Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Муус устар » 13 » Ил Түмэн: хонтуруол төннүөхтээх
Ил Түмэн: хонтуруол төннүөхтээх
08:05

Ил Түмэн дьокутаата Владимир Федоров кэпсэтиигэ мэлдьи аһаҕас, санаатын этэртэн толлубат. Урукку Ил Түмэн оскуолатын ааспыт дьокутаат бүгүҥҥү олох-дьаһах, бүддьүөт, бырайыактыыр салайыы, быыбар, элиитэ туһунан туох санаалаах эбитий?

– Дьон Ил Түмэнтэн кэлэйбитин, бу састааптан хал буолбутун туһунан үгүстүк этэр...

– Мин инники ыҥырыылаах Ил Түмэн састаабыгар эмиэ талылла сылдьыбыт буоламмын, тэҥниир кыахтаахпын. Урукку Ил Түмэнтэн бу парламент уратыта – хонтуруоллуур функциятын сүтэрбитэ. Ким даҕаны өһүргэниэ дии санаабаппын – дьокутааттар ону бары бэркэ диэн өйдүүллэр уонна билэллэр.

– Төннөрүөххэ сөп дуо?

– Тоҕо сатаммат буолуой? Вячеслав Штыров кытта: “Абсурдка” тиэрдимэҥ – парламент оннугар фракция быһаарыахтаах диэн буолбатах”, – диирэ. Тоҕо биир фракция сүбэтэ быһаарар буоллаҕына, тиритэ-хорута үлэлиир курдук көстө сатыыбыт? Илии уунааччы буолан олорбуппут көнө дии.

Праймериз иннигэр да араас кэпсэтии буолар. Холобур, сүрүн “ньыгыл” Медведев: “Эһиги чунуобунньуктар баартыйалара буолбатаххыт”, – диэтэ. Онон “Ньыгыл Арассыыйа” аатыттан да бардахтарына, тус санааларын этэртэн толлубат норуот ытыктыыр дьоно баар буолуо диэххэ.

– Биир баартыйа айбардааһынын содула тугуй?

– Содула – нэһилиэнньэ парламены итэҕэйбэт, былааска эрэммэт буолуута. Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарын түмүгэ – бу, этэргэ дылы, бастакы “чуораанчык” эрэ. Дьон Грудинины өйөөн, эбэтэр, Путины дуу, Егор Борисовы дуу утаран итинник куоластаабата. Дьон дойдуну бу курдук салайар табыллыбат диэтэ.

– Ил Түмэн быыбарын суолтата тугуй?

– РФ бэрэсидьиэнин быыбара “формальнай” соҕус этэ. Ил Түмэни талыы барыбытын хаарыйар. Бу билигин дьиэ кэргэн таһымыттан, интэриниэт форумнарга, бассаап бөлөхтөргө тиийэ дьүүлгэ сылдьар “тиэмэ”. Үлэ кэлэктииптэригэр, баартыйаларга, дойду түмсүүлэригэр, уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ кэпсэтии бу туһунан.

Тоҕо диэтэххэ, парламент, Судаарыстыбаннай мунньах – бу өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыгын сүрүн үстүрүмүөнэ буолуоҕа, бырабыыталыстыбаны бигэргэтиэҕэ. Аны, билигин дьон лиидэргэ ирдэбилэ уларыйда, улаатта.

– Туоратыллар бэлитиичэскэй күүстэр “шанстаахтар” дуо, эн санааҕар?

– Кинилэр быыбарга кытталлара хайаан да наада. Кэнники Матвей Евсеев хамаанданан тахсан эрэрин туһунан истэбин. Аны, Эрнст Березкин Аҕа баһылык быыбарыгар иккис этэ. Онон бу дьону аахсыбат буолар табыллыбат. Билиҥҥи парламеҥҥа үлэлии сылдьар дьон эмиэ бааллар. Дьиҥинэн, оннук аахтахха, аҕыйаҕа суох.

– Истэргэ үөрүүлээх...Fedorov

– Биһиги бу кэми ыарыыны аһарар курдук, аһарыахпытын наада. Өрөспүүбүлүкэ бэлитиичэскэй элиитэтэ өстөөҕү көрдүүр. “Сэриилэһээри”, сууһараары. Ити нуорма курдук буолла – болҕомтону онно туһаайыы. Бэйэ-бэйэни кытта доҕордоһуу, сомоҕолоһуу кэлиэ дуо? Ол кэриэтэ кими эрэ суулларарга, бииргэлэһиэхтэрэ. Оттон өрөспүүбүлүкэ, баҕар, мөлтөөтүн...

Дьиҥинэн, Арассыыйа субъектарыгар экэнэмиичэскэй, бэлитиичэскэй элиитэлэр түмсүүлээх буолуулара хайдах курдук көмөлөөҕүн көрдөрөр добуочча холобур баар.

– Ханнык субъектарга?

– Свердловскай уобаласка Екатеринбурга биир киһини тула оппозиция, бэлитиичэскэй элиитэ, гражданскай уопсастыба, бизнес-эйгэ – барыта түмүстэ. Биллэн турар, эрэгийиэннээҕи салалта кинини утары охсуһар. Күүс 50:50 курдук. Ол эрэн киирсии түмүгэ Арассыыйа салалтата хайдах быһаарарынан буолара өйдөнөр.

Краснодары ыллахха, онно күбүрүнээтэр бэйэтэ биисинэс-эйгэни кытта сүбэлэһэр: тугу, хайдах гыныахха диэн. Иркутскай уобаласка күбүрүнээтэр биисинэс-эйгэ дьонун ыҥыртаан сүбэлэһэрин кэпсииллэр.

– Быһата, биһиги элиитэбит түмсүүтэ суох... Оттон Ил Дархан түмэ, кэпсэтэ сатыыр дии?

– Көрсүһэр даҕаны, ол ханнык эрэ өйдөспөт буолууну туоратаары буолбатах. Син биир тэлэбиидэнньэҕэ, СМИлэргэ ыҥырыллыбат, эбэтэр онно тугу саҥараллара хонтуруолланар дьон испииһэктэрэ баар. Бэйэм онно баар буоламмын этэбин, онтон атын итэҕэйиэм суох этэ.

– Саамай “публичнай” дьокутаат эн курдуккун дии...

– Ол бэйэм суоппар. Атыттары саҥардыбат буолуу, хомойуох иһин, баар. Холобур, Иван Шамаевы. Итинник көстүүнү өрөспүүбүлүкэ бастакы сирэйиттэн тахсар диэн, нэһилиэнньэ сөбүлээбэт.

Ол оннугар “эһиэнэ-биһиэнэ дэһэн бүтүөххэ! Дьон тугу диирин истиэххэ уонна сүбэлэһиэххэ!” диэн этиллэрэ буоллар!

Быыбар кэнниттэн политологтар “эһиги олохтоохторгутун ситэ сыаналаабат эбиккит” диэтилэр. Ситэ-хото болҕомто уурбаппыт, эбиитин албынныыбыт. Биһигиттэн кинилэр биири күүтэллэр, атыны ылаллар. Бырабыыталыстыба отчуоттарын түмүгэ тугуй? Ити үлэ туох түмүккэ аҕалбыта, тугу биэрбитэ аахсыллыбат, ол көстүбэт. Дьон “биһиги тугу да эппиппит иһин, ол болҕомтоҕо ылыллыбат” диир.

Ити биһиги бигэргэппит 25 бырагыраамабыт эҥин – ааспыт үйэ киэнэ. Билигин саҥа технологиялар, коммуникациялар кэмнэрэ. Ону өйдүөххэ.

– Министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр “проектнай салайыы” дии-дии үлэлээн тиритии-хорутуу дии...

– Бырайыактыыр салайыы диэн бүддьүөт үбүн баһылааһын. Тугу эрэ оҥорон дуу, тутан дуу бүтэһиктээх бородууксуйаны ылыы буолбатах.

Дьиҥинэн, оскуола тутуутун сүрүн сыала-соруга – үөрэнээччилэр хаачыстыбалаах үөрэҕи ылыылара, учууталлар талааннара арыллар кыаҕа уонна дьоллоох төрөппүттэр. Ону баара, билигин оннук сыал туһунан этиллибэт даҕаны. Сүрүнэ – “үбү сөпкө баһылааһын”. Холобур, бүддьүөккэ 170 миллиард солк. уктубут. Оттон «дьон онтон төһө дьоллонно?» диэн ким да санаабат.

– Оччоҕо тугу гыныахха?

– Арассыыйа стратегическай былааннааһыҥҥа төннүөхтээх. Онно эйгэ сайдыытын, (пространственное развитие), куорат эйгэтин сайыннарыы уо.д.а. туһунан чуолкайдык этиллэр. Барыта биир ситимҥэ көрүллэр.

Холобур, тыа сиригэр дьон олоҕун тупсарар эбийиэктэр наадалар. Сынньалаҥ дьиэлэрэ, култуура кииннэрэ, киинэ көрөр сир, дьиэ-кэргэн кафета, улуус исписэлиистэрин атастаһар киин, о.д.а. Билигин онно олохтоох ыччат эрэ үлэлии тиийэр. Уонунан сылларга көрө үөрэммит хартыыната оннук хаалан иһэр – феодальнай кэмҥэ хайдах этэй да, соннук.

– Син биир былыргы курдук таһырдьа тахсан киирэбит диэ...

– Дьокуускайга нэһилиэнньэ 20 %-на уута суох дьиэҕэ олорор. Нэһилиэнньэ 15 %-на саньытаарынай усулуобуйата ол аата, туалета суох. Санаан көрүҥ, алмаастаах кыраай киин куоратыгар 60 тыһыынча киһи таһырдьа тахсан киирэр.

2002 сылтан куоракка кэлбит хас үһүс киһи – тыа сириттэн.

Кинилэр үчүгэй мэдиссиинэҕэ баҕаран, оҕолорун үчүгэй оскуолаҕа үөрэттэрээри кэлэллэр. Бу дьон 64 %-на – саамай айар-тутар үгэнигэр сылдьар дьон. Оттон Дьокуускай буоллаҕына, кинилэри былыргы курдук, мас уонна чох биирсэлээх, былыргы курдук муус тиэйиилээх тоһуйар...

Биһиги олохпутун бүддьүөтү баһылааһын мэхэньиисимин атыннык эргиттэхпитинэ биирдэ, тосту уларытар кыахтаахпыт. Элбэх үбү уга сатаан диэн буолбакка, сыалыгар-соругар, ис хоһоонугар болҕомто уураммыт. Элбэх үбү уган сайыннара сатааһыны тохтотон, атын суолунан барар наада.

– Ону ким уларытар? Син биир сол чунуобунньуктар, сол дьокутааттар...

– Егор Афанасьевиһы хомуруйаллар: “Хаарты холуодатын мэтэйдиир”, – диэн. Хайыахпытый? Үүннэрбэтэх, каадыр саппааһа итинэн бүтэр буоллаҕына? Дьону таһаартаан иһэр наада. Ону баара, хабахха тыыннара-тыыннара аттыбытыгар тута сылдьаары гынабыт. Холобур, Антон Сафронов туһугар үөрэбин – ханна эрэ бэйэтэ үөрэнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ кэллэ. Саҥа киһи, саҥалыы тыын.

Биир сиргэ өр олоруу сэрэхтээх, саҥа дьон кэлэн иһиэхтээх. “Лиип” баар буолуохтаах. Оннуга суох, экэниэмикэҕэ түргэн сайдыы (“разгон”) буолбат.

Ол иһин сэбиэскэй саҕанааҕы каадыры бэлэмнээһин систиэмэтин, каадыры үүннэриигэ-үөрэттэриигэ тугу да кэрэйбэтэх М.Е. Николаев бэлиитикэтин биһириэххэ сөп. Баҕар, үөрэммит 50 %-на онно хааллын, хас эрэ бырыһыана төннүө.

Мин оҕолорум төннүбүттэрэ. Биисинэһи аныгы усулуобуйаҕа тэрийэргэ, саҥа экэниэмикэни сайыннарарга кинилэртэн үөрэммитим. Ыччаты ханна эрэ ыытар буоллахха, кинилэргэ манна үлэлиир усулуобуйаны тэрийэр наада. Саҥаны олоххо киллэрэллэригэр.

– Эн мэлдьи дьиэ кэргэн интэриэһэ диигин...

– Дьиэ кэргэн бүддьүөтүн 50 %-на дьиэни сылаастык тутарга, аска-үөлгэ, Интэриниэккэ, элэктэриичэстибэҕэ, гааһы туһаныыга барар. Хомунаалынай төлөбүрү эбэн кэбис. Онон хас иккис ыал холбоһоот да, сотору арахсар – ити мин эппэппин, ыстатыыстыка этэр. Олох-дьаһах ыарахаттарын уйбат.

Оттон гаас тоҕо төлөбүрэ суох буолбат? Элэктэриичэстибэ субсидията ханнаный? Чопчу итинник быһааран, эдэр дьоммутун быыһыахха сөп. Бэлитиичэскэй истириэһи, халбархай балаһыанньаны дьиэ кэргэн муҥур уһукка тиийиитэ үөскэтэр.

Туох барыта фракциянан эрэ быһаарыллар, бигэргэнэр буоллаҕына – бу парламент буолбатах.

– Ол иһин дьон Грудиниҥҥа куоластаатаҕа?

– Оннук. Онон уларыйыы, саҥа тыын наада.

– Таатта учууталларын туһугар суукка киирсибиккин сорохтор “тоҕо сүүс солкуобай туһугар сууттаста?” дииллэр...

– Таатталартан бэйэлэриттэн ыйыттыннар ээ ону. Биһиэхэ федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх тэрилтэлэрэ бааллар. Федеральнай үөрэх тэрилтэлэрэ – 1200 солк., оттон өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэлэр –1100 солк. эбии кэмпэнсээссийэ (ДьУоХХ төлөбүрүн иһин) ылаллар. Холобур, Краснодарга да, Москубаҕа да ити кэмпэнсээссийэ – 1200 солк. Оттон Краснодарга кыһыннара суох, Москубаҕа да аҕыйах ый. Биһиэхэ алта ыйы быһа кыһын, ону ааһан биһиги дьоммут чоххо, маска, гааска, уокка, ууга кинилэрдээҕэр элбэх харчыны төлүүллэр. Тоҕо кэмпэнсээссийэ ылыа суохтаахтарый? Тоҕо онтулара кыра буолуохтааҕый? Өйдөммөт.

Таатта үөрэҕин үлэһиттэрин туруорар боппуруостара өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар наада. Мин көннөрүүм соруга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр ДьУоХХ төлөбүрүн кээмэйин, саатар, 1,5 тыһ. солк. быһыллыахтаах диэн.

Сэбиэскэй кэмҥэ тыа сиригэр, учууталларга туох эрэ чэпчэтии баара. Билигин кыра да хаалбытын сотоору тииһэллэр. Туох иһин биһиги былааспыт маннык абааһы көрөрүй? Дьон мэлдьи тугу эрэ умналаһа, көрдөһө сылдьыахтаах дуу?

– Эн куорат биир улахан уокуругуттан дьокутааккын. Тупсарыы үлэтин туһунан аҕыннаххына сатанар...

– Куоракка «Сайсары» уокуруга – 45 % , «Губин» уокуругун киэнэ 65 % тупсаҕай оҥоһуулааҕа. Онтон 2015 сыл кэннэ тупсарыы таһыма түһэн хаалла. Эргэ дьиэлэри көтүрэн элбэх этээстээх дьиэлэри туппуттара. Палисадниктары, оҕо былаһааккаларын суох гыммыттара. Бэл, аспаалламмыт кыра суолларга кытта дьиэлэри хоротон туппуттара! Ол оннугар суол да, оҕо былаһаакката да, тротуар да оҥоһуллубатаҕа. Бетон кутуулаах учаастагы «тупсарыы» диэбэт буоллаҕыҥ.

Ити барыта судаарыстыба застройщиктарга «муода» саҕалаабытын содула: дьиэ тутарга уонна онон харчы оҥосторго. Билигин федеральнай былаас «бу тугу-тугу гынаҕытый?!» диэбитигэр биирдэ «өйдөннүлэр». Дьокуускайга, өссө төгүл этэбин, эйгэни былааннаан сайыннарыы стратегията наада. Ол куорат социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын быстыспат сорҕото буолуохтаах.

– Ол туһунан ким эмэ этэр дуо?

– Ол туһунан Арассыыйаҕа да эппэттэр. Холобур, Дьокуускайга уу лотуоктара бааллар да, ол туругун көрөргө-истэргэ үп-харчы көрбөттөр. Харчы халаан этэҥҥэ аастын эрэ диэн көрүллэр. Сыл аайы оннук. Оттон эйгэни сайыннарыыга көрүллэр харчы сыала-соруга атын буолуохтаах. Ийэҕэ анаммыт искибиэргэ харчыны көрөн, тыһыынча сибэккини олордубуттара, биир ый буолаат, өлөн хаалбыттара дии.

Саамай куһаҕана – биһиги олохпутугар итинник толкуйа суох, дьалаҕай сыһыан нуормаҕа кубулуйбута. Туох даҕаны систиэмэ суох. Билигин ити туһунан дьэ этэр буолан эрэбит.

Мин билигин быыбарга барарбар этэбин: парламент хонтуруоллуур функциятын төннөрүөхтээх, тойоттор суруйбут бүддьүөттэрин буолбакка, норуот бэйэтэ уопсай мунньахха (сход) быһааран (референдумнаан) ылыммыт бүддьүөтэ баар буолуохтаах диэн.

– Үөһээ салалта ону өйдүүр дуо?

– Быыбар өйдүүргэ күһэйэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ сиртэн атын туох да атын баайа суох хааллыбыт. Онон туох сирдээхпитин, кыра да учаастакпытын барытын көмүскүү-харыстыы сатыахтаахпыт. Саатар, сирбитин! Бэйэ-бэйэбитин кытта сатаан кэпсэппэтэхпитинэ, федераллар сирбитин кытта былдьыахтара.

– Махтал, Владимир Юрьевич! Ситиһиини уонна кыайыыны!

Нина ГЕРАСИМОВА.

Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 1036 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 22
Ыалдьыттар (гостей): 22
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024