Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Олунньу » 28 » Платон Ойуунускай, бэйэтин омугун итэҕэлгэ сыһыаннаах көрүүлэрин туһунан
Платон Ойуунускай, бэйэтин омугун итэҕэлгэ сыһыаннаах көрүүлэрин туһунан
16:50
Кэрээкин Бүөтүр Уйбаанабыс
Платон Ойуунускай бэйэтин омугун итэҕэлгэ сыһыаннаах көрүүлэрин туһунан
 
Олонхону сурукка түһэрбит Платон Алексеевич Ойуунускай, бэйэтин омугун итэҕэлгэ сыһыаннаах көрүүлэрин анаан үөрэтэ сылдьыбыттаах. Кини төрүт итэҕэл саха омугун туругуруутугар уонна сайдыытыгар улахан сабыдыаллааҕын билинэрэ.
Ойуунускай этнографияҕа сыһыаннаах үлэлэрин улахан аҥаара Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дьокуускайдааҕы научнай киинин архыыбыгар баар. Ол да буоллар, саха төрүт итэҕэлин туһунан сорох үлэлэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбыгар эмиэ баалар.

Сүрүннүүр үлэлэринэн «О происхождении религии», итиэннэ «Из царства колониального рабства в царство свободы. Введение к истории якутов» диэн автографтара, ол эбэтэр, бэйэтин илиитинэн суруйбут үлэлэрэ буолаллар.

Манна кини саха итэҕэлэ хайдах уларыйбытын, таҥаралар уонна иччилэр киһи-аймах күннээҕи олоҕун кытта ситимнэрин быһаарар, дьахтар-аймах туһунан суруйбута баара биллэр.
Дьэ бу үлэҕэ Ойуунускай убайбыт, дьахтар-киһи норуокка, итэҕэлгэ суолтатын, үтүө сабыдыалын суруйааччылартан бастакынан сырдатар.
Ааптар, дьахтар кэбтээх таҥаралары, иччилэри уонна абааһылары ааттыталыыр.

Холобура, дьахтар таҥаралар ыккардыларыгар барыларынааҕар ордук ытыктанар Иэйэхсит, Айыыһыт, Аан Алахчын, Үөһээ Дойду удаҕана Айыы Умсуур уонна алта Аан Намыһын удаҕаттар курдук таҥаралары ырытар.

Үөһээ Дойду саамай күүстээх дьахтар иччилэрин ахтарыгар, Улуутуйар Улуу Тойон аймахтарыттан, утары көрдөрбөт Ытык Иэрэҕэйи, улуу хотуннарын – Хотун Куохтуйаны, кыргыһыы таҥаратын – Хабаа Дьохтуойан Куо-Холбонньой Күл-Көлүнньэҕи ааттаабыт.

Аллараа Дойдуга олорор абааһыларга, Ойуунускай этиитинэн, эмиэ үс дьахтар абааһылар барыларынааҕар күүстээхтэр эбит. Холобура, кини эппитинэн, бу абааһыларынан Уот-Күкүрүйдээн, Ала Буурай, Ытык Хахайдаан буолаллар эбит.

Ойуунускай удаҕаттар ойууннардааҕар кырдьаҕастарын туһунан суруйар. Кини этэринэн, Айыыһыт уонна Иэйэхсит сиэрин-туомун билбэт ойуун үтүө-сырдык айыыларга кыайан тахсыбат уонна кинилэргэ кыайан таппат. Ол иһин, бу ойуун, ыһыахтары кыайан ыыппат диир.

Ыһыаҕы, Ойуунускай сайын кэлиитин, сүөһү уонна төрдү-төбөнү төрүттээччи ийэ-удаҕан бырааһынньыгынан сыаналыыр.
Көрөбүт курдук, саха омугар дьахтары, ийэни былыр-былыргыттан ытыгылыыр, өрө көтөҕөр үгэс баар эбит. Былыргы сахалар дьахтары олох ханнык да хайысхатыттан туораппат, барытыгар эр дьону кытары биир таһымнаахтык туталлара оннооҕор итэҕэлгэ киирэ сылдьара көстөр.

Биир да туому оҥоруу, оннооҕор уол оҕону иитиигэ аналлаахтарга, булт-алт киэннэригэр да, дьахтарга бобуута суох этилэрэ. Олоҥхоҕо даҕаны кыыс-боотурдар баалларын билэбит. Онон, билигин кэлэн, эр дьону эрэ түмэр туомнар бааллара тастан киирии үгэһэ буолара көстөр.

Оттон, ойууттар бэйэлэрин туһунан, кини хайдах быһыылаахтык быһаарар эбитин көрүөҕүҥ.

Кини этэринэн, ойууттар, омук өйө-санаата саамай баттаммыт, сүрэ тостубут кэмигэр үөскүүллэр диир. Ойуунускай суруйар: «...ойуун, удаҕан үйэтин кэнниттэн үөскээбит, ойуун үөскүүрүүгэр бүрээт ойуунун эрэлиигийэтэ төрүөт буолбут, ойуун сахаҕа – саха норуота иккис олохсуйаары гыммыт сириттэн кыаттаран, үүрүллэн санаата түспүт бириэмэтигэр үөскээбит, онон ойуун үөрэҕэ – наар ааттаһыы, көрдөһүү, толунуу, ытыы-тоҥуу эрэлиигийэтэ буолбут эбит. Ойуун үөрэҕэ сырдыга суох хараҥа үөрэх буолар», диэбит.

Ойуунускай бу көрүүлэрэ кэлиҥҥи чинчийээччилэр этиилэринэн бигэргэтиллэр. Ол курдук, Оке Хюлькранц диэн учуонай этэн турар: «Ойууннааһыны дьиҥ-чахчы толору итэҕэл диир сатаммат, кини итэҕэл тутулун сорох эрэ өттө буолар. Хотугу Евразия норуоттарыгар онтулара өссө итэҕэл сүрүн өттүн баһыйа сылдьар. Ол да буоллар, ойууннааһыны ханнык эмит норуот итэҕэлинэн ааҕар сөбө суох», диир. Манна майгынныыр санаалары С.А. Токаревтан эмиэ булан ылан ааҕыахпытын сөп. Кини эппит: «Сибиир омуктарын улахан аҥаарыгар ойууннааһын төһө да итэҕэллэрин сэһэнигэр сүрүннүүр өрүт буолтун иһин, итэҕэл бэйэтин иһигэр сорох этэ өттүн сабардыыр».

Бэйэтин очеркатыгар, Ойуунускай, сахаҕа ойууннааһын монгуол, бүрээт омуктартан тардыылааҕын туһунан кэпсиир. Кырдьык даҕаны, Ф.Д. Сафронов «Социально-психологические корни якутского шаманизма» диэн ыстатыыйатыгар ахтан турар:
«Бэйэтин кэмигэр Приклонскай учуонай сахалар ойууннааһыннарын монголлартан кэлбитин туһунан эппитэ. Оттон Трощанскай этиитинэн, сахаларга аан маҥнай алгысчыттар, үрүҥ ойууттар баар буолбуттар. Токарев сабаҕалааһынынан, сахаларга аҕа ууһун ыһыллыбыт культун жрецтэринэн айыы ойууннара буолаллар. Билиҥҥи да учуонайдар ити санаалары хатылыыллар. Алексеев этэринэн, сахаҕа итэҕэл уонна онно сыһыаннаах сиэр-туом омукпут атын түүр тыллаах омуктары кытта Киин Аасыйа истиэптэригэр олордохторун саҕана үөскээбиттэр.
Антонов эмиэ этэр: «таҥараны уонна жрецтары кытта ситимнээх тиэрминнэр барылара төрүт түүр тылыттан үөскээбиттэр. Оттон хара ойууннааһын тиэрминнэрэ монгуоллартан», диир.

Ойуунускай этиитинэн, айыы ойууннара дьону эмтээһининэн дьарыктаналларын уонна ойуун таҥаһын-сабын кэтэллэрин, дүҥүрүнэн туһаналларын туһунан дааннайдар көстүбэтэхтэр.

Бу Ойуунускай этиитин Пекарскай кини да иннинэ бигэргэтэн турар: «айыы ойууннара ...ханнык даҕаны ойуун таҥаһын иилиммэттэр, оннооҕор дүҥүрэ да суохтар, кинилэр алгыыллар эрэ уонна Үрүҥ Айыы тойоҥҥо сүгүрэйэллэр», диэбит. Алексеев учуонай даҕаны этиитинэн, сахаларга үрүҥ ойууттара эрдэтээҕи источниктар көрдөрөллөрүнэн, дүҥүрү туһаммат эбиттэр.

Бу этиилэртэн сиэттэрэн айыы ойууна, кэлин дүҥүрдэммит курдук буолан тахсар. Оттон айыы ойууна дэниэн иннинэ кини үрүҥ ойуун дэнэ сылдьыбыт уонна отой даҕаны ойуун сэбин-сэбиргэлин туһаммат эбит диэн сабаҕалыахха сөп.

Ойуунускай өссө биир интэриэһинэй этиитинэн сахалар ойууннарга анаан, кинилэр араҥастарыгар, уҥуохтара-кырамталара сытар сирдэригэр сүгүрүйбэттэрин туһунан ахтыыта буолар.

Платон Алексеевич Сир-дойду иччитин туһунан дьиктитик эппитэ баар: «Былыргы саха көрүүтүгэр – дойду даа иччитэ эмиэ киһи курдук маска дьиэлэнэр. Былыргы саха ыал буолбутун, сүөһү-сылгы ииппитин үс суолунан бэлиэтиир: алаһа дьиэтигэр аал уоту оттон буруотун көрдөрөр, дьиэтин таһыгар сэргэ анньынар, баҕана туруорар. Сэргэ – сылгы бэлиэтэ, баҕана – оҕус бэлиэтэ.
Саха бу курдук ыал буолан туругуран баран – дойдутун иччитин эмиэ олохсутуон, кини санаатын бэйэтиттэн тэйитимиэн баҕарар».

Ойуунускай христианскай итэҕэл кэлиэн иннинээҕи ыһыах сорох өрүттэрин танан таһаарар. Төһө да «мы нарочито пропустили ритуальные мелочи ысыаха и всей догматической части в религиозных представлениях якутов», диэбитин үрдүнэн, саха омугун бырааһынньыга бэт толору соҕустук көрдөрүллүбүт.

Бэйэтин үлэлэригэр, Платон Алексеевич саха төрүт итэҕэлин сымыйаннаан ойуулаан суруйар дьону утары тыл киллэрэр. Холобура Гмелин диэн ботаник уонна Георги диэн минерология профессорын этиилэрин ылымматын биллэрэр. Кинилэр сахалары кыһыл оҕо хаҕа түспүтүн сииллэр диэбиттэр. Бу кэннэ Ойуунускай Айыыһыт сиэрин-туомун хайдах ыыталларын сырдатар. Кини санаатыгар, Айыыһыт Хотун туомун кэмигэр дьахталлар балаҕаҥҥа эр дьоно суох хаалыахтаахтарын Гмелиннаах туох эрэ куһаҕаны кистиилэрин иһин хаалалларын курдук өйдүүллэр эбит.

Ойуунускай этэр: «Такова, несомненно, та обывательская логика, которая, будучи подогреваема христианским высокомерием завоевателей и ненавистью к инаковерующим, в конечном итоге должна была привести к сложению интересующей нас злостной клеветы, которая позже в устах примитивного этнографа Гмелина превратилась уже в научную истину», диэбит.

Христианизация бэлиитикэтигэр сыһыанын Ойуунускай эмиэ ырылхайдык сырдаппыт. Кини суруйар: «У якутов, например, эпоха христианизации, которая в первое время, несомненно, сопровождалась распадением народа на два враждующих лагеря, сторонников и противников крещения, оставила в их фольклоре много злостных измышлений об обычаях и нравах якутов-язычников, искоренявшихся не мытьем, так катанием».

Ойуунускай ити этиилэрэ архыып докумуоннарынан бигэргэтиллэллэр. Холобура, 1852 сыллаахха бүтүн Үөһээ Дьааҥы улууһугар 7111 эр киһи олороро. Ити кэмҥэ бу улууска 115 ойууннааһынынан дьарыктаныыга куорҕаланар эр дьон суруллубут. Ол аата, 115 киһиттэн анаара да дьиннээхтик ойуунуур дьон буолар эбит буоллахтарына, 100 эр дьоҥҥо ойуун баар буолан тахсар. Бу, төһө да 5 таҥара дьиэтэ уонна 15 чосуобуна үлэлии туртарын иһин.

Чукчалары ылан көрһөҕүн. 1927 сыл ыам ыйынааҕы перепись докумуонугар суруллубут:
«Из разговора с чукчами никак не пришлось выяснить, какое они имеют представление о боге. Видно, что они никогда не задумывались об этом и больше склонны искать бога в солнце. Православное миссионерство не оставило среди чукоч никакого следа.
Я не встретил ни одного чукчу, который бы знал хоть что-нибудь о Христе, даже не встречал такого, который бы у себя в стойбище хоть раз перекрестился, это они делают только тогда, и то очень редко, когда входят в дом русских поселений, причем крестное знамение получается очень неправильное и иногда выполняется левой рукой, простые же картины, повешенные в углах стен, принимаются за иконы и как видно это они делают из желания угодить хозяину дома, рассчитывая на хороший прием».

Манна даҕатан эттэххэ, өссө «Очерки истории Чукотки с древнейших времен до наших дней» диэн кинигэҕэ сурруллубуту ахтыаҕын: «Христианство не оставило никаких следов среди чукчей, хотя формально несколько десятков из них числилось христианами. А.В. Олсуфьев, обследовавший в 1895 г. Анадырскую округу, писал: «Обращение чукоч в православие началось еще в начале нынешнего столетия, но пока не дало никаких ощутимых результатов...
Сами обращенные остались верными прежним языческим обычаям». В 1905 г. уже другой уездный начальник сообщал: «Распространение христианства среди прианадырских чукчей идет весьма медленно и не имеет никаких устоев, кроме обрядовой стороны крещения». Попытка христианизации чукчей никаких изменений в их сознание не внесла...», диэн.

Түмүккэ этиэм этэ, билиҥҥи кэмҥэ үөдүйбүт итэҕэл систиэмэлэрин сайдыыта былыргы уопукка уонна төрүттэрбит көрүүлэригэр олоҕурар. Ол иһин, саха омугун төрүт итэҕэлин билиҥҥи туругун научнай чинчийиитэ, учуонайдар, краеведтар, биирдиилээн дьон даҕаны, араас сылларга хомуйбут матырыйааллара суох кыаллыбат. П.А. Ойуунускай норуот духуобунаһыгар анаан суруллубут үлэлэрэ төрүт итэҕэли үөрэтиигэ улахан төһүү күүс буолаллар.

Кини бэйэтин омугун төрүт итэҕэлин элбэхтик үөрэппит, научнай өттүттэн чинчийбит киһи этэ. Ойуунускай биири өйдүүрэ – төрүт өбүгэлэр хаалларбыт муҥура суох духуобунай баайдарын саха киһитэ билиэхтээҕин уонна бу түгэҕэ суох кудукка саһыарылла сытар муудараһы олоҕор туһаныахтааҕын туһунан.
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1396 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 98
Ыалдьыттар (гостей): 98
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024