– Клавдия Ивановна, эн идэлээх киһи быһыытынан туоһу ылыы сиэрэ-туома хайдах оҥоһулларын бэркэ билэр буолуохтааххын?
– Туос үчүгэйдик хоҥнубут кэмигэр, ортотунан бэс ыйын бүтүүтүттэн от ыйын ортотугар дылы хастанар. Туос эрдэ кэлбит дьылга эрдэлээн, хойутаабыт дьылга хойутаан хоҥнор. Кураан сайын болдьоҕун иннинэ сыстан хаалар, онон ардахтаах сайын атырдьах ыйыгар диэри туоһу хастыахха сөп.
Туос хастанар болдьоҕо дойдуҥ хоту-соҕуруу баарыттан эмиэ иннин-кэннин диэки сыҕарыйан биэриэн сөп. Күлүк сиргэ үүммүт хатыҥ туоһа хойут хоҥнор. Туоһу хастыыр болдьох биир бэлиэтинэн хатыы (шиповник) сибэккитэ ситиитэ буолар.
Туоһу хастыырга саха быһаҕа, эбэтэр сытыы төбөлөөх быһах туттуллар. Үчүгэй туос диэтэххэ, мас тэмэлдьитин алдьаппакка хайа баһыллар уонна оргууй быһах төбөтүнэн араарыллар. Хайа суруйбут сирбитин хатыҥ бэйэтин буорунан-сыыһынан абырах курдук сотон кэбиһэҕин, оннук түбэлтэҕэ хатыҥ өлбөт. Хастаммыт туос уорҕата халыҥ, өрөҕөтө ыраас, мутуга суох, хабырыттаҕаһа элбэх буоллаҕына үчүгэй туос аатырар. Туоһу хастаан баран дьиэҕэ киллэрэн суулаан, эбэтэр пластаны бэйэ-бэйэтин үрдүгэр ууран пресстээн умуһахха уураҕын. Оччоҕо туос дьүһүнэ тупсар. Харатыҥы саһархай өҥнөннөҕүнэ бөҕөргүүр. Туоһу хастыах иннинэ сири-дойдуну арыылаах алаадьынан аһаталлар, алҕаныллар. Сиртэн-дойдуттан көрдөһөн, көҥүл ылан эрэ баран туоһу хастаныллар. Манна наһаа күүстээх церемонияны ыыппакка, ким хайдах саныырынан, өйдүүрүнэн айылҕаны аймаабакка көрдөһөллөр. Туоһу бэлэмнии хастыы барыах иннинэ лесхозтан көҥүл ыларын булгуччулаах.
– Оттон хастаныллыбыт туоһу хайдах харайабытый?
– Хастаныллыбыт туоһу харайбакка хоннордоххо туос үрүҥ өттүн диэки эриллэн, түүрэ тардыбытынан барар. Онон дьиэҕэ аҕалаат да харайар ордук. Туос иһити тигэргэ чапчааһыҥҥа уонна куругар өҥнөөх туос наада буолар. Туоһу сыстыбытын кэннэ, о.э. атырдьах ыйын ортотун диэки хастаан ыллахха, туос ис өттүгэр тэмэлдьи диэн ааттанар чараас хос араҥалаах буолар. Тэмэлдьилээх туоһу сытыара түстэххэ өҥө уларыйан бороҥ туос буолар.
– Туоһунан киэргэли, иһити, малы-салы оҥоруу туох уустуктардааҕый? Төһө үйэлээҕий?
– Туоска тигии, оҥоруу таҥаска үлэлиирдээҕэр чыҥха атын. Талбытынан имигэстик тутан туоһу ойуулуур, тигэр уустуктардаах буоларын хас биирдии киһи үксэ билэр буолуохтаах. Илииигинэн иһит-хомуос тигэргэ, киэргэл оҥорорго, идэтийиигэ элбэх үлэ эрэйиллэр уонна баҕа наада. Туоһунан оҥоһук эмэҕиримтиэтэ суох, үйэлээх буолар. Күн бүгүнүгэр диэри археологтар сүүһүнэн сыллар аннараа өттүлэригэр көмүллүбүт, туоһунан хамса курдук чороччу эриллибит дьон уҥуохтарын булуталыыллар.
– Аны туоһу хастаан баран сатаан харайбатым, туһамматым, оччотугар тус бэйэбэр куһаҕаны дьайбат дуо?
– Туоһу сөрүүн сиргэ уурар ордук. Итии, наһаа кураанах сиргэ туос хатан тосто, хайда сылдьар буолар. Итинник туоһу сылаас ууга уган, сымнатан эрэ баран туттуохха сөп. Туостан тигэр, оҥорор иистэнньэҥ сыллааҕы соҕотуопкатын бэйэтэ үлэтин объемуттан көрөн хастыыр. Хатыҥ киһи доруобуйатыгар улахан сүҥкэн суолталааҕын бары билэбит. Ол курдук Мандар эппитинии «туоһунан иһит тигээччилэр уһун үйэлэнээччилэр» диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрин туоһулуур. Кини билэр туосчуттара бары уһун үйэлээхтэр эбит. Онон туос туттуллубакка да хааллаҕына, киһи доруобуйатыгар куһаҕаны дьайбат дии саныыбын.
– Оһуор наһаа элбэҕи кэпсиир. Хас биирдии оһуор суолталаах. Ону туоска ойуулуургутугар төһө тутуһаҕытый?
– Хас биирдии оһуор туспа кэпсиирдээх, суолталаах. Ону таһынан бу ойуулар киһи айылҕа оҕото буоларын туоһулуур дириҥ ис хоһоонноохтор. Туоска ойуулуурбутугар оһуордары тутуһабыт. Манна хас биирдии иһити, киэргэли оҥорорбутугар быһыытын, ойуутун-оһуорун син биир көрөҕүн. Холобур, кийиит кыыска маллаах иһити бэлэхтииргэ оһуорун арыый намчы, кэрэ соҕус оҥороҕун. Онтон саастаах ийэҕэ, эбээҕэ оһуорун арыый уустук, хойуу гынан биэриллэр. Тоҕо диэтэххэ бу ийэ буолан төрөөн-ууһаан ууһун тэниппит диэн бэлиэ буолар.
– Клавдия Ивановна, инникитин туох былааннааххын уонна туоһунан дьарыктаныан баҕалаах дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Туос тигиитин ымпыгын-чымпыгын, кистэлэҥин билиҥҥэ диэри илдьэ кэлбит аҕыйах киһи баар. Кинилэр билиилэрин-көрүүлэрин, идэ кистэлэҥнэрин тугу да мүччү түһэрбэккэ харыстаан хаалларан, сүппүтүн сөргүтэн, өссө байытан иһэр сорук турар. Туос иһити талахтаан-силистээн, ойуулаан-мандардаан тигии аан дойдуга биһиэхэ сахаларга эрэ баар. Ону сүтэрэн, симэлитэн кэбиһэрбит хайдах да табыллыбат. Билигин син улуус аайы туоһунан дьарыктанар оҕолору, улахан да дьону үөрэтэр биирдиилээн дьон баалларыттан үөрэбин.
Аныгы үйэ хаамыытынан диэххэ дуу, билигин интернет ситимигэр, ватсап нөҥүө сахалыы таҥастан туоска тиийэ иис группалара бааллар. Онно үөрэниэн баҕалаах эдэр ыччаттан саҕалаан ийэлэр, эбэлэр бааллара үөрдэр. Ол кэрэхсэбиллээх суол. Онон туоһунан дьарыктаныан баҕалаах дьоҥҥо этиэм этэ, өбүгэлэрбит умнуллан эрэр иистэрин сөргүтэн билиҥҥи да, инники да көлүөнэлэргэ бу үтүө үгэспит хааларыгар, өссө үчүгэйдик сайдарыгар бары үлэлэһиэххэйиҥ, саха норуотун материальнай култууратын быстыспат сорҕото буоларын бары өйүүргүтүгэр ыҥырабын.
Любовь ПОРТНЯГИНА.