Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [399]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [554]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [223]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [376]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [464]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » От ыйа » 24 » Ил Түмэн быыбарын иннинэ – саха кэскилин туһунан
Ил Түмэн быыбарын иннинэ – саха кэскилин туһунан
09:26

mit1

Саха омук кэскилин туһунан үөһээнэн-аллараанан торумнаһыы бөҕөтө буолар. Бары ол туһугар “ыалдьар” курдукпут даҕаны, чопчу толкуйу булуох быһыыбыт суох. Оттон балаҕан ыйыгар былааска бэйэбит бэрэстэбиитэллэрбитин талыахтаахпыт.

Кэпсээнтэн кэпсээн, сэһэнтэн сэһэн диэбиккэ дылы, дьону хамсатыах айылаах тумус дьоммут бары даҕаны үлэ бөҕөнү үлэлииргэ, этии-тыыныы бөҕөтүн тыбыырарга дылылар даҕаны, аны уһаатаҕына биэс уонча, “остуоруйаҕа тиийдэҕинэ” сүүсчэкэ сылынан саха омук ордор ордубат боппуруоһа турар чинчилээх. Хайы үйэ билигин даҕаны “хаачыстыба” өттүнэн букатын атын сахалар үөскээтилэр. Өй-санаа, тыл-өс, сиэр-майгы, быһыы-майгы өттүлэринэн, бэл, тас дьүһүннэринэн. Ол куһаҕан буолбатах, кэм-кэрдии ирдэбилинэн, тас эйгэ уларыйыытыгар сөп түбэһиннэрэн буоллаҕа.

Тыл дьылҕатын кэлимник көрдөххө

Холобур, ийэ тыл боппуруоһа. Тыл атарахсыйыыта — омук эстэр суолга киирэр, симэлийэр, “тыал буолар” бэлиэтэ.

Ол гынан баран, тыл иһин киирсиибит оскуола тула эрэ эргийэргэ дылы — саха оҕотун оскуола саха оҥороругар дылы. Бырастыы гыныҥ, саха оҕотун саха дьахтардаах эр киһитэ оҥорон таһаарар буолаллара, былыр! Суорҕан анныгар. Оскуолаҕа саха классиктарын аҕыйах айымньыларын үөрэппитинэн оҕо саргылаах саха буолан барбат. Табылыннаҕына, сорох оҕо уон сыл устата биир айымньыны толору аахпакка да оскуоланы бүтэриэн сөп. Оннук оҕо аҕыйах дии саныыгыт дуо? Грамматика быраабылаларын туһунан этэ да барыллыбат — оскуола кэнниттэн ону өйдүүр урааҥхай аҕыйах буолуо оҥоробун.

Онон тугу этээри гынабыный? Тылы туруулаһыыны оскуола эрэ тула онолуйууга кубулутуу боппуруоһу туора хайыһыннарарга тэҥнээх быһыы! Түөкүннээһин! Дьон санаатын иирдэн аатыра сатааһын.

Судаарыстыбаннай тылы сайыннарыы – судаарыстыба эбээһинэһэ! Ханнык да бэйэлээх уопсастыбаннай хамсааһын ону быһаарар кыаҕа суох. Судаарыстыба эрэ тыл сайдарыгар сөптөөх усулуобуйаны оҥорор кыахтаах. Ону кытта норуот.

Норуот диэн кимнээҕи этэбиний? Расул Гамзатов эппитинии, “хайаҕа норуот олорор, куораттарга – нэһилиэнньэ”. Биһиэхэ эмиэ оннук: нэһилиэнньэ оҕотун иитиини оскуолаҕа сэлээнниир, оттон норуот оҕотун кытта дьиэтигэр-уотугар сахалыы кэпсэтэр. Ол быһыытынан, нэһилиэнньэ тэрийбит уопсастыбаннай хамсааһына салгыны эрэ сатарытар дьылҕалаах. Норуот ыһыытыы-хаһыытыы, сулана-кэлэнэ сатыа суохтаах — норуот хаһаайын быһыытынан талыахтаах эрэ. Норуот бэрэстэбиитэллэрин. Бу олус “чараас” уонна суолталаах боппуруос.

Чуолаан, норуот былааска бэрэстэбиитэлэ, ол эбэтэр, Ил Түмэн дьокутаата боппуруоһу көтөҕүөхтээх. Оскуола эрэ тула онолуйбакка.

Ол эбэтэр, боппуруос маннык туруохтаах: хайдах гынан өрөспүүбүлүкэ иккис судаарыстыбаннай тылын олоххо тыын наадалаах оҥоробутуй? Дьон-сэргэ дьокутааттарыгар оннук накааһы биэриэхтээх. Туһааннаах сокуоннары көҕүлүүллэригэр, ону ылыналларыгар. Судаарыстыбаннай тылы сайыннарыыны ханнык да федеральнай сокуон хаарчахтаабат — дьокутааттарбыт эрэ онно үлэлиир нэҥирдэрэ суох. Оттон федеральнай киин ылыммыт сокуоннарын “сахалыы тылбаастыырга” бүтүн парламент туохха нааданый?

Бастатан туран, Ил Түмэн мунньахтара икки тылынан баралларын хааччыйар утары тылбаас баар буоларын курдук Ил Түмэн регламеныгар уларытыы киириэхтээх. Булгуччулаах. Ону ханнык эрэ “норуот дьокутаата” туруоруста дуо? Суох. Тоҕо? Ил Түмэҥҥэ норуот дьокутааттара суохтар — нэһилиэнньэ дьокутааттара барбах бааллар. Киһи аахсыбат дьоно.

Иккиһинэн, дьыала-куолу икки тылынан оҥоһулларын курдук, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэ барыта тылбаасчыттаах буолуохтаах. Дьон тугу наадыйарын барытын сахалыы быһаарсар кыахтанарын курдук.

Үсүһүнэн, судаарыстыбаннастаахпыт диир буоллахпытына, судаарыстыбаннаһы кэрэһилиир тыллар бары сахалыы тылбаастаныах тустаахтар. Этэргэ дылы, аан дойдуну “символлар” тутан олороллор. Оттон биһиги баччааҥҥа диэри “бырабыыталыстыба”, “бэрэсидьиэн”, “миниистир” диир буоллахпытына, судаарыстыбаннаспыт суолтата былыт курдук буолар — сороҕор тахсан кэлэр, сороҕор дьайҕаран хаалар. Үтүктээйитэ көстө сылдьар. Атын түүр омуктартан “уларсыы” даҕаны буоллун эбээт. Ил Түмэн диэн үчүгэй баҕайы ааттааһын толкуйдаммытын курдук.

AsEFCJn0gJ0

Атыннык эттэххэ, бастаан Ил Түмэн сахалыы саҥарыахтаах. Ол кэнниттэн атын да тэрилтэлэр тардынан барыахтара. Оттон оскуола ханна барыаҕай — норуот баар сиригэр син биир сахалыы үөрэтиэхтэрэ, оттон куорат нэһилиэнньэтигэр ол мэлдьи итэҕэс буолуо. Бэйэтин мэлдьи итэҕэстик сананар нэһилиэнньэ хараҕа хаһан да туолбат. Эмиэ Расул Гамзатов норуотун оҕонньотторо туох дииллэрин суруйбута баарын тиэрдэбин: “Ким айаҕын айдааныгар олоруон баҕарар, аллараа (куораттарга) түһэр, оттон ким дууһатын иһин олоруон баҕарар — хайатыгар хаалар”.

Кыынньа сылдьар кыах наада

Саха кэскилин бытархай боппуруостарга муннаран кэбиһии биир холобура — биэнсийэ боппуруоһа. Биэнсийэҕэ түөрт уон да сааспытыгар тахсыбыппыт иһин, кэскилбит кэҥиир кыаҕа суох.

Дьыала демография боппуруоһугар сытар. Онон-манан буутайдаппакка этиэххэ наада: биэнсийэ боппуруоһа дьахтар төрүөҕүттэн тутулуктаах.

Оҕо төрөөбөт, ыччат элбээбэт, үлэһит илии, нолуок төлөөччү ахсаана аҕыйаан иһэр буоллаҕына, кэскилбит хантан кэҥээн иһиэҕэй?

Чечня баһылыга Рамзан Кадыров, эдэрин көрүмэҥ, олус муударай киһи эбит. Кини чопчу көрөр: чечен норуотун кэскилэ — ахсаана элбээһинигэр! Атына барыта күҥҥэ биэстэ хаҕыланар, күҥҥэ биэстэ уларыйар дуй. Сороҕо күлүмүрдэс, сороҕо хатырык кэриэтэ тас хах.

mit3

Ол иһин кини Чечняҕа уонна Кавказ атын өрөспүүбүлүкэлэригэр икки ойохтоох буолууну көҥүллүүллэрин туруорсар. Мусульман итэҕэллээхпин эрэ диэн буолбатах, ала чуо оҕо төрөөһүнүн элбэтээри, омугун кэскилин хаҥатаары. Биһиги биир улуу киһибит, филология билимин дуоктара, тюрколог Н.К. Антонов саха омук ахсаанын элбэтэр туһунан толкуйдарын кытта дьүөрэлии быһыы.

Элбэх ойохтонуу саха төрүт үгэһигэр баар быһыы. Онтон баччааҥҥа диэри “одьулуун ойох” эрэ диэн өйдөбүл ордон хаалбыт.

  • оҕону, улахан дьиэ кэргэни иитии-аһатыы чэпчэкитэ суох дьыала. Ону кыайа тутар кыахтаах эр киһи хаһан баҕарар аҕыйах, онон кыахтаах эр дьоҥҥо эрэ сүктэриллэр — дьон төрдө буолар эбээһинэс. Төрдө-ууһа туораах курдук тобуллан томтор сиргэ тахсыбыт, тараан буолан тарҕанан тараҕай сиргэ тарҕаммыт киһи, дьэ, чахчы кыаҕырар, кини аҕатын ууһа үйэ-саас тухары “бөө” диир кыахтанар. Кыра кыахтаах киһи биир ойоҕунан сөп буолар — элбэххэ баҕарбытын иһин иитэр кыаҕа суох. Бу олох сокуона.

Ханнык баҕарар омук эдэр ыччата элбэх буоллаҕына эрэ кэскиллээх. Лев Гумилев пассионарийдар тустарынан түөрүйэтэ онно олоҕурар: ыччат кыынньа сылдьар кыамтата үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥоруон сөп.

Ханна да тиий, элбэх ыччаттаах Кавказ дьоно баһылыыр-көһүлүүр ухханыгар сылдьаллар. Сибииргэ саамай элбэх төрүөхтээх тывалар эмиэ аармыйаҕа буоллун, киин куораттар устудьуоннарын ортотугар буоллун, эмиэ “баппат” айдааннаахтар. Бу ыччат “кыынньа сылдьар” кыамтатын дьайыыта буолар. Ону сөптөөх хайысхаҕа хайыһыннаран биэриэххэ эрэ наада.

Быстах дьаһаныы – хайдыһыы төрдө

Биһиэхэ быстах дьаһаныы барар. Этэргэ дылы, “фрагментарнай” өй-санаа баһылаабыт. Барытын биир “мозаика”, оҥоро сатааһын кыаллыбат. Ол курдук, тылы туруорсуубут оскуоланан муҥурданар. Биирдэ баран эттэххэ, биһиги дьоппуоннар, кытайдар эбэтэр Азия атын омуктарын курдук “төрүт оскуолабыт” суох, оттон европалыы тэрээһиннээх, европалыы билиини-көрүүнү биэрэр оскуола саха төрүт үгэһигэр (традиционный образ жизни) барсыбат, онон саха оҕото саха буоларыгар улахан дьайыыта суох диэри гынабын.

Бу хайдыһыы төрдө. Сорох оҕотун нууччалыы үөрэтэ сатыыр, сорох сахалыы. Хайаларын да иһиттэххэ сөпкө туруорсарга дылылар. Боппуруос кэлимник быһаарыллыар диэри бу оһол-төрүөт төрдө буолуоҕа.

Туох барыта дьон-сэргэ “норуокка” уонна “нэһилиэнньэҕэ” хайдыытыттан саҕаланар. Ол курдук, нуучча норуотун элиитэтэ уонна кыра-хара дьоно Петр I саҕаттан, ол эбэтэр 18 үйэттэн саҕалаан икки тус туһунан омук кэриэтэ олорон кэлбитин түмүгэр, 20 үйэ саҥатыгар быһыы-майгы өрөбөлүүссүйэ туругар диэри тыҥаабыта. Ити кэмҥэ дворяннар үксүн француз тылынан саҥараллара, оҕолорун омук гувернердара иитэллэрэ, салгыы кыраныысса таһыгар олороллоро, үөрэнэллэрэ. Нууччалыы саҥардахтарына да, ону кыра-хара дьон өйдөөбөтүн тэҥэ этэ. Быһата, элиитэ уонна норуот тус-туһунан “саарыстыбаларга-судаарыстыбаларга” олороллоро диэххэ сөп.

Сэбиэскэй былаас эстэрин саҕана баартыйа уонна норуот тус-туһунан хайдыбыттара мэлдьэх буолбатах. Ону ааһан, уопсастыба ортотугар дириҥ хайдыһыы баара. Бу туһунан 80-с сыллардааҕы публицистика, туох да омуна суох, “хаһыытаан” олороро эбээт! Ол саҕанааҕы “Литературная газета”, “Комсомольская правда”, “Известия”, “Труд”, бэл, “Пионерская правда” хаһыаттары ааҕыҥ. Билигин Нобель лауреата буолбут Светлана Алексиевич эппитин курдук, “хас биирдии көлүөнэ бэйэтэ эстетикалаах”. Ол эстетика көлүөнэлэр ситимнэрин быһар буоллаҕына, алдьархай ааҥнаабытын курдук санаан кэбиһиҥ.

Белорусm, омук чулуу уола Алесь Адамович “Литературная газета” 1987 с. тохсунньу 1 күнүгэр тахсыбыт “Против правил? О новом мышлении и адекватном слове” ыстатыйатыгар ол кэмнээҕи литератураны ырытар эрээри, олохтон чаҕылхай холобурдары аҕалар. Ол курдук, дьоһуннаах суруйааччы Федор Абрамов “Деревянные кони” диэн тыа сирин ойуулуур сэһэнин Таганкатааҕы тыйаатыр Ленинградка көрдөрбүтүттэн аймаммытын кэпсиир. Суох, тыйаатыр куһаҕаннык туруорбутуттан буолбатах, көрөөччүлэр хайдах ылыммыттарыттан. “Түүн төлөпүөннэстибит. Федор тымныйан кэһиэҕирбит куолаһынан хайдах курдук мөҕүттүбүтэй: “Эн сааланы көрбүтүҥ дуо?” — “Мин сыананы көрөн олорбутум”. — “Сыананы дуо? Сааланы көрүөхтээх этиҥ!” — диэн ахтар Адамович.

Дьэ, Абрамов туохтан аймаммыт эбитий? Көрөөччүлэр тыа дьонун туһунан испэктээкили букатын атыннык, ханнык эрэ ыраах экзотиканы курдук ылыналларыттан. Бэл, “дэриэбинэни” аһыйаллара, өйдүү сатыыллара киһи өһүргэниэх курдугуттан.

Оттон саха омук 90-с сыллааҕы араллааҥҥа, үксэ тыа сиригэр олорор буолан, улаханнык хайдыбатаҕа. Төттөрүтүн, сомоҕолоһуу баар курдуга. Оттон билигин хайдаҕый?

Атыннык эттэххэ, саха омук “норуокка” уонна “нэһилиэнньэҕэ” арахсыыта хайдаҕый? Ону бу олорон быһа этэр кыаллыбат эрээри, сыллата дириҥээн иһэрэ чуолкай. Кыра омук “норуоттан” “нэһилиэнньэҕэ” көһүүтэ хайаттан таас суулларын кэриэтэ түргэн уонна өрүһүлтэтэ суох буолуоҕа. Ол эстии бигэ кэрэһитэ.

4f385100 550f 4794 9975 a97372ed29ad e1518861528635

Үс туруорсуу

Онон Ил Түмэн саҥа састаабын талаары олорон, хандьытааттарга судаарыстыбаннай суолталаах үс боппуруоһу туруоруох тустаахпыт.

1H2R08541

Бастатан туран, судаарыстыбаннай саха тыла хас биирдии саха киһитин олоҕор наадалаах буоларын хааччыйар сокуоннары көҕүлүөхтээхтэр. Саха тыла күннээҕи олоххо наадалаах буолуохтаах! Оччоҕуна эрэ дьон сахалыы билэ, оҕолорун оскуолаҕа сахалыы үөрэттэрэ сатыахтара. Тыл олоххо наадалаах буола илигинэ, ытааҥ да ыллааҥ, миитиннээҥ да мэнэрийиҥ, син биир эстэр суолтан тахсыа суоҕа. Олоххо быдан наадалаах атын тыл баарын кэнниттэн ким эбии үөрэнэн сордоно сатыаҕай, аныгы үйэҕэ!

Иккиһинэн, саха ахсаанын хайдах элбэтэбит диэн боппуруос судаарыстыба таһымыгар туруохтаах. Кэлии дьон, “гастарбайтердар” суоттарыгар хас эрэ сылынан мөлүйүөн буолуохтаахпыт диэн идиэйэ саханы атын омук быыһыгар суурайа сатааһыҥҥа тэҥнээх. Манна Рамзан Кадыров туруорсуутун, Н.К. Антонов кэс тылын өрө туттахпытына да туохтаах үһү (син биир олоххо киириэ суоҕа да буоллар)? Ханнык да туруорсуу буоллун — саха ахсаанын элбэтиигэ туһуланыахтаах. Истиэххитин иккитэ баҕардаххытына, Кадыров итинник этиилэри киллэрэн ыччатын элбэх оҕолонорго көҕүлүүр. Аныгылыы эттэххэ, бырагыраамалыыр.

Үсүһүнэн, Ил Түмэн дьокутааттара Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сахалыы сиэри-майгыны тутуһуу судаарыстыбаннай бэлиитикэ буоларын хааччыйыахтаахтар. Тоҕо диэтэххэ, дьон элбэх оҕолоноро баайыттан да, дьадаҥытыттан да тутулуга суох. Дьон үгэс буолбут сиэри-майгыны (традиционный образ жизни) тутуһар дойдуларыгар эрэ элбэхтик оҕолонор. Ол эбэтэр, саха омук уйатын — тыа сирин сайыннарыы өрөспүүбүлүкэ сүрүн соругунан буолуохтаах.

Tya haaj 643x485

Манна Вячеслав Штыров олус бэркэ этэн турар: өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата биир эрэ соруктаах — тыа сирин сайыннарыы. Бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ бырабыыталыстыбаттан тутулуга суохтар — нолуок син биир хомуллар, бүддьүөт син биир таҥыллар. Оччотугар бырабыыталыстыбаҕа туох хааларый? Тыа сирин сайыннарар соҕотох сорук!

Манна Ил Түмэни эрэ эбэн биэриэххэ сөп. Ил Түмэн уонна бырабыыталыстыба биир эрэ соруктаахтар — тыа сирин сайыннарыы. Саха омук төрүт сиэринэн-майгытынан олорор кыахтаах сирин. Ол аата, элбэх оҕолонор, кэскилин кэҥэтэр дойдутун.

Сүрүннэстэ, сурукка тистэ – Сур.

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1175 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024