News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2017 » Ахсынньы » 31 » Афанасьев Лазарь Андреевич - Тэрис, 2017 сыл ахсынньы ый 29 күнүгэр, уһун ыарыахан ыарыыттан орто дойду олоҕуттан туораата
Афанасьев Лазарь Андреевич - Тэрис, 2017 сыл ахсынньы ый 29 күнүгэр, уһун ыарыахан ыарыыттан орто дойду олоҕуттан туораата | 09:31 |
"Айыы Итэҕэлэ" итэҕэл тэрилтэтин "Ытык, Сүбэ Бахсыта", "Кут-сүр" уопсастыбаннай түмсүү салалтатын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын союһун кыттыылааҕа, Афанасьев Лазарь Андреевич - Тэрис, 2017 сыл ахсынньы ый 29 күнүгэр, уһун ыарыахан ыарыыттан орто дойду олоҕуттан туораата
Ытыктыыр киһибит дьиэ кэргэнигэр, чугас аймахтарыгар кутурҕаммытын тийиэрдэбит
Айыы аймаҕын Ийэ кута айбыт Айыыларыгар көтөҕүллэригэр үтүө санаабытын холбоон ахтан-санаан ааһыаҕыҥ
Күн киһитин салгын кута үгүс саха дьонугар өйүгэр-санаатыгар, сэһэнигэр-сэппэнигэр уостан түспэт номох буолан бара туруоҕа Үгүс үтүө үлэтэ үүнэр көлүөнэҕэ, кэлэр кэскиллэрбитигэр, Айыы үөрэҕэ буолан быстыбат утума үйэлэри уҥуордаан эттэригэр-хааннарыгар иҥэн Ийэ куттарын иитимньилии туруо Кэлэр көлүөнэ кини сырдык аатын Аал оҥостон үүнэр-сайдар олох суолун устун айанныахтара турдаҕа
Буор кутуҥ Ийэ сиргэр бэриллибит сиригэр Мэҥэ бэлиэ көтөҕүллэн өлбөт-өспөт сырдык аатыҥ суоруллубат сурук буолан дьэҥдэйэн көстүө, саха тыыннаах сүгүрүйэн ааһар, кыһалҕалаах киһи көрдөһөр, кэпсэтэр ытык миэстэтэ буолуо
Ытык киһибит Ийэ сириҥ сылаас суорҕан, сымнаҕас тэллэх, түү сыттык буоллун Уһун уугар уоскуйан утуй
Быдан дьылларга быраһаай
Лазарь Андреевич Афанасьевы-Тэриһи тиһэх суолугар атаарыы, бырастыылаһыы тохсунньу ый 2 күнүгэр, Дьокуускай куорат Сэргэлээх шоссетын, 5 км. 2/8 нүөмүрдээх дьиэтигэр, "НЕКРОПОЛЬ" труарнай саалатыгар 10 чаастан саҕаланыаҕа.
Сырдык аатын санаан ааһар сандалыта күнүс 13 чаастан ДП-2 остулубуойугар, Ленин проспегын 30 нүөмэрдээх дьиэтигэр тэриллиэ. Билсэр телефоннаргыт:
89241737989, 89141035535.
Айыы дьоно аадырыс уларыйбытын өйдөөн алы гыныаххыт диэн эрэнэбит.
Күүс-көмө буолааччыларга анаан:
Моб.банк: 89241700321
Олоҕун олуктара
Бүлүү куоратыгар 1952 сыл тохсунньу 12 күнүгэр төрөөбүт.
1969—1974 сс. — Бүлүү улууһун араас тэрилтэлэригэр үлэлээбит.
1974—1976 сс. — Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыт.
1976—1984 сс. болуотунньуктаабыт, учууталлаабыт, «Октябрь суола» («Путь Октября») хаһыакка тылбаасчыттаабыт.
1983 с. Саха государственнай университетын бүтэрбит.
1984 сылтан Гуманитарнай чинчийиилэр институттарыгар (ГЧИ) үлэлиир.
1993 сыллаахха «Фоносемантика основ образных слов якутского языка» диэн тиэмэҕэ билим хандьыдаатын диссертациятын көмүскээбит.
1989 сылтан уопсастыбаннай үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар. Ити сыл кини «Саха кэскилэ» диэн уопсастыбаннай хамсааһын салайааччытынан талыллыбыта. «Кут-Сүр» оскуолатын тэрийиигэ, Айыы үөрэҕин сөргүтэн тарҕатыыга, «Саха омук төрүт культурата» диэн оскуола бырагырааматын оҥорууга көхтөөтүк кыттыбыта. Кини кыттыытынан «Саха Сирин литератора» («Литератор Якутии»), «Дууһа ыраастаныыта» («Экология души») хамсааһыннар тэриллэн үлэлии сылдьыбыттара. Билигин саха тылыгар хас да научнай үлэлээх.
1998 сылтан Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Билимҥэ да, саха олоҕор-дьаһаҕар да сыһыаннаах бэчээккэ элбэх ыстатыйалардаах.
АЙЫЫ ТЫЫННААХ САХА НЬУРГУН БООТУРА, САХА НОРУОТУН СААРЫНА, ӨБҮГЭ ҮӨРЭҔИН, САХА АЙЫЫ ИТЭҔЭЛИН, хайдах сурукка-бичиккэ хаалбытынан үөрэтэн, сааһылаан-саамылаан, норуотугар тириэрдибит, АЙЫЫЛАР АНАЛЛАРЫН ТОЛОРУ ТОЛОРБУТ - ТЭРИС БАРАХСАН
ИЙЭ КУТА АЙЫЫЛАРЫГАР ТИИЙЭН БЭЙЭТЭ АЙЫЫ БУОЛЛУН! ТАПТАЛЛААХ НОРУОТУН АРЧЫЛААТЫН, АРАҤАЧЧЫЛААТЫН, ХАРЫСТАСТЫН!
ДОМ!
САЛГЫН КУТА ТУЛАЛЫЫР ТЫЙЫС, ОЛ ЭРЭЭРИ КЭРЭ АЙЫЛҔАБЫТЫГАР ИҤЭН ХААЛАН, ОЛОҔУН БАРЫТЫН АНААБЫТ ТАПТАЛЛААХ САХАТЫН НОРУОТУН АЙЫЫ ТЫЫНЫНАН ҮЙЭЛЭРГЭ БАЙЫТА, ДИРИҤЭТЭ, КЭҤЭТЭ, УГУТТУУ, ИҤЭРЭ ТУДУН!
ДОМ!
БУОР КУТА БАРАХСАН БУ ОРТО ДОЙДУГА ДЬУЛУРУЙАР НЬУРГУН БООТУР КУРДУК ТУРУУЛАҺАН, АРААС КИРИ-ДЬАЙЫ КЫАЙАН, ХОТОН, ОРТО БААЙЫЫЛААХ КИҺИ УЙБАТЫН УЙАН, БАЧЧАҔА ТИИЙЭН КЭЛЛЭҔЭ, АЙЫЫ ҮӨРЭҔИН СОКУОНУНАН ОЛОХХО КИЛЛЭРДЭҔЭ!
ИЙЭЛЭЭТЭР ИЙЭ СИРИН КЫТТА СИЛБЭСТИН, НОРУОТУН УЙГУЛААТЫН,БЫЙАҤНААТЫН!
ДОМ ини ДОМ!
САХАБЫТ СИРИН ДЬОНО-СЭРГЭТЭ!
САХА БУОЛАН САНДААРЫҤ!
КИҺИЛИИ СИЭРДЭЭХ АЙЫЫ КИҺИТЭ БУОЛАН КИЛБЭЙИҤ!
ТЭРИС КЭРИЭҺИН ОЛОХХО, НОРУОККА ИҤЭРИЭҔИҤ!
ТӨРҮТ ҮС КУТ САХА БУОЛАН СИЛИГИРИИ ЧЭЧИРИЭҔИҤ!
ТУСКУ!
Аламай күн кутурҕаннаах киэһэтинэн!
Бу сарсыарда унньуктаах уһун сыллар усталарыгар, сахам сирин, дойдум-дьонум туһа диэн архыып бөҕөнү хаһан, суруйуу бөҕөнү чинчийэн, ырытан-анааран, сааһылаан-чопчулаан саха итэҕэлин, өбүгэ үгэһин олус дьаныһан, туруулаһан, олоҕун үгүс өттүн анаан үлэ бөҕөнү суруйбут, айыы үөрэҕин дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдибит улуу киһи, саха саарына Лазарь Афанасьев--Тэрис олус уһуннук ыалдьан күн сириттэн барбытынан дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит. Олох соторутааҕыга дылы кинилиин алтыһа, кини үөрэҕин тутуһа, суруйан хаалларбыт ыйынньыктарын ый аайы тутта-туһана сылдьар, бэйэтиттэн сүбэ-ама ыла сылдьар дьоҥҥо улахан сүтүк буолар.
Дьэ чахчы даа кини туһугар атааннаах-мөҥүөннээх, түһүүлээх-тахсыылаах, үгүс элбэх үтүөлээх-охсуулаах олоҕор, араас утарылаһыылары, тургутуулары чиэстээхтик ааһан, тулуурдаахтык уйан, кыайыынан тахсан саха итэҕэлин сокуонунан бигэргэтэргэ күүстээх үлэни оҥорбут ытык киһи буолар!
Ытык киһибит күн сиригэр ананан кэлбит аналын үрдүк таһымнаахтык толорон, саха итэҕэлин, сиэрин-туомун, өбүгэ үгэһин тилиннэрэн-тылыннаран, саҥалыы сандаардан, үйэтитэн хаалларбытын ылынан, туһанан туттан, кини кэриэһин толорон, үлэтин тилиннэрэн, үйэтитэн, аатын ааттатан , саха буолан сандаарыаҕын, киһи буолан килбэйиэҕин, сахабыт саргытын салайсыаҕын, саха дьоно барахсаттар!
ТЭРИС сырдык кута-сүрэ айыылардыын силбэһэн, айылҕалыын ситимнэһэн, ийэ сириниин холбоһон сылаастык-сымнаҕастык тиийиэхтээх сиригэр тиийдэҕэ, нус-хас уоскулаҥы буллаҕа буоллун! Оннуок!
Сыдьаайа, Байдам.
Сынньаннаҕа. Күүстээх күҥҥэ кута көттөҕө. Үтүө киһибит - Тэриспит Айыы тыыннаах алгыһа - үтүмэн Үлэтэ сахатын дьонугар, киһи аймахха үтүөтүнэн үүнүө да буоллаҕа, Аал буолан олох аартыгын арыйан, суолун тэлэн иһиэ да буоллаҕа, ыйынньык сулустуу сандаара туруо да буоллаҕа.
Сахатын дьонугар, айыытын аймаҕар туттарбыт АЙЫЫтын УОТА Күн тэҥэ сыдьаайа, сүрэхтэргэ иҥэн, куттарга дугуйданан сарпа садарахтанан сандаара туруо.
Тэристиин алтыспыт дьоллоохпут.
Күндүүнэ
|
Category: Люди. Человек. Народ. Общество |
Views: 1515 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 102 Ыалдьыттар (гостей): 102 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|