Бырдах буортутунааҕар туһата элбэх
Туймаада,ру
Бырдаҕы билбэт киһи суох. Бырдах Саха сиригэр ордук өлгөмнүк бэс, от ыйдарыгар үөскээн ааһар, атырдьах ыйынааҕы бастакы хаһыҥнартан лаппа аҕыйыыр. Бырдаҕы сорох дьон нууччалыы таттаран кумаар дииллэр.
Бырдах улахан буортута киһи, сүөһү, араас дьиикэй кыыллар, көтөрдөр хааннарын уулуура буолар. Саха сирин хотугу улуустарыгар, туундараҕа элбэх күөллэрдээх буолан, онно сайын бырдах олус хойуутук, өлгөмнүк үөскүүр. Туундараҕа сайын табалар бырдахтан улаханнык илистэллэр, дьүдэх, мөлтөх табалар бырдахтан өлөр да түбэлтэлэрэ баар буолааччы. Үөнү-көйүүрү үөрэтэр энтомологтар этэллэринэн, бырдахтар үүнээйилэр сүмэһиннэринэн аһылыктаналлар, ол эрээри тыһы бырдахтар киһи, сүөһү, кыыл хааннарын уулаатахтарына эрэ ордук элбэхтик оттоох күөллэр кытыыларыгар ууга сымыыт клеткалары түһэрэллэр. Ол сымыыт клеткалартан тахсыбыт бырдах личинкалара оттоох уу кытыытыгар өлгөмнүк үөскүүр, үчүгэй лупаҕа, микроскопка эрэ көстөр бытархай, амёба, түүпүлкэ о.д.а. инфузорияларынан аһылыктанан сотору улааталлар уонна ол личинкалар бэйэлэрэ араас балыктар искэхтэриттэн саҥа тахсыбыт ылбайдарыгар аһылык буолаллар. Оттон элбэх бырдах личинкалара син ордон, ситэн, уу үрдүгэр окко хатаастан, тастарыгар хитин бүрүөлэнэн куколка буолаллар, оттон ол куколка иһиттэн хитин бүрүөтэ хайдан, сиппит бырдах тахсар.
Бырдах син атын үөннэр-көйүүрдэр үксүлэрин курдук, кылгас үйэтигэр түөртэ дьүһүн кубулуйар: сымыыт клетка, личиинкэ, кууколка, сиппит бырдах диэннэргэ. Бырдах иккис улахан буортутунан малярия ыарыыны (титириир ыарыы) тарҕатара буолар. Титириир ыарыыны тарҕатар бырдаҕы – малярийный комар дииллэр. Ол бырдахтар көннөрү бырдахтан, арыый кэлин өттүлэрэ үрдүгүнэн эрэ уратылаахтар. Малярия бырдаҕа киһиэхэ түһэн тумсун хоботунан дьөлө астаҕына, киһи хаана бырдахха тахсар кэмигэр, бырдах сырааныттан киһи тириитин хааныгар титириир ыарыы вирустара киирэн, салгыы сайыннахтарына, элбээтэхтэринэ киһи малярия диэн ыарыыга сүһүрэн ыалдьар. Бырдахтар тулалыыр айылҕаҕа туһалара элбэх: син атын үөннэр-көйүүрдэр курдук сайын араас чыычаахтарга бэйэлэригэр уонна оҕолоругар аһылык буолаллар, оттоох уулар кытыыларыгар искэхтэрин ыыр, үөскүүр араас күөллэр, өрүстэр, муоралар балыктара бастаан искэх иһиттэн тахсыбыт ыамалара бырдах личинкаларынан эрэ аһылыктаналлар. Өскөтө бырдахтар суох буолаллара буоллар, балыктар элбэх көрүҥнэрэ эмиэ суох буолуохтара этэ. Өссө бырдах баар буолан, сүөһүлэр, кыыллар түргэнник хамсанарга, сүүрэргэ күһэллэллэр, ол кинилэр доруобуйаларыгар туһалаах.
Пантелеймон ДАРБАСОВ.
|