News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2018 » Ыам ыйа » 3 » Иэйиэхсит Хотун ыйа Ыам ыйа.
Иэйиэхсит Хотун ыйа Ыам ыйа. | 07:51 |
Иэйиэхсит Хотун ыйа Ыам ыйа.
Иэйиэхсит Хотуҥҥа этиллэр ытык тыл "Күөгэл-нусхал".
Үрүҥ Айыы тойон иккис кыыһын, Иэйиэхсит Хотуну бу дойдуга баар тыыннааҕы барытын араҥаччылыы сырыт диэн анаан Айыы иккис халлааныгар олорпут. Ийэ сир иччитэ Аан Аллахчын Иэйиэхсит улахан кыыһа. Ол курдук биэс сүрүн эйгэ иччилэрэ, салгын, уу, уот, буор, таас ону таһынан сиргэ баар иччилэр бары Аан аллахчынтан толору тутуллаахтар. Ол иһин Иэйиэхсит иччилэр төрүттэрэ буолбут.
Иэйиэхсит сылаас тыына илгийдэҕинэ итии салгын олохсуйар, куйаас кэмнэр кэлэллэр. Сымнаҕас атаҕынан үктэммит сиригэр үс сыл өлгөм үүнүү үөскүүр, иһэгэйдээх илиитинэн таарыйдаҕына от мас көҕөрөр, сир дойду илгэтэ аллар.
Иэйиэхсит халлаанын сүрүн туома салама ыйааһын диэн ааттанар. Бу туом айылҕаны кытта ситимниир. Аан дойдуну кытта алтыһыннарар, эти-сиини чэгиэн оҥорор.
Бу туомҥа олоҕуран Иэйиэхсит Хотун сэттэ ытык сиэрэ диэн үөскээбит. Бу сиэри тутуһар киһи Иэйиэхсит суолун тэлэйэр буолбут. Иэйиэхсит сиэрин тутуһар киһи Иэйиэхситтии майгыланар. Итинник киһини Иэйиэхситтээх диибит.
Иэйиэхсит сүрүн сиэрэ чөл буол диэн, бу сүрүн сиэртэн сэттэ сиэр үөскүүр:
-Аһыыр эккин харыстаа.
-Айылҕалыын ситимнээх буол.
-Чэгиэн буол.
-Утумҥун ыһыктыма.
- Бэйэҕин харыстан.
-Сөбү тутус.
- Сэниэлээх буол.
Бу сиэрдэри тутуһар киһи иккис домун толорбут дэнэр.
Иэйиэхсит сэттэ дьүһүннээх, ол иһин кинилэри биһиги сэттиэ курдук көрөбүт, өйдүүбүт.
1. Аан Иэйиэхсит.
Аан Иэйиэхсит үтүө тыына киһиэхэ киирдэҕинэ, киһи айылҕаны кытта ыкса дьүрэлэһэр, Айыы санааланар. Аан Иэйиэхсит сүрүн туома салама ыйааһын. Аан алгыһа Иэйиэхсит суола тэлэлиннин диэн. Кэс тыла аһыыр эккин харыстаа диэн.
2. Иһэгэй Иэйиэхсит.
Иһэгэй Иэйиэхсит үтүө тыына киирдэҕинэ киһи айылҕа иччилэрин кытта быстыспат ситимнэнэр.
Иһэгэй иэйиэхсит сүрүн туома иччилэргэ алгыс диэн. Аан алгыһа киһи от-мас сүрэ сүрдээх диэн. Кэс тыла Айылҕалыын ситимнээх буол диэн.
3. Күн Иэйиэхсит.
Күн Иэйиэхсит үтүө тыына киһиэхэ киирдэҕинэ киһи кутун-сүрүн харыстанар Айыы санааланар.
Күн Иэйиэхсит сүрүн туома Айыы ситимин тутуу диэн. Аан алгыһа Ийэ кутуҥ эҥэрдэстин, салгын кутуҥ салыйбатын, буор кутуҥ куоппатын диэн.
Кэс тыла чэгиэн буол диэн.
4. Мичил Иэйиэхсит.
Мичил Иэйиэхсит үтүө тыына киирдэҕинэ киһи күлүгүн харыстыыр. Айыы санааланар, айылҕатын кытта тыыннаах ситимин өссө бөҕөргөтөр кыахтанар.
Мичил Иэйиэхсит сүрүн туома күлүгү ыраастааһын диэн. Аан алгыһа инники күлүгүҥ ибири билбэтин, орто күлүгүҥ очурга оҕустарбатын, кэнники күлүгүҥ кэбири көрбөтүн диэн. Кэс тыла утумҥун көннөр диэн.
5. Налыгыр Иэйиэхсит.
Налыгыр Иэйиэхсит үтүө тыына киирдэҕинэ киһи тула күрүө үөскүүр.
Налыгыр Иэйиэхсит сүрүн туома күрүөлэнии диэн. Аан алгыһа Үрүҥ Айыы Тойон үрүҥ тыыҥҥын түһэрэн күрүөлүү тур диэн. Кэс тыла бэйэҕин харыстаа диэн.
6. Күөгэл Иэйиэхсит.
Күөгэл Иэйиэхсит үтүө тыына киһиэхэ киирдэҕинэ киһи былытын харыстыыр. Айыы санааланар. Күөгэл Иэйиэхсит сүрүн туома былыты чэпчэтии диэн. Аан алгыһа өйүҥ- санааҥ үрүҥ былыт буолан үөһээттэн туттардын диэн. Кэс тыла сөбү тутус диэн.
7. Эдьэн Иэйиэхсит.
Эдьэн Иэйиэхсит үтүө тыына киһиэхэ киирдэҕинэ киһи чөл буол…
Өскөтүн эн Айыыларга махтанар буоллаххына, эн көҥүллүүгүн Айыылар эйиэхэ көмөлөһөллөрүн.
Өскөтүн эн Айыылар көмөлөрүн көҥүллүүр буоллаххына, эн туһунаҕын Айыылары.
Өскөтүн эн Айыылары туһанар буоллаххына, Айыылары бэйэҥ олоххор ылынаҕын.
Өскөтүн эн Айыылары ылынар буоллаххына, эн ытыктыыгын Айыылары.
Өскөтүн эн Айыылары ытыктыыр буоллаххына, эн итэҕэйэҕин Айыылары.
Өскөтүн эн Айыылары итэҕэйэр буолаххына, эн билэҕин Айыылары саарбаҕа суох: аламаҕай майгылаахтарын, үтүө алгыстаахтарын, ийэлии аһыныгастарын, сырдык санаалаахтарын , мэлдьи үөрүнньэннэрин уонна муҥура суох махталлаахтарын.
Сиэр барыта 189 быраабылаттан турар.
Онтон сиэр126 быраабылаларын алын кылаас үөрэнээччилэрэ 12 саастарыгар дылы билэн улаатыахтаахтар. 63 олох сиэрин үрдүк кылааска үөрэтиэхтэрэ. Дьон тыһыынчанан сылларга бу быраабылары тутуһан киһилии майгыланан кэлбиттэрэ. Онон төһөтун эрэ дьон син биир билэр. Бу быраабылары билэр киһи дьону кытта уобсай тыл булар. Дьоңңо эйэ5эс буолар. Кини утарсыылары көрсубэт. Арай сиэри билбэт дьону кытта утарсыан сөп. Ол гынан баран ол дьон сыыспыттарын хаһан эрэ өйдүөхтэрэ. Онон сиэри билэр киһи бигэтик олорор. Бэйэтин күүһун харыстыыр. Оңорбута барыта сөп буолар
Сиэр суолтатын туһунан.
Сиэр быраабыларын дьон элбэх төгүл эрэйи көрсөн толкуйдаабыттара. Хат-хат эрэйи көрсүүбүт диэн. Инньэ гынан биһиэхэ бэйэлэрин уопуттарын биэрбиттэрэ. Бу тыллары тутуһун, оччоҕо элбэх эрэйи билбэххэ аһыаххыт диэн. Онтон биһиги тугу гынабытый? Бу тыллары оҕо эрдэхпитинэ ылыныахтаахпыт. Оччоҕуна ити моһоллору чэпчэкитик туоруохпут. Оло5путугар көрсөр атын боппуруостары быһарыахпыт.
Онтон о5о эрдэ5инэ бу быраабылалары билбэтэх киһи билбэт өттүнэн иннэн хаалан иһиэҕэ. Элбэх киһи эрэйи көрөн быһаарыылары булбутун билбэт буолан сыры аайы бэйэтэ быһаара сатыа5а. Онно күүһүн барыаҕа. Бэйэтигэр тирээн турар атын боппуруостары быһаарар кыа5а суох буолуоҕа. Итинник киһи кыайан сайдыбат.
Дьон элбэх үйэлэр тухары олорон хайдах олорорго суол онорон кэбиспиттэрэ. Биһиги ол суолу үөрэтиэхтээхпит. Онно тирэнэн бэйэбит суолбутун арыйыахпыт. Киһи сайдан иһэрэ диэн итинник. Онтон маны өйдөөбөт киһи биир сиргэ буксуйа сытар киһи. Кини күүһүн таах ороскуоттуур. Киһи аймахха туох да туһалаа5ы оңорбот.
Бу быраабылары о5о, ыччат киһи төһө сиэрдэммитин быһаарарга тест курдук туттуохха сөп. Өскөтө о5о бу быраабылаларттан төһөну эрэ билбэт буолла5ына, ол өттүнэн ыарахаттары көрсөр. Онуоха кинини харыстыыр дьон кэмигэр суох буолаллар. Онон моһоллору этинэн-хаанынан биллэ5инэ эрэ сатанар. Ол иһин оҕо эрдэххэ быраабылалары билэр быдан ордук уонна бигэ буолар. Онтон улаатан баран киһи бу быраабылары өйдүү охсубат. Моһоллорго хат-хат киирэн биэрэр. Элбэх эрэйи көрөр.
О5ону сиэргэ-майгыга иитии сыһыаҥҥа олоҕурар.
Сүрүн сыһыан 19. Хас биирдии сыһыан 7 кэс тыллаах, өйдөбүллээх. Уон икки сааһыгар дылы оҕо сиэргэ иитиллэр.
«Олонхо дьиэтигэр» сиэри үөрэтии туом быһыытынан ыытыллар. Ол аата сиэри Айыыны кытта сибээстэнэр. Дьөһүөлдьут ый аайы о5олорго сиэр быраабылаларын биэрэр. Итини итэҕэл дьиэтин туһанан оҕону иитии ааттанар.
Дьиэҕэ сиэр быраабылаларын истиэнэҕэ ыйыахха сөп. Оҕо наадыйда да көрө сылдьыахтаах. Ону бэрэбиэркэлиэххэ наада. Нэдиэлэҕэ биирдэ быраабылалары төһө өйдөөбүтүн ыйытан көрүллэр. Маны барытын төрөппут оҕону иитиитэ диэн ааттанар.
Кылаас салайааччыта эмиэ быраабылалары истиэнэҕэ ыйатан кэбиһэр. Нэдиэлэҕэ биирдэ быраабылалары тоһо өйдөөбуттэрин ыйытан көрөр. Маны оҕону кылаас иһигэр иитии диэн аатанар.
Төрөөбүт күн алгыһыгар оҕо төрөппүтүн кытта «Олонхо дьиэтигэр» кэлэн алгыс ылар.
Ити курдук итэҕэл киһитэ, төрөппут, учуутал бииргэ улэлиэхтээхтэр. Оччоҕуна оҕо өйугэр тиийиэххэ сөп. Оҕоҕо бу тыллар иңэн кини болдьох рефлексэ буолан халыхтаахтар. Ити үлэ түмүгэр оҕо сиэрдээх киһи буолуо.
Тэрис.
Ыам ыйа - ИЭЙИЭХСИТ ыйа.
Бу ый, сахаларга сыл бастакы ыйын быһыытынан ааҕыллара, ону бииринньик дииллэрэ. Сайын саҕаланар ыйа, ол эбэтэр сиргэ Иэйиэхсит Айыы Хотун түһэр кэмэ. Иэйиэхсит - бу дьахтар таҥарата. Кини аһаҕас майгылаах, эйэҕэс амарах. Иэйиэхсит кэллэҕинэ, от - мас көҕөрөр, ас - үөл дэлэйэр.
Бу ыйы дойду сахалара ынах үүтэ элбииринэн көрөн ыам ыйа диэн ааттаабыттар, оттон хотугу сахалар балык ыыр ыйа дииллэр.
Ыам ыйын билгэтэ.
Ыам ыйа - Салама ыйа. Ыам ыйа - саас саамай муҥутуур кэмэ. Ый сэтинньини батыһар.
* 6 - Дьөгүөрэйэп ( День святого Георгия Победоносца). Чыккымай кэлэр таҥарата. Халаан, үрэх уута киирэр. Ыал аайы бастакы кус миинин иһэллэр. Ый 3 күнүттэн саҕалаан, отут хонуктаах уораан ааһан, тоҕус хонукка добдур кэлэр, о.а суол - иис күнүһүн ирэ - ирэ, түүнүн добдугураччы тоҥор. Бу күн тымныы буоллаҕына, сүөһү өссө икки нэдиэлэ кыһыҥҥылыы аһыыр.
* 7 - туруйа кэлэр.
* 8 - ырыаһыт чыычаахтар тоҕо анньан көтөн кэлэр кэмнэрэ. Күн чэмэлкэй буоллаҕына, оһох дэҥҥэ оттуллар.
* 12 - хаһыҥ түһүөн сөп. Бу күнтэн сэттэ хонуктаах дибдир кэлэр, о.а. сир харааран баран, түүнүгэр кырыаран дибдигирэччи тоҥмут курдук буолар.
* 13 - киэһэлик ичигэс, уу - чуумпу, онтон сулустаах түүн буоллаҕына, ардаҕа суох сайын.
* 14 - Дьэрэмэйэп күнэ. Сахалар бурдугу ыһар таҥаралара. Үчүгэй күн буоллаҕына - күһүнүн өлгөм үүнүү, хаҕыс күн - кыһына тымныы.
* 15 - уу оҕуһа мөҥүрүүр, чөкчөҥө кэлэр.
* 19 - бастакы сиик түһэр. Сиигэ элбэх буоллаҕына, күһүнүн элбэх оҕурсу. Бу күнтэн үс хонуктаах чаччан кэлэр : үрүйэ эҥин курдук кыра уулар киирэннэр, уу эбиллэр, ол түүнүн кырыыта чанчык буола тоҥон хаалар, дириҥ өттө тоҥмот. Сити хонуктар Ньукуолуҥҥа тиэрдэллэр.
* 22 -
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 1800 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 100 Ыалдьыттар (гостей): 100 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|