Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Кулун тутар » 21 » Төрүт олохтоох омуктар уонна бырамыысыланнас
Төрүт олохтоох омуктар уонна бырамыысыланнас
19:17

Быыбар бүттэ. Билигин бэлиитикэни анаарааччылар биһиги өрөспүүбүлүкэбит тоҕо Путиҥҥа аҕыйах (дьиҥинэн, аҕыйах буолбатах — 64 %) куолаһы биэрбитин быһаара сатыыллар. Биллэн турар, онно төрүөт элбэҕэ буолуо эрээри, «баһылла сытар сир баайдаах Саха сирэ тоҕо маннык дьадаҥытык, холуонньа аҥаардаах олоруох тустааҕый?» диэн санаа биир саамай «ыйааһыннаахтара» буолара саарбахтаммат.

Ол туһунан Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын VII сийиэстэрин чэрчитинэн ыытыллыбыт «Хотугу аҕыйах ахсааннаах олохтоох омуктар уонна бырамыысаыланнас хампаанньалара» диэн кэпсэтиһии былаһааккатыгар сылдьан өйдүөххэ сөп этэ.

Presidium

Олохтоох төрүт омуктар бэрэстэбиитэллэрэ, бырамыысыланньыктар уонна ситэриилээх уорганнар көрсүһэн кэпсэтиһиилэрэ хаһыстаан да ыытылларын Гражданскай уопсастыба сайдыытын миниистирэ Анатолий Бравин санатта.

Уопсайынан, «өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники кэмҥэ кэлии хампаанньалары кытта олохтоох нэһилиэнньэ сыһыаннарын быһаарсыы дьэ туһааннаах таһымыгар тахсан эрэр дуу, тугуй?» диэн санаа үөскээтэ. Ол курдук, биһиэхэ төрүт олохтоох омуктары бырамыысыланнас ааҥныырыттан араҥаччылыыр соруктаах, Арассыыйаҕа ханна да суох «Этнология эспэртиисэтин туһунан» сокуон ылыныллан, олоххо киирэн эрэр.

Дойду таһымыгар ылыллар сокуоннар кэккэ угаайылаах, охсуулаах буолуон сөп өрүттэрин Сахабыт сирин уопсастыбаннаһа, дьокутааттар, бырабыыталыстыба иилэ хабан, таба көрөн үлэлэһэн барбыттарын түмүгэр, “Уһук Илин гектарын туһунан” сокуон барыла арыый сымнатыллыбыта, төрүт дьарык сирдэрэ (ТТПП) үллэһиккэ барбат гына көмүскэммиттэрэ.

Ол да буоллар, бу буолан ааспыт кэпсэтии быһаарылла илик кыһалҕа элбэҕин уонна ону быһаарарга билиҥҥитэ дьайыылаах мэхэньиисимнэр суохтарын көрдөрдө.

ukrashenya3

Сэрэппэттэр даҕаны

“Бырамыысыланнас хампаанньалара уонна төрүт олохтоох омуктар өйдөспөт түгэннэрэ биир үксүн информация тиийбэтиттэн тахсар”, -- диэтэ Хотугу омуктар Ассоциацияларын I вице-бэрэсидьиэнэ Вячеслав Шадрин. Кэлии хампаанньалар манна кэлэн үлэлээн эрэллэрин олохтоох нэһилиэнньэҕэ, бэйэни салайыныы уорганнарыгар биллэрэри да наадалааҕынан аахпаттар, сэрэппэттэр. Ситэриилээх былаас туһааннаах уорганнара да онно наадыйбаттар (Геология кэмитиэтэ дуу, Бырамыысыланнас министиэристибэтэ дуу —НГ.)

Хомойуох иһин, ол хотугу улуустарга эрэ буолбатах! Саха сиригэр кэлбит хампаанньалар үгүстэрэ маннык быһыыланаллар. Хампаанньалар лиссиэнсийэ ылбыт учаастактарыгар туох да саҥата-иҥэтэ суох кэлэн суол солоон, ыһан-тоҕон, түөрэ сүргэйэн, эрэспиэскэ ыытан бачаачайдаан баран “кэннэ кээнчэ да буоллун” диэн баран төттөрү сүтэн хаалаллар. Ол туһунан кэлин элбэхтик суруйаллар.

Ааспыт сайын билим эспэдииссийэтигэр баран кэлбит дьон: “Бүлүүгэ тыаҕа аптамааттаах дьон сылдьаллар, дьону мээнэ аһарбаттар”, -- диэн кэпсээбиттэрэ. Соторутааҕыта Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкы уонна I Наахара диэн нэһилиэктэрин тыатыгар кимнээх эрэ туораттан кэлэн үлэ-хамнас бөҕө буолан сүпсүгүрэ сылдьалларын суруйбуттара. Ким маны дьаһайарый, иилиирий-саҕалыырый? Бу үйэлэр тухары биһиги норуоппут олорон кэлбит, олоруохтаах сирин тоҕо биһигиттэн ыйыппакка, кимин-тугун кэпсээбэккэ эрэ ким эрэ таһыттан кэлэн дьаһайан барыахтааҕый?

ukrashenya2

Өлөөн — холобурга

Ыйытыыны барытын үрдүкү салалтаҕа эрэ туһаайар кыра. Холобур, Өлөөҥҥө хампаанньалары кытта үлэни улуус салалтата олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын, дьокутааттарын уонна уопсастыбаннаһы кытта сүбэлэһэн ыытар. Олохтоох уопсастыбаннай түмсүү күүһүнэн манна бырамыысыланнас тулалыыр эйгэҕэ дьайыытын, радиацияны кэтээн көрүү кытта ыытыллар. Өлөөннөр холобурдарын туһалаах өттүн бырамыысыланнас өтөн киирбит бары улуустарыгар да туттуохха сөп. Хомойуох иһин, улуус аайы балаһыанньа араас буолар, сорох улуустар баһылыктара хампаанньалары кытта бүөмнээн тугу дуогабардаһан, ылсан-бэрсэн үлэлии сылдьалларын нэһилиэнньэ буолуохтааҕар, улуус дьокутааттарын сэбиэтэ даҕаны билбэт (соторутааҕыта Томпоҕо приватизация былааныгар муниципальнай суолу атыыга туруорбуттара - НГ)...

Онон, үлэ сир баайын хостуур хампаанньалартан эрэ буолбакка, олохтоох былаас уорганнарын позициятыттан уонна олохтоохтор актыыбынастарыттан, көхтөрүттэн эмиэ улахан тутулуктаах.

“Сатаан кэпсэтиэҥ — саһыл саҕаланыаҥ”

Нэһилиэктэр баһылыктарын долгутар биир боппуруос – “нэһилиэк сиригэр-уотугар үлэлиир бырамыысыланнас хампаанньалара төлөбүрдэрин тоҕо нэһилиэккэ буолбакка, быһа улуус киинигэр төлүүллэрий?”

IengraIgnatenko

Иккис боппуруоһу Иенгра (Нерюнгри оройуона) баһылыга Ольга Игнатенко туруорда: “Биһиэхэ сүүсчэкэ араас бытархай старатель тэрилтэтэ үлэлиир эрээри, биир да тэрилтэ олохтоох дьаһалтаҕа тахсыбат, биһигиттэн тугу да ыйыппат...” Кинилэр сирдэригэр 30-ча араас сир баайдаах учаастактар, араас улахан бырайыактар бааллар эбит. Оттон улахан хампаанньалар биирдиилээн биэс-алта общинаны кытта үлэлээн, этнология эспэртиисэтин ыыппыттар. Оттон нэһилиэк бэйэтин бэрт сэмэй бүддьүөтүн суотугар эрэ олорор. “Оннук да олорон биһиэхэ табаһыт – саамай сүрүн киһи. Төрүт дьарыкпытын, тылбытын барытын этэҥҥэ илдьэ олоробут”, -- диэн Иенгра баһылыгын этиитин истэргэ аһара үчүгэй. Ол эрээри, мэлдьи оннук буола туруо дуо?

Уопсайынан, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыттан бэрт симик тыл-өс иһилиннэ. Үгүстэрэ көрдөһөөччү эрэ курдук балаһыанньаҕа сылдьаллара өтө көстөр. Садын нэһилиэгин баһылыга Иван Игнатьев ону саамай сөпкө бэлиэтээтэ: “Биир үксүн, сокуон суоҕунан, бырамыысыланнас хампаанньаларын кытта сыһыан кинилэрдиин таба кэпсэтииттэн, баһылык бэйэтэ төһө сытыытыттан, сокуону билэриттэн, киириилээҕиттэн-тахсыылааҕыттан тутулуктаах курдук”.

“Бу — биһиги хампаанньабыт”

Хампаанньа эмиэ араас буолар. Кээмэйинэн да, олохтоох нэһилиэнньэҕэ да сыһыанынан. Улахан бырайыактары – ИСТАны, “Сила Сибири” киллэрэ сылдьааччы Сургуттары, Транснефтэри, Роснефтэри, Газпромнары, АЛРОСАны, “Мечели” эҥин сэргэ, кыра хампаанньалар эмиэ бааллар. Холобур, Кэбээйигэ Лабыҥха национальнай нэһилиэгин сиригэр үрүҥ көмүс хостуур, орто урбааҥҥа киирсэр “Прогноз” АУо тэрилтэ. Бу тэрилтэ ис-тас сибээскэ эппиэттээх үлэһитэ Екатерина Кривогорницына, нэһилиэк олоҕун сайдыытыгар хайдах кытталларын кэпсээтэ. “Бу олус баай сир, онон кэнэҕэскитин биһиги олохтоох каадыр ахсаанын билиҥҥитээҕэр элбэтэр соруктаахпыт. Биһиги бырабыыталыстыбаны, муниципалитеты кытта ыкса үлэлэһэбит. Өр болдьохтоох үлэҕэ болҕомтобутун ууран эрэбит. Судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн, Сиэгэн Күөлгэ тиэрдэр 450-600 км. усталаах суолу тутуохпут. Быйыл корпоративнай кодекс ылынаары сылдьабыт...” — диэн кэпсээтэ.

Тоҕо, туох санааттан маннык үлэни ыыталларын “Прогноз” бэрэстэбиитэлэ: “Нэһилиэк сайдыан, манна олорор норуот ураты култуурата, тыла, төрүт үгэһэ хаалыан баҕарабыт. Ол туһугар биһигиттэн тутулуктааҕы барытын оҥоро сатыахпыт. Биһиги олохтоох дьон “бу биһиги хампаанньабыт” диэхтэрин баҕарабыт”, - диэтэ.

kompanii

Дьикти “сүтүк”

Robbek

СӨ Хотугу норуоттар бырааптарын боломуочунайа Контантин Роббек отчуот оҥороору бырамыысыланнас уонна геология министиэристибэтиттэн дааннайдары көрдөөбүтүгэр, киниэхэ “бу боломуочуйалар аны биһиэхэ суохтар” диэн сууххай хоруй кэлбитин аҕынна. “Бу – сир баайыгар сыһыаннаах, төрүт олохтоох омуктары көмүскүүр боломуочуйа этэ. СӨ Геологияҕа уонна сир баайыгар кэмитиэтэ баарын саҕана ол болумуочуйа баара, билигин дьикти баҕайытык суох буолан хаалбыт”, – диэн буолла.

“Сүппүт” боломуочуйа ханан эрэ мунан-тэнэн Гражданскай уопсастыба министиэристибэтигэр “айаннаан тиийбитэ” билиннэ. Онуоха боломуочунай Роббек: “Бу чопчу сир баайыгар сыһыаннаах пууннар, онон ити министиэристибэҕэ ханан да дьүөрэтэ-сыһыана суохтар”, – диэбитин, В.Калашников “сокуонунан көрүллэр буоллаҕына – төннөрүөхпүт”, – диэн “уоскутта”.

Дьэ ити курдук, үлэ ис хоһоонун өйдөөбөт бүрүкүрээттэр дуу, “буоллун-хааллын” диэн сыһыаннаах чунуобунньуктар дуу өҥөлөрүнэн, кыра норуоттарга тыын суолталаах боломуочуйалар сүтэ-сүтэ күөрэйэн кэлэллэр эбит!


“Бырамыысыланнасс министиэристибэтэ” диэн, уопсайынан, туох үлэлээх-хамнастаах, боломуочуйалаах уорганый? Соторутааҕыта уларыйбыт миниистир А.Панов мэлдьи улахан хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрин кэннилэриттэн сырса, арыаллыы, көмүскээччи оруолун толоро сылдьарын көрөрбүт. Саҥа миниистир М.Терещенко чоҕу хостуур бырамыысыланнастан кэллэ, кинилэр “лоббилаабыт” киһилэрэ (“Колмар” курдук “Путиҥҥа чугас” дэнэр эргимтэ - НГ). Онон Сахабыт сирин бырамыысыланнай баһылааһыҥҥа “өрөспүүбүлүкэ интэриэһэ” диэн өйдөбүл баар дуо, уопсайынан?

Судургу холобур... Нэһилиэк сиригэр кимнээҕэ биллибэт хампаанньа үлэһиттэрэ кэлэн үлэлээн тигинэтэн, суулларан-сиҥнэрэн бардахтарына, маны ким дьаһайыахтааҕый? Бу дьон сөпкө дуу, сыыһа дуу манна кэлбиттэрин олохтоох дьоҥҥо быһаарыахтааҕый? Билиҥҥитэ, бу министиэристибэ наар “лиссиэнсийэ сөбүлэһиннэриитигэр” (“Сир баайын туһунан” сокуоҥҥа этиллэр) эрэ сигэнэрэ көһүннэ .

Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара ситэ-хото өйдөөбөттөрүнэн эбэтэр билбэттэринэн интэриэстэрин кыайан көмүскэммэт буоллахтарына, ону олохтоох бэйэбит министиэристибэбит иилээн-саҕалаан, кинилэр интэриэстэрин көмүскүүр үлэни тэрийэн биэриэхтээх этэ буолбатах дуо? “Болумуочуйабыт суох”, “сокуон суох” диэн көлбөрүтүнэ олорбокко?

glavyMunis

Сытыы кыһалҕаны — аһаҕастык

РНГ АУо Мииринэй Таас Үрэҕэр геология-разведка үлэтин ыыта сылдьар, 2019 сылтан улахан баһылааһыҥҥа киириэхтээх. Хампаанньа муниципальнай уонна судаарыстыбаннай уорганнары кытта сибээскэ менеджерэ, “Якуталмаз” бүтэһик генеральнай дириэктэрин сиэнэ Дмитрий Пискунов олохтоох нэһилиэнньэни кытта үлэлэрин сиһилии билиһиннэрдэ. “Биһиги үлэни ыытар сирдэрбит общиналар сирдэрин таарыйар. Ол эрээри биһиги чопчу кинилэри эрэ кытта үлэлиир буолбатахпыт, нэһилиэккэ көмөлөһөбүт, олоҕор-дьаһаҕар барытыгар кыттабыт”, – диэтэ.

“Водозабору тутуу биир сытыы боппуруос этэ, – диэн Д.Пискунов анаан бэлиэтээтэ, – ол эрээри, дьиктитэ диэн, онно сокуонунан уопсастыбаннай истиилэри ыытыы ирдэммэт этэ. Ол эрээри, бу олохтоохторго тыын суолталаах боппуруос буоларын быһыытынан, биһиги аһаҕас кэпсэтиилэри тэрийбиппит, көрсүһүүлэри ыыппыппыт. Сэлиэнньэ олохтоохторугар барытыгар дьокутааттар нөҥүө иһитиннэрии оҥорбуппут. Үс бырайыактан саамай буортута суоҕун талалларын курдук, ыйытыыларга хоруйдаан көрдөрбүппүт. Олохтоохтор биир барыйааны көннөрүүлэри киллэрэн туран, талбыттара. Ол эрээри, онон эрэ бүтэн хаалбат. Олохтоохтор барытын кэтээн көрө, туох эрэ уларыйыылар наада буоллахтарына онно этиилэрин киллэрэ туруохтара”.

Өскөтүн балаһыанньа чахчы Д.Пискунов кэпсиирин курдук буоллаҕына, чахчы үтүө холобур эбит.

ukrashenya

 

“Булгуччута суох”

Хампаанньа этнология эспэртиисэтин ыытарга хайдах сыһыаннаһарын туһунун ыйыппыттарыгар, Д.Пискунов: “Ону биһиги Гражданскай уопсастыба сайдыытын Министиэристибэтиттэн ыйыппыппытын, “оннук эспэртиисэни ыыта сатыыр булгуччута суох” диэбиттэрэ”, - диэн хоруйдаата. Быһата, “сокуонунан ирдэммэт буоллаҕына, биһиги дьоммут онно улаханнык наадыйбаттар эбит” диэн өйдөннө.

Төһө да “маннык сокуоннаахпыт” дэннэрбит, хампаанньалартан ити эспэртиисэни булгуччулаахтык ыыталларыгар ирдэбил суох буоллаҕына, дьайыыта-суолтата кыра да соҕус буолуон сөп эбит.

 

Бииргэ үлэлииргэ бэлэммит

Kovrigin

“Газпромгеологоразведка” ХЭТ генеральнай дириэктэрин корпоративнай көмүскэлгэ солбуйааччыта Анатолий Ковригин хас да түгэҥҥэ тохтоото. Ол курдук, кини этнология эспэртиисэтигэр общиналар кэлин, хампаанньалар олохсуйан үлэлээн барбыттарын кэннэ ордук болҕомто ууруллуохтааҕын туһунан эттэ. Оттон этнология эспэртиисэтин үбэ-харчыта тус сыаллаахтык, ол эбэтэр, төрүт дьарык сайдыытыгар эрэ туттуллуохтааҕын, онно ананыахтааҕын ыйда. Аны, олохтоохтору хампаанньаҕа үлэҕэ ылыы кэтэх өрүттэрин эмиэ санатта. “Өскөтүн бэҕэһээҥҥи табаһыт төрүт дьарыгыттан тэйэн бырамыысыланнас хампаанньатыгар үлэлии кэллин. Хампаанньа үлэтин бүтэрэн баран хааллаҕына, бу төрүт дьарыгыттан тэйэн хаалбыт, табатын эспит киһи ханна барарый? Кини бу сиргэ төрүт олохтоох, төрүт дьарыктаах киһи дэнэр бырааптанар дуо? Ол эрээри, билигин табаһыт тоҕо бырамыысыланнаска дьулуһарый? Дьонун иитээри, харчы өлөрөөрү, дьоһуннаахтык олороору. Киниэхэ төрүт дьарыга, табата-булда кыахтаахтык олорорун хааччыйбат буоллаҕына, ыытар бэлиитикэбит онно туһуланыллыахтаах диэн мөхсө сатыыбыт. Федеральнай да, өрөспүүбүлүкэ да сокуоннарын тутуһан бииргэ үлэлииргэ бэлэммит”, -- диэтэ Газпром хампаанньа эппиэттээх үлэһитэ.

Дьиикэй хапыталыысым, холуонньа

OdselLubov

Хабаровскай кыраайтан кэлбит Аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларын бэрэсидьиэнэ Любовь Александровна Одзял тыл эттэ. Хабаровскай кыраайга туох да көҥүлэ суох ойууру кэрдии бара турарын, Амырга – көмүһү хостооччулар көҥүл айбардыылларын, Приморьеҕа балыктааһын кыһалҕатын аҕынна. “Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка дьиикэй хапыталыысым, холуонньа саамай дьиикэй көрүҥэ силигилээн турар”, - диэтэ. Аны, Лучегорскай куоракка “москвичтар” кэлэн шахтаны атыыласпыттарын, олохтоох үлэһиттэри уураталаабыттарын, ол социальнай тыҥааһыны үөскэппитин туһунан СМИгэ ханна да суруллубатын, ону сөбүлээбэккэ уопсастыбаннас утары туран, санаатын биллэрэрэ ханна да иһиллибэккэ хааларын кэпсээтэ.

Любовь Одзял Кытай кыһалҕата тирээн кэлбитигэр тохтоото. Сир баайын хостуур, маһы кэрдэр хампаанньалар Арассыыйа хампаанньаларын курдук регистрациялаахтар, оннук атыылаһаллар эрээри, дьиҥинэн, бары Кытайы кытта ситимнээх тэрилтэлэр эбит.

“Саха сиригэр эһиэхэ сокуоннар, нуорма-быраап аакталара, анал бырагыраамалар бааллар, үлэлииллэр, биһиги эһиги аҕыйах ахсааннаах норуоттары көмүскүүр сокуоннаргытыгар, ону олоххо киллэрии уопутун туһанабыт, эһигиттэн холобур ылабыт. Эһиэхэ хайдахтаах курдук сүҥкэн үлэ барарын, үлэлии сылдьар дьон баарын сөҕөбүт эрэ. Эһиги кэрэ айылҕаҕытыгар, сиргит баайыгар дураһыйааччы үгүс, онон эһиги тускутугар олус долгуйа уонна дьиксинэ саныыбыт. Самныбакка ситиһиилээхтик үлэлээҥ!”, – диэн түмүктээтэ.


“Бу былаһаакка тугу көрдөрдө?” – диир буоллахха, син туох эрэ быһаарылла сатыыр, үлэ барар курдук. Ол эрээри, “баар кыра даҕаны кыахтары ситэриилээх былаас уорганнара ситэ-хото туһаммакка олороллор дуу?” диэн санаа эмиэ үөскээтэ. Ол курдук, СӨ Бырамыысыланнаһын миниистирин солбуйааччыта Виталий Калашников боростуой баҕайытык: “Баҕа санаалар бары олус үчүгэйдэр. Ол эрээри, сокуон суох буоллаҕына, ол барыта баҕа санаанан эрэ хаалыаҕа. Биһиги сокуон суох буоллаҕына хампаанньалары күһэйэр кыахпыт суох, кинилэр сыччах бэйэлэрин үтүө баҕаларынан эрэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга кыттыахтарын сөп”, – диэн кэбиспитэ өйдөммөт.

Кыахтаах, баай хампаанньалар лоббилара күүстээх. Кинилэр үтүө баҕа санаалара уһуктарын күүтэн быар куустан баран олоробут дуо?

Нина ГЕРАСИМОВА

Category: Нац. вопрос | Views: 1245 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 13
Ыалдьыттар (гостей): 13
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024