Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Кулун тутар » 15 » Халыма хаайыылаахтара
Халыма хаайыылаахтара
09:30

Кыым. Уопсастыба

1972-1974 сс. Магадаан куорат. Аармыйа. Мин манна куораттан 3 км сиргэ турар ис сэриилэр ураты пуолкаларын 6-с туспа хомбуойдуур оруотатыгар сулууспалыыбын. Бастаан 1 ыйдаах үөрэх кэнниттэн Хабаровскайга баран алын хамандыырдары бэлэмниир кууруска 6 ый үөрэнэн, сержант сыбаанньалаахпын, взвод хамандыырын солбуйааччытабын, онон аармыйа миэркэтинэн улахан «тойон» буолан сылдьабын.

Эбээһинэспит – массыынанан-сөмөлүөтүнэн холуонньаҕа-хаайыыга, сууттарга уонна суут саалаларыгар ыар буруйдаах хаайыылаахтары арыаллааһын-манааһын.

Аатырбыт Халыма суолун олохтоохтор “хаайыылаахтар уҥуохтарын үрдүгэр тутуллубут суол” дииллэр. Кырдьык, устуоруйаҕа биллэринэн, бу дойдуга кыһыл көмүс өлгөм саппааһа көстөн, Лаврентий Берия быһаччы дьаһалынан, 1930-с сс. саҕалаан көмүһү хостооһун саҕаламмыт. Аны, мөлүйүөнүнэн дьон дьылҕатын быһаарбыт ГУЛАГ тэриллэн, эрэпириэссийэҕэ түбэспит дьону, ону тэҥэ Сойуус атын холуонньаларыгар баппатах, күрүөн сөптөөх, «аптарытыаттаах» хаайыылаахтары мунньар буолбуттар.

Халыма кыраайа оччолорго “күлүүһэ суох хаайыы” дэнэрэ. “Материгы” кытта уу суолунан эрэ сибээс баара. Хаайыылаахтары Лаамы байҕалынан анал борохуоттарга симэн аҕалаллара. Онно уһун аччык айаны тулуйбакка, дьон үс гыммыт биирэ эрэ тыыннаах ордон Магадаан пуордун булар эбит.

Кырдьык, мантан ханна куотуоҥуй. Бастатан туран, куоттаххына да кыһын тоҥон, сайын үөн-көйүүр эбэтэр эһэ-бөрө аһылыга буолан өлөҕүн. Иккиһинэн, сэрии кэннэ манна Сойууска баппатах “аптарытыаттаах” хаайыылаахтары, чуолаан Берия “чыыскатыттан” мүччү көппүт “воры в законе” диэн ураты дьону, мунньан туохда суута-сокуона суох кыдыйбыттар.

Холобур, онтон саамай боростуой ньымалара маннык буолар эбит. Халыма суолун тутуутугар үлэлии барааччыларга хомбуой начаалынньыга “уҥа-хаҥас үктэниэххит да, тута ытыллыаххыт” диэн сэрэтэр уонна биир кэккэнэн хааман иһэр дьон ортотуттан “бириигэбэрдэммит” эрэйдээх бэргэһэтин анал дьонунан туура оҕустаран баран, ону ылаары тахсыбытын кэннэ, ытан өлөрөн кэбиһэр эбит. Хаайыылаах сордоох кыһыҥҥы тымныыга төбө сыгынньах сылдьыа дуо, өллөҕө ол.

Саха сиригэр тиийэ Халыма суолун былаһын тухары холуонньа бөҕөтүн туппуттара кэлин ГУЛАГ эстэн, ахсаана лаппа аҕыйаабыт этэ. Ол да үрдүнэн биһиги сулууспалыыр кэммитигэр араас эрэсиимнээх 10-ча холуонньа баара. Дьэ, олор икки ардыларыгар биһиги хаайыылаах бөҕөтүн арыаллыыр-таһар этибит. Онно сылдьан арааска түбэспиппин, харабыл уолаттартан истибиппин кэпсиим.

repressirovan 4


Арек бөһүөлэгэ. Манна, Саха сирин кыраныыссатын таһыгар, Магадаан саамай уһук, кытаанах эрэсиимнээх 5 №-дээх холуонньатыгар, ураты дьикти оҕонньор олороро.

Кини сэрии кэннэ дойдутугар Молдавияҕа ыарахан буруйу оҥорон, быраатын кытта ытылларга ууруллан баран, бириигэбэрдэрэ көтүрүллэн, 25 сыл Магадааҥҥа ыйаахтаммыттар. Ол эрээри ини-биилэр бу дойдуга олоро сатаан баран тулуйумуна, күрүүргэ быһаарыналлар. Ол инниттэн бастаан утаа сииллэригэр сүгэргэ чэпчэки, түргэнник буортуйбат диэн суухара хаһааналлар уонна оччотооҕу хаайыы суруллубатах тыйыс сокуонунан, холуонньаларын саамай эдэр уолун “ыһык” оҥостон илдьэ бараллар.

Мындырдык толкуйдаммыт албас. Бастаан холуонньаттан күрээн баран, сир ыла охсоору харса суох барыллыахтаах. Оттон онно ыарахан сүгэһэрдээх ырааппатыҥ чуолкай. Дьэ, ол иһин “өйүөлэрин” бэйэтинэн хаамтаран илдьэ барбыттар.

Ини-биилэр күһүн сир харатыгар туттарбакка, балайда сири барбыттар, саллааттар кэлин көрдүү да сорумматах буолуохтаахтар.

Күрүөйэхтэр бастаан суухаралара бүтэр, онон хаама сылдьар “идэһэлэрин” сүүскэ биэрэн үссэнэллэр, этин сүгэн салгыы айанныыллар. Ол эрээри аны хаар түһэр, халлаан тымныйан барар, ону кытта аны “идэһэлэрин” этэ баранар. Инньэ гынан убай киһи “ким урут утуйан быстарбыт ол “ыһык” буолар” диэн кытаанах этиини киллэрэр. Ол кэннэ быраата эрдэ утуйан хаалан, аны кини “ыһык” буолар.

Убай киһи быраатын этинэн үссэнэн, син Өймөкөөн сиригэр киирэн баран “ыһыга” баранан, илиитин-атаҕын үлүтэн өлөөрү сыттаҕына, саха булчут оҕонньоро түбэһэ кэлэн тыыннаах хаалар. Оҕонньор бу киһи хантан кэлбитин сэрэйэ охсон олохтоох уорганнарга тыллыыр. Ол дьон күрүөйэҕи тутан, эмтээн, үлүйбүт тарбахтарын барытын бысталаан баран, Магадааҥҥа утаараллар. Онно инбэлиит буолбут киһини хаттаан сууттаан урукку “дьиэтигэр” хаайаллар. Ол киһи биһиги сулууспалыы сырыттахпытына, холуонньа «смотрящайа» буолан кэлээскэлээх олоппоско анньылла сылдьара.


Хабаровскай кыраай Ванино ыстаансыйатын таһынааҕы холуонньаҕа дьону илтибит. Манна улахан айдааннаах суут буола турар эбит. Сууттанааччылар — биһиги курдук саллааттар. Буруйдара –хаайыылаахтары кытта куомуннаһыы.

5135 592x432

Бу уолаттар (сулууспалаан бүтэллэрэ 6 ый хаалбыт) дьуһуурустубаҕа туран 3 хаайыылааҕы зонаттан таһааран дьону, маҕаһыыны халатар буолбуттар. Дьонноро тахсан түүн ювелирнай маҕаһыыны, түбэһиэх дьону халаан баран, “дьиэлэригэр” төттөрү кэлэллэр эбит. Олохтоох милииссийэлэр кинилэри көрдөөн тилэхтэрэ хараарыар диэри сүүрбүттэр да, туһа тахсыбатах. Хаалла сытар дьон буоларын ким билиэй?

Ол эрээри өтөр көҥүл-бохсо айбардыы сылдьан, тутуллан хаалаллар. “Дьиэлэригэр” кэлбэттэр. Зонаҕа сарсыардааҥҥы бэрэбиэркэҕэ 3 хаайыылаах суоҕа биллэн, түрүлүөн бөҕө буолар. Оттон олохтоох опердар бу дьон хантан кэлбиттэрин быһаара сатыы олорон, дьэ “бабат” дэһэллэр. Ону кытта “глухарь” бөҕө арыллар, холуонньа дьаһалтата күрүөйэхтэрэ көстөн “һуу” гынар.


Магадаантан чугас Талая диэн эмтээх улахан күөл баар. Онно баартыйа уобаластааҕы обкуомун сынньанар, эмтэнэр профилакторийа уонна 6 №-дээх холуонньа баар.

Онно материктан аҕалыллыбыт инженер идэлээх киһи хааллан олорбут. Ол киһи күрүүргэ сананан, зона пилораматын мастарыскыайыгар кистээн, кыра-кыралаан тыаһа суох көтөр тэрили толкуйдаан оҥорбут. Онтун пилорама эриэлсэтинэн сүүрдэн, бобуулаах зона нөҥүө түһүөхтээх эбит. Ол эрээри инженер “сөмөлүөтэ” оҥоһуллан бүтэн, көтөөрү сырыттаҕына ким эрэ “смотрящайга” үҥсэн, хайаан да биир уһун болдьохтоох киһини илдьэ көтөргө сорудахтанар. Инньэ гынан биир киһиэхэ анаммыт тэрил икки киһини уйбакка, бобуулаах зонаны ситэ уҥуордаабакка, сууллан хаалар. Бүттэхтэрэ ол. Инженер бэйэтэ эрэ көппүтэ буоллар, куотара хаалбыт.

B75F418A 99EB 484B B73C C18AB08971E1 mw800 s


Хайыылаах үгүс өттө куруук көҥүлгэ дьулуһар буоллаҕына, оннукка тахсыан баҕарбат дьон эмиэ баар буолар эбит.

Биирдэ Палатка бөһүөлэк холуонньатыгар тиийэн аҕалбыт дьоммутун туттара сырыттахпытына, КППга айдаан бөҕө буолла. Көрдөхпүтүнэ, саллааттар биир оҕонньору таһырдьа соһо сатыыллар, оттон оҕонньордоро тахсымаары ытыы-ытыы өсөһөр. Ыйыталаһан билбиппит, ол оҕонньор олох эдэр сааһыттан хаайыыга олорбут. Онно олорон, өссө киһини өлөрөн, куота сатаан сууттанан, олоҕун зонаҕа моҥообут, көҥүлгэ аймаҕа-уруута суох эбит. Онон тахсан да ханна барыай, үлэни кыайбат киһи тугу аһыай-таҥныай, ыарыйдаҕына, хайдах эмтэниэй? Суох буоллаҕа. Ол иһин “төрөөбүт дьиэтэ” буолбут хаайыытыгар хаала сатаатаҕа. Кини ол курдук КПП кирилиэһигэр олорон ытыы хаалбыта.

magadan


Сулууспалаабыт кэммэр киһи өйүгэр баппат араас куһаҕан, сидьиҥ быһыыны көрбүтүм, дьахталлары хомбуойдуур сатамматах өрүттэрдээҕин билбитим. Ол эрээри бу дьонуҥ сытыы, булугас өйдөрүн, сатабылларын киһи чахчы сөҕөр. Биир боростуой холобур.

Хомбуойдуур дьоҥҥун түрмэҕэ ийэттэн төрүү сыгынньахтаан баран “Омуль-63” диэн тимири билэр анал приборунан бэйэлэрин уонна таҥастарын бэрэбиэркэлээбитиҥ да үрдүнэн кэлим тимиртэн оҥоһуллубут “заточкаларын” ханна эрэ син биир кистэнэн хаалларбыт буолаллар. Оттон этапка баралларыгар дьоҕус гына суулаан баран ыйыстыбыт харчыларын тиийэн баран биирдэ эрэ хостууллар. Дьикти.

Өссө биир түбэлтэ. Сусуман куорат холуонньатыгар “хаһаайын” (холуонньа начаалынньыга) төрөөбүт күнүгэр бу дьонуҥ калашников аптамаат үүт-маас макыатын оҥорон бэлэхтээн тураллар. Аны туран, хаайыылаахтарыҥ үгүс өттө буруйу илэ өйдөрүнэн, бэйэлэрин туһаларыгар оҥорбут дьон буолаллара. Дьэ, киһини өлөрөн халыахха-талыахха, уоруохха диэтэххэ, кытаанах ньиэрбэ, тулуур, сытыы өй наада эбээт!

Быһата, бу дьонуҥ айылҕа биэрбит талаанын, күүһүн-уоҕун атыннык дьаһанан, бу Халыма кыраайыгар олохторун моҥоон эрдэхтэрэ диэххэ сөп.

Захар Федоров, Бэрдьигэстээх.

Category: Люди. Человек. Народ. Общество | Views: 1327 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 107
Ыалдьыттар (гостей): 107
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024