“Сатабыллаах саһыл саҕалаах” диэн бэргэн этии баар. Сорох салайааччы сыккырыыр тыына эрэ хаалбыт, эстэн эрэр тэрилтэни мындыр өйүнэн, дьиҥнээх сатабылынан атаҕар туруоран, аҕыйах кэм иһигэр кыахтаах, өлгөм дохуоттаах тэрилтэҕэ кубулутар.
Быйыл сүүс сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир “Холбос” СПО сүрдээх ыарахан балаһыанньаҕа олорорун соторутааҕыта ыытыллыбыт бэрэбиэркэ түмүгэ көрдөрбүт. Онно олоҕуран тустаах уорганнар холуобунай дьыаланы холкутук көбүтүөхтэрин сөп. Ону кэм-кэрдии көрдөрүө турдаҕа. Номнуо сайабылыанньа киирэн сытар, бэрэбиэркэ барар.
Биһиэхэ бу ревизияны ыыппыт, “Холбос” пайщиктааҕа, СӨ хоруупсуйаны утары кэмитиэтин чилиэнэ Анна Коженкина кэлэ сырытта.
Үйэ тухары Саха сирин аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан хааччыйан олорбут тэрилтэ, кырдьык, ыарахан балаһыанньаҕа олорор. Билигин “Холбос” 15 улууска 157 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ордон үлэлиир. Ону даҕаны суола-ииһэ суох, биир да урбаанньыт тиийбэтэх, аҕыйах ахсааннаах кырыы нэһилиэктэргэ. Биллэн турар, оннук тыйыс усулуобуйаҕа тэрилтэни барыс киллэрэр курдук үлэлэтэр күчүмэҕэй. Кэлиҥҥи биэс сылга “Холбос” 307 маҕаһыыннааҕыттан бүгүн 229 маҕаһыыны, 39 остолобуойуттан 21-ин, 135 бэкээринэттэн 87-тин эрэ тутан хаалла. Килиэп астааһына аччаан, табаарын эргиирэ 16,3 мөл. солк. диэри, уопсай табаарын эргиирэ 1,8 млрд солк. таҥнары түспүт. Урукку өттүгэр 10 мөл. солк. субсидияны ыла олорбут эбит буоллаҕына, билигин ол 1 эрэ мөл. солк. буолбут. Баантан иэс ылыыта 5,3 мөл. солк. 1 мөл. солк. диэри кыччаабыт. Билигин “Холбоско” киирэр 10 тэрилтэ моҥкурууттуур балаһыанньаҕа киирбит. Бу тыа дьонун аһатан олорор тэрилтэни судаарыстыба өйөөтөҕүнэ эрэ биирдэ балаһыанньа тупсар кыахтаах. Билиҥҥи уустук балаһыанньаҕа социальнай суолталаах өҥөнү оҥорор тэрилтэҕэ эбии субсидия көрөн, чэпчэтиллибит бырыһыаннаах кирэдьиити биэрэн өйүүр итиэннэ нолуок төлөбүрдэригэр чэпчэтиини көрөр уолдьаспыт. Инньэ эрэ гыннахха, тыа дьонун табаарынан хааччыйар кыах баар.
“Холбос” маннык ыарахан балаһыанньаҕа киирбит сүрүн биричиинэтэ, бастатан туран, эргитэр үбэ-харчыта биллэ аччаабытыгар сытар. Анна Коженкина “маныаха салалта быһаччы кыттыгастааҕа саарбахтаммат. Билигин “Холбос” сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн 2013 сылтан Петр Мишкин үлэлиир. Петр Николаевич тэрилтэ үп-харчы уонна хаһаайыстыбаннай үлэтин сатаан тэрийбэтэ, тэрилтэ сайдар кэскилин кыайан торумнаан ыыппата. Кини алҕастарыттан сылтаан тэрилтэ моҥкурууттуур балаһыанньаҕа киирдэ. “Холбос” устаабын куруубайдык кэһэн туран, “Холбос-Ситим”, “Холбос-сеть” ХЭУо, “Холбос” сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ буолан, үс тэрилтэттэн тэҥинэн хамнас ыла олордо. Хамнас эрэ ылыа дуо, ити тэрилтэлэрин нөҥүө “Холбос” харчытын, бас билиитин бэйэтэ билэринэн, бас баттах дьаһайан, тэрилтэҕэ хоромньу бөҕөтүн таһаарда. Ону “Холбос” ревизиялыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ В.С. Еремеев барытын бэрэбиэркэлээн, чуолкайдаан баран, Ис дьыала миниистирэ В.Н. Прокопенко аатыгар П.Мишкини холуобунай эппиэккэ тардарга сайабылыанньа биэрдэ. Билигин уорганнар дьарыктанан эрэллэр” диир.
Бил баһыттан сытыйар
Ревизияны ыыппыт дьон этэллэринэн, П.Н. Мишкин бэйэтин дуоһунаһын аһара туһанан, Сэбиэт көҥүлэ суох “Холбоско” ханан да сыһыана суох тэрилтэлэргэ – “Виктор”, “Современные системы питания” уонна “НордПрофИнвест” ХЭУо-ларга “Холбос” харчытын, бас билэр баайын-дуолун ыскайдаабыт. Холобур, “Виктор” ХЭУо-ҕа (дир. С.И. Кривошапкин) уу ыраастыыр тэрили ылан туруорарыгар анаан 10 мөл. солк. кирэдьиит ылан биэрэр. Ол тэрил, кирэдьиит харчыта билигин ханна барбыттара биллибэт, мэлигир. Ити кирэдьиит бырыһыанын бааҥҥа барытын “Холбос” төлөөбүт. Онтон аны “Современные системы питания” диэн ХЭУо-ну кытары “Создание системы социального питания” диэн бырагырааманы оҥорторорго дуогабардаспыт. Ити иһин 5 мөл. солк. төлөөбүт. Ол бырагыраама да, харчы да суоҕун курдук суох. Аны “НордПрофИнвест” (сал. Р.С. Матевосян) диэн тэрилтэҕэ “Холбос” хочуолунайын босхону үрдүнэн эрэ атыылаан кэбиспит. Баара-суоҕа 8 мөл. солк., онто саатар үс сылга бысталаан төлүүргэ диэн. Дьиҥэ, бу хочуолунай барыстаахтык үлэлии турбут эбит. Онуоха Сэбиэт мунньаҕа хочуолунайы төннөрөргө уураахтаабыт да, Мишкин онно эрэ кыһаллыбатах. Салайааччы бу дьайыыларыттан тэрилтэҕэ улахан хоромньу тахсыбыт.
“Холбос” салалтата уонна Дьокуускайдааҕы потребкооперация атыы-эргиэн колледжын салалтатын кытары уопсай тылы кыайан булбакка элбэхтэ айдаарыстылар. Өр кэмҥэ колледжы салайан олорбут Н.М. Яковлеваны кытары хас да сылы быһа сууттастылар. Онтон сылтаан колледж да, “Холбос” да улаханнык эмсэҕэлээбиттэрэ өйдөнөр. Кэмигэр колледж саҥа Устаабын П.Н. Мишкин утарылаһан, бигэргэппэтэхтэрэ. Ол түмүгэр үөрэх кыһата 75 бүддьүөт миэстэтиттэн мэлийбит. Инньэ гынан 2017 сыллаахха көрүллүбүт 14 мөл. солк. кыайан ылбатах. Аны туран, “Холбос-Сеть” ХЭУо (бу “Холбос” “оҕо” тэрилтэтэ) колледжка 3,5 мөл. солк. оҥорбут өҥөтүн кыайан аахсыбакка, иэскэ ыйаммыт.
Аны туран, үөрэх тэрилтэтэ бу күһүн аккредитация ааһарыгар колледж “Частное профессиональное образовательное учреждение Якутский торгово-экономический колледж потребительской кооперации имени Кузьмы Осиповича Гаврильева” диэн бигэргэтиллибит. Устаапка эмиэ оннук киирбит. Аны туран, үлэһиттэр салайааччы Устаабы туох да хамыыһыйата эҥин суох талбытынан уларытар дииллэр. Колледжы чааһынай бас билиигэ көһөрүү туох сыаллааҕый?
Өссө 90-с сылларга “Холбос” 1 мөл. тахса дуолларга иэскэ киирбитин “Комдрагметалл” ГУП ирдии олорор. Ити үлүгэр иэһи оччолорго “Холбос” "Роса" утахтары оҥорор тэрилин атыылаһарга ылбыт. Былыр үйэҕэ эстибит бырайыак (чааһынай бас билиигэ барбыт) харчыта, дьиҥэ, “Холбоско” хос моой буолан ыйаныа суохтаах этэ. Онуоха Мишкин бастаан талыллан кэлэригэр дьыаланы ситэ үөрэппэккэ эрэ, ол иэһи билинэн кэбиспит. Дьиҥэ, ити боппуруоһу бастаан утаа үчүгэйдик сыныйан, дьирээлэһэн хаалларыахха да сөп этэ. Эһиил “Холбос” ити мөлүйүөннээх иэһин үрдэтиллибит кууруһунан төлүөхтээх. Нэһиилэ өйөнөн олорор тэрилтэ тугунан төлөһүөй? Арай бас билэр дьиэтин-уотун туран биэрдэҕинэ эрэ төлөһөр кыахтаах.
Ааспыт сылга “Холбос” сүрүн ревизията ыыппыт бэрэбиэркэтин түмүгүнэн, “Холбос” гостиницатын үлэтигэр улахан үбү туһаныыга балачча кэһии баара бэлиэтэммит. Холобур, “Холбос” “Астык” остолобуойугар “Виктор” ХЭУо бородууксуйанан хааччыйыах буолбут да, онтун толорботох. Инньэ гынан дуогабарынан бигэргэтиллибит 1,3 мөл. солк. харчы ханна барбыта эмиэ биллибэт. "Холбос" көстүүнэйин үлэлэппитин тухары, колледж бүддьүөттэн үбүлүнэрин суотугар тутан олорбут.
Көрөргүт буолуо, ити Крупская аатынан уулуссаҕа турар “Холбос” хонтуората үксэ ол-бу тэрилтэлэргэ арендаҕа турар. Ол харчыта син балай эмэ буолуохтаах. Оттон 4-с этээс тэрилтэ иэһин кыайан төлөөбөккө “Фонд будущих поколений” бэриллибитэ.
“Утечка” тоҕо элбээтэ?
“Холбос” аппараатыгар каадыр “утечката” хайа да тэрилтэтээҕэр сотору-сотору буолар. Урукку сылларга аппараакка 30-ча үлэһит баар эбит буоллаҕына, билигин 10-ча киһи хаалбыт. Маныаха үлэһиттэр “тойоммут үлэһиттэргэ олус бардамнык сыһыаннаһар, талбытынан дьаһайтыыр” дииллэр. Кэлэктиип, колледж салалтата тойоннорун -- П.Н. Мишкини -- Ил Дархаҥҥа тиийэ үҥсэ сатаабыттар да, ончу кыайбатахтар. Кинилэр “үрдүкү салалта туох да миэрэни ылбакка, барытын таах хаалларан иһэрэ дьиибэ, сатаан өйдөөбөппүт. Саатар, ыйыллыбыт алҕастары бэрэбиэркэлээн да көрбөтүлэр” дэһэллэр.
Үлэһиттэрин кытары өйдөспөтө да, сололоох тойон “сайабылыанньаҕын суруй” диир үгэстээх эбит. Онтон сылтаан каадыр түптээн үлэлээбэт. Сотору-сотору саҥаттан саҥа киһи кэлэн үлэлиир. Анал үөрэхтээх исписэлиистэри суох оҥордо. Салайааччы быыс булан улуустарга баар потребительскэй тэрилтэлэригэр сылдьыбат. Үгүстэр кинини сирэй көрөн билбэттэр. Улуустааҕы “Холбос” тэрилтэлэрэ тулаайах оҕо курдук бэйэлэрин истэригэр булкулла олороллор. Кинилэргэ ким да сүбэ-ама, күүс-көмө буолбат. Инньэ гынан “Холбос” баайа-дуола дэлби ыскайданан, эстээччитэ эстэн, бүтэн олороллор. Үлэһиттэр тойонноро биричиинэтэ суох үлэтигэр тахсыбатын аакталаан иһэллэр эбит. Ол да тухары туох да миэрэ ылыллыбатах. Арай итиннэ атын, кыра-хара үлэһит буоллун, саараама, ыстатыйанан ууратыллыа этэ. Ууратыллыбыт үлэһиттэр сууттаһан, дуоһунастарыгар төннүбүт түгэннэрэ баар. Кинилэргэ сокуоннайа суохтук ууратыллыбыттарын иһин тэрилтэ хааһынатыттан ыстараап бөҕө матайдаммыт. Суут уурааҕынан үлэлэригэр чөлүгэр түһэриллибит дьон маннык “ыар тыыннаах кэлэктииптэн” бэйэ баҕатынан уурайарга күһэллэр эбиттэр. Аҕыйах хонуктааҕыта бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Валерий Попов сууттаһан кыайбыт.
“Холбос” ревизиялыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Василий Еремеев үөһэ ыйыллыбыты барытын бэрэбиэркэлээн баран, Арассыыйа потребительскэй кэпэрээссийэтин Киин сойууһун Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Д.Л. Зубов аатыгар үҥсүү түһэрбит. Онно ыйылларынан, “П.Н. Мишкин пайщиктаахтар бырааптарын, потребительскэй кэпэрээссийэ сокуонун, “Холбос” устаабын куруубайдык кэһэн, салгыы кыайан үлэлиир кыаҕа суох, онуоха миэрэни ылыҥ” диэн туруорсубут. Онуоха анарааҥҥылар “Бэрэссэдээтэл отчуоттуур-быыбардыыр мунньаҕар Киин Сойуус бэрэстэбиитэлэ тиийиэҕэ уонна миэстэтигэр быһаарыахпыт” диэн хоруйдаабыттар. Онтон ыксаан, улуустар отчуоттуур мунньахтарын сүгүн ыыттарбакка эрэ, мунньах болдьоҕун кулун тутар 14 күнүгэр көһөртөрбүт. “Холбостор” Киин Сойуус бэрэстэбиитэлэ бу мунньахха хайаан да кэлэрин туруорсаллар. Баччалаах айдаан кэннэ Москубаттан бэрэстэбиитэл кэлэрэ саарбахтаммат. “Кыым” бу араллааны кыраҕытык кэтээн көрөр.
Дмитрий ИВАНОВ
|