сочи паарката” буолуо суоҕа, “бэйэ” киһитин олордуохтара суоҕа диэн ким мэктиэлиир?
– Олохтоохтору баһаарынан куттууллар, бэйэбит күүспүтүнэн кыайан умуруорбаппыт дииллэр. Баһаары умуоруорууга Уһук Илин эрэгийиэннэригэр 1 гектарга – 9 солк., Арассыыйаҕа ортотунан – 25 солк., Саха сиригэр – 3 солк. диэн суоттууллар. Оттон биһигиттэн 120 төгүл кыра иэннээх, 2 мөл. гектардаах ойуурдаах Москуба уобалаһыгар баһаарга диэн 660 мөл. солк. биэрэллэр. Биһиэхэ 254 мөл. гектар ойуурга баара-суоҕа 35,6 мөл. солк. эрэ көрбүттэр. Быйыл Саха сиригэр 200-тэн тахса ойуур баһаара буолбутугар федеральнай үп тиийбэккэ, 340 мөл. солк. кирэдьиит иэскэ киирдибит, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 174 мөл. солк. ороскуоттанна. Паарка сиригэр буолбут баһаардары өрөспүүбүлүкэ бэйэтин
кыаҕынан умулларда. Онон “федераллар баһаары умуорууга көмөлөһүөхтэрэ” диир олоҕо суох.
– Бултуур-балыктыыр, сир астыыр уонна да атын өбүгэ саҕаттан илдьэ сылдьар дьарыкпыт салалта быһаарыытынан эрэ көҥүллэниэ.Эбиитин, көҥүлэ, төлөбүрэ суох сылдьыбыттарга, паарка балаһыанньатын кэспиттэргэ административнай ыстараабы күүһүрдэр, эбиитин холуобунай дьайыыны тэрийэр бэрээдэги киллэрэр туһунан “Концепция развития системы ООПТ Федерального значения на период до 2020 г.” диэн докумуоҥҥа этиллэр. Олохтоохтор ыстараап төлүүртэн, холуобунай дьыалаҕа эриллэртэн атыны билбэт буолуохпут диэн дьиксинэбит.
– Билигин Паарка аан дойдуга аатырда. Ол эрээри, Паарка сайдар, үлэтин-хамнаһын торумнуур боппуруоһу биһиги салалтабыт биирдэ эмэ улахан таһымҥа кэпсэттэ, дьүүллэстэ дуо? Тоҕо ону ылсыбакка, оннук боппуруоһу туруорбакка да олорон, биһиги паарканы “федеральнай салайыыга эрэ киирдэҕинэ сайдыа” дии олоробут?
– “Уопсастыбаннай дьүүллэһии барбыта, хаҥаластар бары паарка Национальнай ыстаатыстанарыгар, федеральнай бас билиигэ барарыгар сөбүлэһэллэр”, “үлэни 2011сыллаахтан ыыппыппыт” дииллэрин олохтоохтор саҥа истэбит. Тоҕо Хаҥалас түөрт киһитин сөбүлэҥэ бүтүн улуус дьонун санаата буолла?
Тоҕо Сахабыт сирин “бренд” диэн аатырар, киэн туттар Ытык сирбитин бэйэбит бас билбэккэ, харыстаабакка федеральнай бас билиигэ биэрэн салгыы кэмиэрчэскэй хабааҥҥа тириэрдэн, ытыс соттор турукка киллэрэргэ сананабытый? Ону тоҕо өйдөөбөппүтүй? Айылҕа маанылаах бэлэҕин бэйэбит көрөр-харайар кыахпыт суох үһү дуо? Харах баайыытын арыйан, кырдьыгынан кэпсэтиэххэ.
Күндү биир дойдулаахтарбыт!
“£лүөнэ туруук хайаларын” Саха сирин бэйэтин бас билиитигэр хаалларар туһугар турунуоҕуҥ!
Ыҥырыыбытын өйдүөхтэрэ уонна өйүөхтэрэ диэн эрэнэбит!
Илии баттааһыннар:
Степан Иннокентьевич Емельянов – С£ үтүөлээх артыыһа, Тумул нэһилиэгин ытык олохтооҕо;
Тимофей Иванович Христофоров – ССРС геодезияҕа уонна картографияҕа туйгуна, Тумул нэһилиэгин ытык олохтооҕо;
Надежда Анисимовна Христофорова – С£ сибээһин туйгуна;
Тимофей Николаевич Соловьев – ХИФУ профессора, Хаҥалас улууһун ытык олохтооҕо;
Сэсэг Бадмажаповна Соловьева;
Мария Дмитриевна Семенова – Тумул нэһилиэгин ытык олохтооҕо;
Иван Софронович Емельянов – “¥түө дьыала XXI үйэҕэ” үлэ төрүттээччитэ, С£ бочуоттаах тутааччыта, С£ култууратын туйгуна, Нам уонна Хаҥалас улуустарын ытык олохтооҕо;
Михаил Михайлович Степанов – тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ, кырдьаҕас мэхэньисээтэр, үлэ бэтэрээнэ;
Николай Иванович Громов – Тумул нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа,
Полина Пантелеймоновна Гаврильева – нэһилиэк сэбиэтин дьокутаата;
Анна Егоровна Николаева – С£ култууратын туйгуна;
Антонина Егоровна Колодезникова – “С£ бастыҥ учуутала” бэлиэлээх, Учууталлар учууталлара;
Василиса Васильевна Николаева – педагогика билимин дуоктара, РФ уопсай үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, С£ үөрэҕириитин туйгуна;
Зоя Ивановна Христофорова – РФ гражданскай сулууспатын I сүбэһитэ, С£ Айылҕа харыстабылын туйгуна;
Любовь Дмитриевна Варламова – С£ доруобуйа харыстыбылын туйгуна;
Ульяна Егоровна Герасимова – биэнсийэлээх;
Лев Семенович Гаврильев;
Николай Иванович Максимов;
Марианна Ивановна Максимовна;
Анна Егоровна Николаева;
Ньургустана Владиславовна Емельянова;
Полина Петровна Соболева-Строева;
Георгий Иванович Емельянов;
Евдокия Иннокентьевна Кирова.
2017 с. балаҕан ыйын 5 күнэ.
|