Олоҥхо - уус тыл улуу айымньыта, уран өй сүдү көрүҥэ
Саха омук өркөн өйүн, талба талаанын үрдүк өрөгөйө олоҥхо - аҕыс кырыылаах алмаас курдук, хайа да өттүттэн хайыһан көрдөххө араас өҥүнэн арылыйа оонньуур улууканнаах айымньы буолар. Бу ытык айымньы өбүгэлэрбитин, төрүттэрбитин кытта быстыспат ситиммит. Омукпут киһи буолар килбиэнэ, өлбөт-сүппэт силиһэ, алгыстаах Аал Кудук маһа, тускулаах туруга. Өрөспүүбүлүкэбитигэр сыллата Олоҥхо күнүгэр аналлаах декаданы ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйан, киэҥ далааһыннаахтык ыытыллар. Олоҥхоҕо аналлаах научнай-практическай конференциялар, төгүрүк остуоллар, быыстапкалар, конкурстар, кинигэ сүрэхтэниилэрэ, спектакльлар дьону-сэргэни түмэллэр. Быйылгы декада сэтинньи 25-тэн ахсынньы 9 күнүгэр диэри буолуоҕа.
Биллэрин курдук, 2005 сыл сэтинньи 20 күнүгэр ЮНЕСКО диэн аан дойду үрдүнэн үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын уонна култуура сайдыытын кэтээн көрөр, өйүүр-убуур, көмөлөһөр тускуллаах тэрилтэ саха норуотун эпоһа Олоҥхону киһи-аймах материальнай буолбатах култууратын үйэттэн үйэҕэ бэриллэр күндү баайа диэн аан дойду шедеврдарын ахсааныгар киллэрбитэ. Онтон ыла Саха сирин дьоно-сэргэтэ санаата көтөҕүллэн, олоҥхону тилиннэрии, олоҥхону үөрэтии, олоҥхону туруоруу, олоҥхону суруйуу, олоҥхону сайыннарыы, олоҥхону аан дойдуга таһаарыы тула түмсэн, өйдөрүн-санааларын холбоон үлэлии сылдьаллар.
Олоҥхо декадатын үөрүүлээхтик аһыы сэтинньи 25 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар ыытылынна. Дьоро киэһэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ, Олоҥхо иккис уон сылын бэлэмнээн ыытыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай, култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Николай Макаров, Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын делегациялара, өрөспүүбүлүкэбит олоҥхоһуттара, общественность кыттыыны ыллылар.
Театр фойетыгар аатырбыт олоҥхоһуттар САССР үтүөлээх артыыһа Устин Нохсоров төрөөбүтэ 110, САССР народнай, РСФСР үтүөлээх артыыһа, Былатыан Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата Гаврил Колесов төрөөбүтэ 85 сылларыгар аналлаах быыстапкалар тэриллибиттэр. Кинилэр иккиэн одурууннаах орто туруу дойдуга уол оҕо буолан үөскээн-төрөөн, олох олорон, айан-тутан, ааттарын үйэлэр тухары махталлаах бар дьон өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар хаалларбыттара. Кылыһахтаах сахалыы ырыа сайдыытыгар, өбүгэлэрбит барҕа баайдара -
олоҥхо күн бүгүн дуорайарыгар тугунан да кэмнэммэт сүҥкэн кылааттарын киллэрбиттэрэ. Дьоро күҥҥэ кинилэр биир дойдулаахтара, Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын делегациялара анаан-минээн, ааттаан-суоллаан кыттыыны ыла кэлбиттэр. Олоҥхо саалатыгар Николай Степанов-Ноорой "Күн Эрили" олоҥхотун Мэҥэ Хаҥалас, Устин Нохсоров "Дыырай Бэргэн" олоҥхотун Амма ыччаттара толордулар.
Декада үөрүүлээх чааһа "Олоҥхо эйгэтэ – оҕо оонньуутугар" бырайыагынан оҥоһуллубут, олоҥхо геройдарын уобарастарыгар олоҕурбут куукулалары билиһиннэрииттэн саҕаланна. Олоҥхо геройдарын уобарастарыгар олоҕурбут оонньуурдарынан оҕо саадтарын хааччыйар туһунан боппуруоһу Национальнай кэмитиэт өссө 2011 сыллаахха көҕүлээбитэ. Бу ааспыт биэс сыл устата ити хайысхаҕа үлэ баран, олоҥхо персонажтарынан куукула таҥаһын тигии уонна театрга анаан оҕо көстүүмүн оҥорууга республикатааҕы куонкурус ыытыллыбыта. Ол түмүгүнэн бастакы комплекка 5 куукула оҥоһуллунна. Манна Туйаарыма Куо, Үрүҥ Уолан, Ньургун Боотур, Кыыс Ньургун, Айыы Умсуур Удаҕан уобарастара түмүллүннүлэр. Иккис түһүмэххэ эһиил атын персонажтар, абааһы геройдара оҥоһуллуохтара. Силигин ситтэҕинэ, комплект барыта 10 персонажтан турар буолуохтаах. Куукулалары оҥорууга Софья Попова дириэктэрдээх "Чороон ХХI" үйэ тэрилтэ үлэлэстэ.
Ил Түмэн спикерэ, Олоҥхо Национальнай комитетын бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков мустубут дьону Олоҥхо күнүнэн, Олоҥхо декадата уон иккис төгүлүн аһыллыбытынан эҕэрдэлээн туран, бу үлэ хаамыытын сырдатта. "Бу үгэс буолбут декаданы уон иккис төгүлүн саҕалыыбыт. Олоҥхо аан дойду тылынан уус-уран бастыҥ айымньылар ахсааннарыгар киириэҕиттэн ыла, син өр кэм ааста. Оччолорго оскуолаҕа киирбит оҕолор билигин хайы-үйэҕэ үлэһит буоллулар. Бу кэм устатыгар ыытыллыбыт үлэни эһиги 2020 сылга, аны икки сылынан Олоҥхо аан дойду таһымыгар биллибитэ 15 сыла туолуутугар өссө истиэххит. Олоҥхону үйэтитиигэ ыытар үлэбитин бу сыллар тухары хайдах ыыттыбыт, туох ситиһиилээхпитий, туох итэҕэстээхпитий? Бу иннинээҕи кэмҥэ тэҥнээтэххэ биһиги тугу оҥордубут? Көннөрү биирдиилээн дьон үлэтиттэн саҕалаан оҕолорго, дьоҥҥо-сэргэҕэ олоҥхо тыла-өһө төһө иҥпититтэн саҕалаан, наука эйгэтигэр, аан дойду атын омуктарыгар саха олоҥхото төһө тахсыбытын билиэхпит, барытын ырытан-үөрэтэн көрүөхпүт. Ити олус улахан үлэ буолуоҕа. Аҥардас бэлэмнэнии, чинчийии үлэтэ сыраны ылыаҕа. Үлэ өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр комитет иилээһининэн-саҕалааһынынан барыаҕа. Манна салалта, Бырабыыталыстыба эмиэ кыттыһыаҕа. Бары түмсэн үлэбитигэр туох итэҕэстээхпитин-быһаҕастаахпытын сүбэлэһэн көрүөхпүт. Туспа анал чинчийэр үлэлэр тахсыахтара, салгыы маннык үлэлиэххэ сөп диэн хайысхалары оҥостуохпут", - диэтэ.
Салгыы спикер: "Олоҥхоҕо төннүү, үөрэтии, олоҥхо тылыгар-өһүгэр ыччаттарбытын иитии саха норуотуттан хаһан даҕаны арахсыа суоҕа. Олоҥхобутун, бэйэбит тылынан уус-уран айымньыбытын, фольклорбутун, культурабытын үчүгэйдик билэр буоллахпытына, кэнчээри ыччаттарбыт инники олохторугар тирэхтээх, кыахтаах буолуохтара. Дьалҕааннаах үйэҕэ бэйэлэрин суолларын булуналларыгар олоҥхо көмөлөһүөҕэ. Биһиги олоҥхону үөрэтиини, олоҥхоҕо ыччаты уһуйууну аҥардас үөрэппит эрэ киһи диэн дьарыгырбаппыт. Ону эһиги үгүстэр өйдүүгүт уонна өйдүөх кэриҥнээххит. Бэйэбит төрүт үгэспитин билии ыччаппыт инники өттүгэр үрдүк культуралаах, өйдөөх-санаалаах, билиилээх-көрүүлээх буолуутугар тирэх буолуоҕа. Уларыйа турар глобальнай эйгэҕэ киириитигэр саха оҕото төрөөбүт төрүт тылын билэрэ, онно тирэҕирэрэ, бэйэтин кыахтаах курдук сананара киниэхэ инники өттүгэр мэлдьи көмөлөһүөҕэ", - диэн бэлиэтээтэ.
"Үлэбитин кэҥэтэрбитигэр саҥа хайысхалар үөскүү тураллар. Оннук буолуохтаах даҕаны. Аан бастаан биһиги үлэлиирбит саҕана маннык киэҥ далааһыннаах үлэҕэ тахсар туһунан санаа суох этэ. Үлэ төһөнөн күүһүрэн-кыаҕыран, дириҥээн иһэр даҕаны, бэйэтиттэн-бэйэтэ сиэтиллэн атын хайысхалар үөскүү тураллар. Олоҥхо эйгэтин оҕолорго тириэрдэр сыалтан, олоҥхоҕо туспа программа ылыныллыбыта. Олоҥхобутун атын омук тылларыгар тылбаастааһын, атын омуктар эпическэй айымньыларын сахалыы саҥардыы, олоҥхо сахалыы ааҕыллар эйгэтин кэҥэтии, онтон да атын үлэлэр тахсан кэлэ тураллар. Бу үлэ инникитин өссө кэҥиир туруктаах. Эһиги уһуйаан оҕолоругар анаммыт сахалыы таҥастаах куукулалары көрдүгүт. Ити эмиэ үлэбит биир бэлиэ кэрискэтин быһыытынан ааттыахха сөп. Уһуйаан иитээччилэрэ Барби куукуланы сахалыы таҥыннаран, тупсаран үлэлэригэр туһаналлар, оҕолору оонньотоллор. Олоҥхо 12 персонаһыгар 5000 устуука куукула оҥоһуллан кэлэн өрөспүүбүлүкэ детсадтарыгар босхо тарҕаныахтара. Инникитин итинэн эрэ муҥурдаммакка, баай саха фольклоругар, остуоруйаларыгар олоҕуран үлэ ыытыллыаҕа. Бастакы сахалыы куукулалар баар буоллулар", - диэн эппитин саала ытыс тыаһынан уруйдаата.
"Күндү доҕоттор, эһиги бүгүн Устин Нохсоровка уонна Гаврил Колесовка анаммыт быыстапканы көрдүгүт. Аатырбыт олоҥхоһуттарбытын чиэстиирбит инникитин даҕаны ыытылла туруоҕа. Сахалыы олоҥхо ыһыаҕын тэрийэн ыытар буолбуппут балай да өр буолла уонна үгэс быһыытынан олохсуйда. Ыһыах бэйэтэ туспа сиэрдээх-туомнаах, ирдэбиллээх. Аан бастаан маннык ыһыах Сунтаар улууһуттан саҕаламмыта. Аҥардас саха норуота уутуйан олорор улуустарыгар эрэ буолбакка, атын омуктар олорор улуустарыгар Олоҥхо ыһыаҕын ыыттыбыт. Бары билэҕит Мирнэйгэ буолбута, эһиилги ыһыах нууччалар, эбэҥкилэр уутуйан олорор улуустарыгар Алдаҥҥа ыытыллыаҕа. Мин бүгүн Олоҥхо Ассоциациятын үлэтин анаан-минээн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, тэриллиэҕиттэн ыла өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир общественнай тэрилтэлэртэн
биир саамай утумнаахтык, тиһигин быспакка, кэскиллээхтик үлэлии сылдьар бөдөҥ тэрилтэ буолар. Олоҥхо Ассоциациятын чилиэттэригэр, биирдиилээн бэйэлэрэ ааттара-суоллара улаханнык биллибэккэ даҕаны улуустарга олорор бэйэлэрэ фольклордарын, тылынан уус-уран айымньыларын, олоҥхолорун үйэтитэ, оҕону-ыччаты уһуйа сылдьар дьоннорго махтанабыт. Инники өттүгэр өссө кимиилээхтик, дьулуурдаахтык үлэлээн-хамсаан иһин, чэгиэн-чэбдик буолуҥ", - диэн Александр Жирков этиитин түмүктээтэ.
Салгыы үгүс сыллаах сыралаах үлэтин, олоҥхо сайдыытыгар кылаатын иһин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин Махтал суругун Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин иһинэн үлэлиир саха норуоттарын култуурнай нэһилиэстибэлэрин киинин үлэһитигэр Зоя Сысолятинаҕа (Дьокуускай) туттарда. Олоҥхо иккис уон сылын бэлэмнээн ыытыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай тэрийэр кэмитиэтин Бочуотунай Грамотатынан ХИФУ профессора Мария Прокопьева-Нохсорова, Хаҥаластааҕы "Кыымчаан" уһуйаан иитээччитэ Айна Олесова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Баатара нэһилиэгин баһылыга Федор Захаров, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Олоҥхо норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта Ариан Пермяков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Зоя Попова, араадьыйа суруналыыһа Майя Власьева, Дьокуускай куорат "Кэрэчээнэ" уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Галина Николаева наҕараадаланнылар.
Александр Николаевич экспертар сэбиэттэрин быһаарыыларынан Култуура уонна духуобунай сайдыы министерствотын бириэмийэтин "Олоҥхо мецената" номинацияны Тамара Фоминаҕа (Бүлүү улууһа) дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан туттарда.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай олоҥхо эйгэтин тула мустубут дьону эҕэрдэлээтэ. 2017 сыл түмүгүнэн "Олоҥхону бастыҥ толорооччу" дохсун ааты Николай Григорьевка (Чурапчы улууһа), "Бастыҥ Олоҥхону тарҕатааччы" ааты Светлана Ивановаҕа (Бүлүү улууһа), "Бастыҥ уһуйааччы" аатын Лидия Сивцеваҕа (Чурапчы улууһа) туттартаата.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ассоциацията общественнай түмсүү бэрэссэдээтэлэ Феврония Шишигина бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэбитигэр олоҥхону 140 киһи толорорун, 4 Ийэ олоҥхоһут баарын, 35 диэри саастаах 32 олоҥхоһуттаахпытын уонна 200-тэн тахса оҕо-ыччат олоҥхолуурун иһитиннэрдэ. Олоҥхону үөрэтии, иитии педагогиката олоҕурбутун бэлиэтээтэ. "Ытык олоҥхоһут", "Ийэ кут", "Ыччат олоҥхоһут" түмсүүлэр дьоруо аттыы айаннатан үлэлии сылдьалларын эттэ. Бастыҥнартан бастыҥнарга Олоҥхо Ассоциациятын бириэмийэлэрин туттартаата.
Амма улууһун баһылыга Николай Архипов: "Улууспутугар киэн туттар, тумус туттар ытык дьоммут Устин Нохсоров, Владимир Новиков - Күннүк Уурастыырап, Христофор Максимов, Ольга Иванова-Сидоркевич быйыл үбүлүөйдээх сыллара буолла. Кинилэргэ аналлаах олус элбэх тэрээһин ыытылынна. Олоҥхоһуппут Устин Нохсоров үбүлүөйдээх сылыгар олоҕураммыт, сыл саҕаланыаҕыттан дьаһаллары анаатыбыт. Оҕолорго, улахан дьоҥҥо конкурс ыыппыппыт. Абаҕа нэһилиэгэр үбүлүөйдээх ыһыах түһүлгэтин төрүттээбиппит. Үтүө дьоммут аатын сырдатан, үйэтитэн, историябытын үөрэтэн иннибит диэки хардыылыыбыт", - диэн бэлиэтээтэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Павел Сазонов: "Биһиги биир дойдулаахпыт Баатараттан төрүттээх Гаврил Колесов аатын үйэтитэргэ былааннаах үлэбит өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференцияттан саҕаламмыта. Бу тэрээһин инники өттүгэр өссө да ыытыллыаҕа. Сайын төрөөбүт дойдутугар үбүлүөйүнэй олоҥхо ыһыаҕын тэрийбиппит. Сылбытын Дьокуускай куоракка ахсынньы ыйга эдэр олоҥхоһуттар күрэхтэринэн түмүктүөхпүт. Түгэнинэн туһанан, олоҥхо эйгэтин сэҥээрээччилэри ол тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттаргытыгар ыҥырабыт", - диэн иһитиннэрдэ.
Мустубут дьон Олоҥхо театра туруорбут Былатыан Ойуунускай "Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо" спектакль премьератын (режиссер Валентин Макаров) биир тыынынан көрдүлэр. Олоҥхоҕо быйыл саҥа үөрэхтэрин бүтэрбит эдэр артыыстар оонньоотулар. Доллоһутар тойук дуораһыйда, кылыһахтаах ырыа иһилиннэ, сырдык, хараҥа күүстэр охсуһуулара, орто дойдуга уйгулаах олох түстэнэрэ көһүннэ. Саха олоҥхото модун бухатыыр курдук күрүлүүр күүһүнэн, балкыырдаах байҕал курдук баламат ис хоһоонунан, аан айылҕа курдук сиэдэрэй кэрэ тылынан-өһүнэн тулуктаһан, былыргы дьыллар былдьаһыктаах мындааларын, урукку дьыллар охсуһуулаах уорҕаларын уҥуордаан, аан дойду бастыҥ айымныларын кэккэтигэр киирсэр кэмигэр тиийэн кэллэҕэ.
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн икки нэдиэлэ устата улуустарга, нэһилиэктэргэ тэрээһиннэр буолуохтара. Түмүктүүр сүрүн тэрээһин ахсынньы 9 күнүгэр, үгэс быһыытынан сайын Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар улууһугар Алдаҥҥа ыытыллыаҕа.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
|