News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2017 » Балаҕан ыйа » 7 » НЬУРБА ТУҺУНАН ТОЛКУЙДАР Ньурбалар тоҕо ураты дьонуй?
НЬУРБА ТУҺУНАН ТОЛКУЙДАР Ньурбалар тоҕо ураты дьонуй? | 15:15 |
НЬУРБА ТУҺУНАН ТОЛКУЙДАР
Ньурбалар тоҕо ураты дьонуй?
Үйэм тухары алтыспыт дьонум ортотугар ньурбалар, сыныйан аахтахпына, олус элбэх эбиттэр.
Дипломнай үлэм научнай салайааччыта Ньурбаттан төрүттээх профессор Ф.Г.Сафронов этэ, дьиэтигэр элбэхтик сылдьан, кинигэ бөҕөтүн уларсарым.
Кэлин уонунан ньурбалары кытары бодоруспутум.
Ньурбалар ураты дьон буолалларын уруккуттан бэлиэтии көрөр уонна ол тоҕо оннугун араастаан толкуйдуур этим.
Билигин, сааһыран, элбэҕи ааҕан-билэн, сири-дойдуну кэрийэн баран санаатахпына – Ньурбаҕа нууччалар икки улахан долгуннара кэлэн олохсуйбутун кытары ситимнээх буолуон сөп эбит.
Хас да омук, күүскэ булкуспатар даҕаны, аалсыһар сиригэр дьон ордук киириилээх-тахсыылаах, кэпсэтиилээх-ипсэтиилээх, турунуулаах буолар эбит – холобура, Сирияҕа эҥин биир түҥкэтэх дэриэбинэҕэ дьоно олох муҥкук, оттон улахан суол кытыытыгар турар ыаллыы дэриэбинэҕэ, хас да араас религиознай община баар буоллаҕына, эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр киһи ордук дэлэй буолар. Аан дойдуга барытыгар оннук эбит.
Ньурбаҕа нууччалар бастакы улахан долгуннара 1848 с. кэлбитэ – 243 нуучча кэлэн олохсуйбута, ол оччолорго баһаам этэ.
Бүлүүгэ эмиэ нууччалар уруккуттан олохсуйбуттара эрээри, тоҕо ньурбаларга арыый баһыйтаралларый диэтэххэ, эппиэтэ судургу.
Ньурбаҕа 1953 с. Амакинскай экспедиция, оттон 1956 с. Ньурбатааҕы авиаэтэрээт тэриллибиттэрэ, күргүөмнээх кэлии-барыы этэ. Оттон Бүлүүгэ кэлин нууччалар арай гааһы хостуу Кыһыл Сыырга кэлэн олохсуйбуттара да, чиэски сиргэ ойдом олорбуттара.
Хас да омук алтыһар сирэ фронтир (кирбии) дэнэр. Оттон фронтир дьоно түргэн быһаарыылаах, туттунуулаах-хаптыныылаах буолааччы. Холобура, Кавказ сирэ барыта кэриэтэ фронтир – араас биистэр, аймахтар, омуктар быысаһан олороллор, киирсэн барарга бэлэм эрэ дьон тыыннаах ордон, талыллан, билигин да турбут-олорбут дьон буоллахтара дии.
Фронтирга атын омуктардыын сатаан конкуренциялаһар, тэҥҥэ анньыһар, аахсар кыахтаах эрэ дьон ситиһиилэнэр.
Ол да иһин ньурбалар үксүлэрэ сытыы-хотуу, толлубат санаалаах, хоодуот уонна дьаһаллаах дьон буолар эбит дии саныыбын.
Уонна фронтир дьоно тутулуга суох өйдөөх-толкуйдаах, бэйэтэ билэринэн, хайдах саныырынан сылдьар. Ньурбалар эмиэ оннуктар.
Попов дьыалата
Б.Н.Попову уруккуттан бэркэ билэбин, элбэхтик кэпсэппитим, уһулуччу өйдөөх саха дьонуттан биирдэрин курдук сыаналыыбын.
Борис Попов
Кинини хаайбыттарыгар үгүстэр Е.А.Борисовы уонна кини эргимтэтин күтүрүүллэр. Ол эрээри билигин олох чыҥха атын ситуация, В.В.Путин былааһа күүһүрэн, вертикаль кытаатан, губернатордар силовиктарга сабыдыаллара мөлтөөтө эбэтэр сүттэ.
Саха Республикатын салайааччылара силовиктарга дьайыылара олох суоҕун кэриэтэ. Бу киһини тутуҥ, ити киһини кэһэтиҥ диир кыахтара суох. В.А.Штыров Ухханы уонна миигин хаайтараары эҥин араастаан туруорса, Москваҕа үҥсэ сатаабыта да, кыайбатаҕа. Оттон А.Н.Максимов улахан федеральнай таһымнаах дьону кытары иирсибитин түмүгэр хаайыллыбытын туһунан чугас доҕоро, Путинныын бииргэ үөрэммит В.Н.Хмарин киин хаһыаттарга кэпсээн турар, онно Штыров Максимовы үҥсүүтэ сылтах эрэ буолбута.
Биллэн турар, Попову утары атын ньурбалар киирсибиттэрэ, дьыала тэрийтэрэ сатаабыттара ыраатта. Онно урут силовиктар улаханнык наадыйбат этилэр.
Попову хаайарга икки төрүөт баар буолан биэрбитэ.
Бастакытынан, «АЛРОСА-Ньурба» акцияларын атыылыыры Попов күүскэ утарсыбыта. Ити акциялары республика бэйэтэ атыылыы сатыыр, ону улахан «АЛРОСА» нэһиилэ сөбүлэһэн ылар курдук өйдөбүл баар. Дьиҥинэн, ити акциялары улахан «АЛРОСА» ыллаҕына, капитализацията улаатар, 2016 с. түмүгүнэн «АЛРОСА» сыаната – 648,117 миллиард солкуобай, онно 15-18 миллиард эбиллэр.
2018-2019 сс. «АЛРОСА» акцияларын сорҕото атыыланыахтаах диэн федеральнай киин чопчу былааннаах, онно сыаналара үрдээн биэрэрэ наада. «Мир» рудникка саахалланыы кэнниттэн «АЛРОСА-Ньурба» акцияларын ылартан улахан «АЛРОСА» аккаастаммат, ол аата олус наадыйбыттара кестер.
Иккиһинэн, «АЛРОСА» алмааһы хостуон баҕарар сирин-уотун харыстанар территорияҕа киллэриигэ Попов күүскэ үлэлээбитэ. Попов хаайыллыбытын кэннэ «АЛРОСА» ити сири кэбэҕэстик ылла.
Борис Николаевич дьиннээх Ньурба хадаар киһитэ, туспа толкуйдаах, үөһээҥҥилэри билиммэт буолан, федеральнай былаас интэриэстэрин хаарыйан, бу киирэн биэрдэ дии саныыбын, ону сөбүлэһэргит дуу?
Ньурба быыбара
Ньурбалар айдааннаах быыбардарын туһунан элбэх киһи ааҕар-истэр.
Биллиилээх политик А.А.Томтосов ньурбалары «Харыйаны таҥнары соспут курдук дьон» диэбиттээҕэ.
Андрей Антонов
Ньурбалар ити туруору майгыларын туһанан, былааһы утары туруорар санаалаах политиктар бааллар. Э.Б.Березкин итинник соруктаах А.С.Антоновы өйүү тиийбит үһү.
Андрей Степанович убайа, урукку Ил Түмэн депутата Анатолий – чугас доҕорум. Хаарыан уолу Штыров саҕаттан былаас тэйитэн, доҕорбут, Ил Түмэн урукку спикерэ Н.С.Тимофеев курдук, кыаҕын ситэ туһаммакка сылдьара хомолтолоох. Убайын баппыт буоллаҕына, Андрей боччум санаалаах буолуохтаах. Эрнст Борисович, оппозицияҕа сылдьар киһи, сыала өйдөнөр уонна бааламмат – төһө кыалларынан былааһы мөлтөтө, бэйэтин тирэҕин кэҥэтэ сатыахтаах, ол сөп, политикаҕа сэриилэһии диэн оннук буоллаҕа дии.
Ол эрээри, ньурбалары былааһы утары таран оҥосто сатыыллара хайдаҕый? Ити кэлин улуус сайдыытын, кыахтаах, кэскиллээх ыччата өрө тахсан иһэрин харгыстыан сөп. Политиктар бэйэлэрэ туспа кииристиннэр, оттон улууһу уонна нэһилиэнньэни политическай оонньууларга толук оҥостор сыыһа буолбат дуо?
Ньурбалар кандидаттарын туһунан республика дьоно соччо билбэт, эҥин-араас сурах-садьык эрэ кэлэр.
Онон ньурбалартан ыйыталаһан эрэ көрөн удумаҕалатыахха сеп.
Александр Иванов
Дьон кэпсииринэн, А.И.Иванов астык үһү. Үөрэҕэ да үчүгэй, тыла-өһө да оттомноох. Ииппит аҕатын туһунан эмиэ арааһы кэпсээбиттэрэ да, ол улахан буолбатах, уол бэйэтэ хайдаҕа быһаарар. Арай эдэрэ бэрт эбит, буутун этэ буһа, сиһин этэ ситэ илик курдук, иинэҕэс соҕус.
Алексей Иннокентьев
А.М.Иннокентьевы кэпсэппит ньурбаларым бары «Америка» дииллэрэ, ону-маны эбии сэһэргииллэрэ хайдах эрэ 1990-с сыллары олус санатар. Оттон улуус XXI үйэҕэ дьулуһуохтаах буолбат дуо?
Владимир Павлов
В.В.Павловы ньурбалар соччо билбэттэр эбит, атын дьон ордук билэр курдук, Москваҕа олорор сахалар эҥин. Олус өйдөөх уол дииллэр эрээри, ньурбалар курдук уустук дьону кыайан тутуо дуо диэн бары саарыыллар эбит. Майгыта сымньаҕаһа бэрт, дьону дьаһайар үөрүйэҕэ суох дииллэр.
Иван Никифоров
И.П.Никифоровы сирэй көрсөн кэпсэтэ сылдьыбыттааҕым. Урут КАМАЗ суоппара эбитин билэн, сэҥээрбитим – суол бөҕөтүн эҥэринэн тэлбит киһи буоллаҕа. КАМАЗ сэрэх массыына диэн доҕорум Ф.П.Данилов кэпсиирин санаан, саахалга эҥин түбэспитиҥ дуо диэн ыйыппытым. Ону алдьаныыга, аварияҕа түбэспэтэх эбит, ол аата соргулаах киһи эбит дуу дии санаабытым. Өссө Наполеон эппиттээх: «Лучше один фартовый военачальник, чем десять выдающихся генералов и маршалов». Киһи айылҕатынан, инстинкт быһыытынан былыр-былыргыттан бааттаах киһиэхэ тардыһар үгэстээх. Олоххо дэлби мискиллэн баран, соргулаах, байанайдаах киһини тутуһар ордук эбит диэн өйдөөбүтүм ыраатта.
Уопсайынан, Б.Н.Попов уһуллубутун кэннэ кини курдук таһымнаах атын кандидат суох курдук.
Ол да буоллар, ньурбалар баһылыктарын талыахтаах буоллахтара дии. Кими талаллара буолла?
Ньурбалар хайдах быһаарыналларын элбэх киһи кэтиир-кэтэһэр, республикабыт үүнүүтүн-сайдыытын билигин элбэх ньурбалар тэрийсэ сылдьаллар, онон Ньурба улууһа биэс-алта инники күөҥҥэ сылдьар оройуоннар ахсааннарыгар киирэр. Ньурба улууһа мөлтөөтөҕүнэ саха омук кыаҕа эмиэ кыралаан да буоллар энчириир. Ол иһин ньурбалар тустарыгар ыалдьар, долгуйар киһи элбэх.
И.И.Николаев,
Саха Бастакы президенин урукку көмөлөһөөччүтэ уонна сүбэһитэ, журналист, хас да улуус бочуоттаах гражданина
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 1510 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 28 Ыалдьыттар (гостей): 28 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|