Саха дьоно ньиэп-гаас хостуур скважина баар сиригэр («Управление добычи и транспортировки газа») улаханнык дьулуспат. Арыы, уҥунуох дьаабытыгар, тымныыга, сииккэ-тыалга агрегаттары кытары «тустан сылбабыт баранар» дииллэр. Ол иһин мин бүгүн Мииринэй куоратын Дьарыктаах буолуутун Киинин «буруолуу сылдьар» бакаансыйаларын ыйабын. Хойутуоххут, хаарыан миэстэ былдьаныа диэн суруйабын.
Саха майгытын-сигилитин син билэрим бэрт буолан, дьэ кырдьык кинилэргэ ордук барсар идэлэр тустарынан иһитиннэриини биэрэбин.
«АЛРОСА-Охрана» 1-кы уонна 4-с эрэсэрээттээх охранниктарга наадыйар. Суhаллык
Сахалар харабынай идэтин сирбэппит буолбат дуо? Буолаары буолан, «АЛРОСА» АХ самалык тэрилтэтигэр! Бу тэрилтэ сотору-сотору харабынайдарга («Охранники») анаан үлэ миэстэтин таhаартыыр. Онно эппиэттэhэргэ тустаах уопуттаах, эрэсэрээттээх буолуохтааххын. Аны туран, «АЛРОСА-Охрана» харабынайдарга эрэ буолбакка, уот-күөс уонна сибээс монтажниктарыгар эмиэ наадыйар. Эмиэ бэртээхэй идэлэр. Маннык тэрилтэ баарын билсэ, уталыппакка тургута сылдьаргыт буоллар.
Билигин Мууна баhыгар («Верхне-Мунское месторождение») алмаас хостонуутугар идэтийиилээх харабыл арааhа ирдэнэр.
Мииринэйгэ «Иирэлээх» ньиэби сүүрдэр собуот баар. Ону «АЛРОСА» туттарбыта. Профильнайа суох актыып быhыытынан хампаанньаттан тахсыбыта хас да сыл буолла. Инньэ гынан, билигин «Иирэлээхнефть» Москуба куоракка офистаах НГДУ «Восточная Сибирь» бас билэр тэрилтэтэ буолар. Ньиэби «ИСТА» утумугар суккуталлар.
Манна саха дьонугар табыгастаах уонна үрдүк хамнаска инженер-эколог идэтэ ирдэнэр эбит.
Чэ, кытаат эрэ, саха ыччата. Маннык түгэни мүччү тутар сатаммат.
Станислав Алексеев, Мииринэй куорат.
|