Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Сэтинньи » 14 » Александр Жирков Хаҥаласка Михаил Николаев 80 сааһын бэлиэтиир дьоро түгэнигэр кытынна
Александр Жирков Хаҥаласка Михаил Николаев 80 сааһын бэлиэтиир дьоро түгэнигэр кытынна
12:58

Александр Жирков Хаҥаласка Михаил Николаев 80 сааһын бэлиэтиир дьоро түгэнигэр кытынна

Сэтинньи 13 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев 80 сааһын туолла.
Ытык киһибит үбүлүөйдээх күнэ дойдутун - Хаҥалас дьонун-сэргэтин ортотугар саҕаланна. Сарсыарда эрдэттэн биир дойдулаахтара Михаил Ефимович айаннаан кэлэригэр, айан суолун икки өттүгэр Россия уонна Саха сирин былаахтарын кэккэлэтэн, дэриэбинэлэр аартыктарыгар сиэр быһыытынан көрсөн, бу күнү өрө көтөҕүллэн бэлиэтээтилэр.





 

Улуус уопсастыбаннаһа уонна салалтата кыттыылаах үөрүүлээх мунньах сарсыарда 10 чаастан Покровскай куоракка «Саргы түһүлгэтэ» сынньалаҥ киинигэр саҕаланна. Хаҥаластар тумус туттар, маанылаах киһилэрин Михаил Ефимовиһы, кини дьиэ кэргэнин ытыс ньиргийэр тыаһынан арыаллаан, сүһүөхтэригэр туран көрүстүлэр.

Улуус баһылыга Гаврил Алексеев Михаил Ефимовиһы өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ:«Дьонуҥ-сэргэҥ, биир дойдулаахтарын эйигинэн киэн туттабыт. Хаһан баҕарар өрөспүүбүлүкэ бэйэтин бастакы президенигэр сыһыана, инникитин даҕаны уларыйыаҕа суоҕа. Бастакы аата бастакы. Күн-дьыл ааһыаҕа. Эн саҕалаабыт, ситиспит, оҥорбут дьыалаҥ иннибит хоту дьулуһарбытыгар ыҥыра, сирдии туруоҕа. Биир дойдулаахтаргар болҕомтолоох сыһыаҥҥар, төрөөбүт-үөскээбит Хаҥалаһын экономическай, социальнай уонна духуобунай, култуурунай сайдыытын бары хайысхатыгар сүбэһит-амаһыт, суолдьут быһыытынан сылдьаргар махталбыт муҥура суох».

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Михаил Ефимович төрөөбүт дойдутугар 80 ытык сааһын бэлиэтиир өрөгөйдөөх күнүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан истиҥ эҕэрдэтин анаата. «Аҕыйах ахсааннаах саха норуотугар история хас даҕаны түгэни тосхойбута. Олортон сүрүннэрин ылан бэлиэтиир буоллахха, манна биһиги өбүгэлэрбит кэлэн олохсуйууларыгар олохтоох омуктары кытта хайдах ситим олохтоммутуттан омукпут дьылҕата улахан тутулуктааҕа. Итиннэ омук бэйэтин хайдах салайыныахтааҕар, көмүскэниэхтээҕэр тургутуу буолбута. XIX үйэ бүтүүтүгэр Россияҕа буолбут дьалҕаннаах кэрчик кэм инники күөҥҥэ сылдьар дьону таһаарбыта. Өссө биир түгэн 1990 сыллар саҕаланыыларыгар буолбута. Бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбитигэр Михаил Ефимович Николаев Президенинэн талыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэбит кыаҕа, тирэҕэ олугун охсубута. Саамай сүрүн, сөптөөх хамсаныы оҥоһуллубута. Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ ыһыллыбатын, дьон-сэргэ өйө-санаата айгыраабатын туһугар үлэ ыытыллыбыта. Иккиһинэн, дойдубут баайыгар-дуолугар тирэҕирэн, сэбиэскэй кэмҥэ үөскээбит промышленнай экономиканы сайыннарар, сүрүн төрүттэрбитигэр олоҕурар эйгэни көрдөөһүн буолбута. Үсүһүнэн, дьон-сэргэ санаатын уларытар сыал-сорук турбута. 70-ча сылы быһа атын былааска олорбут дьон өйбүт санаабыт уларыйара уустуктардаах этэ. Манна Михаил Ефимович быһаччы салайыытынан Судаарыстыбаннай Суверенитет, Конституция ылыныллыылара, улахан социальнай, политическай суолталаах дьаһаллар олоххо киириилэрэ дьон өйүн-санаатын бөҕөргөппүтэ, күүһүрдүбүтэ. Норуот бэйэтин бэйэтэ билиниитигэр төһүү буолбута. Тыа сирин олоҕун харыстааһыҥҥа балысхан үлэ барбыта. Россия атын регионнарын кытта тэҥнээн көрөр буоллахха, бэйэтин өбүгэтин сирин, төрүт дьарыгын тутан харыстаан хаалларбыт биһиги өрөспүүбүлүкэбит буолар. Бары билэрбит курдук өрөспүүбүлүкэбитигэр үгүс тутуу ыытыллыбыта, сайдыыга суол тэлиллибитэ. Инники кэскил туһугар ыытыллыбыт үлэ хас да хайысхалааҕа. Олортон биирэ үөрэхтээһин этэ. 1994 сыллаахха Кадрдары бэлэмниир Департамент тэриллэн

ыччаттарбытыгар сырдык суол аһыллыбыта. Ити Департамент нөҥүө үөрэммит оҕолор билигин өрөспүүбүлүкэбитин салайсаллар. 6000 тахса ыччат бары эйгэҕэ таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Бу үлэни барытын биир киһиэхэ аҕалан түмэр буоллахха, балысхан үлэ. Биһиги Михаил Ефимовичпыт норуотун инники дьылҕатын туһугар ыллыктаах санаатынан, тобуллаҕас толкуйунан ыыппыт үлэтин ситэ үөрэтэ, чинчийэ иликпит. Ол эрээри, дьон-сэргэ эт өйүнэн-санаатынан син биир өйдүүр. Оччолорго бу маннык хамсааһыннар оҥоһуллубатахтара, кирбиилэр ылыллыбатахтара эбитэ буоллар, өрөспүүбүлүкэбит олоҕо сыччах атын буолуо этэ», - диэн спикер бэлиэтээтэ.

Салгыы Александр Николаевич: “80 саас - ытык саас. Михаил Ефимович бу сааһын сүһүөҕүн үрдүгэр, дьонун-сэргэтин кытта үлэлии сылдьан көрсөрө хайҕаллаах. Саҥа үөскээн эрэр көлүөнэ саха бастакы Президенин көрөн, ытыктабылларын иҥэрэн олохторугар холобур оҥостуохтара. Кинилэргэ норуоппут үгэһин, сиэрин-туомун, историятын олохсутуохтаахпыт, харыстыахтаахпыт, манна үлэлээбит-хамсаабыт дьону үрдүктүк тутуохтаахпыт диэн санаа үөскүөхтээх. Судаарыстыбаннаспыт историята силиһэ-мутуга хара маҥнайгыттан чиргэл, чэгиэн буоллаҕына, киниттэн силигилээн тахсар Аал Луук Мас күөх уонна чөл буолуоҕа», - диэн этиитин түмүктээтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруйааччы Павел Харитонов - Ойуку: “Мин кыраайы үөрэтэр музейга 36 сыл үлэлиир кэммэр Михаил Ефимовиһы кытта элбэхтэ көрүстүм. Хас биирдии көрсүһүү ураты санааны саҕар. Хас кэпсэттэҕим аайы атын өттүнэн арыллар, арыт чугаһыыр, арыт ыраатар. Саныыр санаата, толкуйа киэҥэ бэрдин сөҕөбүн. Күн бүгүҥҥэ диэри сындылҕаннаах сырыытын, уҕараабат эрчимин холобур оҥостобут”, - диэн бэлиэтээтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай деятелэ Матвей Мучин бастакы Президент ыыппыт киэҥ, дириҥ силистээх үлэтин сырдатта. “Уларыта тутуу тыҥааһыннаах кэмнэрин мындыр өйүнэн, модун санаатын кыаҕынан өтө көрөн, норуотун сайдар суолун тускуллаан сүүһүнэн сылларга оҥоһуллубатаҕы оҥорбута, ситиһиллибэтэҕи ситиспитэ, кыаллыбатаҕы да кыайбыта”, - диэн эттэ.

 

Михаил Ефимовиһы эдэр ыччат аатыттан Улахан Аан нэһилиэгин эдэр ыала Февронья, Александр Соломоновтар алта оҕолорун илдьэ сценаҕа тахсан эҕэрдэлээтилэр. Ыал аҕата Александр Геннадьевич: «Эдэр көлүөнэ дьоҥҥо аҕалыы истиҥ кыһамньыҥ, үрдүк сыырдары эрэллээхтик дабайалларыгар бары өттүнэн көмөҥ хаһан да умнуллуо суоҕа», - диэн эппитин саала ытыс тыаһынан бигэргэттэ.

 

Хаҥалас улууһуттан төрүттээх биир дойдулаахтара эҕэрдэ эриэккэһин анаатылар. Соҕуруу куораттарга үөрэнэ сылдьар студент оҕолор эҕэрдэлэрин устан ыыппыттарын көрдөрдүлэр. Ыччат дьон Михаил Ефимович ыллыктаах этиилэрин хас да омук тылынан сценаҕа тахсан тириэрдибиттэрин мунньах кыттыылаахтара сэргии иһиттилэр.

 

Хаҥалас улууһун "Уран" уонна I Малдьаҕар нэһилиэгин талба талааннаах норуот маастардарын түмсүүтэ, Ытык киһилэригэр киис саҕалаах, үрүҥ көмүс харысхаллаах, сахалыы кыбытык тигии ньыматынан тигиллибит кииһинэн ситэриллибит саарпыктаах мантия кэтэртилэр. История сэһэргииринэн маннык таҥаһы былыр ытыктыыр, сүгүрүйэр киһилэригэр анаан тигэллэр эбит. Мантияны норуот маастара, үлэ бэтэрээнэ Анисия Фадеева кэтэртэ.

 

Ытык киһи Михаил Ефимович үбүлүөйдээх үөрүүтүн үллэстэ кэлбит бар дьонугар махтанна. "Хаһан даҕаны маннык өрө көтөҕүллэн көрсүбүккүтүн умнуом суоҕа. Олоҕум

устата дьылҕам суолугар көрсүбүт хас биирдии киһибэр махтанабын", - диэтэ. Салгыы дойдутун дьонугар, дьиэ кэргэнин илдьэ кэлбитин биир-биир туруоран билиһиннэрдэ. Уонна: "Мин хаһан даҕаны дьиэ кэргэммин кэпсээбэт үгэстээхпин. Бүгүн кинилэр тустарынан сырдатыым. Киһиэхэ күн сиригэр баар үтүө барыта ийэттэн, аҕаттан, дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Аҕам туһунан бэрт элбэҕи кэпсиир кыаҕым суох. Мин 4,5 саастаахпар өлбүтэ, онон улаханнык өйдөөбөппүн. Президеннии олордохпуна архыыптан кини туһунан паапканы булан биэрбиттэрин аахпытым, билсибитим. Аҕам Ефим Федорович Николаев Баҕарах, билиҥҥи Хатас нэһилиэгэр 1905 сыллаахха дьадаҥы ыалга төрөөбүт киһи буолар. Кини биир саастааҕар аҕата, мин эһэм Сүөдэр оҕонньор хараҕа суох эмээхсинин хаалларан, Бодойбоҕо көмүс хостооһунугар 7 сыл үлэлээн төннөн кэлэн Хатаска олорбут. Аҕам докумуоннарыттан, биографиятыттан көрдөххө сайдыылаах, үчүгэй буочардаах. Докумуоннарын барытын урукку алпабыытынан латыыныскайдыы уонна нууччалыы бэрт үчүгэйдик сыыһата-халтыта суох суруйбут, билиҥҥи үөрэхтээхтэр көрөн сыыһатын булбатахтара. Кини 14-тэн ыла суруксут буолбут, Баҕарах нэһилиэгин сэбиэтин сэкэритээринэн үлэлээбит. 1918 сыллаахха табаарыстыба тэриллэн, 5 хаһаайыстыбаны түмэн онно салайааччы буолбут. Ити ыарахан дьыллар этэ. 22-лээҕэр «Каландарашвили» колхоһу тэрийэр, 80-тан тахса хаһаайыстыбаны түмэр. Ол кэнниттэн Хаҥаласка тахсан ыал буолар. Козловтар диэн элбэх оҕолоох ыал орто кыыһын Мария Михайловнаны кэргэн ылан Өктөмҥө буруо таһаарынан олороллор. Эркин хаһыатыгар, пропагандистскай үлэҕэ кыттыбата диэн үс төгүллээн партияттан усталлар. Икки түгэнин сууттаһан партиятыгар хаалар. Ол бириэмэҕэ манна Хаҥалас улууһугар сир отделын инструкторынан, онтон сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Мин билигин кинини элбэх үлэлэргэ сылдьыбыт, кытаанах санаалаах киһинэн сыаналыыбын. Аҕам туһунан өссө биир түгэни ахтыам этэ. Биир бириэмэҕэ Покровскай бөһүөлэгин көһөрөргө улахан кэпсэтии барбыт. Ону утаран аҕам суруйбут суруга архыыпка бэйэтин тус дьыалатыгар баар этэ. Ону мин улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музейга биэрбитим. Ийэм Мария Михайловна Козлова. Козловтар халыҥ аймахтар. Биһиги аймахтарбыт Шепелевтар, Куприяновтар, Припузовтар Хаҥалас сайдыытыгар элбэх кылааттарын киллэрбит дьоннор диэн сыаналыыбын, ону кытта эһиги эмиэ сөбүлэһэргит буолуо. Ийэм икки кылаас үөрэхтээх элбэх оҕолоох этэ. Аҕабыт өлөрүгэр биһиги 4 оҕо хаалбыппыт, Эдьигээҥҥэ олорбуппут. Дойдубутугар көһөн кэлэн мин 1945 сыллаахха оскуолаҕа киирбитим. Оччотооҕу олох ыараханын аҕа көлүөнэ билэр. Хомойуох иһин, биһиги ыччаттарбытыгар, сиэннэрбитигэр ыарахан кэм этэ эрэ диэн этэбит... Ийэм холобурунан төрөөбүт дойдуга тапталы, орто дойдуга үтүө сыһыаны иҥэринэн улааппытым. Кини бу орто дойдуттан 97 сааһыгар арахсыбыта", - диэтэ.

 

Айылҕа барахсаҥҥа хайа да бэйэлээх аарыма, модун тиит силиһиттэн тутулуктаах, сибээстээх. Ол тэҥэ сахабыт саарына төрөөбүт төрүт буорун, дьонун-сэргэтин куруутун чугастык саныыр, тирэх, өйөбүл буолар. Дэлэҕэ даҕаны, хаҥаластар бөдөҥ общественнай деятель, уһулуччулаах политическай лидер, саха бастакы Президенэ - мин биир дойдулааҕым диэн киэҥ тутта ааттыахтара дуо?!

 

Михаил Ефимович салгыы: "Хаҥаластар норуоппут историятыгар инники күөҥҥэ сылдьаллар. Мин биир дойдулаахтарым өбүгэлэрин удьуордаан инники буолуохтарын баҕарабын. Саҥа историяны, саҥа Хаҥалаһы тэрийэр туһугар үлэлиэх тустаахпыт. Үлэ-хамнас, быһыы-майгы туһунан киэҥник толкуйдаан. Ким да таһыттан кэлэн маннык олоруҥ, маннык үлэлээн, маннык дьаһаныҥ диэн этиэ суоҕа. Түмүкпэр, өссө биирдэ сылаас сыһыаҥҥыт иһин дьиэ кэргэним аатыттан махтанабын. Дьоллоох-соргулаах, уһун үйэлээх буолуҥ. Кыаҕым тиийэринэн дойдум, дьонум туһугар түбүгүрүөм, сүбэлиэм-амалыам диэн эрэннэрэбин", - диэбитигэр саала хабыллар ытыс тыаһынан туолла.

 

Михаил Ефимовиһы үбүлүөйдээх күнүнэн Хаҥаластааҕы искусство оскуолатын иитиллээччилэрэ, Покровскай орто оскуолатын "Хаҥаласчаан" үҥкүүтүн ансамбла, Опера театрын артыыстара Людмила Кузьмина, Григорий Петров, "Туймаада" ансамбль солиһа Андрей Шадрин эҕэрдэлээтилэр. Үөрүүлээх мунньах бүтүүтэ уопсай хаартыскаҕа түстүлэр.

 

 

Ил Түмэн пресс-сулууспата

Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 1070 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
27282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 31
Ыалдьыттар (гостей): 31
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024