Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Атырдьах ыйа » 8 » Өксөкүлээх Өлөксөй өтө көрүүтэ ,төһө сөбүй
Өксөкүлээх Өлөксөй өтө көрүүтэ ,төһө сөбүй
08:44
Өксөкүлээх Өлөксөй өтө көрүүтэ төһө сөбүй?

Өксөкүлээх убайбыт эппитэ:
Дохсун үгүс дьон,үөскээбит дойдуларыттан үтүрүллэн,
салаҥ элбэх,сай күдүө дьон Саха сиригэр кэлиэхтэрэ диэбитэ
.Ону билигин анааран көрүөххэ. Кымырдаҕас оргулун үрэйбиттии кытай кыйма омук, сирдэригэр баппакка ,Уһук илиҥҥэ уһугулаан тоҕуорустулар.Саха сиригэр сахсырга саахарга түһэринии муһуннулар.Киргииз омуктар кириэлийбэккэ кимэн киирдилэр.Эрэмээн омукка эйэргээн хаптайдыбыт.Таҕыл - имэҥ куттаах тадьык омук талыылара кэллилэр.Хара омук эрэ эгэлгэтэ хааргын табатыныы хаардыы хаамтылар.Мээр киһи мээрилээн туран, быыбарга талыллаары хара омугу, харса суох бырапыыскалаабыта.

Дьэ нохолор,дьэ хотуктар халбарыйбат хатан ыйаахпыт дьэ хаайда.

Сахаларга барар сир баҕана үүтэ,кэлэр сир кэлии үүтэ буолбут дьон элбэх.Ону таһынан эгэлгэ сүһүрдэр, салгыны буортулууру куталлар,быраҕаллар.Онно тыыммыт хаайтаран, "кутуйах иинин кэҥэтэбит".Өксөкүлээх ону өтө көрүөн сөп.

Кинилэр диэтэх дьон,кэллэллэр эрэ ,ыар тыыннарын, сүдү сүрдэрин,үктэтиилээх өйдөрүн,албас санааларын уйарбыт аата суох.

Кэлэн угаайыга киллэрбиттэрэ.Үктэтэн сирбит баайын үллэстибиттэрэ.Хапкааҥҥа "хап!" гына үктэппиттэрэ.Хандалыга "халыгыр" гына хатаан силлибэт сирбититтэн ылбыттара.Бас - көс дьоммутун, сөллүбэт илимнэригэр сөрөөбүттэрэ.Этиллибитин курдук ону араарар киһи көстө илик.

Өлбүгэ үллэстэр кэмҥэ, үтүө үрэхтэртэн үтүрүллүөхпүт.Ааттаах алаастартан арахсан.Атахтарыгар аналланыахпыт
Сөрү сөпкө эппитин ,сөҕөр эрэ буоллахпыт.Бэри бэркэ эппитин бэркиһиир эрэ буоллахпыт. Кэлии дьон сир үтүөтүн ылан эрэр.Үбэ - харчыта суох өттүбүт дулҕалаах,маардаах сиргэ үтүрүлүннүбүт.Үҥсэн да үгэргээн даҕаны ,үрүҥ хараххын өрө көрбөккүн, уу хараххын утары көрдөрбөттөр.

Үрүҥ сүүрүкпүт тобоҕо,үрүйэ баһыгар өлүтэлиэ,хара сүүрүкпүт хаҕа, хара сыбарга хампарыйыа

Үрүҥ-хара сүүрүк диэн убайбыт ,үрүҥ - хара үүрбэ сүөһүбүтүн этэр.Сүөһү ииттэрбит аҕыйаата.Оттуур ходуһабыт үксүтэ ,оттоммокко талахха, бэрдьигэскэ ,титириккэ, хахыйахха былдьатта.

Иҥсэ иирдэн, оһоҕос обото олуйан ,айах аһыыра албыннаан ,кэлиэхситтэргэ киирэн биэриэхпит

Аччык аҥардаах, аһыыр таҥнар туһугар эрэ сөрүөҥнэһэрбитин ,"курбутун ыга тардынан" кирииһис, ырыынак ынырыгар олоруохпутун,кэлии омуктар угаайыларыгар киирэн, үппүтүн -харчыбытын кутуохпутун илэ түүйбүт.

Эдэр дьахтар эстэрээпэ ,оҕо дьахтар оҕоһут буолуо, оҕонньор оһох төрдүн олоччоҕо, куһаахан эмээхсин кумалаан куолай буолуо.

Бу маны анаардахха бадаҕа, билигин икки үрдүк үөрэхтээх эдэр дьахталлар үлэ булбакка эстэрээпэлээн, иитиллэллэрин көрүүлэммит курдук сөп түбэһэр. Кумалаан да буолбатар эмээхситтэр биэнсийэлэрэ ,иитимньилэригэр курдары барара ити этиигэ тахсыһар."Оҕонньор киһи оһох төрдүн олоччоҕо буолуо" диэбитэ, биэнсийэтин кэтэһэ сатаан ,кэтэҕэ көһүйбүтүн санатар. Үбэ суох оҕонньор оҕолоруттан, оһох төрдүгэр үтүрүллэрин ойуулаабыт курдук.

Мантан антах оҕобут буомуруо, төрүөхпүт төннүө,ыччаппыт быстыа, оһохпут буруота суох, сурпут кэриэһэ суох ,сүүс сыл иһигэр өтөхтүүн сүтүөхпүт,уоттуун умуллуохпут.

Бу этиитэ кэлбэтэр ханнык.Эчи арах! Олорбут сыччах, барыта хааччах ! "Оҕобут буомуруо".Былыр бодоҥ оҕолор мээнэ төрөөбөт этилэр.Билигин олох сайдан, наркотик ,радиация содула."Ыччат быстыа".Үгүс ыччаппыт үлэтэ, дьарыга суох. "Өтөхтүүн сүтүөхпүт" .Билигин сүһүрдэр собуот тутаары дураһыйаллар.Эрэкиэтэ элээмэтин элитэллэр.

Билигин талар Ил Дархаммыт саха норуотугар төһө бэриниилээхтик үлэлиирэ бу үөһэ этиллибити, ол эбэтэр дууһа кыланыылаах анаарыыны сөпкө өйдөөн ,итинник турукка киирбэт гына үлэлиэхтээх. Быыбар буолла даҕаны эҥин - эгэлгэ эрэннэриини ,элэ-была тылларын этэллэр.Ылыннарыылаах тылларынан ырай олоҕун кэпсииллэр."Остуоруйа
" бөҕөнү омолуйаллар. Истэ сатаан дьүлэй дьон курдук буоллубут.Көрө сатаан харахпыт бүөлэннэ. Кими талыахпытын кириэлийэбит.Хайаларын хайгыахпытын харахпытын аһа иликтэр. Устар ууну сомоҕолуур тылы уруургуу көрбөт буоллубут.Үлэнэн көрдөрөллөрө буоллар үөрүө этибит.Кириэсилэни эрэ сылыппакка киирсэн иһэр буолаарыҥ.Тойон буолан эрэ, тойтоҥолоон хаампакка толорон иһэр буолаарыҥ, толлорбут ааспыта, толонноһон туруохпутун син.Чыыннаах эрэ буолан чыначчы туттан хаамымаҥ! Чыыста норуот туһугар үлэлээҥ!
Саха эрэ буолларбыт ,сурпут кэриэстээх,өтөхпүт төҥүргэстээх буоллун.
Урааҥхай эрэ буолларбыт, уоппут умуллубатын. Кэнчээри ыччаппыт кэрэни эрэ кэпсиирдээх буоллун !

Ородьумаан
Өксөкүлээх Өлөксөй "Ойуун түүлэ" аймньытыгар саха норуота эстиэ дэ суруйбут,,,

Бу долгун ортотуттан ыла

Кэлин тиһэҕин диэки

Дохсун үгүс дьон

Үөскээбит үтүө дойдуларыттан

үтүрүллэн,

Иитиллибит ийэ сирдэриттэн

тэлэһийэн,

Айыллыбыт аҕа дайдыларыттан

арахсан,

Салаҥ элбэх

Сай-күдүө дьон

Саха диэки салаллан,

Дьокуускай диэки туһулаан

Биһиги диэки бэрэһилиэннээн

эрэллэр...

Дьэ, ноколор,

Дьэ, хотуктар,

Тонолуйбат[62] улаххан оҥоруубут

Дьэ тосхойдо

Халбарыйбат хатан ыйаахпыт

Дьэ хаайда,

Мүлчүрүйбэт бүтүн төлкөбүт

Дьэ бүрүүкээтэ.

Кинилэр диэтэх дьон

Кэллэллэр эрэ —

Ыар тыыннарын,

Сүдү сүрдэрин,

Албас санааларын,

Үктэтиилээх өйдөрүн,

Биэскэлээх мэйиилэрин,

Угаайылаах толкуйдарын

Уйарбыт аата суох...



Киин сирдэрбитигэр

Кэлэн киэптиэхтэрэ,

Ааттаах алаастарбытыгар

Ардахтанан адаҕыйыахтара,

Улуу үрэхтэрбит

Устун олохсуйуохтара.

Өлбүгэ үллэстэр күҥҥэ

Үтүө үрэхтэртэн үтүрүллүөхпүт,

Үрүйэлэр төбөлөрүгэр үүрүллүөхпүт,

Ааттаах алаастартан арахсан

Атахтарыгар аналланыахпыт,

Сайдам сайылыктартан салыйан

Саҕаларыгар саһыахпыт.

Төрүөбүт төрүт буорбутугар

Төннүбэккэ төлкөлөнүөхпүт,

Үөскээбит өтөхпүтүгэр

Өннүбэккэ[63] үүрүллүөхпүт,

Кэлбит кэриэс сирбитигэр

Кэлбэккэ кэбэлийиэхпит.

Үрүҥ сүүрүкпүт тобоҕо

Үрүйэ баһыгар өлүтэлиэ,

Хара сүүрүкпүт хаҕа

Хара сыбарга хампарыйыа.

Баайбыт бараммытын,

Топпут тохтубутун кэннэ —

Ис иҥсэтэ иирдэн,

Оһоҕос обото олуйан,

Айах аһыыра албыннаан,

Кэлиэхситтэргэ киирэн биэриэхпит:

Бэттэрбитин нэктэл-кулут,

Хаадыаппытын хамныыр[64]-кулут,

Эдэрбитин эллигэн[65]-кулут

гыныахтара.

Адам дьахтар анахсыт,

Эдэр дьахтар эстэрээпэ,

Оҕо дьахтар оҕоһут буолуо.

Оҕонньор киһи

Оһох төрдүн олоччоҕо,

Куһаҕан эмээхсин

Кумалаан куолай буолуо.

Мантан антах

Оҕобут буомуруо,

Төрүөхпүт төннүө,

Ыччаппыт быстыа...

Оһохпут буруота суох,

Өтөхпүт төҥүргэһэ суох,

Суртпут кэриэһэ суох

Сүүс сыл иһигэр

Өтөхтүүн сүтүөхпүт,

Уоттуун умуллуохпут,

Ааттыын арахсыахпыт...

Оччоҕо арай

Хойууку үөрэхтээхтэр

Хоһоон гыныахтара,

Кэнэҕэски билээччилэр

Кэпсээн гыныахтара:

«Сайсары сыһыытыгар

Самныбыт санаалаах,

Саах балаҕаннаах

Саха диэн омук

Саһан олоотто үһү.

Дьокуускай уобласка

Дьокуут диэн

Дьох омук

Дьон буолан иһэн

Дьоҕуланан хаалта үһү», — диэн...
 Поезд кэллэ дьии дьии уерэбит да.... Ексекулээх Елексей билинни олохпутун суруйбут
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1417 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 21
Ыалдьыттар (гостей): 21
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024