«Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин»
Бу саха омук чулуу уола Былатыан Ойуунускай эппит тыллара. Ил Түмэҥҥэ Ийэ тыл күнүн көрсө наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар кэмитиэт тэрийиитинэн төгүрүк остуол ыытылынна. Мунньаҕы кэмитиэт чилиэнэ, норуот депутата Иван Шамаев салайан ыытта.
Тыл баайа, кыаҕа, күүһэ – бу омук баайа, кыаҕа, инники кэскилэ. Сайдыылаах, хомоҕой төрөөбүт тыллаах киһи өйө-санаата чэбдик, туруга бөҕөх буолар. Тэрээһиҥҥэ Ийэ тылбыт инники дьылҕатын туһугар ис сүрэхтэриттэн долгуйар дьон мунньахтыыр сааланы толору муһуннулар.
Норуот депутата Иван Шамаев киирии тылыгар: «Ааспыт сайын оскуолаларга төрөөбүт тыллары үөрэтии балаһыанньатыгар Россия Федерациятын үөрэҕин уонна наукатын министерствота, прокуратура өрөспүүбүлүкэлэргэ бэрэбиэркэ ыыппыта. Биһиэхэ Саха сиригэр барбыт бэрэбиэркэ дьон болҕомтотун тардыбыта. Сүрүннээн ити национальнай оскуолалары кытта сибээстээх, ол курдук Дьокуускайга баар 4 саха тыллаах оскуолаларбыт үлэлии олорбут оҥкулларын уустугурта. Биһиги сахалыы тыллаах оскуола баар буоларын туһугар көмүскүүр уонна мэктиэлиир балаһыанньаны Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин министерствотыгар киллэриэхтээхпит. Бүгүн чуолаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин сокуонугар көннөрүүнү ырытыахпыт. Бу тула этиилэри оҥороргутугар көрдөһөбүн», - диэн эттэ.
Бастакынан норуот депутата Егор Жирков: «Уопсастыбаннас өттүттэн куорат учууталларын, төрөппүттэри мунньан түмсүү тэрийэммит саха оҕото төрөөбүт тылынан үөрэнэр бырааба төһө хааччахтанарый, көрүллэрий диэн үлэтэ ыытыаҕыҥ. Бары билэрбит курдук куоракка саха оскуолата тиийбэт. Иккиһинэн, бырааппытын хааччыйыҥ диэн өрөспүүбүлүкэ былааһыгар федеральнай таһымҥа туруорсуохтаахпыт. Үсүһүнэн, уопсастыбаннас оскуолаларга сахалыы кылаас үөскүүрүгэр үлэлэһиэхтээх», - диэтэ. санаатын эттэ.
Биллэр уопсастыбаннай деятель Ульяна Винокурова өрөспүүбүлүкэҕэ тыл уратыларын киллэриэххэ, тоҕо диэтэххэ Россияҕа тыл программатын туспа көрөр-истэр буоллулар диэн санаатын эттэ. Салгыы үөрэх программатыгар саха тылыгар уонна олохтоох төрүт омуктар тылларынан үөрэтии туһунан ылыныахха диэтэ. Үсүһүнэн, хас биирдии муниципальнай тэриллии аайы анал сахалыы тыллаах оскуола статуһун бигэргэтэн үлэлэтиэххэ. Итинник үөрэх тэрилтэлэрэ баар буолар буоллахтарына, кинилэр ким да быраабын күөмчүлээбэттэр диэн бэлиэтээтэ уонна төгүрүк остуол этиилэрэ олоххо киирэллэригэр баҕарда.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Февронья Шишигина Россия Федерациятын үөрэхтээһин туһунан сокуона кэлиҥҥи кэмҥэ кэҥээн эрэрин уонна бу сокуон үөрэтии, үөрэнии көрүҥнэригэр үгүс көҥүлү биэрэр улахан сокуон буоларын тоһоҕолоон эттэ. «Биһиги сокуон барытын бобор, хаайар диир кыахпыт суох. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһин туһунан сокуонун ити сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн кэҥэтэр табыгастаах. Олохтоох официальнай тылларга туспа пуун баар буолуон эмиэ сөп курдук. Өссө биири бэлиэтиэм этэ, сокуоҥҥа национальнай оскуола диэн өйдөбүлү уонна иитии диэн тылы хайаан да киллэриэҕиҥ», - диэтэ. Февронья Васильевна муус устар ыйга Судаарыстыбаннай Думаҕа ыытыллар тыл боппуруоһугар аналлаах парламентскай истиилэргэ, бэйэбит этиилэрбитин киллэрэргэ үлэлэһиэҕиҥ, саха уонна олохтоох төрүт омуктар тылларын туругун үөрэтиигэ научнай-практическай конференцията, сыллата тылбытын үөрэтиигэ чинчийиитэ ыытыаҕыҥ, Ил Түмэҥҥэ парламентскай истии, төгүрүк остуол наадатын туһунан санаатын үллэһиннэ. Бу күннэргэ Олоҥхо ассоциацията саха тылын учууталларын, төрөппүттэри уонна уопсастыбаннаһы кытта киэҥ кэпсэтии оҥороору сылдьарын иһитиннэрдэ.
Семен Новгородов аатынан «Бичик» кинигэ кыһатын кылаабынай редактора Валерий Луковцев: «Ил Дархан аппараатын иһинэн үлэлиир Тыл Сэбиэтин саҥардан, босхоломмут штатнай үлэһиттэри аныыр наада буолла», - диэн санаатын эттэ.
«Саха сайдам оҕото» айар холбоһук салайааччыта Мария Дегтярева «Биһиги, сахалар, оҕобут туһугар олох долгуйбат омуктарбыт. Баҕар соһуйа истиэххит, ол эрээри бу кырдьык. Оҕолорбут бары интернет ситимигэр холбонон олороллор. Төрөппүттэр онтон тэйитиэх оннугар төттөрүтүн ноутбук, телефон, планшет атыылаһан биэрэбит. Оҕо барахсан уһун күнү быһа интернет мультиктарын, киинэлэрин көрөр, арааһынай оонньууларынан оонньуур. Тоҕо биһиги бэйэбит сахалыы иитэр-үөрэтэр мультиктары оҥорор кыахпыт суоҕуй? Баар бөҕө буоллаҕа дии. Ол эрээри онуоха салалта өттүттэн өйөбүл суох. Биһиги айар холбоһукпут өрөспүүбүлүкэбитигэр баар мультипликатордары түмэн сүрэхпит баҕатынан айа-тута сылдьабыт. Үөрэх, культура министерстволара биһиги диэки болҕомтолорун ууран, граннары, куонкурустары тэрийэллэригэр баҕарабын», - диэн санаатын эттэ. Мария Геннадьевна оҕо иитиитигэр эппит санаатын төгүрүк остуол кыттыылаахтара сэҥээрэ иһиттилэр.
Төгүрүк остуолга улуустартан кыттыыны ыла кэлбит тыа сирин учууталлара улуустарын прокурора, үөрэх управлениета кылаас сурунаалыгар саха тылын уонна литературатын уруоктарын нууччалыы толороллорун ирдиир буолбуттарын иһитиннэрдилэр. Бу кыһалҕаны өссө төгүл сокуон өттүттэн көрөн чопчулуулларыгар көрдөстүлэр.
Кэпсэтиини кыттыылаахтара Тыл Сүбэтин тэрийэр кэм кэлбитин, оскуолаҕа ылыы прописканан ыытыллар буолбутун учуоттаан, олохтоох тэриллиилэр национальнай иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэр статустарын чуолкайдыыллара уолдьаспытын, оҕо өйүн-санаатын буккуйар интернет дьайыыта хайдах да бобуллар кыаҕа суох буоллаҕына, муҥ саатар ону утары сахалыы тыллаах мультиктары, оонньуулары оҥорон тарҕатарга, саха тылыгар аналлаах парламент истиилэрин тэрийэргэ диэн түмүк санаалары ылыннылар.
Саха норуодунай суруйааччыта Василий Яковлев - Далан: «Түҥ былыргы соҕурууҥҥу уордаах сахтары уонна хоту тымныы-тыйыс дьыбарын бииргэ ыпсаран сатаан холбообут, ону ойуулаан-оһуордаан, уустаан-ураннаан хомоҕой хоһоон, ыллам ырыа, кэрэ кэпсээн гыммыт мин төрөөбүт сахам тыла кэнэҕэһин-кэнэҕэс кэхтэн-эстэн хаалбакка, аан дойду норуоттарын муудараһыгар кыттыстар, киһи аймах культуратын фондатыгар аналлаах миэстэтин буллар», - диэн этэн турардаах. Улуу убайдарбыт ыра оҥостубут баҕа санаалара туолан, үрүйэ уутун курдук сэргэх, сир симэҕин курдук сиэдэрэй сахабыт тыла чэчирээтин, сайыннын.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
|