- Спорт
Афанасий Егорович Алексеев СӨ физкултуура-спорт хамсааһынын историятыгар бөдөҥ салайааччы, уҥмат уһун тыыннаах сүүрүк быһыытынан баараҕай кылааты киллэрбит киһинэн биллэр.
Хомсомуол, спорт салайар-тэрийэр үлэлэргэ дьоҕурдааҕын көрөн, эдэр киһини 1977 сыллаахха Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин иһинэн физкултуураҕа уонна спортка кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн өрө таһаарбыттара. Кэлин үс сыл устата Дьокуускай куорат баһылыгын бастакы солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Ити үөһээ таһаарыыга бука Афанасий Егорович бу иннинэ «Урожай» ДСО Саха сиринээҕи салаатын тоҕус сыл устата олус таһаарыылаахтык салайбыта оруолу оонньообута буолуо. Кини уопсастыбаны салайбыт 1963-1971сс., уопсастыба Саха сиринээҕи салаата спорду маассабай сайыннарыыга социалистическай күрэхтэһиигэ түөрт төгүл Арассыыйа Урожай ДСО Киин Сэбиэтин көһө сылдьар Кыһыл Знамятын ылар үрдүк чиэскэ тиксибитэ.
Ити сыллар устата Саха өрөспүүбүлүкэтин тыа оройуоннарыгар 11 оҕо спорт оскуолалара аһыллыбыттара. Саха сирин спортсменнара Арассыыйа, ССРС тыатын сирин спортсменнарын күрэхтэһиилэригэр көҥүл тустууга, боксаҕа, оҕунан ытыыга, дуобакка, саахымакка чаҕылхай кыайыылары ситиспиттэрэ. Ол да буоллар, Афанасий Егорович үлэтин түмүгүттэн толору астыммат этэ. Кини төбөтүгэр урааҥхай саха төрүт оонньууларын өрө тутуохтаахпыт, үрдүк таһымҥа таһаарардыы сайыннарыахтаахпыт диэн санаа ааспат-арахпат ыарыы курдук киирэ турара. “Мин курдук «Урожай» диэн Саха сиригэр сүрүннээн сахалар спортивнай уопсастыбаларын салайан олорор киһи сайыннарбатахпына ким сайыннарыай?”, - дии саныыра.
Дириҥ толкуй кэнниттэн кини төбөтүгэр саха төрүт көрүҥнэригэр үс көлүөнэ (18 диэри, 18-35 саастаах эдэрдэр, 35 үөһээ бэтэрээннэр) спартакиадатын ыытарга диэн бырайыак үөскээн тахсыбыта. Бу боппуруоһу «Урожай» ДСО президиумугар, пленумугар, кэмпириэнсийэтигэр дьүүллэһиигэ туруоран барытыгар күүстээх өйөбүлү ылар, үгүс киһини, учуонайдары кытта кэпсэтэн Баһылай Манчаары улуутун, кини күүһүн-уоҕун, харса суоҕун, дьиҥ чахчы саха патриота буоларын, саха дьадаҥы норуотун туһугар, кинини көмүскүүргэ олоҕун барытын анаабытын чуолкайдык өйдүүр уонна спартакиаданы Манчаары бирииһигэр ыытыахха диэн этии киллэрэн дьон-сэргэ өйөбүлүн биир санаанан ылар. Норуоттан өйөбүлү ылан Афанасий Егорович Мэҥэ Хаҥаласка тахсан, Манчаары төрөөбүт Арыылаах алааһыгар сылдьан дьону кытта кэпсэтэр. Майаҕа Мэҥэ Хаҥалас райисполкомун бэрэссэдээтэлэ М.Е. Попову, райком бастакы сэкирэтээрэ М. П. Габышевы, онтон Дьокуускайга киирэн ССКП Обком бастакы сэкирэтээрэ Г.И. Чиряевы көрсөн ыллыктаах тылынан, дуоспуруннаах толкуйунан Манчаары бирииһигэр бастакы спартакиаданы 1968 сыллаахха ыытарга көҥүл ылар.
Дьэ онон ааспыт сылга Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт хатыламмат, сөҕүмэр саха норуотун сүдү спорт, өрөгөй бырааһынньыгынан, Манчаары 21-с оонньууларынан биһиги Афанасий Егоровичка махталбытын биллэрэн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйабыт. Афанасий Егорович олоҕун суола – бу дьиҥ норуоттан тахсыбыт бөдөҥ салайар дьоҕурдаах, сахалыы толкуйдаах салайааччы суола.
Афанасий Егорович Дьокуускай куорат ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччынан олорон, физкультураттан, спортан олох атын эйгэҕэ, биһиги киин куораппыт бары экэнэмиичэскэй,социальнай уустук боппуруостарын, ол иһигэр үлэ услуобуйатынан, хамнас төлөөһүнүнэн, олорор дьиэлэринэн, оҕо уһуйааннарынан, оскуолаларынан, балыыһаларынан, профилакторийдарынан дьарыктанан салайааччы улахан оскуолатын ааспыта. Ол быыһыгар саха киһитин быһыытынан култуура, фольклор боппуруостарыгар оһуокайга улахан болҕомтону уурбута.
Кини бастакы солбуйааччынан олорон этии киллэриитинэн, 1987 сыл от ыйын 31 күнүгэр киин куорат ситэриилээх кэмитиэтин партийнай, сэбиэскэй, интеллигенция үлэһиттэрэ кыттыыылаах, маннык үрдүк таһымҥа үйэҕэ бастакы уонна соҕотох оһуокай боппуруоһугар туһуламмыт анал мунньах ыытыллыбыта. Бу мунньахха бэлэмнэнии курдук, мунньах иннинэ бэчээккэ оһуокайга баар кыһалҕалар туһунан бу түмсүү атаҕар туруутугар улахан кылааты киллэрбит дьоһуннаах дьон Г.Г. Сыромятников, Н.Е.Петров, В.Л. Алексеев, Н.К. Шамаев дириҥ хорутуулаах ыстатыйалара тахсыбыттара. Бу мунньах түмүгүнэн сылы эргиччи үлэлиир “Оһуокай” түмсүү тэриллибитэ, Сайын култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар, кыһын бастаан утаа Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура дьиэтигэр, сельхозтехникум спорт саалатыгар, кэлин Арчы Дьиэтигэр сылы эргиччи оһуокай ыытыллара быһаарыллыбыта.
Бүгүн “Оһуокай” түмсүү эдэр эрчимнээх, саҥалыы көрүүлээх, салайааччы, баар быһыыга-майгыга сөп түбэһиннэрэн элбэхтэн биир сөптөөх суолу таба тайанарынан талааннаах Александр Джурович Данилов иилээн-саҕалаан сайдыы суолугар бигэтик турда.
Билиҥҥи кэмҥэ саха омук кутун-сүрүн туппут чыпчаал улахан спортивнай форумугар Манчаары спартакиадатыгар кыым сахпыт уонна “Оһуокай” түмсүүнү сөргүтүспүт киһинэн, саха саарына, киһи кэрэмэһэ Афанасий Егорович Алексеев буолар. Кини салалтатынан мин элбэх сыл үлэлээбитим, дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕарар, кэрэни кэрэхсиир киһи быһыытынан билэбин. Ол кэмтэн ыла төһө да элбэх хаар уулуннар, Афанасий Егорович билигин даҕаны сааһырбыттыы санамакка, кырдьары кыйдаан, үтүөнү үксэтэ, үйэлээҕи үөдүтэ сылдьар.
Ол курдук быйыл Алдаҥҥа Олоҥхо ыһыаҕар оһуокай күрэҕэр Кылаан бирииһи ылла, онно сөп буолбакка Москуба, Санкт-Петербург ыһыахтарыгар оһуокайга кыайыылааҕынан таҕыста. Бу кини үйэтин тухары чөл олоҕу тутуһан, физкультураны уонна спорду олоҕун аргыһа оҥостубутун бигэтик туоһулуур.
Убаастабыллаах Афанасий Егорович, орто туруу бараан дойдуга үтүөнү үксэтэ, кэрэни кэккэлэтэ сырыт, Эн олус сэмэй киһигин, Манчаары спартакиадатын саҕалааҥҥын уонна оһуокайы сөргүтэҥҥин сахаҥ норуотун иннигэр умнуллубат улахан өҥөлөөххүн. Ону дьон-сэргэ сыаналыаҕа диэн эрэнэбин. Мин бу ыстатыйаҕа Афанасий Егорович олоҕуттан-үлэтиттэн икки эрэ түгэни ахтан аастым. Кини дириҥ ис хоһоонноох олоҕун, үлэтин туһунан биир ыстатыйанан этэн кэбиһэр, сыана быһар табыллыбат, ол гынан баран кини олоҕун бэйэтин кэмин көрдөбүллэригэр сөп түбэһиннэрбитэ уонна онон салайтаран үлэлээбитэ саарбаҕаламмат!
|