Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Сэтинньи » 14 » КОНСТАНТИН ИЛЬКОВСКАЙ ИНТЕРВЬЮТА
КОНСТАНТИН ИЛЬКОВСКАЙ ИНТЕРВЬЮТА
15:56

КОНСТАНТИН ИЛЬКОВСКАЙ ИНТЕРВЬЮТА

  • Ильковскайдар диэн үтүө дьон баалларын истибитим ыраатта. Полярнай эргимтэ быдан анараа өттүгэр сытар тымныы тыаллаах, кылгас сайыннаах ураты сири сөбүлээн, кини дьонун-сэргэтин таптаан олох олорорго сананнахтара. Ыал аҕата Константин Иосифович дьоҥҥо ханнык да күчүмэҕэй түгэҥҥэ көмөҕө кэлэртэн туттумматах, Гиппократ андаҕарын кэспэтэх дьиҥнээх быраас буолан хотулар таҥара оҥостубут киһилэрэ дэнэрэ. Мин итинник номох буолбут дьон туһунан кэпсээни олохтоох да дьонтон, Депутатскай да үлэһиттэриттэн истэрим. Оттон кини уолун – “аччыгый” Константины, Депутатскайга үлэлии олорбут инженер-геологы, М. Е. Николаев булан Дьокуускайга аҕалбытын билбитим.
  • Бу кннэргэ (“Криминальная Якутия”, 24.10.2017) ол “аччыгый” Ильковскай интервьютын түбэһэн аахтым. Сорох билбэт боппуруостарбар сөптөөх хоруйу ыллым. Константин Константиновиһы кытта бу диэн биир тылы кэпсэппэтэҕим, билсибэтэҕим иһин, үлэтин-хамнаһын, дьоҥҥо киһилии сыһыанын үтүө тылынан ахталларын истии-билии бөҕөтө этэ. “Якутскэнерго” дьиэтигэр наадаҕа киирдэхпинэ саха энергетик - специалистара элбэҕиттэн сөҕөрүм, бу уустук дьыаланан дьарыктанар үгүс да дьонноох эбиппит, хантан булаттаан ылбытай диэн үөрэрим.
  •  
  • Ити Константин Константиновиһы Штыров Тарасовынан солбуйуор диэри этэ, билигин онно хайдаҕын-тугун билбэппин. Штыров ити кэмнэргэ кыра кыамталаах АЭС аҕалтараары үлэ ыыта сылдьыбыта. Тиэмэ ылан чинчийэн, тойоҥҥо наадалаах түмүгү оҥорон харчы өлөрө түһүөн баҕалаах учуонайы бэйэбит испититтэн була охсубуттара. Экологтар ити ис дьиҥин, тугунан дьиэлийэрин үдүмаҕалатар буоламмыт дьаарханарга күһэллиннэхпит дии. Соһуйуохпут иһин, “Саха сиригэр атомнай станция тутуллара сөбө суох уонна тутуллуо суоҕа” диэн ис хоһоонноох К.Ильковскай ыстатыйата тахсыбыта. Штыров итиннэ сыһыанын таайабын эрэ.
  •  
  • Ити ыстатыйаҕа дьиҥнээх энергетик ис санаата этиллибитэ биһиэхэ күүс-көмө буолбута диэхтээхпин. Кыра кыамталаах АЭС тутуллара оччотооҕуга тохтотуллубута да, бу күннэргэ ити боппуруос хаттаан күөрэйэн кэллэ. Биһиги өттүбүтүттэн АЭС тутуллуутун утарыахха эрэ диэн утарыы буолааччыта суох. Итинник боппуруостарга сокуону тутуһуохтарын баҕарбаттара, дьону албыҥҥа үктэтэ сатааһын, сэнээһин, үрдүнэн көрүү, салалтабыт өттүттэн онно кыттыһыы, ол түмүгэр утарыта турсуу тахсар. Дьоҥҥо киһилии сыһыан, баары баарынан этии, эппиэтинэс, ирдэбил суоҕа куруутун дьону кыйахыыр. Интервьюга төннүөххэ. Улахан таһымнаах, бэйэтин дьыалатын билэр киһи интервьюта таҕыста. Кэпсэтии 2002 сыллаахха ахсынньы 19 күнүгэр Дьокуускайдааҕы ГРЭС-кэ саахал тахсыбытыттан саҕаланар.
  •  
  • Энергетиктэри бу түбэлтэ элбэххэ үөрэппит, үгүс туһалаах түмүгү оҥостубут эбиттэр. ГРЭС-2-ы тутарга ити кэнниттэн быһаарыы ылыммыттар уонна саҕалаабыттар. Хааччыга диэн, Мииринэйдээҕи ГРЭС газотурбиналарын аҕалан эбии улахан кыамталаах үһүс ГРЭС туппуттар. Мииринэйдээҕи ГРЭС хайдах тутуллубутун билэбин, онно баарым. Бүлүү муоратын уута түстэ диэн суһал дьаһалынан итини туппуттара. Харчы элбэҕэ быһаарбыта, аҕыйах кэм иһигэр тутуллан үлэҕэ киирбитэ, алмаас өрөөбөккө хостонуон наада буоллаҕа. Кылгас кэмҥэ үлэлээт, ГРЭС өр баҕайы тохтоон таах турбута, муораҕа уу эбиллэн буоллаҕа. Эмиэ ити сылларга “Нерюнгри-Томмот-Майа” электролиния тардыытын саҕалаабыттар. Нерюнгрига энергияны ханна туттуохтарын билбэккэ сорох турбиналар үлэлээбэттэрин, кыамтатын саппааһа олус улаханын туһунан истэрбит, ону киин оройуоннарга аҕалан туһанар туох куһаҕаннаах буолуой? Ити линияны Дьокуускайы кытта холбоотоххо хайа-хайаларыгар саахал түбэлтэтигэр быыһансыы хааччыллар.
  •  
  • Дьокуускайдааҕы ГРЭС республика олохтооҕун 60% -н уотунан хааччыйарын санаатахха, манна саахал тахсар түбэлтэтигэр ыар содуллаах буолар, онтон итинник эрэ дьаһаныы быыһыыр. Онон, 2002 сыллаахха Константин Константинович үлэлиир кэмигэр үтүө акылаат ууруллубутун көрөбүт. Кини “Якутскэнерго” үгүс үрдүк кылаастаах специалистардааҕын туһунан хаста да интервьютугар тоһоҕолоон бэлиэтээбит, онтон астынарын эппит.
  •  
  • Ити кини түммүт каадырдара, ГРЭС-кэ быйыл тахсыбыт иэдээннээх саахалы дөбөҥнүк туораппыттара өйдөннө. Тариф туһунан ыйытыыга ити былааннар, ГРЭС-2 тутуута уонна “Нерюнгри-Томмот-Майа” линията олоххо киирдэхтэринэ, билигин үрдүү турар төлөбүр хайаан да аччыахтааҕын этэр. Билигин дьаһайа олорор салалтаҕа эрэл суоҕун иһин, айылааҕын оннук эрэ буоллун диэххэйиҥ. Суруналыыс Константин Константиновичтан химическэй собуот тутуутун туһунан санаатын ыйыппыт. Эппиэт наһаа судургу буолбут,кини республикаҕа оҥорон таһаарар производства суоҕуттан мунчаарарын биллэрбит. “Эппиэтэ судургу” диэн эттим, баҕар ол суруналыыс ыйытыыта судургутуттан буолуон сөп. Суруналыыс “ЯТЭК” метанол собуотун тутаары гынарын, онно сүрүн хаһаайын буоларга дьулуһарын, хайдах саныыгын диэбитэ буоллар туох хоруйу биэриэ эбитэ буолла? Справочникка метанол туһунан маннык суруллубутун ааҕыаххыт: “ Яд, действующий на нервную и сосудистые системы, прием внутрь 5-10 мл может привести к тяжелому отравлению, слепоту, а 30 мл – к смертельному исходу; ПДК – 5 мг/куб.м. ” Бииринэн, Саха сирэ бас билэр гааһа суох, гаастан Штыров көмөтүнэн илиибитин соттубуппут, гаас чааһынай илиигэ барбыта ыраатта.
  •  
  • Бу химзаводу тутуу Магомедовтар былдьаан ылан бас билбит гаастарын туһаҕа таһааран байар-тайар, онуоха мэҥэлэр сирдэрин полигон оҥостор ньымалара. Иккиһинэн, быстах былааннаах, өр сылга саханы сайыннара кэлбэтэх дьон тутуулара саарбаҕа, айылҕабытын аһымматтара, “кэннэ кээнчэ да буоларыгар” кыһамматтара, онуоха бэйэбит салалтабыт көмө буолара көстөн турар суол. Харчыга тиксэн хармааны хаҥата түһээри буолуо дуо? Общественноһы, экологтары ити долгутар.
  •  
  • Тэлгэһэбитигэр күүһүнэн киирэн ампаарбытын аһалларын, эбэтэр олордубут хортуоппуйбутун тоҕо сүргэйэн хостоон баралларын ким сөбүлүөй?! Константин Константиновичтан ити туһунан суруналыыс ыйыппыта буоллар метанол собуотун туһунан хоруйа, бука, атын буолуох этэ. Манна даҕатан собуоттар (химия уонна ньиэптэн, гаастан уматыгы уонна да атыны оҥорон таһаарар) тустарынан ахтан ааһар наадалаах. Экологтар республика олохтооҕор туһалааҕы барытын эҕэрдэлииллэр, уоруута-сиэһинэ, хоруупсуйата, айылҕа алдьаныыта, нолуоктан куотунуу эрэ суох буоллун. Салалта туһалааҕы оҥоро сатаабата, төттөрүнү эрэ төлкөлүүрэ тоҕо уурайбат?
  •  
  • Холобур, Талакаан курдук сүҥкэннээхэй баайбытын олордон ылбыт “Сургутнефтегаз”, дуогабар быһыытынан, Ленскэйгэ бүтүн республиканы бензининэн хааччыйар собуоту тутуохтааҕын, оборудованиета тиэллэн кэлбитин уонна быраҕыллыбытын дуу, уоруллубутун дуу туһунан мин хас да сыллааҕыта Уххан Уйбаан абаран кэпсиириттэн билбитим. Итини бэл тутулуга суох хаһыаттар сырдаппыттара суоҕа. Кистээн кистээбиттэр быһыылаах... Оттон гааспытын былдьаабыт түөкүн Магомедовтар (ЯТЭК) Кыһыл Сыырга газоконденсаты арааран республиканы бастыҥ хаачыстыбалаах бензининэн хааччыйыахтаах собуот бырайыагын, атыылаһыллыбыт оборудованиетын республика салалтатын көмөтүнэн мэлиппиттэрин туһунан А.Максимов суруйда (“МК по Якутии”, 25.10.17).
  •  
  • Туркменияҕа курдук босхо да буолбатар, бас быстарынан буолбакка, чэпчэтиллибит сыаналаах техника уматыга баар буоларын мэлиттэхтэрэ ол. Бу дьыалаларынан дьокутааттар, эбэтэр прокуратура тоҕо дьарыктамматый, тоҕо итинник холуобунай ыстатыйалаах, норуоту утары дьаһаллары таах көрөн олоророллоруй диэн ыйытык үөскүүр. Арай гааспыт - ньиэппит былдьамматах, бэйэбит киэнэ буоллун, ону туһанарга метанол уонна бензин собуоттарын тутууларын эр-биир К.Ильковскайга уонна А.Максимовка сорудахтаатынар, оччотугар итинник тутуу барарын мин, бука, утарбатым буолуо.
  •  
  • Кинилэр общественноһы кытта айылҕа харыстабылыгар уопсай тылы булуохтарыгар, кылаабынайа, Өлүөнэни уонна Бүлүүнү эчэппэттэригэр эрэнэбин. Билигин олорор салалта РФ Конституциятын 9-с, 42-с , Саха республикатын Конституциятын 5-с, 6-с, 10-с, 13-с, 33-с, 38-с, 104-с, РФ “Тулалыыр эйгэни харыстааһын туһунан” сокуонун бары ыстатыйаларын атах соттор оҥостубут буоллахтарына, бу икки киһи сокуону тутуһуохтара, норуоттарын харыстыахтара этэ дии саныыбын.
  •  
  • Оттон билиҥҥи уоруйахтары кытта общественность өттүттэн сөбүлэһии суох буолуоҕа! Итинник тыын суолталаах проблемалары быһаарыах иннинэ гааһы, ньиэби чааһынай бас билииттэн дьиҥнээх хаһаайыҥҥа - Саха республикатыгар төннөрөр дьаһаллар ылыллыахтаахтар. Сокуоҥҥа олоҕуран ону толкуйун тобулуҥ эрэ, патриоттар, үөрэх-билии бөҕөлөөх эдэрдэр!
  •  
  • БУРЦЕВ 24.10.2017 с.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1475 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
27282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 32
Ыалдьыттар (гостей): 32
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024