Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Олунньу » 28 » Сиргэ – ураты сыһыаны
Сиргэ – ураты сыһыаны
09:53

Antipina

Дария Константиновна Антипина – туох баар сыратын, билиитин Саха сирин өҥ буорун үөрэтиигэ, уратытын чинчийиигэ анаабыт киһи. Кини өссө 1968 сыллаахха ССРС биир саамай чиҥ билиини биэрэр кыһатын – Жданов аатынан Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай университет биология-почвоведение факультетын бүтэрбитэ.

Сүрдээх үчүгэй оскуоланы ааһан, почвовед-агрохимик диэн сэдэх идэни баһылаабыта. Арааһа, Саха сиригэр билигин даҕаны идэтийбит почвовед-агрохимик тарбахха ааҕыллара буолуо. Оччолорго киниттэн атын исписэлиис суох этэ.

Онон, Сахатын сиригэр төннөн, Биология институтугар агрохимия лабаратыарыйатыгар үлэлээбитэ. Итиннэ үлэлии сылдьан, Амма сопхуос өҥ буордаах сирин үөрэтэн, чинчийиитин түмүгүнэн билим хандьыдаата буолбута. Ол туһунан өссө кэпсиэхпит. Аны, 1978 сыллаахха “Ирбэт тоҥ сиргэ маһы үүннэрии” бырайыагынан НХБС быыстапкатыгар кыттан, үлэтэ биһирэнэн, дипломант буолбута. Онон Дария Константиновна НХБС кыайыылааҕа сэртипикээттээх.

– Дария Константиновна, эн сири, өҥ буору үөрэтэр исписэлиискин. Бүгүн биһиги кэпсэтиибит – сир.

– Мин өссө “СИР” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын чилиэнэбин. Тоҕо итиннэ кыттыбыппыный? Ити 119№-дээх гектары үллэрии сокуонуттан саҕаламмыта. Биһиги, “СИР” хамсааһын, бу сокуону бастакыттан утарбыппыт. Тоҕо? Холобур, сокуон этэринэн, гектары ылбыт дьоҥҥо көҥүллэнэр сүрүн дьарыктартан биирдэстэрэ – сири баһылааһын. Тыа хаһаайыстыбатын хайысхатынан. Оттон, дьиҥинэн, ол маассабай баһылааһын саҕалана илигинэ, сирбитин-уоппутун туруга хайдаҕый, тугуй диэн билиэхтээх этибит буоллаҕа. Оннук биһиэхэ баар дуо? Чинчийии баар да буоллаҕына, ол олоххо төһө туһанылларый? Итиннэ туох үлэни ыытабытый?

Дьиҥинэн, Сахабыт сирин айылҕатын, килиимэтин, тулалыыр эйгэтин билим институттара үөрэтэн аҕай кэллэхтэрэ: Биология института, Ирбэт тоҥу чинчийэр институт, Тыа хаһаайыстыбатын института, о.д.а.

Ити чинчийиилэрэ бары биири бигэргэтэллэр – Сахабыт сиригэр барыта уратылаах диэн. Холобур, сүрүннээн, сири ылыахха – кэпсэтиибит сир буоларынан. Биһиэхэ аһаҕас сир үрдүн 1,5 миэтэрэтэ эрэ ирэрэ биллэр. Онтон аллараа өттө – чэҥ буор.

Онон сири маннык баһылааһын, көрүү-истии туспа уратылаах, ирдэбиллээх буолуохтааҕа өйдөнөр. Кэлии дьон ону хантан билиэй? Өскө бэйэбит да дьоммут сорох өттүн өйдөөбөт буоллахтарына? Холобур, ууну кутуу соҕуруу сир киэниттэн олох атыннык барыахтаах. Мээнэ элбэх ууну куппутуҥ ордуга буорга киирэн ирбэт тоҥ таһымын үрдэтэр уонна буоргун тымныта сытар. Кэлин ол сиргэ туох да үүммэт буолар.

Итини чинчийии мин диссертациям тиэмэтэ буолбута. Өр сылларга “Амма” сопхуоска 12 гаалаах сир буорун чинчийбитим. Ол быйаҥнаах сиртэн отучча сыл тухары үүнүү бөҕөтүн ылбыттар этэ. Хомойуох иһин, агрохимия үлэтин туох да быраабылата суох ыыппыттарын, нуорманы кэһэн, уу бөҕөнү таҥнары куппуттарын содулугар, тоҥ буора кэлин 40 см. үрдээбит. Инньэ гынан сайынын да ирбэт тоҥ буордаах сиргэ кубулуйан, онно урукку курдук моркуоптара, сүбүөкүлэлэрэ, хортуоппуйдара үүммэт буолан хаалбыт. Билигин сыыс оттон атын туох да үүммэт, быраҕыллан сытар. Оттон пырей олус күүстээх силистээх, дьаалата суох тарҕанан, кыра сииккэ да буоллун, син биир ханна баҕарар үүнэ турар. Сыыйа өҥ буор саамай үүнүүнү биэрэр араҥатын ылан, ону баһылаан кэбиһэр. Бүттэҕэ ол.

Дьэ, ол иһин, сахалар хаһан даҕаны ууну мээнэ куппаттар этэ. Хортуоппуйга хомуоһунан биирдиилээн укка сөбүн көрөн куталлара. Мээнэ ууну кутан үүнүүгүн өлөрөҕүн диэн. Оттон кэлиилэриҥ Краснодар кыраайыгар курдук ууну балгыччы кутуохтара дии. Ити баар – куттала.

Аны кэлии дьон сири баһылыыбыт диэн ааттаан, уоҕурдууну таҥнары кутуохтара диэн куттал баар. Били, эмиэ соҕурууҥҥу нуормаларын тутуһуохтара. Дьиҥинэн, уоҕурдууну туттар олох наадата суох, куһаҕан диэбэппин. Ол эрээри маннааҕы усулуобуйаҕа сөп түбэһиннэрэн, ыйыллыбыт нуорматын тутуһан.

Оттон онуоха сириҥ хаачыстыбатын, састаабын билиэхтээххин, туга тиийбэтин, итэҕэһин. Уоҕурдууну нуормата суох туттар кутталлаах. Холобур, сирбит тымныы буолан, фосфордаах уоҕурдуулар кальцийы кытта холбоһон, олох таастыйан хаалаллар. Уоҕурдуу аатыттан ааһан, үүнээйи үүнэригэр мэһэй эрэ буолаллар.

Онон ити икки холобурунан да ыллахха, сирбитин баһылыыр сыһыан олох атын буолуохтаах.

Аны ол сир ылбыт дьон үүнээйи олордоору сыыс оту кытта охсуһабыт диэн, анал гербицидтэри туһаныахтара. Биһиги туох-ханнык гербициди туһаныахтарын хантан билиэхпитий? Ханнык сиэмэни туттуохтарай? Арай араастаан «обработкаламмыт», ГМО-лаах сиэмэлэри ыстыннар? Кинилэр чааһынайдар, кинилэри ким хонтуруоллуой, бэрэбиэркэлиэй?

Туох да үүммэт буолбутун кэннэ быраҕан, бэйэлээх бэйэбит сирбитин биһиэхэ сэттэ бүк ыарахаҥҥа атыылаан, баран хаалыахтара... Мастаах учаастактары маһын кэрдэн, үүнүүнү ылаары үттү химияны туһанан баран. Дьэ, итинник куттал Ийэ сирбитигэр суоһаан турар.

pashni

Кэпсииллэр дии, омуктар манна сири хайдах туһана сылдьалларын. Ол туһунан аһаҕас информация онно-манна дэҥҥэ тахсар, ол эрэн учуот ханна да суох. Үнүрүүн Мэҥэ Хаҥаласка тахса сылдьыбыппытыгар биир киһи туһунан кэпсээбиттэрэ, хас эрэ сыл устата тэпилииссэтин биир сиргэ тутар, онтон туох да үүммэт буолбутун кэннэ атын сиргэ көһөрөн тутар диэн. Үүнээйи бөҕөтүн ылар дииллэр.

Дьиҥинэн, олох хаһаайынныы сыһыаннаһар буоллахха, биһиги күүстээх баһылааһын саҕаланыан иннинэ сирбитин, кини өҥ буорун туругун билээри үөрэтиэхтээх этибит. Онтон биэс сылынан баһылаан баран, баралларыгар эмиэ үөрэтиэхтээхпит. Өскөтүн дьаабылаан, алдьатан баран эрэр буоллахтарына, ону хоромньутун көрдүүр курдук. Онтон билигин ким туохха эппиэттиирэ биллибэт, туох-хайдах буолуохтааҕа биллибэт. Ханнык хонтуруол буолуохтааҕа – биллибэт. Туох эрэ дьарыгы көҥүллүүр да буоллахтарына, ону ыйар-кэрдэр пууннар суохтар. Уһук Илиҥҥи гектар сокуона итинник содулланыан сөп диэн көрөбүт.

Билигин болҕомтону үксүн Ирбэт тоҥу харыстыырга уурдулар эрээри, ити сири баһылааһын өттүгэр баар кутталы эмиэ булгуччу көрүллүөхтээх!

Билигин ордук киин куораппыт кытыытын ылыахха – онно иэдээннээх балаһыанньа буолан турар. Холобур, манна баар үүнүүнү ылар пиэрмэрдэр туох-ханнык гербицидтэри туһаналларын биһиги билбэппит. Саамай чэпчэки сыаналаах уоҕурдуу, гербицид – Кытайга. Билигин аан дойдуга бары өйдөөтүлэр, ити буортута элбэҕин, уоҕурдууну оннук айылаах ыла сатаабаттар. Атыылыыр ырыынак кыараан иһэр буолуохтаах. Ол иһин хайа саҕа буолан сытарын мантан баран, босхону үрдүнэн тиэйэн аҕалар буолуохтаахтар диэн уорбалыыбын. Ол быыһыгар буортулааҕа биллибит дихлофостары эҥин туһаныахтарын сөп, ону исписэлиистэртэн атын ким билиэй?

Киин куорат таһыгар баар пиэрмэрдэргэ үлэлээбит дьон арааһы кэпсиир. Бэйэлэрэ сиир үүнээйилэрин атын сиргэ ыһаллар, атыыга барары – атын сиргэ да дииллэр. Ким даҕаны харытыттан харбата илик буолан, итини дакаастыыр олус уустук. Аны, ити таһынааҕы сирдэр, күөллэр, уулаах сирдэр бары киртийэн, туһаныллыбыт турукка киириэхтэрэ. Соннук быраҕыллыахтара.

– Арай, киһи маҕаһыынтан дуу, ларектан дуу моркуоп ыллын. Ол моркуобун хаачыстыбатын сөбүлээминэ, эспэртиисэ оҥорторуон баҕардын. Оччотугар ханна барар?

– Бу киһи моркуобун туппутунан, Роспотребнадзорга тиийэр. Онно анал түннүк баар, ону бу маны бэрэбиэркэлэтиэхпин баҕарабын диир. Киниэхэ ханнык анаалыһы оҥотторуон баҕарарын таллараллар, прейскураны көрдөрөллөр. Ол эрээри, хас биирдии анаалыс сыаната олус ыарахан буолар. Холобур, бу дьиҥнээх моркуоп дуу, эбэтэр, “химия” дуу диэн билиэххин баҕардаххына, араас анаалыстарга холбоон 25 тыһ. солкуобайы төлүөххүн наада.

o4

– Оо, оччоҕо ким да оннук ыыттарбат буоллаҕа?

– Суох буоллаҕа, чааһынай дьон ким оччону уйунуой? Арай, бу хонтуруоллуур, кэтиир-маныыр уорганнар бэйэлэрэ былаан быһыытынан араас бэрибиэркэни-эспэртиисэни ыыталлар эрээри, ол олох итэҕэс, ситэтэ суох. Кинилэр үксүн санэпидемиология эрэ өттүнэн көрүөхтэрэ. Билигин дьэ ити сирбит-буорбут, уубут, тулалыыр эйгэбит киртийэн, үүнэр үүнээйибит хаачыстыбата бэркэ мөлтөөтө. Ону сыныйан хас биирдии элэмиэнинэн көрөллөрө саарбах.

– Барыта нитраттаах астары атыылыыллар дииллэр даҕаны, биһиги, атыылаһар, сиир дьон олох аахсыбаппыт. Ол билбэппититтэн буолуо?

– Нитрат диэн өссө “таах”, онно үүнээйи бэйэтэ наадыйар, онон “аһыыр”. Арай, элбэх буоллаҕына, куруук баар буоллаҕына, ол нитритка кубулуйар. Дьэ ол нитрит – буортулаах. Киһи мэлдьи оннук нитриттаах аһынан аһыыра кини доруобуйатыгар улахан кутталы үөскэтиэн сөп.

Дьиҥинэн, сөптөөхтүк хааччыллыбыт, араас бэйэлээх анаалыстары оҥорор лабораториялаах хонтуруоллуур-кэтиир-маныыр судаарыстыбаннай тэрилтэлэр бааллар. Ол эрээри, кинилэр былааннаммыт бэрэбиэркэ ыыталлар, онтон киһи бэйэтэ ыыттараары гыннаҕына – үлүгэр харчыны ирдииллэр. Онтон биһиги уопсастыбанньыктар итиннэ хайдах кыттыһыахпытын сөбүй диэн толкуйдаан баран, маннык санааҕа кэлбиппит.

Билигин анал экспресс-ньыманы оҥорор мини-лабаратыарыйалар баар буоллулар. Бэл, үрүксээк курдук, сүгэ сылдьан, ханна баҕарар хонууга-тыаҕа илдьэ барыахха, боруоба ылан, ха сда көрүҥ анаалыс оҥоруохха сөп. Оҥорон таһаарааччыга сонно тутан туран, түмүгүн көрдөрүөххэ сөп.

Биһиги оннук оччугуй лабаратыарыйаны ылан, уопсастыбаннай хонтуруол курдук, бэрибиэркэ ыытыахпытын сөп эбит. Дьон даҕаны оннукка наадыйыа эбит, билиҥҥиттэн үлэһэ сыталлар. Холобур, удамыр сыанаҕа биһиги дьоҥҥо оннук анаалыһы оҥорон биэриэхпитин сөп, таарыччы, кэпсиэ, үөрэтиэ этибит. Мин агрохимик буоллаҕым дии, онон бэйэм тиэмэм. Ити – бэйэтэ эко-үөрэхтээһин буолан тахсар. Дьоппуоннар араас дозиметрры хармааннарыгар укта сылдьаллар дии – биһиэхэ тоҕо оннук сатаныа суохтааҕый?

Аны ити прибордар сирбитигэр мониторинг оҥорорго сүрдээх табыгастаахтар. 2-4 мүнүүтэҕэ тиийэ түргэнник анаалыс оҥороллор. Мин анаан-минээн Санкт-Петербурга баран ити тэриллэри көрөн кэллим. Ыам ыйыттан саҕалыахпытын сөп этэ – оҕуруот үлэтэ саҕаланыытыгар.

Ол эрээри итини ким босхо булан биэриэй? Дьиҥинэн, туһатын өйдөөн, ким эмэ көмөлөһөрө буоллар, сүрдээх хайҕаллаах буолуо этэ. Билиҥҥитэ ол суох. Биһиги Атыы-эргиэн–бырамыысыланнай палаататын чэрчитинэн Төгүрүк остуол тэрийбиппит. Онно араас бэйэлээх хонтуруоллуур-кэтиир-маныыр уорганнар, лабораториялар бааллара элбэҕэ сөхтөрбүтэ. Барыларыгар кэриэтэ туох баар Менделеев табылыыссатын быһаарар кыахтаах күүстээх лабаратыарыйалар бааллар. Ол эрээри былааннаммыт бэрэбиэркэни эҥин эрэ ыыталлар, толору туһаныллыбыттар.

Онон биһиги кинилэргэ уопсай Аналитическай киин курдук тэрийэн, ол аннынан итинник чинчийиилэри ыытыахха, үп-харчы даҕаны экэниэмийэлэниэ диэн этии киллэрбиппитин сэргээбэтилэр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр федеральнай, сорохтор өрөспүүбүлүкэ болуомуйалаах, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр, бары тус-туспа судаарыстыба курдуктар. Оттон биһиги олох даҕаны уопсастыбаннай тэрилтэбит.

– Дьиҥинэн, идиэйэҕит олоххо киириитэ судургу баҕайы курдук эбит даҕаны...

– Үтүө баҕа санаа баарын үрдүнэн, тэрээһин өттүгэр өйөбүл суоҕа, барытыгар мэһэй-харгыс эрэ курдук. Дьиҥинэн, биһиги кими да утарар эҥин дьон буолбатахпыт, төттөрүтүн, биһиги былааһы уонна норуоту сибээстии сатыыбыт. Онон, билигин ыстандаарка сөп түбэспэт быһаарыылары ылынартан куттаныа суохха. Саҥаны, айымньылааҕы олоххо киллэрэртэн, оннук санаалаах дьону туһанартан толлумуохха бара – билиҥҥи олох ирдэбилэ да оннук.

– Дария Константиновна, сүрдээх туһалаах идиэйэҕит олоххо киирэ оҕустун!

Нина ГЕРАСИМОВА

Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 1039 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 90
Ыалдьыттар (гостей): 90
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024