Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [399]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [554]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [223]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [376]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [464]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » От ыйа » 5 » ЭСПЭДИИССИЙЭ: түмүктэр уонна толкуйдар
ЭСПЭДИИССИЙЭ: түмүктэр уонна толкуйдар
19:14

2004 сыллаахха Саха-француз археология-этнография чинчийэр эспэдииссийэтэ үлэтин саҕалаабыта. Онтон ыла эспэдииссийэ Саха сирин араас муннугар үлэлээн, үгүс сонун, соһуччу даҕаны арыйыылары оҥордо. 2017 сыллаахха бу үлэ түмүктэннэ.

Бу соторутааҕыта эспэдииссийэҕэ быһаччы үлэлээбит саха биллиилээх археолога, Саха түмэлин археология уонна этнография сиэксийэтин салайааччыта Василий Попов-Быдылыкы Баһылай “Саха-француз археология-этнография эспэдииссийэтин үлэтин түмүктэрэ (2004-2017 сс.)” диэн кинигэтэ күн сирин көрдө.

Аатыгар да этиллэринии, кинигэ саха-француз эспэдииссийэтин түмүктэрин туһунан диэн. Ол эрээри, кинигэ ол эрэ туһунан дуо? Ааптар саха археологиятын туһунан бэйэтин толкуйун, санааларын, көрүүлэрин үллэстэр, ону тэҥэ, былыргы өйдөбүллэри быһаарар, сүбэлиир-амалыыр, ыйар-кэрдэр. Быһата, кинигэ бу сэдэх идэҕэ уһуйар бэртээхэй босуобуйа буолбут. Арааһа, сорохтор маны аахтахтарына, археолог да буолуохтарын баҕарыахтара.

Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, кинигэ уу сахалыы тылынан суруллубута. Биһиги устуорук-ааптардарбыт кинигэлэрэ, манагыраапыйалара мэлдьи нууччалыы буолар. Тиэрминнэринэн сууххайдык суруйуу киһи өйүн-санаатын таарыйбат.

Бу кинигэни буоллаҕына, биир тыынынан ааҕаҕын: судургу, өйдөнүмтүө тыллаах, киһини умсугутар чахчылардаах, археология эспэдииссийэтин түбүктээх олоҕор буолар мүччүргэннээх түбэлтэлэр ахтыллаллар – ол барыта болҕомтону биир да түгэҥҥэ ыһыгыннарбат.

“Саха хаһан, ханна үөскээбитин-тэнийбитин генетическэй анаалыһынан чинчийии буолан, үлэбит сүрүн соруга – былыргы саха көмүүлэрин булуу, хаһыы этэ. Эспэдииссийэ кэлиитин-барыытын, аһын-үөлүн, тиэхиньикэ ороскуотун араас генетическэй, радиоуглерод ньыматынан анаалыстааһыны, дендрологияны уо.д.а. Франция өттө төлөөбүтэ. Саха археологтара чопчу сорудахтары толорбуппут: хаһыы ыытыллар сирдэригэр көҥүл ылары ситиһии уонна отчуоттары суруйуу; этнолог С.К. Колодезников хаһыы кэмигэр мэҥэ ис-тас тутуутун, араас көстүбүт мал-сал, таҥас-сап аналын, оҥоһуутун, тигиитин уо.д.а. быһааран кэпсиирэ, мин археологическай көрдөөһүн ыытан, хаһыахтаах көмүүлэри эрдэттэн булан биэрэбин. Сахалар түөлбэлээн олорор сирдэрин барытын кэрийбиппит. Горнай, Уус Алдан, Амма, Өлүөхүмэ арыыланан хааллылар”, – диэн саҕаланыытыгар ааҕабыт.

Ханнык түгэннэргэ тохтуохха сөбүй? Ааптар “үлэбин эдэр чинчийээччилэргэ аныыбын” диэбитин туоһута – чопчу сүбэтэ-амата элбэҕэ. Холобур, “көрдүүр-булар үлэ сөптөөх кэмэ – атырдьах уонна балаҕан ыйдара. От-мас үлэтэ үмүрүйэн, дьон холкутуйар кэмэ. Үүнээйи хагдарыйан, сир үрдэ үчүгэйдик көстөр”, – диэн сүбэлээн этэр.

Аахпыт дьон, бука: “Баһылай Баһылайабыс сиэри-туому тутуһан сылдьар буолан, археологияҕа ситиһиилээх эбит”, – диэн бэлиэтиэхтэрэ. “Чахчы, тулалаан турар эйгэбит иччилээх, тыыннаах (“мин” диэннээх)”, – диэн билинэн, Василий Васильевич сахалыы сиэри-туому тутуһан баран биирдэ көрдүүр үлэтин ыытарын кэпсиир. “Арыт ким эрэ ыйбытын курдук, хааман тиийэн туох эрэ былыргыны булаҕын. Куйааһы, бырдаҕы тулуйан, кытаанах туой буортан саллыбакка өсөһөн үлэлээтэххэ, саҥа арыйыылаах түмүк тахсара саарбахтаммат” диэн бу идэ уустугун, ситиһии сыралаах үлэттэн тахсарын этэр.

Ханнык булар ньымалар баалларын кэпсиирэ сүрдээх интэриэһинэй. Урукку чинчийээччилэр сүрүннээн, олохтоохтортон ыйытан хаһар эбит буоллахтарына, билигин археолог аҥаардас бэйэтин билиитигэр-уопутугар, кэтээн көрүүтүгэр, толкуйугар, ону кытта интуициятыгар эрэнэр. Саха биир биллэр археолога И.В. Константинов киһи уҥуоҕун эргиирин, иин омоонун бэлиэтии көрөн, араас дьикти көмүүлэри булаттаабытын ахтар.

“Билигин көрдүүр сүрүн ньыма дьон былыр ханан олорбуттарын көрдөөһүн буолар. Онтон сирдэтэн, киһини харайар сир туһаайыытын булуохха сөп эбит. Тумуллары кэрийии булгуччулаах (...) Археология өйдөбүнньүктэрин биир сүрүн көрдүүр ньыма – булгунньаҕы болҕойон көрүү. Археологтар хайаатар даҕаны кэпсээҥҥэ киирбит ытык сирдэри кэрийэн көрүөхтээхтэр. Киһи кута-сүрэ тохтуур сиригэр араас сиэр-туом ыытыллара чахчы. Урут дьонтон истэр этим: “Чочур Мыраан үрдэллэригэр боотуру уһуйаллара”, – диэн”.

Мин аныгы көрдүүр технологияны атыҥырыы көрөбүн, сатыы сири кэрийэн буларбын ордоробун. Сир үөһээ дьапталҕата, араас ис-тас дьайыыттан уларыйарын түмүгэр, былыргы дьон көмүүлэрэ киһи хараҕар кыайан көстүбэттэр (дрон туһалаабат). Сүүһүнэн тыһыынчалаах саҥа технологияны атыылаһар харчы суох.

Таарыччы санаттахха, Арассыыйа үрдүнэн, археология эспэдииссийэтигэр биир киһиэхэ аһылыкка 100 солк. көрүллэр. Саха сиригэр ГЧИгэ биирдэ эмэ үлэлээтэхпинэ, ыйга 5000 солк. төлөбүр ылааччыбын”, – диэн суруйар. Оннук буолан, идэлэригэр чахчы бэриниилээх дьон хаалан үлэлии сырыттахтара эбээт!

Ханнык баҕарар эспэдииссийэ түмүгэ – туох эрэ саҥа арыйыылар, сонун булуулар. Онно олоҕуран, устуоруйа ханнык эрэ кэрдииһин чуолкайдааһын эбэтэр, атыннык көрүү олуга ууруллар. Саха-француз эспэдииссийэтин түмүгэр ханнык саҥа арыйыылар көһүннүлэр?

Холобур, В.В. Попов “сахалар өлбүт киһини сиргэ көмөллөрө былыргыттан туттуллар харайыы көрүҥэ буолара билиннэ” диир.

Эбэтэр, “Биир саҥа арыйыы – сүөһүнү көмүү. Саха итэҕэлигэр, элбэх төрүөҕү биэрбит оҕуһу, киһи курдук майгылаах, таптыыр ынахтарын киһилии харайар буолуохтарын уруккуттан даҕаны сабаҕалыырым. 2007 сыллаахха Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгэр толук биэрбит эбэтэр ытыгылаан харайбыт оҕустарын уҥуоҕун булбутум.

Онон ХV үйэтээҕи сүөһү, ат көмүүлэригэр олоҕуран быһаардахха, сахалар соторутааҕыта (XIII-XIV үйэлэргэ) Прибайкальеттан кэлбиттэр диэн быһаарааччылар сыыһаллар. Кэлии дьон биир-икки ый иһигэр эмискэ хайдах даҕаны байбаттар. Оттон итинник ытыгылаан харайыы – элбэхтэн, баайтан тахсар көстүү. Баҕар, профессор Габышев “Якутская лошадь” үлэтигэр “По всей вероятности якуты, поселившиеся на новых местах, смогли заняться сразу же табунным коневодством, уже располагая аборигенными лошадьми, одомашненными ранее коренными жителями” диэн сөпкө бэлиэтиирэ буолаарай?” – диир.

Маны таһынан, былыргы сахаларга өлбүт киһини уматалларын туһунан үһүйээннэргэ баар эрээри, археология булуута бигэргэтэ илигэ. Ону 2010 сыл Үөһээ Дьааҥы Боронугун таһыгар киһини харайыыны булан ылбытын суруйар. Онон былыр сахаларга киһини уматыы сиэрэ-туома баарын археологическай хаһыы бигэргэппит.

  • сэргэ эспэдииссийэ Томтортон чугас (Өймөкөөн улууһа) Саха сиригэр бастакы таба көмүүтүн булбут. “Сахатааҕар табаны эбэҥки ордороро чахчы. Кинилэр Саха сиригэр Орто үйэтээҕи олохторун-дьаһахтарын археология баччааҥҥа диэри үөрэтэ илик. Онон билбэппит элбэх”, – диэн билинэр.

Кинигэ “Ат (сылгы) көмүүтүн сиэрдэрэ-туомнара” диэн бастаах ыстатыйата саамай элбэх холобурдаах, чахчылаах. “Былыр сахалар киһини көмөллөрүгэр аты “анараа дойдуга” айанныыр көлө курдук уонна сылгынан байан олоруохтара” диэн толук сылгыны бэйэтинэн эбэтэр эттээн ыыталлар эбит. Үөһээ Айыыларга аты буолбатах, сылгыны толук биэрэллэрэ”.

Аны, урут сахаларга ыты көмүү көстө илигэ. Тааттаҕа Маайа Ботуойата диэн сиргэ холомо (ураһа) дьиэ иһигэр икки ыты (атыыр уонна тыһы) хоонньоһуннара сытыарбыттарын булбуттар. “Хас биирдии ыт үрдүгэр оҕо биһигэ таҥнары ууруллубут. Сиэр-туом оҕо өлүүтүн тохтотуутугар анаан тэриллибитэ тута өйдөнөрө. Ыттар төбөлөрө хоту хайысхалаахтара – дьаҥы-ыарыыны үтэйии сиэрин-туомун илэ көрдүбүт”.

Маны таһынан, ааптар саха итэҕэлинэн киһини харайыыга түҥ былыргы ханнык сиэр-туом көстүбүтүн ырытан суруйара элбэх. Холобур, сиргэ өлүгү харайыы, өлүк атаҕын хатыйа ууруу... Ол быыһыгар Василий Попов урукку археологтар булумньуларын эмиэ холобурдуур. Холобур, Дыгын ойбоно көлүйэ аттыгар буор булгунньахха былыргы киһи көмүүтүн көрөн, Николай Якутскай соһуйбутун ахтар: “Дьиктиргиэм иһин, хоруоп иһэ толору хара буорунан туолан сытара”. Итинник сиэр-туом урут тэнийэ сылдьыбыт эбит.

Аны, киһи көмүүтүгэр уоту туттуу, киһини сир ньуурунан батыһыннара сытыарыы, өлбүт киһини туос тэллэхтээһин уонна сабыы, эбэтэр туоска суулааһын, өлүгү көхсүнэн сытыарыы, илиилэрин уһаты ууруу – бу былыргыттан туттуллар сиэрдэр-туомнар.

Тэбиэх, ол иһигэр куорчах (холбо) уонна аты араастаан харайыы ньымата (ордук сиргэ көмүү) скифтэр, гуннар саҕаттан тарҕаммыт сиэрдэр-туомнар. Арааһа, кэлии дьон төрүт олохтоохтору кытта булкуһууларын түмүгэр, сорох саха XV-XVIII үйэтээҕи киһи көмүүлэригэр түҥ былыргы сиэрдэр-туомнар бэлиэтэнэллэр быһыылаах.

“Наука ситимнээх, чинчийиллибит чахчылары билинэр, онно олоҕурар (...) 2022 сылга тахсыахтаах “Саха сирин историятыгар” түүр тыллаах омуктар Өлүөнэ өрүс орто тардыытыгар олохсуйууларын б.э. VI-VIII үйэлэринэн ыйыахтара. Сорох чинчийээччилэр Өлүөнэ өрүс очуостарыгар руна суруктарын б.э. VIII-X үйэлэригэр сыһыараллар. Бу улахан археологическай арыйыы, ситиһии.

1990-с сылларга “проникновение первых скотоводческих групп в бассейн Средней Лены началось в XIV» диэн историческай түмүк тарҕана сылдьыбыта.

Билигин наука үлэһиттэрэ түүр тыллаахтар Саха сирин VI-VIII үйэлэргэ баһылаабыттара диэн билинэллэр. Саха хойукку орто үйэтинээҕи көмүүлэригэр түҥ былыргы сиэр-туом көстөрө – Эллэй, Омоҕой, хоролор, туматтар, атын да кэлиҥҥи кэлии дьон (12-14 үйэлэр) саха олоҕун (көмүү сиэрин-туомун) тосту уларыппатахтарын ыйар. Кэлии уонна төрүкү олохтоох биис уустар булкуһууларын түмүгэр “саха” дэнэр эдэр омук үөскээһинэ XV-XVI үйэлэри хабар. Онон саха биир сомоҕо норуот быһыытынан үөскээһинин быһаарыыга кэлтэйдии олохтоох (автохтоннай) эбэтэр кэлии (миграционнай) диэн түөрүйэни тутуһумуоххайыҥ.

Нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн (түүр тыллаахтар V-VIII үйэлэртэн) тыһыынчанан сыллар тухары түөлбэлээн олорбут сахалары олохтоох омук курдук саҥарар, кэпсиир кэм кэллэ”, – диэн этэр ааптар. Оттон эспэдииссийэ түмүктэрэ ону кэрэһилииллэр. Ол да иһин кини: “Кырдьаҕас омук, атын омуктары кытта булкуһан тылын, култууратын, итэҕэлин сүтэрбэккэ, эдэригэр түһэр эбит. Саха бэйэтин билинэр, иннин көрүнэр, туруулаһар омук. Ол туоһутун, чахчылары биһиги билигин бары эйгэҕэ ситиһиилэрбитигэр көрөбүт. Өбүгэлэрбит былыргы олохторун булан, киэн туттуоххайыҥ, историябыт ааспыт, билиҥҥи, кэлэр кэмнэрэ быстыспат ситимнээхтэрин тутуһуоххайыҥ”, – диэн түмүктүүр.

***

Василий Попов: “Кинигэбин кэлэр чинчийээччилэргэ анаан суруйдум”, – диэбит. Кырдьык, биирдэ эмэ алтыстахха, биһиги былыргы устуоруйабытын үөрэтэр сахалыы тыыннаах, өйдөөх-санаалаах исписэлиистэр суох буолан иһэллэр, эдэр устуоруктар сахалыы да билбэттэр диэн хомойорун ахтан аһарааччы. Онон саха биир чулуу археолога кэнэҕэски көлүөнэ археологтарга, дьонугар-сэргэтигэр, чахчы, дьоһун бэлэҕи оҥордо.

Кинигэни “Көмүөл” кинигэ кыһата (дириэктэр Борис Павлов) 300 ахсаанынан (бу, чахчы, наадалаах кинигэҕэ аҕыйах буолуо дуу?) таһаарда. Кинигэр Ярославскай аатынан түмэл киоскатыгар атыыланар. Ааҕыҥ, кэрэхсээҥ, туһаныҥ!

Нина ГЕРАСИМОВА.

Category: Саха | Views: 1243 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024