News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2018 » Атырдьах ыйа » 4 » Набережнай биир мандаттаах уокуругуттан Ил Түмэн депутатын быыбарыгар киирсэргэ соруммут Николай СЕДАЛИЩЕВЫ кандидат быһыытынан регистрациял
Набережнай биир мандаттаах уокуругуттан Ил Түмэн депутатын быыбарыгар киирсэргэ соруммут Николай СЕДАЛИЩЕВЫ кандидат быһыытынан регистрациял | 08:46 |
Николай СЕДАЛИЩЕВ: “Балыыҥкалаатылар”
Набережнай биир мандаттаах уокуругуттан Ил Түмэн депутатын быыбарыгар киирсэргэ соруммут Николай СЕДАЛИЩЕВЫ кандидат быһыытынан регистрациялыырга аккаастаатылар. Оннук быһаарыыны быыбардыыр хамыыһыйа ылла.
СЕДАЛИЩЕВ партияттан буолбакка бэйэтэ быыбарга киирсэр былааннааҕа, онон 628 киһиттэн илии баттааһын хомуйуохтааҕа. Быыбардыыр хамыыһыйаҕа СЕДАЛИЩЕВ илии баттааһын хомуйан туттарбыт. Ол онтон түбэһиэх 128 киһи илии баттааһынын ылан бэрэбиэркэлээбиттэр уонна 48 киһи илии баттааһынын “дьиҥэ суоҕунан” аахпыттар. Николай ИННОКЕНТЬЕВ этэринэн, УФМС бу 48 киһи пааспарын дааннайа, прописката «дьиҥэ суох» диэн быһаарыы ылыммыт.
“Ол кинилэр (УФМС – аапт. быһаарыыта) докумуоннарын сыыһа-халты учуоттуулларыгар бэйэлэрэ буруйдаахтар! Бэйэлэрэ сыыһа-халты дьон дааннайын суруна сырыттахтара! Иккиһинэн, илии баттааһыны “дьиҥэ суох” диэн этии — сокуону кэһии”, — диир. “Дьон дьиҥнээхтик миигин өйөөн илии баттаабыт буоллаҕа, сымыйанан кинилэр дааннайдарын ылан туһаммытым буоллар илии баттааһыны “дьиҥэ суох” диэн ааҕыахтаахтара. УФМСтар ол 48 киһини булан ыйытыахтаахтар: “Эһиги кырдьык илии баттаабыккыт дуо? Дьиҥнээхтик СЕДАЛИЩЕВЫ өйүүгүт дуо?” — диэн. “Ол прописката атын”, “пааспарын дааннайа сөп түбэспэт” диэн үрдүттэн буруйдаан быыбарга регистрациялаабатахтара сыыһа. Сокуону кэһии!”, — диэн Николай Иннокентьевич иннин кимиэхэ да биэрбэт үгэһинэн кута-симэ “Аартыкка” кэпсээтэ.
Подписной илииһи толоруу бэйэтэ туспа бэрээдэктээх. Бэл, бланканы толорууга уруучука үөһүн өҥө, буочар кынньарыта-ханньарыта барыта учуоттанар. Оттон пааспар дааннайа араастаһар буоллаҕына — олох да кэтэҕэ кээнчэ. Самовыдвиженецтары ол иһин быыбартан туоратар олус дөбөҥ. “Мин дьокутаат буоларбыттан элбэх киһи саллар буолуохтаах, ол иһин ити була сатыы-сатыы туораталлар. Итинник буолуохтааҕын сэрэйбитим. Ол иһин улаханнык соһуйбатым”, — диэн СЕДАЛИЩЕВ этэр. Салгыы СЕДАЛИЩЕВ Уокуруктааҕы быыбардыыр хамыыһыйа быһаарыытын Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа үҥсүөм диэн саанна.
Ол гынан баран, СЕДАЛИЩЕВ соччо тугу да ситиспэтэ буолуо диэн ытырыктатабыт. Тоҕо диэтэххэ, Андрей Саввич БАРЫЫҺАБЫ эмиэ итинник төрүөтүнэн Госдума быыбарыттан туораппыттара. Бэл, былаас кандидатын итинник хатыйбыт буоллахтарына, наар утарытынан сылдьар общественнигы киһилээбэттэрэ чахчы. СЕДАЛИЩЕВТАН тоҕо партияттан быыбарга кыттыбатыҥ диэн сураспыппытыгар: “Миигин “Гражданскай платформаттан” бэйэбэр эппэккэ да эрэн, от ыйын 4 күнүгэр, икки киһи быһаарыытынан, партияттан таһааран кэбиспиттэр этэ. Ити эмиэ сокуону кэһии! Кырдьаҕааһап (региональнай отделение салайааччыта — аапт. быһ.)
Эрнст Березкин Ил Дархан быыбарыгар кыттарын эмиэ атахтаата. Ол иннинэ ГУП “ЖКХ РС(Я) үлэлии барабын, политкомитет сэкиритээриттэн уурайабын диэн сайабылыанньа биэрбиттээҕэ. Өссө бэйэм оннугар Березкины хаалларабын диэннээҕэ. Ол бэйэтэ аҕыйах хонугунан түҥнэри хайыһан буоллаҕа ити… Оттон кини быһаарыа дуо, үөһэттэн соруйдахтара дии “оннук гын” диэн. Миигин эмиэ «партияттан таһаар» диэн дьаһайбыттара буолуо”, — правозащитник кэлэйэн сиргэ силлиир.
Онон Набережнайга, билиҥҥитэ, биир мандааттаах уокурукка эсердэртэн – Иван СТЕПАНОВ кыттар, “единэйдэртэн” – Игорь НИКИТИН, “Гражданскай платформаттан” – Мария ХРИСТОФОРОВА. Экспертэр СЕДАЛИЩЕВЫ быыбартан туоруон иннинэ Игорь НИКИТИҤҤЭ утары турар кыахтаах кандидатынан көрөллөрө. Билигин кинини ким солбуйар? “Ситим” медиабөлөх салайааччыта ХРИСТОФОРОВА эбэтэр урбаан тэрилтэтин салайаачыта, общественник СТЕПАНОВ дуу?
Источник: Aartyk.ru
|
Category: Выборы |
Views: 1019 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 19 Ыалдьыттар (гостей): 19 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|