Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Муус устар » 14 » СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) быыбарыгар Сунтаардааҕы быыбардыыр уокуруктан депутакка кандидат Андрей Юрьевич Николаев быыбар инн
СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) быыбарыгар Сунтаардааҕы быыбардыыр уокуруктан депутакка кандидат Андрей Юрьевич Николаев быыбар инн
21:36

И по Сунтарскому округу выиграл человек Евсеева

В Сунтарсокм округе, родине Матвея ЕВСЕЕВА, праймериз выиграл его ставленник – Андрей НИКОЛАЕВ, генеральный директор ООО «Арктик Капитал», новичок в политике. Пожалуй, и в этом случае можно говорить о личном рейтинге Матвея ЕВСЕЕВА.
Андрей НИКОЛАЕВ в острой, конкурентной борьбе выиграл у Михаила НИКИФОРОВА, бывшего главы Сунтарского улуса, ныне заместителя министра имущественным и земельных отношений.
Андрей НИКОЛАЕВ – 3 639
Михаил НИКИФОРОВ – 2 805
Оба политика вели достойную кампанию, не опускаясь до грязных технологий.



























Убаастабыллаах Сунтаар улууһун олохтоохторо!

“Биир ньыгыл Россия» политическай баартыйа Саха сиринээҕи региональнай салаатын иһигэр ыытыллар барыллаан куоластааһыҥҥа кыттаары, бэйэм кандидатурабын киллэрэргэ быһаарынным.

Биһиги төрөөбүт Сунтаарбыт ураты сирдээх-уоттаах, сиртэн хостонор туһалаах баайдаах-дуоллаах, суоллаах-иистээх улууһунан буолар. Күүстээх уот ситимэ тардыллан, федеральнай суол тупсан, бюджеттан араас хайысханан сыл аайы көмө оҥоһуллан, биһиги олохпут сыыйа тупсан иһэр.

Ол гынан баран, биһиги улууспутугар баар баайбытын ситэри туһаммакка олорорбутун бэркэ диэн көрө-билэ сылдьабыт. Тыа хаһаайыстыбатыгар быраҕыллыбыт сир элбэх; Кэмпэндээйигэ баар чоҕу, тууһу, цеолиты күүскэ туһана иликпит; тутуу эйгэтигэр туһаныллар кумаҕы, тааһы, керамзиты, гипсэни табыгастаахтык эмиэ тутта иликпит.

Бүлүү бөлөх уонна арҕаа промышленнай улуустары кытары ыаллаһа олорор буоламмыт, биһиги дьиҥинэн суолтабыт сүрдээх улахан. Ону таба туһанан, биһиги барыстаах суолу тутуһуохтаахпыт.

 

Сунтаар улууһун ис кыаҕын туһанан, ону олоххо киллэрэргэ Ил Түмэн уонна Бырабыыталыстыба таһымыгар сүрүннээн сокуоннары, уураахтары, дьаһаллары уларытарга күүстээх үлэ барыахтаах.

Билиҥҥи кэмҥэ үп-харчы хаамыыта барыта нормативтарга олоҕурар, ол иһин, миигин депутатынан таллаххытына, мин Уон сүрүн сорудаҕы толорорго туох-баар күүспүн уурарга сорунабын.

Бастакы сорудах. “Тыа хаһаайыстыбата урутаан күүстээхтик сайдар территориялара” диэн Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонугар саҥа өйдөбүл киириэхтээх.

Сүөһү уонна сылгы ахсаанын, бааһына уонна оттуур сир иэнин элбэтэр кэскиллээх улуустар итинник статустаах буолаллар.

Холобур, Сунтаар улууһугар билигин баар бааһынаттан үс гыммыт биирин эрэ туһанабыт, оттуур сир иэниттэн 60 бырыһыанын эрэ оҕустарабыт. 1990-с сылтан сүөһү ахсаана икки төгүл аҕыйаабыт, сылгы ахсаана – балтараа төгүл. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн

итинник намтааһын Өлүөхүмэ уонна Уус Алдан улуустарыгар бэлиэтэннэ.

Оччоҕо, бу талыллыбыт улуустарга улахан нормативтары туһанан, Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл политикатын министиэристибэтин программаларын нөҥүө кэлэр көмөнү элбэтиэххэ сөп буолар.

Холобур, үүтү соҕотуопкалыыр сыана ставкатын 46 солкуобайтан 50-ҥа диэри үрдэтиэххэ сөп. Мелиорация, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин, кооперация, техническай модернизация уонна да атын хайысхаларга эмиэ үрдэтэр нормативтары туттуохха сөп буолар.

Иккис сорудах. Нэһилиэк дьаһалталарыгар эбии харчылаах боломочуойалары бэрдэриэххэ сөп, холобур, сылгы иитиитигэр. Быйыл сылгыга диэн муниципальнай тэриллиилэргэ 101,5 мөл. солкуобай тарҕанар, ону таһынан куонкурус быһыытынан 100 мөл. солкуобай сылгы баазатын тутуутугар бэриллэр. Хомойуох иһин, быйылгы куонкуруска 100 киһиттэн Сунтаартан 4 эрэ киһи тигистэ. Ол иһин бу этиллибит 201,5 мөл. солкуобайы быһалыы нэһилиэктэргэ ыытыахха наада. Нэһилиэк иһигэр кырата 200 төбө биэлээхтэргэ диэн ирдэбил туруоруллуохтаах. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ити ирдэбилгэ 197 нэһилиэк эппиэттир, Сунтаар улууһугар – 15 нэһилиэк.

Үһүс сорудах. Сунтаар улууһугар идэҕэ үөрэтэр зональнай киин аһыллыахтаах. Оскуола оҕолорун уонна үлэтэ суох дьону миэстэтигэр идэлиир курдук. СӨ Ил Дархана каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ былырыын таһаарбыт Ыйааҕыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн зональнай биэс киин тэриллиэхтээх. Онно биһиги булгуччу киириэхтээхпит.

Манна Сунтаардааҕы технологическай колледж сүрүннүүр суолталанан, тыа хаһаайыстыбатын, промышленность уонна улуус сайдарыгар туһалаах идэлээх дьону иитэн-үөрэтэн таһаарыахтаах. Ону сэргэ, улууска баар 6 агрооскуоланы сыһыаран, кинилэргэ эмиэ тустаах көмө оҥоһуллуохтаах.

Төрдүс сорудах. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэҕэ киирбит уонна эбии төлөбүр ылар эдэр исписэлиистэр ахсааннарын улуустар икки ардыларыгар квота олохтонуллуохтаах. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ санаторийга, курортка баран эмтэнэллэригэр эмиэ. Тоҕо диэтэххэ билигин тыа хаһаайыстыбатын

баалабай бородууксуйаҕа, Сунтаар өлүүтэ баара-суоҕа 6% буолар. Мантан көмө ылар эдэр исписэлиистэр ахсааннарыгар – 2,8 % (14 киһи), санаторнай-курортнай көмө ылбыт үлэһит ахсааныгар – 3,6 % (5 киһи). Этиллэр квоталарынан тэҥнээтэххэ, Сунтаарга анаммыт эдэр исписэлиис ахсаана 30-ка диэри улаатар, босхо эмтэнэр үлэһит ахсаана – 8 киһиэхэ диэри.

Бэһис сорудах. Өрөспүүбүлүкэ бюджетын сокуонугар НДФЛ дохуотугар нэһилиэктэр өлүүлэрэ эбиллиэхтээх. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ ылар өлүүтүн 65-тэн 50 бырыһыаҥҥа диэри аҕыйаттахха, нэһилиэктэр ылар өлүүлэрэ 10-тан 25 бырыһыаҥҥа диэри улаатар буолар.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быйыл 23 млрд. тахса солкуобай НДФЛ быһыытынан хомуллуохтаах, оччоҕуна 5,5 млрд. солк. өрөспүүбүлүкэҕэ буолбакка, нэһилиэктэргэ быһалыы бэриллэр буолар. Сунтаар улууһун бюджетыгар быйыл 102 мөл. солк. НДФЛ дохуота киириэхтээх, оччотугар нэһилиэктэр бюджеттарыгар НДФЛ дохуота икки аҥаар төгүл улаатыаҕа - 41 мөл. солкуобайтан 102 мөл. солкуобайга диэри.

Алтыс сорудах. “АЛРОСА-Ньурба” акциятын 10 бырыһыана “РИК-Плюс” диэн тэрилтэ нөҥүө атыыланнаҕына, ол харчыны сүрүннээн Бүлүү бөлөх улуустар сайдыыларыгар ыытыллыахтаах.

Онно “РИК-Плюс” инвестиционнай декларацията көннөрүллүөхтээх, олохтоох оҥорон таһаарыыны өйүүр Фонда тэриллиэхтээх, инвестициялар тустарынан өрөспүүбүлүкэ сокуона көннөрүллүөхтээх.

Биһиги туруорсуубут диэн Кэмпэндээйи кластерын сайыннарарга, суоллары уонна уот ситимнэрин, тутуу матырыйаалын оҥорорго, дьон олорор саҥа кварталларынан тутарга.

Сэттис сорудах. “ОДьКХ” ГУТ Сунтаардааҕы филиала улууска бэриллиэхтээх. Бэйэбит чохпутун уонна электричество күүстээх уотун табыгастаахтык туһаннахпытына, нэһилиэнньэ төлүүр коммунальнай төлөбүрэ намтыахтаах уонна элбэх дьиэни уунан-уотунан хааччыйыахха сөп буолуо.

Ахсыс сорудах. Нэһилиэнньэни социальнай объектарынан хааччыйыы нормативтарыгар кыра нэһилиэктэр эмиэ киирэллэрин туһугар үлэни ыытыахтаахпыт. Быйыл РФ Бырабыыталыстыбата саҥа

нормативтары бигэргэтиэхтээх. Онон биһиги олорон хаалбакка, ол үлэҕэ кыттыһыахтаахпыт. Сунтаар улууһугар 26 нэһилиэктэн 15-гэр дьон ахсаана 500-тэн кыра, 6 нэһилиэк суола мөлтөх, 11 оскуола малокомплектнай статустаах. Ол иһин оҕо саадтара, оскуолалар, кулууптар, фельдшерскай-акушерскай пууннар сабыллыбаттарын туһуттан, биһиги Саха Сирин аатыттан күүстээх үлэни ыытыахтаахпыт.

Тохсус сорудах. Социальнай объектары саҥардыыга уонна тутууга улуустарынан квота олохтуохпутун наада. Ол туһугар, Инвестиционнай программа бэрээдэктэниллиэхтээх. Сунтаар улууһугар 143 социальнай объектартан 63 объект 1990 сыллаахха диэри (44 %) тутуллан киирбит. Ол иһигэр 34 оскуолаттан 16-та эргэ (47 %). Холобур, Чурапчы улууһугар 26 оскуолаттан 9-һа эргэ (35 %).

Сунтаар улууһугар 1990 сыллаахха диэри тутуллубут 15 оҕо саада, 5 участковай балыыһа, 1 амбулатория, 4 ФАП, 6 библиотека, 16 кулууп баар.

Онус сорудах. РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Анатольевич Медведев былырыын ахсынньыга буолбут Бүтүн Россиятааҕы Норуот Фронун форумугар биэрбит сорудаҕын туһанан, бары күүспүтүнэн тыа сирин сайдыытын туһунан федеральнай сокуону суруйуохтаахпыт.

Ол сокуоҥҥа тыа сиригэр олорор дьон туруорсуутун барытын киллэриэхтээхпит: сири бас билии, олорор дьиэни уонна суолу тутуу, хамнаска надбавка, чэпчэтиилээх тарыыптар, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһарааччыларга көмө.

Бу этиллибит уон соругум таһынан, мин депутат буоллахпына, нэһилиэктэртэн уонна түөлбэлэртэн 100 туруорсууну, атыннык эттэххэ, норуот накааһын толорор былааннаахпын. Бу үлэбин Саха Өрөспүүбүлүкэтэ олохтоммута 100 сылыгар аныыбын!

Биһиги бары бииргэ түмсэн үлэлээтэхпитинэ Сунтаар улууһугар күүстээх сайдыы олохтонуоҕа!
 

Олоҕун олуктара

Николаев Андрей Юрьевич 1977 сыллаахха ахсынньы 3 күнүгэр Сунтаар улууһун Сунтаар сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох ыалга бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Аҕата Николаев Юрий Иванович Хоро сэлиэнньэтиттэн төрүттээх, оробуочайынан үлэлээбитэ. Ийэтэ Евсеева Каджана Николаевна Түбэй сэлиэнньэтиттэн төрүттээх. Оскуолаҕа нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үтүө суобастаахтык үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсыбыта.

Андрей бастакы кылааска Түбэй аҕыс кылаастаах оскуолатыгар киирбитэ. Салгыы Хоро, Дьокуускай куорат 12-с нүөмэрдээх (Пригороднайга), Маар Күөл, Түбэй Дьаархан оскуолаларыгар үөрэммитэ. Кини үөрэҕэр туйгунун таһынан, оскуолаҕа ыытыллар култуурунай, спортивнай тэрээһиннэргэ кыттара. Онон үөрэҕи, үлэни өрө тутан, бары өттүтүнэн талааннаах киһи. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан математика, физика, нуучча тылын предметтэригэр улууска ыытыллар олимпиадаларга өрүү бириистээх миэстэлэргэ тиксэрэ. Түбэй Дьаархан орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, оскуола туризмҥа хамаандатын чилиэнэ буолан, 1993 сыллаахха оройуоннааҕы күрэхтэһиигэ бастаабыттара.

Кини төһө даҕаны бары предметтэргэ туйгуннук үөрэннэр, экономист идэтин баһылыыр баҕалалааҕа. 1995 сыллаахха Саха Судаарыстыбаннай университетын финансовай-экономическай институтугар үөрэнэ киирбитэ. Үрдүкү кууруска үөрэнэ сылдьан, Москваҕа Г.В. Плеханов аатынан Россиятааҕы экономическай академияҕа үөрэнэ көспүтэ. Биир кууруһун сүтэрбэт туһуттан, тута 28 эксээмэни ситиһиилээхтик туттаран, күүстээх күрэстэһиини ааһан, дойду тумус туттар үөрэҕин кыһатыгар үөрэнэ киирэр дьолломмута.

2000 сыллаахха академияны экономист идэлээх бүтэрэн, Саха сиригэр үлэлии кэлбитэ. Үлэтин «Сир» бааҥҥа сүрүннүүр исписэлииһинэн саҕалаабыта. Коммерческай баан экономическай отделыгар таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар эдэр исписэлииһи «Анаабыр алмаастара» хампаанньа салалтата таба көрөн, 2002 сыллаахха үлэҕэ ыҥырбыттара. Саҥа сүһүөҕэр туран эрэр промышленнай хампаанньаҕа эдэр исписэлиис үлэ бары кэрдиистэрин ааспыта. Үлэҕэ уопуттаах, сытыы-хотуу эдэр киһини эппиэтинэстээх үлэҕэ аныыр буолбуттара. Бастаан финансовай отдел экономиһынан, салгыы начаалынньыгынан, дириэктэри үпкэ солбуйааччынан, оттон кэлиҥҥи сылларга «Анаабыр алмаастара» ААУо генеральнай дириэктэрин экономикаҕа уонна үпкэ солбуйааччынан, бастакы солбуйааччынан 2016 сыллаахха диэри үлэлээбитэ.

Андрей Юрьевич билигин «Арктик Капитал» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ. Онон уонтан тахса сыл устата Андрей Юрьевич баан, бөдөҥ промышленнай хампаанньаларга үлэлээн дириҥ билиини, уопуту ылан, үлэтин үгэнигэр сылдьар. Ол курдук, «Анаабыр алмаастара» ААУо-ҕа үлэлии сылдьан хампаанньа алын сүһүөх предприятиеларын, ол иһигэр «АлМас», «Нөмүгү-Агрофирма», «Бөртө» сылгы собуота, «Хатастааҕы сибиинньэ комплекса», «Өлүөхүмэ кыладабыайа», «Өлүөхүмэ-Агрофирма» ХЭУо-лар үлэлэрин сүрүннээбитэ.

«Арктик Капитал» ХЭУо 2017 сыллаахха тэриллибит саҥа промышленнай предприятие. Кини иһинэн өссө 13 тэрилтэ баар. Бүгүҥҥү туругунан 500-кэ үлэһиттээхтэр.

2014 – 2016 сылларга «Алмаасэргиэнбаан» Наблюдательнай Сэбиэтин чилиэнэ.

Андрей Юрьевич аныгы киһи сиэринэн чөл олоҕу тутуһар, спорду өрө тутар. Кэргэннээх, сэттэ оҕолоох.
 

Андрей Николаев: «Сүөһү, сылгы иитиититтэн аккаастаныа суохтаахпыт»

 

Саҥа тэриллибит «АРКТИК КАПИТАЛ» холдины биир дойдулаахпыт, Түбэйтэн төрүттээх Андрей Николаев салайарын истэн баран, Сунтаарбыт дьонун-сэргэтин бэйэтин хампаанньатыгар сыһыаран үлэлэтэргэ туох санаалааҕын истээри, тута көрсөргө санаммытым. Кинини «Анаабыр алмаастара» хампаанньа сүһүөҕэр туруутугар дьоһун кылаатын киллэрбит киһинэн билэбин.

– Андрей Юрьевич, эйигин, бука, кэлии киһи дии саныыр буолуохтаахтар. Төрдүҥ-ууһуҥ туһунан кэпсээ эрэ.

– Сунтаар сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох ыалга бастакы оҕонон төрөөбүтүм. Аҕам Николаев Юрий Иванович Хороттон, ийэм Евсеева Каджана Николаевна Түбэй сэлиэнньэтиттэн төрүттээхтэр. Дьонум наар үлэ үөһүгэр сылдьар буоланнар, миигин эбэм Зинаида Александровна Евсеева алта ыйбыттан көрөн улаатыннарбыта. Онон, эбээ оҕото этим. Ааҕар буолуохпуттан наар кинигэ аргыстаах сылдьарым. Сунтаарга, Түбэйгэ, Дьокуускайга уонна Түбэй Дьаархаҥҥа оскуолаҕа үөрэммитим. Саха тылын уонна литературатын учуутала Иван Ильич Иванов дириҥ билиитинэн-көрүүтүнэн биһиэхэ күүс-көмө буолан, оскуола программатын таһынан элбэххэ үөрэппититтэн махтанабын. Оскуоланы бүтэрэн баран, СГУ-га финансовай-экономическай институкка үөрэнэ киирбитим. Үөһээ куурустарга Москваҕа Г.В. Плеханов аатынан Россиятааҕы экономическай академияҕа үөрэнэ көспүтүм. Биир кууруһу сүтэрбэт туһуттан, тута 28 эксээмэни ситиһиилээхтик туттарбытым.

– Сорох дьон киэҥ сиргэ барда даҕаны, төрөөбүт дойдутуттан тэйэр үгэстээх...

– Мин саха киһитэ, бастатан туран, тыа оҕото буоларым быһыытынан, төрөөбүт дойдубар олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһабын. Сибээспин олох быспаппын. Үлэбиттэн ордон, бириэмэ буллум даҕаны, Түбэйгэ, Түбэй Дьаархаҥҥа кэлэн сынньанан, аймахтарбар окко-маска көмөлөһөн барабын. Олох кыра эрдэхпиттэн сүөһү үлэтигэр сыстыбытым. Өрөбүл күммэр Түбэй Дьаархантан Түбэйгэ сатыы баран, анаан-минээн эбэбэр көмөлөһөн кэлэрим. Билигин эмиэ бэйэм оҕолорбун үрүҥ-хара үлэ диэн араарбат буолалларыгар үөрэтэбин. Сэттэ оҕолоохпун. Оҕолорум сайын ахсын Түбэйгэ баран сынньанан, сибиэһэй салгынынан тыынан, айылҕалыын алтыһан, дуоһуйа сынньанан кэлэллэр.

Онон, хас биирдии киһи бэйэтин төрөөбүт дойдутун дьонун-сэргэтин,

култууратын, үтүө үгэстэрин харыстыан наада.

– Үрдүк үөрэҕи бүтэрбитиҥ кэнниттэн олоҕуҥ хайдах салаллыбытай?

– Үлэбин «Сир» баантан саҕалаабытым. Отделбытыгар олох аҕыйах этибит. Эбиитин кириисис кэмэ буолан, коммерческай бааннар туруктара мөлтөх этэ. Биир сыл курдугунан отдел начаалынньыгынан анаабыттара. Бу үлэлии сырыттахпына, ийэм бииргэ төрөөбүт быраата Матвей Евсеев үлэтигэр ыҥыран ылан, «Анаабыр алмаастарыгар» экономист наада, кэлэн үлэлээ диэн көрдөспүтэ. Мин элбэҕи толкуйдуу барбакка, тута сөбүлэспитим. Бастаан финансовай отдел исписэлииһинэн, биир сылынан отдел салайааччытынан буолбутум. Саҥа атаҕар туран эрэр промышленнай хампаанньа бастаан утаа, үп-харчы өттүнэн ыарахаттары көрсөрө. Онон бааннары кытары ыкса үлэлиирбит. Дьоҥҥо хамнаска иэс тахсыбатын курдук кыһалларбыт.

Оччолорго «Анаабыр алмаастарын» акцияларын 51%-на «АЛРОСА» АХ, оттон 49%-на Анабаар улууһугар баара. Кэлин 2004 сыллаахха ити 49%-ны өрөспүүбүлүкэ ылбыта. Ол кэмҥэ ыырбыт кэҥээн, тэнийэн, улаатан истэхпит. «АЛРОСА» салалтата бу быычыкайкаан тэрилтэбит улаатан, сүһүөҕэр туран эрэр диэн бэлиэтии көрдөхтөрө. Былааны барытын мин оҥорон көмүскүүр этим. Аны ол үлэлии сырыттахпытына, биир хаһыакка бу «Анаабыр алмаастара» туохха да наадата суох тэрилтэ, «Нижне-Ленскэйгэ» холбоон кэбиһиэххэ диэн суруйбут этилэр. Ону ааҕан баран, Матвей Николаевич былааммытын икки төгүл үрдэтэн кэбиспитэ. Күүстээх былаан туруоруллан, ону олоххо киллэрэн ситиһэр сыалтан техника, ГСМ, оборудование атыылаһыахха наада буолбута. Инньэ гынан, бааннары кытары үлэлээн улахан суумаҕа кирэдьиит ылбыппыт уонна туруоруммут сорукпутун ситиспиппит.

– Бүтэһик уһугар, «Нижне-Ленскэйи» эһиэхэ холбообуттара...

– «Нижне-Ленскэй» хампаанньа үбүн-харчытын туруга түөрэҥнээн, моҥкуруут барар кутталланан, биһигини атыылаһыҥ диэн көрдөспүттэрэ. Хампаанньа докумуоннарын, ис туругун үөрэтэн баран, 7 млрд солк. «Нижне-Ленскэйи» атыыласпыппыт. Ити харчы аҥаара бюджекка, аҥаара РИК хампаанньаҕа киирбитэ. Матвей Николаевич салайыытынан «Нижне-Ленскэйи» барыстаах салааҕа кубулуппуппут. Сылга иккиэн 5 мөлүйүөн карат алмааһы хостуур этибит.

Тыа хаһаайыстыбатын салаатын эмиэ өрө тардыахха диэн санааттан, тыа сиригэр промышленность харчытын уган, «Өлүөхүмэ агрофирма» диэн хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэни тэрийбиппит. Бу кэнниттэн «АлМас», «Нөмүгү-Агрофирма», «Бөртө» сылгы собуотун, «Хатастааҕы сибиинньэ комплекса», «Өлүөхүмэ кыладабыайа» тэрилтэлэри.

Бу маннык таһаарыылаахтык үлэлии сырыттахпытына, Матвей Николаевиһы «АЛРОСА» хампаанньаҕа көһөрөн кэбиспиттэрэ. Онон, сүрүн састаап тутуспутунан сайабылыанньа суруйан, үлэбититтэн уурайбыппыт.

– Билигин «АРКТИК КАПИТАЛ» диэн улахан холдины салайаҕын. Хампаанньа туһунан ааҕааччыларбытыгар кылгастык кэпсээ эрэ.

– Биһиги Арктика улуустарыгар кыһыл көмүһү хостооһунунан дьарыктанабыт. 2017 сылга 3,5 млрд солк. харчыны киллэрэн, 700 мөл. солк. нолуогу төлөөтүбүт. Чугастааҕы сылларга 12 тоннаҕа диэри кээмэйдээх күндү тааһы хостуур былааннаахпыт. Онон, олохтоохтору үлэнэн хааччыйан, билиҥҥи суоттааһынынан 10 тыһыынча кэриҥэ үлэ миэстэтин таһаарыахпыт. Бу, аҥардас Арктика оройуоннарыгар.

Үлэбитин күүһүрдэр уонна хас да хайысханан тэҥинэн үлэлиир сыалтан, «АДК» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэни атыыласпыппыт. Онон Усуйаанаҕа Суор-Уйалаах диэн сиргэ кыһыл көмүһү хостооһуҥҥа лицензиялаахпыт. Манна быһа холоон, 8,2 тонна кыһыл көмүс саппаастааҕа биллэр.

«АДК-логистик», «Анжу», «Восход», «СахаСканСервис», «АвтоСервисГрупп», «Главстрой» уонна да атын алын сүһүөх тэрилтэлэрдээхпит. Бүгүҥҥү туругунан, «АРКТИК КАПИТАЛ» холдиҥҥа 500-тэн тахса киһи үлэлиир.

– Андрей Юрьевич, муус устар 15 күнүгэр буолар праймеризка кыттаары сылдьаҕын. Промышленнай хампаанньа салайааччытын быһыытынан, төрөөбүт улуускар туох көмөнү оҥорор санаалааххын?

– «Анаабыр алмаастарыгар» үлэлии сылдьан, Анаабыр, Өлүөхүмэ, Сунтаар улуустарыгар төһө кыахпыт тиийэринэн көмөлөһөр этибит.

Билигин Сунтаар сэлиэнньэтигэр Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Духуобунас киинин тутуутугар көмөлөһөн эрэбит. Маны таһынан, хас да сыллааҕыта дойдубутугар Түбэйгэ саҥа оскуола туппуппут. Оҕо саадыгар техниканан көмөлөспүтүм. Урут политикаҕа барыахпын эмиэ толкуйданар этим. Билигин саамай үлэлиир үгэним, кэмим кэллэ диэххэ сөп. Инньэ гынан, улаханнык толкуйдаан баран, бэйэм кандидатурабын Ил Түмэн быыбарыгар киллэрдим.

– Оттон аҥаардастыы промышленноһы эрэ батыспакка, тыа киһитэ сүөһү ииттэн, онтон дохуот аахсар кыахтаах. Уопсайынан, тыа сиригэр дьону олохсутууга туох үлэ ыытыллыахтааҕый?

– Бэйэбит төрүт дьарыкпытын – сүөһү, сылгы иитиититтэн олох аккаастаныа суохпутун наада. Саха киһитэ сирин быраҕан барда да сотору норуот быһыытынан сүтэн-симэлийэн хаалыаҕа. Маны сэргэ, баахтанан сылдьан промышленноска үлэлээн бэйэтин төрөөбүт сирин-уотун баайыттан туһаныахтаах. Онон, олохтоох дьон промышленноска сыстан үлэлиэхтээх. Тыа киһитэ сылга хас да ый биитэр сыл аҥаара баахтаҕа баран үлэлээн, сайынын дойдутугар тиийэн оттуон-мастыан сөп. Оттон үлэлээбит харчытынан дьиэтин-уотун туттуон сөп. Сахалар промышленноска хайа баҕарар омук дьонун кытары тэбис-тэҥҥэ үлэлииллэр.

Биһиги төрөөбүт Сунтаарбыт улууһа ураты сирдээх-уоттаах, сиртэн хостонор туһалаах баайдаах-дуоллаах буолан, онтубут олохтоох дьоҥҥо дохуоту киллэрэр кыахтаах. Тыа хаһаайыстыбатын хото сайыннарар кыах баар. Оттуур ходуһалардаахпыт. Аны улууспутунан федеральнай суол ааһар. Айаҥҥа-сырыыга улахан хаайтарыы суох. Промышленнай оройуоннары кытары ыаллаһа олоробут, инньэ гынан оҥорон таһаарар бородууксуйабытын улуус иһигэр эрэ буолбакка, таска эмиэ таһаарар кыахтаахпыт.

Улууска социальнай объектары тутууга күүскэ үлэлиэхпитин наада. Кистэл буолбатах, үгүс нэһилиэккэ социальнай тутуулар эргэрдилэр. Холобур, Сунтаар улууһугар 143 социальнай объектартан 63 объект 1990 сыллаахха диэри тутуллан үлэҕэ киллэриллибит.

– Андрей Юрьевич, төрөөбүт улууһуҥ сайдыытыгар үлэлии-хамныы сылдьаргыттан киһи көрөн үөрэр. Онон, үлэҕэр, тус олоххор ситиһиилэри баҕарабыт.

СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) быыбарыгар Сунтаардааҕы быыбардыыр уокуруктан депутакка кандидат Андрей Юрьевич Николаев быыбар иннинээҕи сүрүн санаалара, этиилэрэ

 

Саха сирин киин уонна арҕаа оройуоннарын ситимниир Сунтаар улууһун ураты кыаҕын туһанар сыалтан, депутатынан талылыннахпына, 12 хайысханы тутуһан үлэлиир былааннаахпын:

– «СӨ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар туһунан» өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоҥҥа тыа хаһаайыстыбатын урутаан сайыннарар сирдэри киллэрии. Онно Сунтаар улууһа туһаныллыбакка сылдьар сирдэрин, ходуһаларын туһанан, ынах-сүөһү ахсаанын элбэтэр кыахтаах оройуон быһыытынан киириэҕэ;

– Тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар сылгы мэччирэҥин иэнигэр сөп буолар сылгы үөрүн ахсаанын учуоттаан, сылгыны үөрдээн иитиини өйүүр боломуочуйалары биэрэргэ;

– Тыа хаһаайыстыбатын уонна промышленность салааларыгар анаан идэни үрдэтинэр зональнай киини Сунтаар улууһугар тэрийии;

– Сунтаар улууһугар тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар, ол иһигэр бааһынай хаһаайыстыбаларга, тыа хаһаайыстабытын кэпэрэтииптэригэр үлэлии сылдьар эдэр исписэлиистэргэ ыйдааҕы төлөбүрдэрин үрдэтии, ону сэргэ, агропромышленнай тиһик үлэһиттэрэ санаторийга, курорка баран эмтэнэллэригэр, доруобуйаларын бөҕөргөтөллөрүгэр анаан суударыстабыннай көмө кээмэйин үрдэтии;

– Муниципальнай тэриллиилэр уонна дьон олорор сирдэрин бюджеттарын туһатыгар НДФЛ нормативтарын көрүүнү өрөспүүбүлүкэ ирээтин 65-тэн 50% (муниципальнай тэриллиилэр ирээттэрэ 25% диэри, дьон олорор сирдэрин ирээттэрэ 10-тан 25% диэри улаатар) сарбыйан туран хаттаан көрөргө;

– Олохтоох оҥорон таһаарааччылар Фондаларын тэрийиигэ Кэмпэндээйитээҕи кластеры, итиэннэ Сунтаар улууһугар олорор усулуобуйаны тупсарыы бырайыактарын (олорор дьиэни тутуу, толору хааччыллыылаах оҥоруу, тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарыы) сайыннарыыны киллэрии;

– «АЛРОСА-Ньурба» АУо акцияларын 10%-нын атыылааһынтан киириэхтээх үбү-харчыны Сунтаар улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар тардыы;

– Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тастан киирэр үбү тардыыны эрчимирдэр Сунтаар улууһун сэдэх сирдэрин ураты кыахтаах өрүттэрин учуоттаан, үбү-харчыны (инвестицияны) тардарга;

– Инвестордар көмөлөрүнэн, концессионнай сөбүлэһиигэ олоҕуран, «ОДьКХ» ГУП Сунтаардааҕы филиалын Сунтаар улууһун көрүүтүгэр-истиитигэр биэрии;

– Уһук Хоту оройуоннар дьоҕус поселениеларын үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, социальнай көмүскэл, физическай култуура уонна спорт, култуура салааларыгар толору хааччыллыыларын улаатыннарыы. Бу маны РФ бырабыыталыстыбата бу сылга бигэргэтиэхтээх (Сунтаар улууһун 26 поселениетыттан 15-һэ нэһилиэнньэтин ахсаана 500 кыайбат);

– СӨ инвестиционнай бырагырааматыгар уларытыылары киллэрэн, өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэригэр социальнай эбийиэктэри тутуу ыытыллыытын тэҥнээһин (холобур, Сунтаар улууһугар 143 сүрүн социальнай эбийиэктэртэн 63-һэ ааспыт үйэ 90-с сылларын иннинэ тутуллубут);

- Бары бииргэ сүбэлэһэн, үлэлээн, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) аатыттан тыа сирин территорияларын сайыннарыы федеральнай сокуонун бырайыагын оҥорон киллэрии. Бырайыакка тыа сирин нэһилиэнньэтэ чэпчэтиинэн туһаныыларын, ОДьКХ салаатыгар тарыып бэлиитикэтин, сиринэн хааччыллыы, олорор дьиэни тутуу, олохтоох оҥорон таһаарааччылары өйөөһүн, социальнай төлөбүрдэр уонна мэктиэлэр, тыа сиригэр үлэлиир бюджет үлэһиттэрин хамнастарын ставкатын үрдэтии туһунан боппуруостар барылара манна түмүллэн киириэхтэрэ);

Тыа сиригэр олохтоох салайыы уонна уопсастыбаннай тэриллиилэр (түөлбэлэр) улахан оруоллаах буоланнар, депутакка 25 нэһилиэктэн (хас биирдии нэһилиэккэ түөртүү) норуот 100 туруорсуутун итиэннэ улуус кииниттэн 4 туруорсууну толорорго, олоххо киллэрэргэ үлэлэһэр соруктаахпын. Бу барыта саха судаарыстыбаннаһа 100 сылыгар ананыаҕа!

2018 сыл муус устар 27 күнүттэн саҕалаан, 100 туруорсууну 2022 сыл муус устар 22 күнүгэр түмүктүүбүт. Икки нэдиэлэ ахсын – биир туруорсуу!

Сунтаар улууһа – Агропромышленность сайдыы саҥа киинэ!

Category: Выборы | Views: 1801 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024