Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2017 » Ахсынньы » 13 » Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана казактар уопсастыбаларын Саха сиригэр сайыннарыы туһунан сокуон барылын Ил Түмэҥҥэ киллэрбит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана казактар уопсастыбаларын Саха сиригэр сайыннарыы туһунан сокуон барылын Ил Түмэҥҥэ киллэрбит.
11:28
 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана казактар уопсастыбаларын Саха сиригэр сайыннарыы туһунан сокуон барылын Ил Түмэҥҥэ киллэрбит.

Тоҕо норуотун кытта "бу курдук сокуону киллэриэхпин баҕарабын" диэн сүбэлэспэтэх баҕайытай?! Син сүбэлэһэр курдук этэ ээ, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах сокуону да ылан көр... Единоросстар, Ил Түмэҥҥэ баһылыыр куолаһы ылар дьон, "маны норуоту кытта сүбэлэһэн баран биирдэ көрүөххэ" диэбэккэ, түргэн соҕустук аһара охсоору, сыл бүтүө аҕыйах хонук иннинэ, киһи барыта Саҥа сылы көрсөөрү, түмүктээри түбүгүрэ сылдьар кэмигэр сөп түбэһиннэрэн, куоластаан кэбиһиэхтэрин баҕараллар. "Туох ааттаах тиэтэлэй, тоҕо норуоттан кистээн кэриэтэ бигэргэтиэхтэрин баҕаралларый" диэн санааттан барылы ааҕан көрбүтүм, иһэ истээх сокуон барыла буолан таҕыста. Дьэ, ол курдук:
1)Сокуон барылын бастакы ыстатыйатыгар казактар уопсастыбаларын сайыннарыыны судаарыстыба бэйэтин илиитигэр ылыахтааҕын, Саха сирин үрдүнэн тэрийиэхтээҕин туһунан, онно олохтоох бэйэни салайыныы тэрилтэлэрэ эмиэ кыттыһыахтаахтарын туһунан суруллубут. Ол аата Ил Дархаммыт, бырабыыталыстыбабыт, улуустарбыт, нэһилиэктэрбит баһылыктара, дьокутааттара казактар уопсастыбаларын тэрийэр кыһалҕаҕа түһүүһүлэр. Хаһан, ханна этэй уопсастыбанай түмсүү судаарыстыбаттан тутулуга суох буолуохтаах, бэйэтин-бэйэтэ тэриниэхтээх, тэриллиэхтээх диэннэрэ.
2)Иккис ыстатыйаҕа казактар уопсастыбаларын сайыннарарга тирэх буолар сокуоннары киллэрбиттэр. Онно конституция эмиэ кыбытыллыбыт. Конституцияҕа уопсастыбанай түмсүүнү судаарыстыба тэрийиэхтээх, биир уопсастыбанай түмсүү атыны баһылыыр суолталаах буолуохтаах диэни хантан булан көрбүттэрэ буолла, мин билэрбинэн, киһи барыта тэҥ бырааптаах диэн курдуга дии, уларыта охсубуттарын билбэккэ сылдьарым дуу?!
3)Казактар уопсастыбалара сайдарын Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата хайдах быһыылаахтык өйүөхтээҕин туһунан бу барыл төрдүс ыстатыйата туох диир эбитий? Арассыыйа кыраасданнарын (эн биһикки эрэ буолбатах, баҕардар бу киһи Иркутскайга, баҕардар Тулаҕа олордун син-биир) Саха сирин казактарын уопсастыбатыгар киирэллэрин уонна судаарыстыбанай сулууспаларга үлэлииллэрин хааччыйыахтаах. Тоҕо бэрдэй, казак буоллум да нэһилиэгим баһылыгар тиийэбин, сулууспалыы кэллим диэтим да бүттэ. Ону баара, мин эрэ буолбакка ким баҕарар Арассыыйа кыраасдана буолла да тиийэн кэлиэн сөп. Баһылык эрэйдээх "ээ" эрэ диэригэр тиийээхтиир.
4)Төрдүс ыстатыйаҕа өссө казактар олохторун-дьаһахтарын оҥкулун, үгэстэрин, култуураларын сөргүтэргэ үлэ ыытыллыахтаах диэбиттэрэ. Быһата, нэһилиэктэрбит станицаларга, хутордарга кубулуйан барыыһылар. Үп бөҕөтө үллэҥнииһи, халыҥ харчы хамныыһы. Ити кэриэтин "тыа кулууптарын сөргүтэлээҥ" диэн солкуобай барахсаны утары уунар туһунан сокуон эбитэ буоллар диэн үөрэммиппитинэн бүтэйдии кэтэһэр эрэ буоллахпыт.
Аны туран, хас биирдии куорат, улуус, нэһилиэк баһылыга казактар уопсастыбалара сайдарын өйүүр бырагырааммалаах буолуохтаах эбит, эбит эрэ буолбатах онон салайтаран үлэтин иилиэхтээх-саҕалыахтаах диэн өйдөбүлү киллэрбиттэр. Бу эрэттэриҥ барыта бэлэмҥэ күөлэһийииһиктэр, абыраммыт дьон, онтон сылтаан киин сиртэн көһөн кэлээччи да баар буолар ини.
5)Бэһис ыстатыйаҕа наһаалаабыттар. Ил Түмэн казактар уопсастыбалара сайдарын туһунан сокуону олоххо киллэрэрин таһынан, сокуон туолуутун ирдиэхтээх диэбиттэр. Үрэх баһыгар олохтоох уу саха нэһилиэгэр тиийэн "тоҕо казактар уопсастыбаларын тэрийбэккэ олороҕут" диэн хабарҕалаан да туруохтарын сөп буолууһук.
Ил Дархаммыт иллэҥэ бэрт буолан бэйэтин иһинэн казактар сүбэлэрин (совет) тэриниэхтээх, ол састаабын, былаанын, балаһыанньатын быһаарыахтаах, "Якутский казачий полк" тэрийэн устаабын бигэргэтиэхтээх. Дьэ, хайдаҕый? Кыах дьон дуу? , Дархаммыт Атамаан диэн ааттанара эрэ хаалбыт.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата казактар уопсастыбалара сайдарын туһугар олохтоох бэйэни салайыныы тэрилтэлэрин кытта үлэлэһиэхтээх, казактар атахтарыгар туралларыгар, төбөлөрүн өндөтөллөрүгэр көмөлөһүөхтээх диэбиттэрэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин толорор тэрилтэтин ирдээччитэ (уполномоченный испольнительный орган государственной власти) казактар уопсастыбалара сайдарын туһугар үп (субсидии) буларга үлэлэһиэхтээх. Көрөрбүт курдук туох баар былааспыт турардыын турбаттыын бука бары казактар уопсастыбалара сайдарын туһугар илин-кэлин түсүһүөхтээхтэр.
6)Алтыс ыстатыйаҕа казактар тугунан дьарыктаныахтаахтара ыйыллыбыт. Ол курдук: уопсастыбанай бэрээдэги көрөллөр, эдэр ыччаты сэрииһит буоларга бэлэмнииллэр, араас быһылаан тахсыбыт сиригэр
үлэлииллэр, экология иһин туруулаһаллар, уоту (пожар) утары охсуһаллар, айылҕаны харыстааһыны көрөллөр, судаарыстыба кыраныыссатын маныыллар, кутталлаах дьайыыны (терроризм) утары киирсэллэр... Кырдьык даҕаны, бэрт туһалаах дьон эбит диэҕи полиция, баһаарынай сулууспа, МЧС, сэбилэниилээх күүстэр, айылҕа, экология уо.д.а. миниистиристибэлэр үлэһиттэрин ханна гынабыт, эбэтэр уларыта үөрүйэх дьон барыларын казактар диэн ааттыыр буолабыт дуу? Милииссийэ полиция буолбутуттан төһөнү туһанан олоробут?
7)Ахсыс ыстатыйаҕа үбүлээһин (финансовое обеспечение) туһунан суруллубут. Онно судаарыстыбанай уонна олохтоох бэйэни салайыныы тэрилтэлэрэ казак уопсастыбаларын кытта дуогабардаһан бүдсүөттэн төлүөхтээхтэр диэбиттэр. Ол аата мин эн хамнаспытыттан барбыт нолуок харчыта буолан тахсар. Ону иккигэ үллэрэбит, тоҕо диэтэххэ казактары таһынан өссө араас миниистэристибэ үлэһиттэрэ баалларын умнума. Хамнастара быыкаа буолар. Биллэн турар, сөбүлэспэттэр. Оччотугар нолуок үрдүүр, эн биһикки харамааммыт чарааһыыр, эбэтэр атын туох эрэ суотугар хамнастара үрдүүр. Холобур, оскуола тутуллуохтаах харчыта хамнас буолар, эбэтэр өссө тугу эрэ толкуйдууллар, онтулара хайдах буолуон, тугунан диэлийэн тахсыан бэйэлэрэ да билбэттэрэ буолуо.
8)Тохсус ыстатыйа этэринэн олохтоох бэйэни салайыныы тэрилтэлэрэ казактар уопсастыбалара сайдалларыгар диэн сир быһан биэриэхтээх эбэтэр аныахтаах. Онно казактар бэйэлэрин хаһаайыстыбаларын тэриниэхтээхтэр. Сир былдьаһыыта тахсан кэллэҕэ ити. Биир бэйэм оттуур сирбин биэриэ суох курдукпун. Олохтоох былаас сокуону толорор туһугар балаһыанньаттан хайдах тахсар, ама көрдөрбүтүнэн туран сирбитин былдьаан туран казактарга биэриэх муҥа дуу?! Чугас эргиннээҕи сир барыта үллэриллибитэ ырааттаҕа дии. Дьэ, мучумаан бөҕө буолууһу.
9)Онус ыстатыйаҕа казактар култуураларын, үгэстэрин олоххо киллэрэр сыаллаах араас тэрээһиннэр барыахтаахтарын киллэрбиттэр. Ол иһигэр казактар олохторун-дьаһахтарын, култуураларын, үгэстэрин үөрэтэр үөрэх тэрилтэлэригэр судаарыстыба өттүттэн өйөбүл баар буолуохтааҕа ыйыллыбыт. Төрүт олохтоох омуктар олохторун-дьаһахтарын, култуураларын, үгэстэрин үөрэтэр биридимиэттэри суох оҥортуу олорор кэмҥэ казактар эрэ баалларын курдук кинилэри өрө тутуу өйдөммөт быһыыны үөскэтииһи.
Түмүктээтэххэ,
Саха сиригэр маннык сокуон тоҕо наада буолбутун өйдөөбөтүм. Казактар түөлбэлээн олорор соҕуруу дойдуларыгар эбитэ буоллар, баҕар, сөбүлэһиэххэ син этэ, ону да бэркэ ыараҥнатан көрөн баран. Тоҕо диэтэххэ, казактар ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕана норуотун хам баттыыр күүс курдук сылдьыбыттара. Билигин оннук күүскэ кубулуйуо суохтара диэн мэктиэлиир, төбөтүн былаахыга ууран биэрэр киһи суоҕа буолуо?!Единоросстар, бу курдук түөрэккэй сокуону ылынымаҥ! Норуот талбыт дьокутааттара буоларгыт умнумаҥ! Норуот кэскилин туһугар үлэлээҥ! Казактар уопсастыбалара Ил Дархан, Ил Түмэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын көмөтө суох Саха сиригэр үлэлии олорор атын уопсастыбанай түмсүүлэр курдук бэйэтин-бэйэтэ көрүнүөхтээх, судаарыстыба өйөбүлэ суох. Атын уопсастыбанай түмсүүлэри кытта тэҥ буолуохтаах!
Бу сокуон барылын бука бары биир киһи курдук утарар наада дуу..

Иванов П.Н
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1067 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2017  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 78
Ыалдьыттар (гостей): 78
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024