Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Ыам ыйа » 28 » ХНТ үөрэххэ, билимҥэ уонна култуураҕа тэрилтэлэрэ (UNESCO) этэринэн, Арассыыйа 136 омугун тыла сүтэр туруктаах.
ХНТ үөрэххэ, билимҥэ уонна култуураҕа тэрилтэлэрэ (UNESCO) этэринэн, Арассыыйа 136 омугун тыла сүтэр туруктаах.
21:24

ХНТ үөрэххэ, билимҥэ уонна култуураҕа тэрилтэлэрэ (UNESCO) этэринэн, Арассыыйа 136 омугун тыла сүтэр туруктаах.


Ол иһин дойдубут салалтата тыл бэлиитикэтигэр болҕомтотун күүскэ хатыахтаах уонна мөлтөх туруктаах тыллары өйүөхтээх дии саныыбыт даҕаны, хомойуох иһин, төттөрүтүн көрө олоробут.

Ол курдук, ааспыт сыл от ыйын 20 күнүгэр Йошкар-Ола куоракка омуктар сыһыаннаһыыларыгар аналлаах мунньахха дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин: “Төрөөбүт тыллары үөрэтии баҕа өттүнэн буолуохтаах”, – диэн күүскэ этэн турар. Ол кэннэ Арассыыйа үрдүнэн Борокуратуура уонна Рособрнадзор диэн тэрилтэ үлэһиттэрэ бэрэбиэркэлиир үлэни ыыппыттара.

Ити түмүгэр Дьокуускай куорат национальнай оскуолалара уонна тыа оскуолалара ыарахан тургутууну ааспыттара. Саха тылын учууталлара сурунаалы нууччалыы эрэ толоруохтаахтар, саха тылын үөрэтиэн баҕарар оҕо төрөппүттэрэ булгуччу сайабылыанньа суруйуохтаахтар, сахалыы эрэ үөрэтэр оскуола диэн суох буолуохтаах диэн ыйыы-кэрдии үөһээ суруллубут тэрилтэлэртэн киирбитэ. Аны туран, муус устар 10 күнүгэр Госдуумаҕа “Үөрэх туһунан” Федеральнай сокуоҥҥа “төрөөбүт тыллары үөрэтии баҕа өттүнэн буолуохтаах” диэн ис хоһоонноох көннөрүү барыла киирдэ.

“Ол аата туохпутуй?” диир буоллахха, атын дойду тыллара булгуччу үөрэтиллиэхтээхтэр, оттон төрөөбүт тыллар баҕа өттүнэн буолаллар дуо? Хайдах оннук буолуой диэн киһи өйө хоппот. Ийэ тылбытын үөрэтиини факультатив таһымыгар түһэрэр бэлиитикэтэ ыытылларын билиниэхпитин наада.

Арассыыйа атын омуктарын көхтөөх дьоно, уопсастыбанньыктар, учуонайдар, интэлигиэнсийэ ити сокуон барылын туһунан туох дии саныыр эбиттэрий?

Төрөөбүт тыллары уонна өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тылларын харыстааһыҥҥа саамай улаханнык Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ киирсэ сылдьар. Татаардар көҕүлээһиннэринэн Интэриниэт ситиминэн “Нет закону против родных языков” петицияҕа 32 тыһыынча илии баттааһына хомулунна. Онон бастаан ити үлэни ыыта сылдьар татаар ыччатын санаатын истиэххэ. Айрат Файзрахманов, Аан дойдутааҕы татаар ыччатын пуорумун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:

Айрат Файзрахманов

 

“Бэйэбит позициябытын уопсастыбаннаска уонна федеральнай кииҥҥэ көрдөрөөрү актыбыыстарбыт тыһыынчанан суругу араас инстанцияҕа ыыттылар, Арассыыйа бэрэсидьиэниттэн саҕалаан регионнар парламеннарыгар тиийэ. Госдуума уонна Федерация Сүбэтин дьокутааттарыгар эмиэ ыыппыппыт, ол эрэн сиһилии хоруй суох, туох санаалаахтарын аһаҕастык суруйбатылар. Сокуон барылын киллэрбит дьокутааттартан ким да сурукпутугар хоруйдаабата. Бу барыл сокуоҥҥа киирдэҕинэ, төрөөбүт тыллары үөрэтии факультатив эрэ курдук буолуоҕа. Итини элбэх киһи өйдөөбөккө сылдьар.”

Кабардино-Балкария Өрөспүүбүлүкэтин интэлигиэнсийэтэ федеральнай былааска “төрөөбүт тыллары үөрэтиини суох оҥорор сокуон барылын туох да иһин ылынар сатаммат” диэн ис хоһоонноох суругу ыыппыт уонна олохтоох былааска туһаайан кабардин уонна балкар тылын харыстыырга ыҥырбыт.

Мадина Хакушаева, филология билимин дуоктара, кабардин суруйааччыта, этэр:

Мадина Хакуашева

“Бу кыһалҕа уопсастыба бары таһымнарын таарыйар, ону кытта олохтоох былаас таһымын эмиэ. Госдуумаҕа киирбит сокуон барыла Кабардин-Балкар Өрөспүүбүлүкэтин интэриэстэрин утарар. Өскөтүн тыл суох буоллаҕына, омук уйулҕата алдьанар, ол кэннэ өрөспүүбүлүкэ суох буолар, ол иһин өрөспүүбүлүкэбит былаастара, бастатан туран, бу барылы барачыастыырга интэриэстээх буолуохтаахтар. Төрөөбүт тыллары хайдах үөрэтэри национальнай тыллар исписэлиистэрэ быһаарыахтаахтар, олохтоох былаас ону өйүөхтээх уонна олоххо киллэриэхтээх. Онтон атын буоллаҕына, өрөспүүбүлүкэлэр национальнай ыстаатыстарын сүтэрэллэр.”

Юрий Осокин, “Пограничное братство” диэн чуваш уопсастыбаннай түмсүүтүн салайааччыта, Change.org саайка Аршинова Аленаттан (“Биир Ньыгыл Арассыыйа” баартыйа) уонна Николаев Олегтан (“Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа) Госдуума дьокутаатын мандаатын былдьыырга диэн петиция оҥорбут.

Юрий Осокин

Иккиэн Чувашия Өрөспүүбүлүкэтиттэн Госдуумаҕа дьокутаат уонна төрөөбүт тыллары симэлитэр сокуон барылын сүрүн ааптара буолаллар. Билиҥҥи туругунан петицияҕа 1600 киһи баттаабыт. Юрий Осокин этэр: “Сокуон барыла Арассыыйа субъектарын төрөөбүт тылларын утарар хайысхалаах, онон дойду федеративнай тутулун ыһар кутталлаах. Национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ төрөөбүт тыллар суох буоллахтарына, федерация кытта суох буолар.”

Рустям Баянов

Башкирдар Аан дойдутааҕы курултаайдара төрөөбүт тыллары үөрэтии булгуччута суох диэн сокуон барылын өйөөбөттөрүн Госдуумаҕа биллэрдилэр. Курултаай бэрэстэбиитэлэ, Рустям Баянов этэринэн, бу уларытыы сокуон нуорматын барытын утарар, эбиитин омуктар икки ардыларыгар тыҥааһыны үөскэтэр. Бүтэһик сылларга тыл эйгэтигэр буолбут уларыйыылар олохтоох омуктар бырааптарын быһаллар. Башкирдар тэриллиилэрэ сокуон барылын ис хоһооно Арассыыйа норуоттарын суурайар (ассимиляциялыыр) нуормалардааҕын көрөр. Башкортостан норуота ити сокуону күүскэ “суох” диэхтээх диир.

Арассыыйа омуктара эрэ буолбакка, Арассыыйа бэрэсидьиэнин киһи быраабыгар сүбэтэ төрөөбүт тыллары үөрэтиини вариативнай (булгуччута суох) чааска көһөрүү сокуон барыла Госдуумаҕа киирбититтэн долгуйарын биллэрдэ. Сүбэ бэрэссэдээтэлэ Михаил Федотов:

Михаил Федотов

“Дьон-сэргэ үксэ төрөөбүт тылынан саҥарар, толкуйдуур, үөрэнэр конституционнай быраабын харыстыыр. Олох көрдөрөрүнэн, тыл быраабын кэһии улахан социальнай иирсээҥҥэ тиэрдэр. Чахчы даҕаны, Украинаҕа нуучча тылын бобоннор, иирсээн онтон саҕаланар, Латвияҕа нуучча тылын үрдүкү кылааска үөрэппэт буолбуттарыттан Латвия нууччалара долгуйаллар. Кыһалҕа таһымын өйдөөн туран, Сүбэ сотору кэминэн сокуон барылыгар туһааннаах эспиэрдиир быһаарыытын бэлэмниэҕэ”, — диэтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл боппуруоһугар ыалдьар дьон позициялара хайдаҕый?

“Туймаада” төрөппүттэр түмсүүлэрин уонна “Ийэ тыл кэскилэ” хамсаааһын салайааччыта Вилюяна Никитина:

Никитина Вилюяна

 

“Оҕону төрөөбүт тылынан бэйэтин дойдутугар үөрэнэрин-иитиллэрин көҥүллүүр сайабылыанньаны төрөппүт тоҕо суруйуохтааҕый? Ону сокуон тоҕо ирдиэхтээҕий? Биһиги өрөспүүбүлүкэбит икки судаарыстыбаннай тыла үөрэх тылын быһыытынан тэҥ бырааптаах курдук санаан сылдьыбыппыт. Аны билигин ити сокуон киирдэҕинэ, судаарыстыбаннай тылы күөмчүлээһин курдук көрүөҕүм.”

Саха тылын, литэрэтиирэтин, төрүт култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүтүн салайааччыта Жанна Барашкова:

жанна барашкова

 

“Саха тылын үөрэтии чааһа сарбылларын уонна ону утарар үлэ туһунан иһиттэхтэринэ, сорох дьон олох судургутук «бу саха тылын учууталлара хамнастарын туһугар мөхсөллөр» дии саныыллар. Миэхэ тус бэйэбэр да инньэ диэбиттэрэ. Саха тыла, литэрэтиирэтэ, төрүт култуурата уонна бу биридимиэттэри оскуолаҕа толору үөрэтии эбэтэр кыччатыы, сарбыйыы, суох оҥоруу -- бу бүгүҥҥү тирээн турар сытыы боппуруос. Тоҕо диэтэххэ, оскуолаҕа сыыйа үөрэтиллэрэ аҕыйаан, тохтоон киирэн бардаҕына, саха тыллаах өркөн өйүнэн айбыт чулуу айымньылара, улуу олоҥхо умнулларын, ааҕыллыбат буоларын эппэккэ туран, сахалыы саҥа сүтэр, симэлийэр куттала суоһуур. Госдуумаҕа ''РФ үөрэхтээһин туһунан'' сокуонугар уларытыылары киллэрэр туһунан бырайыагы биһиги, өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын учууталларын түмсүүтэ, сорунуулаахтык утарабыт. Биһиги төрөөбүт тылы ''баҕа өттүнэн үөрэнии'' уонна “төрөппүт көҥүллээтэҕинэ'' диэн суруллубутун, олус кутталлаах уонна иһэ истээх эбиилэр диэн утарабыт. Ити тыллар кэннилэригэр туох суоһаан турарый?! Бу элбэх араас тыллаах омуктартан таҥыллыбыт Арассыыйа судаарыстыбатыгар омуктар төрөөбүт тылларын үөрэтэр бырааптарыгар тоҕо саба түһэрдии оҥоһуннулар?! Төттөрүтүн, биһиги дойдубут Арассыыйа бары араас тыллаах омуктар төрөөбүт тылларын кыһамньылаахтык үөрэтэллэригэр, сайыннаралларыгар, маннык сайдыылаах үйэҕэ, былыргы кэм курдук тыллара сүппэтин туһугар кыһаллыа этэ дии саныыбыт уонна ону туруорсабыт”.

Ил Дархан иһинэн Тыл бэлиитикэтин сэбиэтин чилиэнэ, "КиберСаха" хамсааһын салайааччыта Ньукулай Павлов-Халан:

Халан

“Тыл сэбиэтигэр бу балаһыанньаны көрбүппүт. Сүнньүнэн, икки санаа баһыйар: биирэ -- сокуону син биир ылыныахтара, онон, сатаатар, уларытан сымната сатыахха, этии киллэриэххэ, омсолоох өттүн мөлтөтүөххэ диэн; иккис -- Госдуума ньүдьү-балай буолбатах, сокуон уларыйарын тохтотор кыах баар, онон утарар санаабытын салалтаҕа да, атын Арассыыйа олохтоохторугар да, киэҥник этиэххэ диэн. Биири бары, омугуттан тутулга суох, өйдүөхтээхпит -- тылын, төрдүн умнубут омуктан үтүөнү ким да күүтүө суохтаах. Маны, бастатан туран, ыаллыы олорор омуктар өйдүөхтээхтэр. Ийэ тылбын аанньа ахтыбаттар, көйгөтүтэллэр диир киһини дойдуну түөрэҥнэтэ сатыыр ханнык баҕарар күүстэр туһанар кыахтаахтар. Онон Арассыыйа иллээх буоларыгар уонна чэлгийэ сайдарыгар олохтоох омуктар тылларын сайыннарар, өйүүр куолу. Маны Арассыыйа дьонугар барытыгар тиэрдибэтэхпитинэ, тылбыт бастаан оскуолаттан сүтүө, онтон ааҕар-суруйар киһи суох буолуо, суруйааччы, суруйар суруналыыс сүтүөхтэрэ... оччоҕо, эппиккэ дылы, арбаҕастаах да абырыа суоҕа...”

Төрөөбүт тыллары үөрэтиини хааччахтыыр сокуон барыла бастакы ааҕыыта ыам ыйыгар буолуохтааҕа күһүҥҥүгэ көстө. Ити көспүтэ -- төрөөбүт тылларын туһугар туруулаһар Арассыыйа омуктарын биир улахан кыайыылара. Ол эрээри бу күһүн өссө туох түмүк тахсан кэлиэ биллибэт. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит төрүт олохтоохторо ийэ тылбыт туһугар долгуйабыт.

Судаарыстыбаннай Дуума үөрэххэ сис кэмитиэтэ от ыйын 6 күнүгэр дылы эрэгийиэннэртэн этии ылар буолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ бу сокуон барылыгар сокуону сүүс бырыһыан утарыа диэн эрэллээхпит. Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр диэн өбүгэлэрбит мындыр этиилэрэ баар. Онон хас биирдиибит туора турбакка, бу сокуону утарыҥ диэн бэйэбит дьокутааттарбытыгар, Ил Түмэн үөрэххэ сис кэмитиэтигэр, Ил Дархан Тыл бэлиитикэтин сэбиэтигэр, Арассыыйа араас таһымнаах тэрилтэлэригэр суруктарда суруйан ыытыҥ диэн көрдөһөбүт.

“Тобул” ыччат интеллектуальнай кулуубун

Салайааччыта Дьулустаан Осипов.

Category: Нац. вопрос | Views: 1234 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024