Олунньу 20 күнүгэр СӨ национальнай бибилэтиэкэтин история саалатыгар саха норуодунай суруйааччыта С.Т.Руфов 90 сааһыгар аналлаах “Олоххо айхал” кинигэтин 1-кы томун сүрэхтэниитэ буолла.
Кинигэ “Бичик” кыһатыгар 1,5 тыһ. ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт. Манна суруйааччы талыллыбыт айымньалара сүүмэрдэнэн киирдилэр. Ол курдук, кыра оҕолорго, улахан дьоҥҥо аналлаах хоһоонноро, Уильям Шекспир сонеттарыттан, Алишер Навои газеллэриттэн, К. Иванов поэматыттан уо.д.а. тылбаастара уонна бэйэтин айымньытын нууччалыы тылбаастара киирдилэр. Кинигэни суруйааччы оҕолоро Татьяна Семеновна уонна Валерий Семенович хомуйан таһаардылар.
Тэрээһини суруйааччы оҕолоро уонна национальнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар. Норуодунай суруйааччы И.В. Мигалкин, «Күрүлгэн» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ, суруйааччы А.Г. Гуринов-Арчылан, «Бичик» кинигэ кыһатын салайааччыта А.В. Егоров, Бүлүү улууһун бэрэстэбиитэлэ С. Михалев, ийэ тыл эмчитэ М.П. Алексеев-Дапсы о.д.а. кэлэн тэрээһиҥҥэ тыл эттилэр, Сэмэн Тиитэбиһи кытта алтыспыт кэмнэрин ахтан-санаан туран саҥа тахсыбыт кинигэни сыаналаатылар. Дьоро киэһэҕэ «Кырсаада» ансаамбыл, сиэн быраата А. Руфов уонна Тамалакаан орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ хоһооннорун ааҕан киэргэттилэр. Ырыа айааччы Алексей Егоров Семен Руфов 11 хоһоонун ырыа гынан көтүппүтүн бары сэргии иһиттибит.
Суруйааччы төрөппүт кыыһа Т.С. Руфова-Слепцова тэрээһин туһунан бу курдук эттэ:
-- Бүгүн биһиэхэ олус үөрүүлээх түгэн, аҕабыт кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Өйөбүл буолбут дьоммутугар Юрий Куприяновка, «Бичик» кинигэ кыһатыгар, Үөһээ Бүлүү улууһун салалтатыгар уонна «Ситим» медиа бөлөххө махталбытын тиэрдэбит. Аҕабыт урукку сылларга бэйэтэ бэлэмнээбит хомуурунньуктарыттан, «Кыым», «Орто дойду» хаһыаттарга тахсыбыт уонна бэчээттэнэ илик айымньыларын таҥан киллэрдибит. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Манна Сэмэн Тиитэбис оҕо сааһыттан саҕалаан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри кэм түмүллэн киирбит.
М.С. Руфов салайар “Фонд по увековечению памяти народного писателя РС(Я) С.Т. Руфова и отличника просвещения РСФСР М.С. Арбыкиной” диэн пуондабыт ааспыт сыл сааһыттан тэриллэн үлэлиир. Бу пуондабыт көмөтүнэн кэлэр томнарбытын салгыы таһаарар санаалаахпыт. Аны саас аҕабыт сырдык аатын үйэтитэргэ, муус устар 1 күнүгэр «Балык үөстээх, киһи үөннээх» диэн литературнай тэрээһини уонна иккис сылын ыытыллар, үгэскэ кубулуйбут куйууру Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Тамалакаан нэһилиэгин кытта бииргэ тэрийиэхпит. Аны сайын бэс ыйыгар Сэмэн Тиитэбис сырдык кэриэһигэр анаан төрөөбүт дойдутугар ыһыах ыһыахпыт».
Айталыына Иванова, Анна Аманатова, ХИФУ ХИНТУоКИ устудьуоннара