2009 сыл тохсунну 30 күнүгэр кредитнэй кооперативтар уонна сылгыһыттар семинардарыгар Охлопков Филипп Гаврильевич «Өйдөөх омуктар бэйэлэрин уратыларын сүрдээхтик табан туһаналлар…» диэн, холобура ямаллар табаларын этин 300 евроҕа, калмыктар мраморнай диэн ааттаан ынахтарын этин 200 долларга биирдии киилэтин батаралларын кэпсээн холобур аҕалан турар.
Биһиги баһырхай хамнастаах салалтабыт омук быһыытынан уратыбытын, баар биричиинэлэри уонна чахчылары төһө дьүөрэлээн, учуоттаан төрүт олохтоох омуктар традиция буолбут олохторун оҥкула чөллөөх буоларын туһугар үлэлэһэллэрий диэн сиэрдээх боппуруос үөскүүр.
Специалистар аан дойду үрдүнэн тыа хаһаайыстыбата сайдыытын сүрүннээн товарнай уонна потребительскэй диэн хайысхаҕа араараллар. Биллэрин курдук товарнай көрүҥүнэн дьарыктаныы, общество сөптөөх экономическай да культурнай да таһымын ирдиирин быһыытынан ылбычча дойду табаарынай хаһаайыстыбанан дьарыктанара кыаллыбат. Итинник таһым биһиги Сахабыт сиригэр баар диир кыахпыт ханан да суох. Ол да иһин биһиги республикабыт курдук территорияларга анаан РФ №264-ФЗ «О развитии сельского хозяйства» сокуонун 7-с статьята «Поддержка с/х товаропроизводителей. …производство с/х продукции должно осуществляться для обеспечения занятости сельского населения, повышения уровня его доходов, сохранения местных традиций» диэн суруллуо дуо?
Муҥ сатаатар бу сокуон биэрбит сүҥкэннээхэй чэпчэтиитин тоҕо төрүт оҥостубаппытый, тыа сиригэр олорор ыал сүөһүнэн, сиринэн дьарыгыран аныгы үйэҕэ эппиэттиир үлэлээх, дохуоттаах буоларын ситиспэппитий? Манна мин санаабар сүрүн миэстэни биир киһи, биир ыал төһө сүөһүнү, төһө га сири кыаҕын иһинэн ылынан үлэлэһиэн сөбүн сөптөөхтүк ааҕан таһаарыы ылыахтаах. Бу сүрүн ирдэбил тоҕо болҕомто киинигэр ылыллыбатый! Ити бастакытынан.
Иккис улахан биричиинэбит нэһилиэннһэбит 1/3 тыа сирин территориятыгар олорор. Төһө да аан дойду таһымыгар саамай хотугу тыйыс усулуобуйаҕа олордорбут Россияҕа саамай элбэх сылгылаах региоммут, ДВО-ҕа саамай элбэх ынах сүөһүлээхпит, табабыт ахсаанынан Россияҕа үһүс миэстэҕэ сылдьабыт.
Бу уратыбытын тоҕо көйгөтүтэбитий, туруулаһан сайыннара сатаабаппытый, олохтоох омуктар традиция буолбут олохторун оҥкула чөллөөх буоларыгар үлэлэспэппитий, РФ сокуона күөх суолу биэрэрин үрдүнэн?!
Үһүс уратыбытынан үс мөлүйүөн квадратнай километр иэннээх, суола-ииһэ суох сиргэ бытанан айылҕаны кытары алтыһан тыһыынчанан сылларга бэйэ эрэ кыаҕар, сатабылыгар тирэҕирэн олоруу омук быһыытынан менталитеппытыгар суолу хаалларбыта мөккүөрэ суох. Ол курдук омук быһыытынан үөһээттэн дьаһалымсыйыыны ыарыылаахтык ылынар, көҥүл, тутулуга суох буолууну үрдүктүк тутуу уратыларын үгүс чинчийээччилэр да, айанньыттар да бэлиэтииллэр. Оннооҕор биир киһиэхэ тиксэринэн тыа хаһаайыстыбатын продукциятын оҥорон таһаарыыга аан дойдуга бастакы миэстэҕэ сылдьар Дания тыатын хаһаайыстыбата биирдиилээн ыал фермаларыгар олоҕуран сайдар. Дьон тус интэриэстэрин учуоттуур, киһи быһыытынан тус уратыларыгар күүскэ олоҕурар эбиттэр.
Төрдүс улахан биричиинэ сир боппуруоһа. Төһө да алта Франция территориятын саҕа сирдээхпит иһин, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга сөптөөх сир кырыымчык. Саха сиригэр түһэр сыллааҕы сөҥүүбүт кумах куйаар аҥаардаах (полупустыня) сиргэ түһэр сииккэ тэҥнээх. Маны таһынан үүнээйи ситэр вегетационнай диэн ааттанар кэмэ быстар мөлтөх, кылгас.
1. Билигин биирдии-биирдии ырытан көрүөҕүҥ. Бастакытынан, биһиги тыабыт хаһаайыстыбатын министерствота Россия нормативтарыгар олоҕуран саамай кырата 42-75 төбө ынах сүөһүлээх хаһаайыстыбалартан саҕалаан отой даҕаны 100-400-700 төбөҕө тиийэр ынах сүөһүлээх хаһаайыстыбаларга анаан туох баар ааҕыыларын- суоттааһыннарын оҥорон нормативнай да правовой да үлэ төрүттэрин оҥоро олороллоро төрдүттэн сыыһа дии саныыбын. Сүөһү да сир да үлэһитэ бу орто дойдуга үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө, аҥаардас көлүүр оҕуһун курдук үлэлии эрэ кэлбэт.
Олус боростуой холобуру аҕаллахха, Европа курдук сайдыылаах, сымнаҕас климаттаах дойдуга биир киилэ үүт бэйэҕэ турар сыаната (себестоимоһа) Францияҕа 31 солк., Германия 35 солк. буоллаҕына, биһиги Сахабыт сиригэр бу көрдөрүү ханан да 45 эрэ солк. буолар кыаҕа суох. Россияҕа сорох экономистар ааҕалларынан биир кг үүт себестоимоһыттан 40 солк. аҥаардас үлэһит хамнаһын эрэ өлүүтүгэр тиксэр.
Аны биһиги учуонайдарбыт ааҕан таһаарыыларынан совхоз саҕана биир үлэһиккэ 2.3 төбө ыанар ынах тиксэр эбит. 2007-2011 сс. Саха сирин рескома (КПРФ) республикаҕа биир үчүгэй көрдөрүүлээх «Тумул» коллективнай хаһаайыстыбаны ырытан көрүүтүттэн көрдөххө, биир үлэһитигэр 2.5 төбө ыанар ынах тиксэр.
Мин 2017 сыл бүтүүтэ, ахсынньы бастакы декадатыгар «Сомоҕо күүс» уонна «Аграрнай фронт» общественнай түмсүүлэр сорудахтарынан Үөһээ Бүлүү оройуонун улахан аҥаарын тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэ-хамнас хайдах туруктааҕын, дьон-сэргэ онно сыһыанын билсэ бара сырыттым. Биһиги, «Аграрнай фронт» түмсүү республикаҕа олохтоммут, дакаастаммыт нормативтарга олоҕуран уонна омукпут менталитетын учуоттаан, дьон ыалынан 5 ыанар ынах уонна 9-10 субай сүөһүнү өйдөрө-санаалара кыайа тутан көрүөхтэрин сөп, онно үп-харчы өттүнэн сөптөөх мэктиэлээх буоллахтарына диэн ааҕабыт.
Ити ааҕыыбыт дьиҥнээх олоххо дьон тэринэн олоруутун кытта ыкса дьүөрэлэһэрэ көстөн турар чахчы. Ол курдук Маҥаас, Кырыкый, Дүллүкү, Тамалакаан, Харбалаах, Хоро уонна да атын нэһилиэктэргэ сүөһү иитиитинэн атын ыаллардааҕар сэниэлээх соҕустук дьарыктанар ыалларын талан көрүүгэ 3-4-8-12 ыанар ынах, 6-9-16 субан сүөһүнү дьон биирдиилээн ыалынан эбэтэр чугас аймаҕынан кыттыһан көрөн-харайан олороллор. Биир бачча ынах сүөһүлээх ыал бэйэлэрэ аһаабыттарын таһынан РФ доруобуйа харыстабылын министерствотын олохтообут сыллааҕы норматынан 5 киһини этинэн, 25 киһини үүтүнэн уонна үүттэн ылыллар подукциянан толору хааччыйар.
Мин санаабар бу биһиги усулуобуйабытыгар олус үчүгэй көрдөрүү. Тыа да киһитэ сынньанар, олох атын көстүүлэрин дуоһуйа көрөр бырааптаах. Тыа хаһаайыстыбатыгар аан дойдуга инники күөҥҥэ сылдьар Даниялар нэдиэлэҕэ 33 чаас үлэлииллэр (күҥҥэ 5.5 чаас), атын кэмнэрин культурнай уонна билиилэрин-көрүүлэрин таһымын үрдэтиигэ аныыллар. Биһиги «Аграрнай фронт» ааҕарбытынан 5 ыанар ынахтаах, 9-10 субан сүөһүлээх ыал РФ трудовой кодексата ирдиир күҥҥэ 8 чаас үлэлээх үлэ нэдиэлэтин норматыгар бу ыал нагрузката толору эппиэттиир.
2. Аны бу ыал ылар дохуота Саха сиригэр сокуонунан олохтоммут саамай алын сүһүөх тиийинэн олоруу норматыгар, билигин баар сыаналарга олоҕуран суоттаатахха, эппиэттэһэр дуо диэн олус наадалаах боппуруос күөрэйэн кэлэр. Эмиэ баар чахчыга олоҕуран Үөһээ Бүлүү холобуруттан көрүөҕүҥ. Ити сылдьыбыт нэһилиэктэрбэр арыычча киһини итэҕэтэр сыыппара таҕыстын диэммин, бюджекка биир-икки үлэлиир киһилээх, ону таһынан пенсиялаах, социальнай эйгэттэн пособие ылар, чэ быһата нэһилиэк кыанан олорор олус быстыбатах ыалларын талан анализтаан көрдүм. 2017 сыл атырдьах ыйын 28 күнүнээҕи СР правительствотын №289-дээх уурааҕынан республика территориятыгар бэйэҕэ тиийинэн олоруу алын сүһүөх кээмэйин 16603 солк. биир дууһаҕа буолуохтаах диэн быспыттара.
Сэрэйбит курдук, киһини хомотор сыыппаралар таҕыстылар, биир дууһаҕа тиксиитинэн ыйга 5800 - 13875 солк. эрэ тиксэр дохуоттаах эбиппит. Ити дьадайыы саамай алын сүһүөх кээмэйиттэн 2-3 төгүл намыһах көрдөрүү! Ити өссө сүөһү таһаарар ороскуоттарын учуоттаабакка аахтахха. Дьон хайдах олороллорун киһи дьиктиргиир.
Итинтэн сиэттэрэн 2015 сыл Байкал күөл туһунан телевизорга биэрии кэлбитин санаан ылабын. Бу биэриигэ биирдэрэ тимир суол үлэһитэ, иккиһэ электрик ууга былдьанар, ыстараапка түбэһэр кутталларын аахсыбакка балыктаан эбинэ сылдьар дьон этэллэр: «Зарплата мизерная. Мы давно с голоду подохли бы, если бы не озеро Байкал…». Ол курдук Кэнтик нэһилиэгэр биир эдэркээн ийэ: «Мин эмиэ биэс оҕобор үүт иһэрдиэхпин баҕарбат үһүбүн дуо? Ол эрээри син биир үүт туттарабын», – диэн кыһыйан-аһыйан саҥа аллайбыта киһини харааһыннарар.
Тойоттор уонна депутаттар дьон нэһиилэ тыыннаах эрэ буоларын туһугар үлэлээтэҕэ буола олороллор! Сайдыы бөҕө барда диигит, тыа сиригэр эмиэ сайдыы барар усулуобуйатын тэрийэр ытык иэскит.
Мин Монголиянан эҥин киэҥник тэлэһийэн сылдьар атастаахпын. Кини кэпсииринэн, Монголияҕа истиэп ортотугар турар хайа баҕарар көһө сылдьар ыал (скотовод-кочевник) ураһатын аттыгар хайаан даҕаны крутой омук джибэ, иһирдьэ биир оннук толору бытовой техника буолар үһү. Итини таһынан бу сүөһү-сылгы иитиитинэн дьарыгырар ыал киин сирдэргэ, куоракка хайаан да баран сынньанар, күүлэйдиир квартиралаах буолар эбит. Ким да бу курдук көстүүнү биһиэхэҕэ курдук омнуолуу санаабат эбит. Арай биһиги дьоммут саамай дьадайыы алын да сүһүөҕэр тиийбэт дохуоттаах олорон, дьонтон хаалсымаары эстэн туран массыына, дьиэ биир эмэ ыал ылынарын тойотторбут сүөлүргүүр саҥалара иһиллэрэ саныырга ыарахан. Төттөрүтүн дьон ыарахаттартан толлубакка үчүгэйгэ-сырдыкка тардыһар буулаҕа-модун санааларыгар сүгүрүйүөххэ сөп эбитэ буолуо.
3. Сайдыылаах Евросоюз тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар политикаларын сүрүн принцибэ – ырыынак усулуобуйатыгар хаһаайыннааһын бары көрүҥнэригэр (для всех субъектов) тэҥ үлэлиир усулуобуйа олохтонуохтаах диэн. Биһиэхэҕэ тэҥ усулуобуйа тэриллэр дуо? Биир киилэ туттарыллыбыт үүккэ судаарыстыба көмөтө 35 солк. Биһиги учуонайдарбыт дакаастыылларынан, сөптөөхтүк аһаттахха хайа баҕарар ынахтан сылга 2000 кг үүтү ыахха сөп. Ити үүттэн ньирэйигэр уонна бэйэҕэ туһанан баран 1650 кг үүтү ыанар ынах аайыттан туттарыахха сөп буоллаҕына, биир ыанар ынахха судаарыстыба көмөтүн 57750 солкуобайы олохтоммут норматив быһыытынан ылабыт.
Үөһээ ыйыллыбытын курдук Саха сирэ №264-ФЗ сокуон бигэргэтэринэн товарнай хаһаайыстыба быһыытынан тыа хаһаайыстыбатын продукциятын оҥорууга хапсар кыаҕа суох. Онон ити этиллэр 57750 солк. сүөһү иитэр киһи, хас биирдии ыанар ынаҕан аайы субсидия курдук буолбакка дотация быһыытынан «бэлэх» ылара оруннаах буолан тахсар.
Ити дотация биһиги тыабыт хаһаайыстыбатын министерствота бигэргэппит, биир ыанар ынах таһаарар ороскуотун 31% эрэ сабар. Атын дойдуларга судаарыстыба биэрэр көмөтө ити көрдөрүүгэ АХШ – 27-40%; Швеция – 42%; Швейцария – 76%; Япония – 72% тэҥнэһэр. Итинэн сиэттэрэн биир ыанар ынах төбөтүгэр 57750 солк. көрүллүбүт харчыны дотация быһыытынан ынах төбөтүн аайы биэриэххэ дииртэн киһи соччо соһуйбат суумата.
Дьиҥнээх олоххо ити көмөбүт төһө тэҥ усулуобуйанан дьоҥҥо тиэрдиллэрин эмиэ үөһээ этиллибит холобурга ылан көрүөҕүҥ. Далыр нэһилиэгэ биир ыанар ынаҕар 27685 солк.; Дүллүкү – 21526 солк., Маҥаас – 61040 солк., онтон «Нам» коллективнай хаһаайыстыбата отой даҕаны биир ыанар ынаҕын аайы 90125 солк. үүтүгэр, ону таһынан 30000 солк. «финансовай оздоровление диэн уопсайа 120000 тахсаны ылар эбит. Бу киһи сөҕөр араастаһыыта, буккуура тыа хаһаайыстыбатын министерствота ыытар политикатын түмүгэ.
4. 2017 сыл түмүгүнэн үчүгэй салайааччы аатын ылбыт баһылык В.С.Поскачин дьонугар-сэргэтигэр өйдөнөр боростуой механизм киллэриэн баҕата баһаам. Ол курдук хас биирдии тыа ыалыгар сөп түбэһэр, кини сөптөөхтук олорор, социальнай стандартарга эппиэттиир дохуоттаах, үлэһит дьоҥҥо тэҥ усулуобуйаны үөскэтэр, боростуой, өйдөнүмтүө, дэбигис хонтуруоллланар механизмнарын киллэриэн баҕарар эбит да, олохтоммут көһүүн система туорайдаһара өтө көстөр.
Россияҕа саамай кэнникинэн 1997 с. бэйэни салайыныы сокуонун ылынан баран, үйэ чиэппэрин тухары иэрэҥ-саараҥ дьаһанан, үрдүкү салалтабыт баччааҥҥа диэри муоһаны ыһыктыбакка, айаҕы хайыта тыытан «собус-соҕотох таба суолунан» айаннаан бу кэллэхпит. Киһи сонньуйар.
Үөһээ суруйбутум курдук биһиги омук быһыытынан туораттан дьаһайары ыарыылаахтык ылынар, бэйэ дьыалатын арынан бэйэ дьаһанан олорорун ордорор омуктар буоларбытын туора, кэлии дьон бэлиэтии көрөр эбиттэр. Улуус-улуус, нэһилиэк-нэһилиэк син дьон араас характердааҕын курдук араастаһыылара элбэх, биир халыып сыһыан барбата чуолкай. Онон улуустар, нэһилиэктэр таһымнарыгар боломуочуйаны биэрии лаппа бытаарбыта, дьон олоҕор охсуута улааппыта харахха да быраҕыллар.
5. Түҥ-таҥ түһэн, 900 хонук иһигэр судаарыстыбаннай бас билии баһылаан олорор дойдутуттан чааһынай бас билиигэ барбыппыт номнуо үйэ чиэппэриттэн орто. Сүүрбэччэлии сылы депутат буолан, биир оннук кэмҥэ өрөспүүбүлүкэни салайар үлэҕэ үлэлээбит убаастанар дьон баар буоллулар. Ол эрээри тыа сиригэр үөскээбитэ ырааппыт сир проблематыгар туох да күттүөннээх дьаһалы ылбакка олороллор. Ол охсуута эмиэ тыа сирин боростуой үлэһитин моонньугар сүктэриллэр.
Эмиэ баар холобуру аҕаларбытыгар тиийэбит. Үөһээ Бүлүүгэ эрдэ сир ылбыт киириилээх-тахсыылаах дьон сүөһү, сылгы ииттэн олорор дьоҥҥо бас быстар сыанатыгар оттуур сирдэрин түүлүүллэрин суотугар биир тонна от бэйэтигэр турар (себестоимоһа) 8660 солк. тиийбит. Бу өссө орто, киһи соһуйбат сыаната үһү. Сөпкө этэллэр – «ырыынак социальнай сирэйэ суох» диэн. Ол иһин олох бу курдук көстүүлэригэр судаарыстыба регулировкалыыр оруола баар буолуохтаах. Депутаттарбыт, тойотторбут хамнастара ботуччу уонна бириэмэтигэр кэлэр, ол иһин тиэтэйбэттэр.
2014 сыллаахха Берёзкин Э.Б. программатыгар: бюджеттан кэккэ сылларга 140-150 мөл. солк. көрөн өрөспүүбүлүкэҕэ сир ырыынагын үөскэтиэҕиҥ, цивилизованнай дойдулар итинник дьаһаналлар диэн өрөспүүбүлүкэни биир гына кэрийэ сылдьан этэн, агитациялаан турар. Бу биир хотон сыанатыттан кыра суума үөскээбит улахан проблеманы быһаарыан сөп этэ. Биһиги тойотторбут отой муннукка ыктардахтарына, сири туһаммат дьонтон былдьаан ылыҥ ээ диэнтэн атыҥҥа өйдөрө-санаалара тиийбэтэ хомолтолоох.
Түмүк курдук эттэххэ, олус боростуойдук саныыр тыабыт хаһаайыстыбатын проблемалара наһаа дириҥнэр уонна уустуктар. Ил дархаммыт тыа хаһаайыстыбатын министерствотын 95 сыллаах юбилейыгар олус сөпкө «без села мы не можем жить» диэн эппит. Онон отой уталыппакка, бу дириҥээбит проблеманы тылтан дьыалаҕа эрэ киллэрии быһаарар буолбутун өйдүөххэ!
Роман БАРАШКОВ,
«Сомоҕо күүс» общественнай түмсүү правлениетын чилиэнэ.