Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Муус устар » 21 » «Өлүөнэ турууктара»: ыстарааптан үбүлэнии кимиэхэ охсуулааҕый?
«Өлүөнэ турууктара»: ыстарааптан үбүлэнии кимиэхэ охсуулааҕый?
07:32

Сахабыт сирин баар-суох ытык-кэрэ сирин федеральнай бас билиигэ биэриини өйөөччүлэр сүрүн «куоһурдара» элбэх хамнас, үрүлүйэр үп этэ. Ол туһуттан федерализацияны утарар уопсастыбанньыктары саҥардыбат да этилэр...

Ол тылларын дуораана сүтэ да илигинэ барыбытын соһутар сонун кэллэ: саҥа тэриллибит национальнай пааркалар РФ бүддьүөтүттэн үбүлэммэт буолуохтара диэн. Тоҕо?

РИА «Новости» – Арассыыйа официальнай сонуннарын ааҕыныстыбата муус устар 16 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, саҥа тэриллибит национальнай пааркалар ыстарааптан үбүлэнэр буолуохтара.

Ол курдук, РИА Новости суруйбутунан, Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Александр Хлопониҥҥа (ООПТлары “куратордыыр” вице-премьер) буолбут сүбэ-мунньах боротокуолугар “2018 сылга Арассыыйаҕа тэриллибит национальнай пааркалар – «Кодар», «Өлүөнэ туруук хайалара» уонна «Хибин», ону кытта «Новосибирскайдааҕы арыылар» заказник 2019 сылтан бүддьүөт харчытын ылан бүтүөхтэрэ уонна ыстарааптан уонна атын хомуллар харчыттан үбүлэнэр буолуохтара дэммит.

«2019 сылтан бу ыйыллыбыт ООПТлар федеральнай бүддьүөккэ ООПТ сокуонун кэһииттэн киирбит ыстарааптан – эбии дохуоттан үбүлэниэхтэрэ» диэн быһаарбыттар.

 

Маны чуолкайдаһаары СӨ Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьевка эрийэн ыйыттыбыт:

Sakhamin

– Сахамин Миланович, ол аата «Өлүөнэ очуостара» Национальнай паарка үбүлээһинэ ыстараап суотугар буолар дуо?

– Аҥаардас ыстарааптан эрэ үбүлээһин баар буолуо диэн өйдүүр сыыһа. ООПТ систиэмэтигэр бүддьүөттэн үбүлээһин син биир хаалар. Биир да ООПТ бүддьүөттэн өйөбүлэ суох бэйэтин хааччынар кыаҕа суох. Кинилэр судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэлэрэ буолаллар. Аны, ол аҥаардас ыстарааптан үбүлэнии туһунан биир даҕаны нуорма-быраап аага билиҥҥитэ суох.

– Оччоҕо «бүддьүөттэн үбүлээһин тохтотуллар» диэбиттэрэ сымыйа буолан тахсар дуо?

– Ити арыый эрдэ инньэ диэбиттэр диир сөп. Биир даҕаны нормативнай аак эҥин суох. Ыстараап суотугар биир даҕаны ООПТ олорор кыаҕа суох.

– Онтон «Өлүөнэ туруук хайаларын» ыстаатыһын «Национальнай паарка» диэбиттэр, ол аата «Национальнай паарка буолар» диэн бырабыыталыстыба уурааҕар илии баттаннаҕа дии?

– Кулун тутар 19 күнүгэр Д.Медведевкэ буолбут мунньах стенограммата баар. Туох баар сөбүлэһиннэрии бүтэн, уураах бырайыага бэлэм. Баттанара эрэ хаалан сытар.

– Чопчу хаһан баттанара биллэр дуу?

– Суох. Паарканы ханнык «источниктартан» үбүлээһин буоларын эҥин быһаарар кэпсэтии буола турар.

– Оттон ити син биир кутталлаах быһаарыы буолбатах дуо, ыстараап туһунан? Бүддьүөт ыарахан, онон бэйэҕитин көрүнүҥ диэхтэрин сөп буоллаҕа.

– Ити бүтэһиктээх быһаарыы буолбатах, көннөрү дискуссия диэххэ сөп.

Ол аата, саҥа тэриллибит национальнай паарканы ханнык харчыттан үбүлүүллэрэ биллибэт буолан, онтон иҥнэн тураллар диэн өйдүөххэ сөп.

Ил Түмэҥҥэ СӨ бүддьүөтүн дьүүллэһии кэмигэр үп миниистирэ В.А. Жондоровтан «Өлүөнэ очуостарын» 2018 сыллааҕы үбүлээһинин туһунан ыйыппыкка «Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр бэриллибит үптэн үбүлэнэ туруохтара. Чуолкайын кинилэртэн ыйытаргыт буоллар» диэтэ.

Түбэһэ Айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччыта С.И. Яковлевы көрсөн ыйыппыкка эмиэ быйыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэ туруоҕа диэн эттэ. Салгыы ханнык «источниктан» үбүлэниэхтэрин эппэтэ. Билигин РФ бүддьүөтэ кытаатта. Онон салгыы Саха сирин «бэйэҕит дьаһаныҥ» да диэхтэрин сөп буолан тахсар. Итинник «ыстарааптан үбүлэнии» туһунан кэпсэтии РФ Бырабыыталыстыбатын вице-спикерин мунньаҕын боротокуолугар киирбит буоллаҕына, аһара «дискуссия» эрэ таһымнаммата ини? Кырдьык, олоххо киириэн сөптөөх былаан буоллаҕа!

Онон итинник былаан олоххо киириэн сөп эбит буоллаҕына, ол кимнээххэ ордук охсуулаах буолуой?

«Өлүөнэ туруук хайалара» паарка сиригэр-уотугар сэттэ родовой община баар. Ааспыт сайын бу федерализация тиэмэтэ дьүүллэһиллэрин саҕана, родовой общиналар хомойуох иһин, «Мы за федерализацию!» диэн транспарант тута-тута хаартыскаҕа түһэн, Интэриниэти бараабыттара. Федеральнай бас билиигэ барыы тугунан диэлийиэн өйдөтө сатаабыкка биир родовой община бэрэстэбиитэлэ «Биһиги Арассыыйаны кытта 350 сыл олордубут, онон этническэй боппуруоһу бэйэҕит интэриэскитигэр туһана сатаамаҥ!» диэн бэрт түгэхтээхтик сааммыта эмиэ баара...

Оттон бу Национальнай паарка ыстарааптан үбүлэнэр буолара, бастатан туран, кимиэхэ охсуой? Биллэн турар, манна олохтоох, манна хаһаайыстыбаннай үлэлэри ыытар, төрүт дьарыгынан айаҕын ииттэн олорор дьоҥҥо.

Эдьигээн улууһугар ООПТ сиригэр-уотугар алҕаска табаны бултаабыт булчут дьыалатын туһунан Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева кэпсээтэ:

Golomareva

– Федеральнай сокуоннар бэйэ-бэйэлэрин кытта сөп түбэһиспэккэлэр, биир өйдөбүл атын өйдөбүлү туора сотон таһаарара үгүстүк көстөр (коллизии федеральных законов). Билигин оннук балаһыанньаҕа киирэн олоробут. Холобур, бу соторутааҕыта Эдьигээҥҥэ буолбут түбэлтэ: онно төрүт олохтоох булчуттар, туох баар лиссиэнсийэлээх, көҥүллээх-тойдоох бултуу сылдьан, ООПТ уонна ТТПП икки ардыгар түбэһэр сиргэ бултаабыттарынан, дьыала тэрилиннэ. Салгыы хайдах буолара өссө биллибэт: холуобунай дьыала оҥоробут дииллэр. Бу Христофоров Николай диэн Эдьигээн булчута төһө эмэ мөлүйүөнүнэн суума ыстараап төлүүрүгэр тиийэр. Биһиги ону кытта сөбүлэспэппит: бу сокуону кэһии буолбатах – манна сокуон ситэ оҥоһуллубатаҕа көстөр диэн этэ сатыыбыт.

Саамай кыһыылааҕа, итиннэ саатар биир учаастагы атын учаастактан араарар бэлиэ да, кыраныысса да суох. Сокуону кэһиини сэрэтэр туох да үлэ той ыытыллыбатах. Хомойуох иһин, билигин баар сокуоннарбыт аҕыйах ахсааннаах норуоттар бырааптарын улаханнык күөмчүлээн эрэллэр.

Ити курдук балаһыанньа «Өлүөнэ туруук хайалара» паарка сиригэр-уотугар эмиэ тахсыан сөп. Холобура, манна олохтоох родовой общиналар булчуттара сыыһа бултаатылар, паарка сиригэр сыыһа үктэннилэр диэн баран, ханнык баҕарар иниспиэктэр дуу, паарка үлэһитэ дуу дьыала тэрийэн, кинилэри полицияҕа туттарыан сөп. Булчуттарга 2,5-3 мөл. солк. тиийэ хоромньуну оҥордулар диэн ыстараап ааҕыллыан сөп. «Итинник буолуо суоҕа» диэн этэн кэбиһэр кыахтаахпыт дуо?

Бу соторутааҕыта Таймылыырга көрсүһүүгэ кырдьаҕас булчут: «Мин билигин куттана-куттана сылдьабын. Өбүгэлэрим бултаан-балыктаан олорбут сирдэригэр тоҕо куттана-куттана сылдьыахтаахпыный? Туундараҕа саалаах баран истэхпинэ, сөмөлүөт түһүө, «быраканьыардаабыккын!» диэн тутан илдьэ барыахтара диэн. Эбэтэр балыктыы баран истэхпинэ, балык иниспиэктэрэ манаан туран туох баар мотуорбун, илиммин-тойбун былдьаан ылыа диэн. Тоҕо маннык буолла?» – диэн ыйытта. Хоту дойду олохтоохторо «эһиги сокуону ситэ-хото оҥорбоккут» диэн биһигини буруйдууллар. Онон маннык балаһыанньаттан хайдах тахсыахха диэн толкуйдуохтаахпыт. Онуоха сорунуулаах миэрэлэри ылыныахтаахпыт.

Оттон ити эппиттэрин курдук, ООПТ ыстарааптан үбүлэнэр-хааччынар түбэлтэтигэр итиннэ олохтоох төрүт омуктарга улахан күөмчү буолар. Төрүт дьарыктарыгар, олохторун укулаатыгар – барытыгар. Кинилэргэ эрэ буолуо дуо – бу паарканы кытта ыкса сытааччы нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторугар барыларыгар, – диэн эттэ.


«Өлүөнэ туруук хайаларын» боппуруоһа өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын улахан болҕомтотун тардыбыта. Онон Ил Түмэҥҥэ итиннэ сокуон барылын оҥорууга оробуочай бөлөх үлэлээтэ. Манна уопсастыбаннай түмсүүлэртэн бэрэстэбиитэл М.А. Ядрихинская, учуонай У.А. Винокурова, дьокутааттар О.Ю. Балабкина, И.И. Шамаев, Е.Х. Голомарева, М.С. Филиппова буолан туох баар сыһыаннаах сокуоннары, докумуоннары сыныйан үөрэтэн, Саха сирин ытык-кэрэ сирэ диэн сыаналаан, сокуон барылын оҥордулар.

Бу бэҕэһээ Ил Түмэҥҥэ буолан ааспыт сир баайыгар, экологияҕа, сиргэ сыһыаннаһыы кэмитиэтин мунньаҕар (бэрэссэдээтэл В.Прокопьев) Ил Түмэн дьокутаата, сокуон ааптардарыттан биирдэстэрэ Иван Шамаев бу сокуон барылыгар кэлбит түмүктэри билиһиннэрдэ. Түмүктэр улахан сыыһаны-алҕаһы булбатахтар эрээри, ол-бу күрүчүөккэ иҥнэн, «маннык сокуон наадата суох», «сатаммат» диэбиттэр.

Онуоха Арктика кэмитиэтин салайааччыта Елена Голомарева мунньахха: «Өлүөнэ туруук хайалара» Айылҕа территориятын туһунан СӨ сокуона бэйэбит олохтоохторбут, төрүт омуктар интэриэстэрин көмүскүүр аналлаах. Онон бу сокуону хайаан да ылынар наада», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Дьокутаат Иван Шамаев: «Маннык сокуоннаахпыт ити ыстарааптан да үбүлэнэр буолар балаһыанньаҕа биһиги олохтоохторбут интэриэстэрин көрүөҕэ», – диэн санаалаах. Онон бу сокуон барылыгар салгыы үлэлииргэ, парламент истиилэрин тэрийэргэ этии киллэрдэ. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев этиини өйөөтө, ханнык быһыылаахтык кэпсэтиини ыытарбытын сүбэлэһиэхпит диэтэ. Онон үлэ салҕанар.

Нина Герасимова.

Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 1304 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 33
Ыалдьыттар (гостей): 33
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024