Быйыл күһүн – Ил Түмэн быыбара. Дьон-сэргэ ортотугар, хаһыаттарга даҕаны, кэлэр ыҥырыкка Ил Түмэн састааба хайдах буолуохтааҕын туһунан элбэх тыл-өс иһиллэр буолла. Ол иһигэр, бу билигин үлэлии олорор Ил Түмэн састаабын сирээччи-мыынааччы аһара элбэх курдук.
Онон сибээстээн, ити эйгэ иһигэр сылдьар дьокутаат Уйбаан Самаайаптан ону-маны тургутан ыйыталастыбыт. Туох да кистэлэ суох эттэххэ, Ил Түмэн билиҥҥи састаабыгар кини курдук уопсастыбаннаһы кытта күүскэ үлэлээбит, эппит-тыыммыт, киирсибит дьокутаат да суоҕа чахчы. “Мин кинитээҕэр актыыбынайдык үлэлээтим” диэн биир да дьокутаат, бука, мөккүспэтэ буолуо.
– Уйбаан Уйбаанабыс, Ил Түмэҥҥэ талыллыбытыҥ эйиэхэ тугу биэрдэ?
– Мин онтон туох эрэ барыһы, чыыны-хааны, солону-билэни ылаары буолбакка, бэйэм олохпор сыал туруорунан үлэлиир үлэм таһаарыылаах буоларын туһугар эрэ талыллыбытым дии саныыбын.
– Дьокутаат сүрүн үлэтэ тугуй?
– Бастатан туран, сокуон оҥоруута. Ол гынан баран, мин өйдүүрбүнэн, дьокутаат кэбиниэккэ саһан-бүгэн олорон сокуон эрэ суруйуохтаах диэн буолбатах. Дьокутаат олох, үлэ үөһүгэр сылдьан баар итэҕэстэр, үөскээбит мэһэйдэр-моһоллор төрүөттэрин үөрэтиэхтээх, ырытыахтаах уонна ону туоратар өйү-санааны тобулуохтаах.
Аны туран дьокутаакка туруорсуу (депутатский наказ) диэн баар. Холобур, үлэһит дьон “ол сатаммата, бу кыаллыбата” диэн көмө эрэйэн элбэхтик тахсаллар, үөһэ тэрилтэлэри кытта быһаарсарга көрдөһөллөр. Ону дьокутаат “ити мин билбэт дьыалам” диэн батан кэбиһэр бырааба суох. Кыһалҕаҕа ылларан, барар сирэ баҕана үүтэ буолбут боростуой дьон көмө көрдөһөн кэлэрэ эмиэ элбэх буолар. Дьокутаат статуһун туһанан, онно күүһүҥ тиийэринэн көмөлөһөҕүн. Дьокутаат үлэтэ оннук.
– Ил Түмэн билиҥҥи састаабын туһунан тугу этиэҥий? Дьон билиҥҥи састаабы улаханнык сирэр курдук ээ.
– “Билиҥҥи Ил Түмэн састаабын барытын ууратан баран, саҥа, үчүгэй дьокутааттары талыахха наада” дииллэрин элбэхтик истэбин. Хомойуох иһин, боппуруос оннук судургу буолбатах. Бастатан туран, “үчүгэй дьокутаат” буолар кыахтаах дьон ыһылла сыппаттар. Баар да буоллахтарына, быыбарга кыайаллара кэккэ уустуктаах. Холобур, Ульяна Винокурова 2013 с. дьокутаатынан талыллан хаалбыта буоллар, бүгүҥҥү парламент үлэтигэр улахан төһүү буолуохтаах этэ. Хомойуох иһин, оччолорго Ульяна Алексеевнаны дьокутаатынан туруорар өй да, кыах да тиийбэтэх.
– “Үчүгэй дьокутаат” хайдах буолуохтааҕый?
– “Идеальнай дьокутаат” диэн, мин саныахпар, хараҕа-кулгааҕа аһаҕас киһи буолуохтаах. Ол эбэтэр, өрөспүүбүлүкэ иһигэр туох буола турарын, нэһилиэнньэҕэ туох куттал, кыһалҕа хантан суоһуурун барытын билэр, билбэт буоллаҕына сылыктыыр дьоҕурдаах буолуохтаах.
Иккиһинэн, ол үөскээбит балаһыанньаны билэн баран, онтон өрүһүнэр быһаарыныы ылынан, кимтэн да, туохтан да толлубакка ону олоххо киллэрэр туһугар охсуһуохтаах. Холобур, үөскээбит балаһыанньаны нэһилиэнньэ киэҥ истиитигэр-билиитигэр таһааран, уопсастыбаннай күүстэри түмэ тардан, туһааннаах сокуоннары оҥорон уо.д.а.
Үсүһүнэн, дьокутаат баай хампаанньалар, үрдүкү былаас интэриэстэрин хаарыйар боппуруостары хамсаттаҕына, кини үрдүгэр СМИнэн, бассаабынан, интэриниэтинэн маассабай саба түһүү, үөҕүү-баһааҕырдыы тоҕо сүөкэнэр. “Идеальнай” дьокутаат ону барытын уйар, тулуйар кыахтаах буолуохтаах.
Дьэ уонна бэйэҥ санаан көр: итинник хандьыдаат төһө элбэҕий?
– Ардыгар, “дьокутааттарбыт нэһилиэнньэ интэриэһин утарар сокуону ылыннылар” диэн айдаан бөҕө тахсар... Оннук буолар дуо?
– Быыбар сокуонун омсолоох өрүтэ – парламент аҥаара баартыйа испииһэгинэн талыллар балаһыанньата ситэтэ суох. Туох да саҥата-иҥэтэ суох им-дьим сылдьар дьокутааттар үгүстэрэ баартыйа испииһэгинэн талыллан киирэллэр. Оттон парламены барытын биир мандааттаах уокуруктарынан ыытыыны хомуньуустар уонна “сиэрдээхтэр” утараллар. “Быыбары баартыйа испииһэгэ суох ыыттахха букатын да дьокутаата суох хаалыахпыт” диэн куттаналлар.
Парламент үлэтин биир улахан итэҕэһэ – баартыйалар сомоҕо куоластааһыннара. Холобур, фракция тойоно, үрдүкү инстанциялары кытта кэпсэтэн баран: “Маннык сокуон хайаан да ылыллыахтаах, биһиги баартыйабыт чилиэннэрэ бары биир киһи курдук өйүүбүт, онон бүтэр!” – диир. Баартыйа дьоно бары бу этиллибитин курдук куоластыыллар. Былаас бэртикээлэ Ил Түмэҥҥэ да, Госдумаҕа да оннук үлэлиир.
Чэ, холобур, сиэссийэ бара турар. Субу аҕай ханнык эрэ сокуон барылын утары куоластыыбыт, оттон сынньалаҥ кэмигэр “фракция мунньаҕа буолар” диэн буолар. Онно бүөмнээн кэпсэтии кэнниттэн, фракция чилиэннэрэ бүүс-бүтүннүү ол сокуону ылынарга куоластаан кэбиһэллэр. “Сомоҕо куоластааһын” диэн оннук.
– Арай, баартыйа чилиэнэ бириинсиптэһэн фракциятын этиитин ылымматын, утары куоластаатын?
– Холобур, “Ньыгыл” баартыйа киһитэ Егор Жирков биир баартыйалаахтарын эрдэттэн сэрэппитэ, “мин хааччахтаммаппын” диэн. Быйылгы быыбарга турааччылар Егор Жирковтан холобур ылыахтаахтар.
– Кини биир мандааттаах уокуруктан талыллыбыта дии...
– Оннук. Ол гынан баран, баартыйа испииһэгинэн талыллыбыт да киһи фракциятын дьаһалын утары куоластаатаҕына “сомоҕо куоластааһыны утардыҥ!” диэн Ил Түмэнтэн үүрэллэрэ уустуга буолуо ээ... Дьиҥинэн, көстөн турар сыыһа дьаһалга сөбүлэһиэх кэриэтин, үүрүллүбүт көнө буоллаҕа. Саамай сүрүнэ – суобаһыҥ ыраас хаалыа турдаҕа!
Мин саныахпар, кэлэр быыбарга ханнык да баартыйа интэриэһин өрө туппат, дьон-сэргэ, өрөспүүбүлүкэ интэриэһинэн эрэ сирдэтэр дьокутааттары таларга кыһаныахтаахпыт.
– Дьокутаат буолан хамнаһыҥ улахана буолуо?
– Барыта 70 дьокутаат баарыттан 17-тэ эрэ хамнастаах. Бу – спикер, 3 кини солбуйааччыта, 12 кэмитиэт уонна 1 хамыыһыйа бэрэссэдээтэллэрэ. Кинилэри “хамнастара лаппа улахан” дииллэр, ону билбэппин. Мин Ил Түмэнтэн хамнас ылбаппын, бэйэм үлэлээхпин – оскуола дириэктэрэ.
– Чэ, ол да гыннар, төһөнү ылаҕын?
– Биирдэ оскуолам буҕаалтырын анаан ыҥыран чуолкайдаспытым. Онно кини: “Дириэктэр буолаҥҥын ыйга илиигэр 71 тыһ. солк. ылаҕын, онно үөрэтэр чааһыҥ эбиллэр”, – диэбитэ. Сорох оскуолалар дириэктэрдэрэ хамнаспын ыйытан баран “кыра эбит, миэнэ оннооҕор элбэх” диэччилэр.
Мин саныахпар ити сөп хамнас, кыра буолбатах.
– Интэриниэккэ көрдөххө, былырыыҥҥы дохуотуҥ оннооҕор улахан курдук дии?
– 2016 с. миэхэ норуодунай учуутал Михаил Алексеев аатынан бириэмийэни биэрбиттэрэ, 500 тыһ. солк. кээмэйдээх. Бу суума 2016 сыл дохуотугар ааҕыллыбыта. Мин ити бириэмийэ харчытын бүүс-бүтүннүү учууталым М.А. Алексеев пааматынньыгын тутуу пуондатыгар укпутум.
– Кэнники кэмҥэ хаһыакка, бассаапка Р.Егоров, В.Винокуров уо.д.а. эйигин анаан-минээн холуннарар, баһааҕырдар суруктара тахсар. Бу дьон ким сакааһынан суруйалларый уонна ону хайдах тулуйаҕыный?
– Ити аата “2018 сыл быыбара саҕаланна” диэн буолар. Мин Ил Түмэҥҥэ талылларбын өлөрдүү абааһы көрөр күүстэр элбэхтэр. Бастатан туран, сир баайын хостуур хампаанньалар, кинилэргэ илэмэ-салама түһэр силовой уорганнар, чунуобунньуктар, кэмиэрчэскэй СМИлэр. “Анаан холуннарар” дьонтон эн өссө интэриниэккэ Meic диэн аатынан суруйар киһини көтүттүҥ. Араспаанньатын “Местников” дииллэр, мин билбэт киһим.
Быыбар чугаһаан истэҕин аайы, оннук дьон өссө элбиэхтэрин сөп. Ити курдук үөҕэр суруйуу элбээн бардаҕына, “ити аата сөпкө үлэлии олорор эбиппин, лаппа таарыйтарбыттар” дии саныыбын.
– Тоҕо хардарсыбаккын?
– Онно бириэмэ да тиийбэт. Миигин дьаныһан туран үөҕэн суруйар дьон мин киммин-туохпун билэллэрэ чахчы. Кинилэр миигин билбэт буолан, алҕаһаан, сыыһа өйдөөн итини суруйар буолбатахтар. Ити – кинилэр хамнас ылар “килиэптэрэ”. Быһата, киһи аһыныан эрэ сөптөөх дьоно.
– Быһаччы эттэххэ, эн аны күһүҥҥү быыбарга кыттаҕын дуо?
– Мин 2014 сыл күһүнүгэр “абырах” быыбарга талыллыбытым, онон Ил Түмэҥҥэ 3 аҥаар сыл олордум. Ити сыл күһүн Урутаан сайдар территориялар (ТОР) туһунан федеральнай сокуон барыла көрүллүбүтэ. Онно мин “ТОРга бэриллэр сир чааһынайга барыа суохтаах” диэн көннөрүү киллэрэ сатаабытым ааспатаҕа. Олохтоох нэһилиэнньэ интэриэһин утарар ис хоһоонноох быһаарыылар, сокуон барыллара үөһэттэн ньиргиэрдээхтик соҥнонон кэллэхтэринэ ону утарар киһи сүтэн хааларын бастаан онно бэлиэтии көрбүтүм. Ол гынан баран, барыта оннук куһаҕан буолбатах. Омсолоох сокуон барылын утары чопчу аргуменнары эттэххэ, өйүүр дьон көстөн кэлэллэр. Оннук гынан кыайбыт түбэлтэлэрбит эмиэ бааллар. Холобур, 2015 с. сокуоҥҥа казактар бэйэлэрин формаларын кэтэн дьуһуурунайдыы тахсар ыстатыйаларын тохтотон турабыт.
Хаас үөрүгэр “харабыл хаас” баар буолар дииллэр. Син ол тэҥэ, парламеҥҥа эмиэ саатар биир харабыл дьокутаат наада.
– 2013 с. быыбарга кыл-мүччү кыаттаран баран сууттаһар эҥин этиҥ ээ...
– 2013 с. Ил Түмэн быыбарыгар куорат Набережнай быыбардыыр уокуругар турбутум. Ама да ааспытын иһин, хара балыырдаах быыбар буолбута. Куоластааһын КОИБ систиэмэнэн (көмпүүтэринэн) барбыта. Киэһэ 8 чаас кэнниттэн хас да учаастакка көмпүүтэр боротокуола мин кыайбыппын көрдөрбүтэ. Ол кэннэ тута “көмпүүтэр тиһигэ барыта алдьанна” диэн буолбута. “Оччоҕуна, илиинэн ааҕыахха” диэбиппин, биир да учаастак ылымматаҕа. Онтон сарсыарда көмпүүтэрдэри “оҥорбуттарын” түмүгэр, мин кыайтарыылаах хаалбытым. Ол эрэ буолуо дуо, ити быыбарга сокуону кэрээнэ суох кэһии түбэлтэтэ хара баһаам этэ. СӨ Үрдүкү суутуттан кырдьыгы булбатахпыт. РФ Үрдүкү суутугар тахсан эрдэхпитинэ, ити эппит “абырах” быыбарбыт саҕаламмыта...
– Хантан харчыланан быыбарга киирсэҕин?
– Бэйэм хамнаспын мунньабын, иэс ылабын. Маны таһынан, мин дьокутаат буоларбар баҕарар дьон көмөлөһөллөр. Ааспыт быыбарга икки табаарыһым 50-нуу тыһ. биэрбиттэрэ, “Төннөрүмүөххүн сөп” диэн усулуобуйалаах этэ. Ону хаһан төннөрөрбүн айбыт билэн эрдэҕэ. Итини таһынан, атын үгүс хандьыдааттартан уратым диэн, бэйэлэрин баҕаларынан быыбар хампаанньатыгар босхо көмөлөһөр идейнэй доҕотторум элбэхтэр.
– Өлүөнэ турууктара федеральнай бас билиигэ барарын тоҕо утараҕын?
– Төрөөбүт дойдубут ис туруга олус айгыраабытын “Уһук Илин гектарын туһунан” сокуон бастакы барыйааныттан ырылыччы көрүөххэ сөп. Юрист устудьуон итинник курсовойу суруйдаҕына профессор “2” сыананы туруоруо этэ. Киһи көрөн ытыан эрэ сөптөөх докумуона этэ. Бу сокуону Саха сирин уопсастыбаннаһа, дьокутааттара уонна ситэриилээх былааһа эрэ үлэлэһэн дьиҥнээх сокуон курдук дьүһүннээбиттэрэ. Дойдубут салалтата сокуону да кыайан оҥорор кыаҕа суох эбит этэ.
Ити эрэ буолбатах. Судаарыстыба институтун норуот баайын халыыр-талыыр ньымаҕа кубулуппуттарын туоһулуур түгэн элбэх. Ол курдук, 2001-2006 сс. “АЛРОСАны өрөспүүбүлүкэттэн былдьаан, федерализациялыыбыт” диэн айдааны утарсан киирсибиппит. Бэрт саарбах схеманан “Саханефтегаз” чааһынай илиигэ көһөн “ЯТЭК” буолан хаалыыта... АЛРОСА-Ньурба аахсыйаларын былдьаныыта. Билигин “улахан болҕомто” Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна 8 улуус бас билэр аахсыйаларыгар хатанан турар. Быһата, Арассыыйа бука барыта бас билиини былдьаһыы хонуутугар кубулуйда.
Биһиэхэ балаһыанньа эмиэ мөлтөх эрээри, атын эрэгийиэннэргэ холоотоххо судаарыстыба сүрүн сүнньэ өссө тутуһуллар. Бу маннык былдьаһыктаах кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ биир да баайын энчирэппэккэ бэйэтигэр тутан олоруохтаах. Ол иһигэр Өлүөнэ турууктарын уонна АЛРОСА аахсыйаларын...
– Быһата, аны күһүн талыллар Ил Түмэн састааба хайдах буолуохтааҕый?
– Кэлэр 5 сылга, судургутук эттэххэ, “Арассыыйа федеративнай тутула салгыы баар буолар дуу, бары губернияларга кубулуйабыт дуу?” диэн боппуруос турар. Күн бүгүн Ельцин саҕанааҕы федерализмтан туох да хаалбатаҕын тэҥэ. Суос-соҕотох төрөөбүт тылбыт судаарыстыбаннай статуһа эрэ ордон сылдьар. 2017 сылга ол да бүтэһик ордон хаалбыт бырааппыт туруга лаппа ыараабыта билиннэ. Дойдуга манннык быһыы өссө күүһүрэн иһиэн сөп.
Дьэ, ол иһин, норуоппут бырааба көмүскэллээх буоларын туһугар, Ил Түмэн 6-с ыҥырыылаах састааба олус күүстээх, кыахтаах, таһымнаах буолуохтаах.
Kyym.ru