Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Муус устар » 19 » Саарбах алгысчыттар элбэхтэр
Саарбах алгысчыттар элбэхтэр
08:10

Саарбах алгысчыттар элбэхтэр

14:13 в 11.04.20180 48

«Туймаада» хаһыат 21.12.2017 с. 387-с нүөмэригэр «Дом диир аньыы” диэн ыстатыйа тахсыбыта. Ааптар – Эһээ Дьыл.

Мин бу киһилиин отой икки илиибин уунан сөбүлэһэбин. Тоҕо диэтэххэ, маннык. Бу оҕо эрдэҕинээҕим өйбөр хатанан хаалбыт. Мин эбэм отой былыргы эмээхсин, 1906 сыллаахха төрөөбүт. Туобуйа тоҥус Ааната дииллэрэ. Онтум эбээн эбит. Эһэм Кэмпэндээйи «Сооруоһуттан» төрүттээх. Сэрии иннинэ тайҕаҕа Бодойбонон сылдьан булсубуттар.

Эһэм Николаев Прокопий Афанасьевич кэргэниттэн Анна Васильевнаттан уонча сыл балыс үһү. Кини бастакы хомуурга түбэһэн, элбэх буолан Турукта суолунан сатыы сэриигэ бараллар. Сэрии бастакы сылыгар тимир суол оҥоро сылдьан билиэҥҥэ түбэһэр. Винница куорат анныгар концлааҕырга сор бөҕөтүн көрө сытан, күрүүллэр. Сахалар хас да үһүлэр.

Аны бэйэтин дьонун хаайыытыгар муҥ бөҕөнү көрөллөр. Ханна эрэ Урал диэки хайа тааһын хаһаллар. Баҕар уран буолуо. Дьэ сор бөҕөтүн көрөн дойдутун булар.

Дойдутугар өр буолбат. «Быраһаай Тиит» диэн сиргэ көмөллөр. Бу сири эмиэ сэриигэ барааччылар, эдэр уолаттар ааттаабыттар. Борохуот күүтэ сылдьан ким эрэ оһуохайдыы сылдьан тиитин хоһуйан бырастыыласпыт. Ол тиит билигин да баар. Кэлин эбэм оҕолорун иитээри «Кудараас Ньукулайа» диэн булчут киһиэхэ ойох тахсар. Онон аҕабын «Кудараас уола» дииллэрэ. Урукку дьон бэйэлэрин бу тыйыс сиргэ өйөнсөн олороору, оҕолорун иитээри кыһалҕаттан хос кэргэннэнэр этилэр. Билигин буоллаҕына таҕыл ылар иһин уларыта сылдьаллар.

Оччотооҕу учууталлар аҕабыт ааҕы сордорун көрбүттэр. Хараастан олорон кэпсиир буолара. «Билиэннэй, таҥнарыахсыт оҕолорун биэнньиэргэ ылбаппыт, остолобуойга, таҥаска толуон биэрбэппит» эҥин диэн. Ол иһин эрдэ оскуолаттан уурайан колхуоска үлэҕэ барар.

Дьэ аҕам ол да буоллар ааҕарын аһара да сөбүлүүрэ. Дьиктитэ диэн таска таһааран добдугураччы хаһыаты, кинигэни оннук ааҕара. Оннооҕор тыаҕа үүтээнигэр кэлбит дьон сөҕөллөрө. Болуок иһигэр дакылаат ааҕаллар, эбэтэр билэр дьоно “ээ, Дьууруй баар эбит” дииллэр.

Дьэ «домҥо» кэлэр буоллахха, биирдэ аҕам киэһэ кинигэ ааҕар. Биһиги айахпытын атан истэн олоробут. Онно биир «Кыһалҕа» диэн ааттаах уол ойуун буолаары «Доом-ини-доом» дии-дии эттэтэр, кэтэх тардыстан олорон. Ону үтүктэн аҕабыт эмиэ кэтэх тардыстар уонна «доомнуур», эргичиҥниир эҥин.

Дьэ, доҕоор! Ас астыыр хостон эбэбит эмээхсин часкыйбытынан ойон тахсан багдаллан олорор уолугар кыырт курдук саба түстэ да, оһох инниттэн күрүүкэни ылан уолун сыста. Биһиги куттанан көмүскэнэр сирбитигэр орон анныгар куоттубут.

«Илээт уола, хара ыт! Кимҥин сиэри «домнуугун», өссө «домнаа» эрэ, бэйэм төрөппүтүм, онон өлөрөн кэбиһиэм», – диэн саллыы тыллар иһилиннилэр. Кып-кыра куура хаппыт эмээхсин багдаллан улахан баҕайы уолун тимиринэн сыбыы сылдьара саллыы көстүү этэ.

Аҕабыт тымныыга маайканан куотан таһырдьаны былдьаста. Ити кэннэ ас ылан оһоҕун буккуйан биэрэ-биэрэ, «хомурчуостуу» тылынан алгыыр, арыгы бэрсэр. Эмиэ да ыллыыр-ытыыр курдук. Киһи өйдөөбөт. Ити «хомурчуостуур» диэн тылыҥ маннык этэ. Саҥа үөдүйэн эрэр «бобина» магнитофоҥҥа биһигини дьоммут хоһоон, ырыа ыллаталлара уонна усталлара. Биир бырааһынньыкка эбэбит биир-икки үрүүмкэттэн холуочуйда. Ону оҕолор эбэбитин ыллаттыбыт уонна уһуллубут. Эбээбит киһи билбэт тылынан ыллаан барда. Сарсыныгар иһитиннэрдибит. Ону «бу да оҕолор дьээбэрэн, ити хомурчуостар тойуктара» диэтэ.

Онон былыргы эмээхсин ити «дом» диэн сэттээҕин билэрэ буолуо. Кэлин өлбүтүн кэннэ уҥуоҕар аарыма хатыҥ үүммүтэ. Онтон мин армияҕа сырыттахпына кыра балтым ЛТО-ҕа үлэлии сылдьан ууга түһэн өлбүтэ. Онон ити «домнуулларын» абааһы көрөбүн. Билигин «алгысчыттарбыт» хара баһаамнар. Бары үтүктүспүт курдук «домноон» ахан биэрэллэр.

Биһиэхэ биир «хаһыс эрэ халлааҥҥа» сылдьар «улахан айыы алгысчыта» баар үһү. Ол урут оҕо бырааһа этэ. 80-с сыллар ортолоругар кэргэним кыыспытын ыарахан сылдьан, балыыһаттан ытаан ахан кэллэ. «Оҕоҕун улаата илигинэ түһэттэр, ыарыһах оҕо төрүө» диэн. Ол оҕо бырааһын тыла. Биһиги батан кэбистибит. Оо, онно эдэр акаарылар быраас эрэ эттэ диэн толорбут буолуубут? Аньыы даҕаны. Билигин ону арыт санаатахпына куйахам күүрэр. Төһөлөөх эдэр ийэлэр барахсаттар ону быраас эрэ эттэ диэн оҕо бөҕөнү түһэрбиттэрэ буолуой?

Билигин ол кыыһым ыал мааны ийэтэ, улахан тэрилтэ хотуна. Уонна мин икки мип-минньигэс кыыс сиэннэрим. Ол «алгысчыт» тула хаһан да ыал буолбатах, оҕо, сиэн минньигэс сытын билбэтэх сулумах эмээхситтэр мунньусталлар, алгыыллар, «домнууллар». Итинник дьон эдэр ыалы «алгыыллара» хайдаҕа буолуой?

Отой «шоу» оҥорон кэбистилэр. Араадьыйа, тэлэбиисэр эмиэ «шоу». Итиннэ сахалыы тылбааһа суоҕа буолуо дуо? Аны ити «алгысчыппыт» алаһатын аттынан ааһан истэххэ эчи сэргэлэрэ улахаттара. Өйдөөн көрдөххө ойуута-мандара элбэх буоллун диэн мас төбө өттүн сиргэ батары аспыт быһыылаахтар. Оннук ньүдү-балай муода биһиэхэ баар этэ. Онон «дом» диэн тылга тус санаам итинник. Онтон эһиги?

 

Вячеслав НИКОЛАЕВ.

Сунтаар.

Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1450 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 98
Ыалдьыттар (гостей): 98
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024