Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Бэс ыйа » 17 » Дьиксиниэх санаам кэлэр...
Дьиксиниэх санаам кэлэр...
20:48

Дьон

Сахабыт сиригэр самаан сайын салаллан кэлэн, ыһыахтар саҕаланнылар. «Ыһыах сүрүн үгэстэрин – оһуокайы, алгыһы – төһө сөпкө тутуһар эбиппитий?» – диэн санааттан филология билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, ХИФУ ХИНТК институтун фольклор уонна култуура хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, Сунтаар уонна Дьааҥы улуустарын бочуоттаах олохтооҕун Василий Васильевич Илларионовы кытта кэпсэтэбит.

– Сайын саҕаланан, ыһыах күүлэйэ, көрө-нара саҕаланна. Сэбиэскэй былаас саҕана ыһыахтар аһара дирбиэнэ-дарбаана суох сэмэйдик ыытыллаллара. Билиҥҥи ыһыахтарбыт “Сайын саҕаланна да, ыһыаҕынан эрэ олоробут” диэн норуокка уос номоҕор кубулуйдулар.

– Мин саамай “ыалдьар боппуруостарбар – ыһыах, алгыс уонна оһуокай туһунан санааларбын үллэстэрбэр – ыҥырбыккар улахан махтал.Самаан сайын сатыылаата, күөххэ үктэннибит, үтүө кэмнэр саҕаланнылар. Былыргы биһиги төрүттэрбит үөрэ-көтө көрсөр, көрүлүүр-нарылыыр кэмнэрэ. Бэл саамай былыр, Я.Линденау суруйарынан “ыһыах ыйа” диэн ааттыыллар эбит. Түөлбэлэринэн, аҕа уустарынан, кэлин бүтүн нэһилиэгинэн, улуустарынан ыһыахтары тэрийэн ыыталлара. Үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, сахаларга маҥнайгы ыһыаҕы тэрийбит, ыһыах тэриллэрин, сиэри-туому, ыһыах алгыһын толорбут киһинэн Эллэй эһэбит буолар. Дьэ, ол иһин оһуокай тылларыгар «Эллэй эһэбит саҕаттан этиллибит эһиэкэй, Омоҕой баай саҕаттан олохтоммут оһуокай” диэн үгүстүк этэн аһараллар. Онон сахаларга сайын кэлиитигэр ыһыахтыыр үгэс бэрт былыргыттан олохсуйбут. Ааспыт үйэ 70-с сылларыттан араас үбүлүөйдээх ыһыахтар, доҕордоһуу ыһыахтара диэн «национальнай пуормалаах, интернациональнай ис хоһоонноох» буолуохтаах диэн ирдэбиллэргэ сөп түбэһиннэрэн, ыһыаҕы тэрийэллэрэ үгэс буолбута. Онтон 90-с сылларга өй-санаа, төрүт култуураҕа сыһыан уларыйан барбыта. Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ киирбитэ. Итини тэҥэ ыһыахтары тэрийэн ыытыыга кэпсэтиилэр Норуот айымньытын дьиэтигэр (дир. Н.С.Толбонова), Пушкин аатынан национальнай бибилэтиэкэҕэ “Алтан сэргэ” кулуупка (тэрийээччилэр Тэрис, кыраайы үөрэтэр саала сэб. В.Н.Павлова) ыһыах туһунан кэпсэтиилэр буолбуттара. Ксенофонт Уткин көҕүлээһининэн “Ыһыах – үйэлээх үгэспит” диэн билим-быраактыка кэмпириэнсийэлэрэ ыытыллыбыттара. Бу кэпсэтиилэргэ сүрүн сыал-сорук – ыһыах былыргы үгэстэрин сөргүтүү, үйэтитии.

Сэбиэскэй ыһыахтары аһыы сиэрэ-туома идеология ис хоһоонноох буоллаҕына, билигин сиэри-туому тутуһуу анал сынаарыйынан ыытыллар, алгыс ис хоһооно айыыларга ананар. Онон ыһыах аһыллар сиэригэр-туомугар болҕомто туһаайыллар буолла.

Билиҥҥи ыһыахтар киэҥник, дарбааннаахтык уонунан тыһыынча киһи мустан олордоҕуна тэриллэн ыытыллар буолан, аныгы элэмиэннэр киирэллэр. Сценаристар, режиссердар тэхиниичэскэй ньымалары, муусука, үҥкүү элэмиэннэрин, ырыаны-тойугу киллэрэллэр.

– Дьэ, онон төрүт үгэстэн, сиэртэн-туомтан туораан, билиҥҥи ыһыах шоуга олус кубулуйда дии санаабаккын дуо?

– Кэнники кэмҥэ “гигантоманиянан” үлүһүйүү, Гиннесс рекортарын өрө тутуу, араас куонкуруһу тэрийии, култуурунай шоуга охтуу баран эрэрин биир бэйэм испэр киллэрбэппин. Ыһыах үөрүүлээх аһыллыыта муҥутаан икки чаас ыытыллыахтаах, тойон-хотун кэтэһиитэ суох буолуохтаах, айыыларга аналлаах ыһыах тускула тутуһуллуохтаах. Киһи барыта алгыһы ис сүрэҕиттэн ылынарын курдук оҥостуохтаах.

Устуоруйа кэрэһилииринэн, алгыс кэнниттэн ыһыах дьоно бары күргүөм тойугу толороллор эбит. Күргүөм тойугу Уус Алдаҥҥа В.Парников аан маҥнай толорторбута, онтон дьааҥылар, бүлүүлэр бэркэ киллэрбиттэрэ.

Ыһыах сүрүн көрө-нара оһуокай буоларын өйдүүр кэммит кэллэ. Кэнники сылларга оһуокай киин түһүлгэҕэ тэриллэр буолбута кэрэхсэбиллээх. Дыгын Оонньуутунан үлүһүйүү баар, ону ыһыах дьиҥнээх сиэриттэн-туомуттан тэйитии курдук көрөбүн. Бу тэрээһини киирэр билиэттээн ыһыах тас өттүгэр тэрийиэххэ сөп. Оччоҕо тэрийээччилэргэ үп-харчы даҕаны киириэн, кыттааччылар да бары туохха эмэ тиксиэхтэрин сөп.

osujkhay

– Кэнникинэн “алгысчыт” аһара элбээтэ. Дьиҥэр, хайдах буолуохтааҕый?

– Ыһыахха алгысчыт оруола улахан. Былыргы ыһыахтарга, билим литэрэтиирэтигэр сурулларынан, Айыы ойуннара алгыһы Айыыларга анаан толороллоро. Ол аата анал үөрэҕи, уһуйуллууну барбыттар.

Алгысчыт дьоһуннаах, толору дьоллоох олоҕу олорбут, айылҕаттан айдарыылаах, дьон-сэргэ ытыктыыр-убаастыыр, аһыы утахха ылларбатах, көрсүө-көнө киһи буолара ордук. Оччоҕо алгыһа Айыыларга тиийиэ, истээччилэргэ да астык.

Туймаада ыһыаҕар Афанасий Федоров, Иван Васильев-Алгыс Уйбаан уонна Александр Саввинов-Алгыстаах Өлөксөөн идэтийэн дьарыктаналлар. Кинилэри истэ үөрэннибит.

“Арчы дьиэтигэр” В.И.Бочонина көҕүлээһининэн, Афанасий Федоров эдэр алгысчыттар оскуолаларын арыйан үлэлэппитэ хас да сыл буолла. Алгыһынан дьарыктаныан баҕалаах элбэх. Ол үчүгэй. Ол эрээри алгысчыт, ким да буоллун, харчыга үлүһүйэрин биллэриэ суохтаах. Ол алгысчыт аптарытыатын түһэрэр, харчыга үлүһүйүү – аньыы. Сиэргэ-туомҥа, алгыска ыҥырбыт киһи бэйэтэ сөбүн көрөн төлөһүөхтээх. Былыр аһынан-үөлүнэн манньалыыллара диэн буолар. Билиҥҥи ырыынак кэмигэр суолтатыгар да буоллар, сиэр быһыытынан төлөһүү барара сөп.

– Алгыс тиэмэтигэр кэпсэппиччэ... “Арчы” дьиэтигэр эр дьон алгыһа өрөбүл аайы ыытыллар. Сылдьыбытым, сөбүлээбитим. Эр дьон сомоҕолоһуутун, түмсүүлээҕин көрдөрөр.

– “Арчы” дьиэтигэр эр дьон түмсэн алгыска холоноллорун истэн үөрэбин. Эдэрдэр кыттыһаллара, төрүт култуураҕа сысталлара, эр дьону көҕүлүүллэрэ киһини үөрдэр. Хомойуох иһин, соло булан сылдьа иликпин. Бэйэлэрэ да миигин соччо билбэттэр, сүбэ-ама ыла сатаабаттар.

Арай кыһын Аллараа Бэстээххэ Олоҥхо дьиэтигэр Саҥа дьыл саҕана тахсан, үс эдэр киһи алҕаабыттарын истибитим. Ол эрээри тыллара-өстөрө сатаҕай, нууччалыы тыллары кыбытан этэллэрин испэр киллэрбэтэҕим. Ол туһунан бэйэлэригэр этэн турабын. Итинник алгыһынан ханна да тиийбэппит, Айыылары кэлэтиэхпитин эрэ сөп. Эдэрдэр кырдьаҕастартан үөрэниэхтэрин наада. Дьиҥэр, алгыска аналлаах билим үлэлэрэ, алгыс холобурдара да балачча бэчээттэннэ.

– Аны оһуокай туһунан кэпсэттэххэ, эр дьон “Сүр көтөҕүү” диэн сэрииһит буойуннардыы өрө көтүтүүлээх оһуокайдара ыытыллар буолла. Бу оһуокай быраабылатын кэһии буолбатах дуо? Былыр өбүгэлэрбит итинник ыһыытаан-хаһыытаан, оһуокай тылын эппэтэхтэрэ буолуо, бука.

– Дьэ, бу олус сөптөөх ыйытыы. Иллэрээ сыл эр дьон “Сүр көтөҕүү” оһуокайдарын анаан истибитим уонна “Оһуокай да буолаахтаан” диэн суруйуум эһиги хаһыаккытыгар тахсыбыта, Интэриниэт ситиминэн эмиэ тарҕаммыта. Үгүстэр миигин кытта сөбүлэспиттэрэ.

Кавказ омуктара сэриигэ киириэх иннинэ үҥкүүлэрин матыыбын туһаммыттар. Аны оһуокайы таһаарааччы сыанаҕа тиэкиһин тутан туран ыһыылаах-хаһыылаах, туох да ис хоһооно суох үҥкүү тылын таһаарара миигин сөхтөрбүтэ. Маннык туолката суох оһуокайы сорох салайааччыбыт өйөөн үҥкүүлэһэ сылдьыбытын көрөн, хата, бэйэм кыбыстыбытым. Төрүт култуурабытын аанньа ахсарбаттарын бэлиэтэ – ити. Өссө ааһа баран, “Оһуокай” уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Александр Данилов сүүрэн тахсан, оһуокайы таһаарбыт киһиэхэ “Үтүөлээх этээччи” аатын туттарбытын сөхпүтүм.

“Үтүөлээх этээччи”, “Дархан этээччи”, “Дарханнар дарханнара” диэн оһуокайдьыттарга солуута суох биэртэлиир буолбуттарыттан үйэм тухары оһуокайынан дьарыктаммыт, 30-тан тахса сыл оһуокай дьүүллүүр сүбэтин салайсыбыт киһи дьиксиниэх санаам кэлэр. Анал балаһыанньа оҥоһуллуохтаах. Онон быйыл тэриллибит “Оһуокай” өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциацията сөптөөх үлэни ыытыа диэн эрэнэбин.

osuo

– Үс Хатыҥ ыһыаҕар “Дархан этээччи” күрэс сылын аайы элбэх оһуокайдьыты түмэр. Бирииһэ да ботуччу – массыына. Эн, урукку сылларга “Оһуокайы” сүрүн сыаналааччы быһыытынан сылдьыбыт киһи, бу туһунан тугу этиэҥ этэй?

– Оһуокай куонкуруһун тэрийии урут да баара, билигин да ыытыллар. Кэнникинэн оһуокайы сөргүтэр, үҥкүүһүттэри көҕүлүүр баҕаттан хас ыһыах аайы убаһатыттан саҕалаан массыынатыгар тиийэ бириис туруорар буоллулар. Ол, биллэн турар, оһуокайдьыттары көҕүлүүр. Мин илиибиттэн Н.Е.Тимофеев, А.Ф.Софронов, Д.С.Иванов, Е.А.Лыткина, Р.Д.Иванов, Вадим Константинов, А.И.Кривошапкин, А.Е.Алексеев массыына күлүүһүн ылан тураллар. Кинилэр, чахчы, түһүлгэни төрүттүүр, көмүс куоластаах, хоһуйар дьоҕурдаах талааннаах оһуокайдьыттар дии саныыбын. Дьүүллүүр сүбэҕэ П.А.Алексеев, В.Л.Алексеев, Т.С.Зверев, С.Д.Мухоплева, В.В.Обоюкова, о.д.а., оһуокайы чахчы билэр дьон, сыаналаспыттара, кинилэр быһаарар куоластара ыйааһыннаах этэ.

Аны А.Дж.Данилов бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыытар буолла. Кэнники сылларга пааркаҕа ыһыах иннинэ сүүмэрдиир оһуокай күрэҕин ыыталларын ылыммаппын. Онно бастаабыттар “Дархан этээччи” аатыгар киирсэллэр. Улуустан кэлээччилэргэ табыгаһа суох. Эбэтэр оһуокай олохсуйбут улуустарыттан, куораттан үстүү үҥкүүһүтү “Бүлүүлүү үҥкүүгэ” (Н.Е.Петров – “Оһуокай” уопсастыба маҥнайгы бэрэссэдээтэлэ, бырапагандыыһа “классическай” диир этэ), түөлбэ оһуокайыгар бэйэлэрин кыахтарынан киллэриэхтэрин сөп. Ол ордук табыгастаах буолуо этэ.

“Оһуокай олоҥхо курдук баай”

– Дьиҥнээх оһуокайдьыт уобараһын хайдах ойуулаан көрөҕүн?

– Оһуокайдьыт, чахчы, айылҕаттан айдарыылаах, талааннаах, тас көрүҥнүүн, таҥастыын-саптыын киһи хараҕар быраҕыллар буолуохтаах. Оһуокай куонкуруһугар 3 киритиэрийинэн – куолаһын, хоһуйар хоһоонун, түһүлгэни тутарын өрө тутан сыаналыырга сүбэлиибин.

Билиҥҥи оһуокайдьыттар хоһуйан, уустаан этиилэрэ кыаллыбат буолан иһэр, аллитерациянан аттаран, кэрэ тылларынан кэккэлэтэн, ойуулаан-оһуордаан этэллэрэ ырааҕынан тиийбэт. Маҥнай истэргэ эдэрдэр куоластаах курдуктар, онтон сыыс тыллара, сыыһа-халты этэллэрэ үксээн иһэр буолар.

“Бүлүүлүү үҥкүү” 3 түһүмэхтээх буолар – Айыыларга сүгүрүйэн эрэрдии туойан, дьэрэлитэн саҕалааччылар, онтон талбыт тиэмэтин ис хоһоонун арыйан этиэхтээх, түмүгэр алгыһынан амалыйан көтүү үҥкүүгэ киириэхтээх. Сэргэй Зверев “оһуокай – олоҥхо курдук баай” диир буолара. Онон хоһуйан этиигэ суолта бэриллиэхтээх. Урут биир түһүлгэҕэ хастыы да тиэмэни арыйан, чааһы чааһынан этэллэрэ. Билигин биир тиэмэни 15-20 мүнүүтэ этиэххэ сөп.

Түөлбэ оһуокай хамсаныыта араас. Сорох киэнэ ис хоһооно суох төгүрүччү үҥкүүлээһин буолар. Онон Бүлүүлүү оһуокайы кытта куонкуруска киллэрэн күрэхтэһиннэрэр уустук. Ол иһин сорохтор дьүүллүүр сүбэ сыанабылын кытта сөбүлэһээччилэрэ суох. Дьүүллүүр сүбэ төһө кыалларынан сөпкө сыаналыырга льулуһар.

– Билигин аныгылыы уонна былыргылыы классика оһуокайдар диэн араараллар быһыылаах. Өбүгэлэрбититтэн кэлбит оһуокай хайдах буолуохтааҕый?

– Биһиги оһуокай төрүт үгэстэрин, сүрүн ис хоһоонун, хаамыытын тутуһарга, харыстыырга дьулуһабыт. Кистэл буолбатах, сорох эдэр оһуокайдьыттар үҥкүүлэрин тылларын өйгө үөрэтэн баран, ону эргитэ сылдьан этэллэр.

Кырдьаҕас үҥкүүһүттэрбит мэлдьи норуот айымньытын ойуулуур-дьүһүннүүр дэгэтин, олук хоһооннорун туһанан хоһуйан этэр үгэстээхтэр. Кинилэртэн үөрэниэххэ наада. Билиҥҥи оһуокайга “сценическэй үҥкүү элэмиэннэрэ” киирэн эрэллэр. Ити эмиэ үҥкүү үгэһин кэһэр. Сорохтор турукка киирдэхпит аатыран, араастаан өрө мөхсөн, тэбиэлэнэн этэ сылдьаллара көрүөххэ сүөргү.

Дьиҥ былыргылыы алгыстаах оһуокайы тэрийиэхпитин баҕарар буоллахпытына, биир дьоһуннаах түһүлгэни тэрийиэхтээхпит. Ол түһүлгэ иһигэр кырачааннар киирэн оонньоотуннар, үҥкүүлэстиннэр, оһуокайдьыт ырыатын-тойугун, сэбэрэтин дуоһуйа көрдүннэр. Оччоҕо оһуокайбытыгар оҕо аймах тардыстыа. Биир бэйэм, үөлээннээхтэрим, Сэргэй Зверев Арыҥах Арыылааҕар, Угут Күөлгэ түһүлгэлээн этэрин истэн улааппыт дьоллоохпут. Ол иһин оһуокайга орооһобут, үҥкүүгэ үөрдүһэбит, ыһыахха тардыһабыт.

– Дьэ, ыһыах, алгыс, оһуокай туһунан кэпсэттибит. Түмүккэр тугу этиэҥ этэй?

– Ыһыах, алгыс, оһуокай – саха омук үйэлэр тухары бүөбэйдээн, харах харатын курдук харыстаан кэлбит мэҥэ өйдөбүллэрэ, үтүө үгэстэрэ. Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин үйэтитиэх, сөргүтүөх, сайыннарыах кэриҥнээхпит. Хас биирдии киһи хайаан да биир эмэ ыһыахха сылдьан, оһуокайга киирэн Айыыларга аналлаах алгыска кыттыһыахтаах, айылҕаттан эниэргийэ ылан, күүс-уох киллэринэн дьоллоох олоҕун тускуллуохтаах, айымньылаах үлэҕэ кынаттаныахтаах, тапталыгар да табыллыахтаах. Эһиэхэ барыгытыгар аман алгыһы аныыбын, дьол-соргу тосхойдун!

Саргылаана БАГЫНАНОВА.

Category: Ыһыах, олоҥхо | Views: 1587 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 17
Ыалдьыттар (гостей): 17
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024