Саха сиригэр саамай үрдүк хамнаһы оробуочай уонна тэхиниичэскэй идэлээх дьон ылалларыгар саарбахтааһын суох.
Ол иһин, мин кэмиттэн кэмигэр ханна хамнастаах, астаах-таҥастаах үлэ миэстэтэ тахсан эрэрин уталыппакка биллэрэ турабын. Бүтэһик сонуну иһитиннэрэбин.
Удачнай хайаны байытар кэмбинээтигэр «С», «Е» категориялаах суоппардар ирдэнэллэр.
“АЛРОСА” Каадырдары бэлэмниир (ЦПК) уонна Мииринэйдээҕи нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин нөҥүө автопуойас суоппардарын бэлэмнээһин бара турар.
Холобур, урут ыарахан уйуктаах массыыналарга үлэлии сылдьыбыт уолаттарга, Удачнай ХБКтын УККтын болҕойоллоругар баҕарабын. Начаалынньыктара – Кирилл Анатольевич Банделюк. Уопуттаах, бэйэлэригэр эрэллээх, доруобуйалара уонна уйулҕаларын туруга эппиэттиир чэгиэн дьон, маны болҕойоргут буоллар диэн суруйабын.
Уопсайынан да, Үөһээ Муунаҕа үлэ бөҕөтө тахсан эрэрин учуоттаан, бука диэн баар кыаҕы мүлчү тутумаҥ. Тоҕо диэтэххэ, мантан күһүн соҕурууттан дьон бөҕөтө тоҕу ааллаан кэлэн, саамай хамнастаах үлэлэри былдьаһа-тарыһа ыла охсуохтарын сөп. Дьахталларга Удачнай хайаны байытар кэмбинээтигэр эмиэ үлэ балачча баар эбит.
Муоста сууйааччытытан саҕалаан кладовщикка, хочуолунай операторыгар, пуобарга, куукуна оробуочайыгар, вахтерга тиийэ.Атырдьах ыйын ортотугар, УКС, МУАД, АТМ тэрилтэлэр, Үөһээ Муунаҕа эмиэ үлэ миэстэлэрэ баалларын биллэрдилэр.
Онон эдэр дьон түгэни ыһыктымаҥ. Ким эрэ син-биир табыллыаҕа. Бэйэҕитин тургутунан көрүҥ. Наадалаах аадырыстаргытын Интэриниэтинэн булуҥ, ааҕыҥ,билсиҥ.
Удачнайдааҕы ХБК дириэктэрэ Александр Махрачев
Мииринэй куоратыгар кэллэххитинэ, ЦПК дьиэтигэр (Мииринэй куорат почтатын утары турар) отут үһүс кабинекка Дмитрий Александрович Кашириҥҥа тиийиҥ (төл : 8-41136- 9 -12-65.
Эмиэ Үөһээ Муунаҕа анаан үлэһиттэринэн, ЦПК дириэктэрин оробуочайдары бэлэмнээһиҥҥэ солбуйааччыта Павел Викторович Шелехов (төл: 9-10-40) дьарыктанар.
Бу салайааччылар үлэ боппуруоһун уонна Үөһээ Муунаҕа үлэлиэн баҕалаах дьону үөрэттэриинэн дьарыктаналлар. Аҥаардас автопуойас эрэ суоппарын бэлэмнээһинэ эрэ буолбатах. Араас идэлэр бааллар. Оттон суоппардар, эрэсэрээт ылар стажировкаларын, Удачнай УККгар бараллар. Ону Удачнай УККтын кытары сибээстэһэн, эрдэттэн билсэр орудук. Удачнайга дьэ хайдах тиийэбит диэххит. Удачнайга диэри Мииринэйтэн “Таежный экспресс” “Мерседес Спринтер” микрооптуобустара нэдиэлэҕэ үстэ сылдьаллар. Мииринэйтэн Удачнайга диэри быһа холуйан – алта сүүс биэрэстэ. Аҕыстан уон чааска тиийэ айанныыллар. Сыаналара - 3.500 солк. Аны туран, барыгытын сэрэтэбин.
Алтынньы ыйын саҕаланыытыттан сэтинньи ый бүтэһигэр диэри суолунан айан уурайар.
Оттон оптуорунньук уонна бээтинсэ ахсын, Дьокуускайтан Полярнайдыыр сөмөлүөт төлөбүрэ 21 тыһыынча солк. Бу биллэн турар олус ыарахан. Бэл, Мииринэйтэн Удачнайга диэри салгынынан айан сыаната уон үс тыһыынча солк. Мииринэй оройуона олус хаайтарыылаах, ыарахан суоллаах-иистээх дойду буоларын булгуччу учуоттааҥ. Удачнайга үлэ баараҕай таһымын маннык чахчыларынан бигэргэтэбин.
«АЛРОСА» 4 мөл. туонна урууданы хостуур кыахтаах «Удачнай» руднигы тутан бүтэрэн эрэр. Мантан үрдүкү дохуоту 2019 сыл бүтүүтүгэр күүтэллэр. Быйылгыттан ыла, «Удачнай» ХБК тула күттүөннээх уларыйыылар, кини хостуур алмаастарын кээмэйэ лаппа улаатыыта күүтүллэр. 2019 сылтан ыла, Удачнай хайаны байытар кэмбинээтэ 10,5 мөл. туонна урууданы хостоон барыахтаах. Хампаанньа үрдүнэн саамай кэскиллээх «Удачнай» рудник 4 мөлүйүөн туонна урууданы хостуура былааннанар.
Онно «Зарница» туруупка карьерыгар үлэ тэтимириитин эбэн кэбис (үс мөл. туонна урууда), Үөһээ Муунаҕа хайа-урууда тиһигэ үлэтин бырайыактаах таһымыгар сэтинньи ыйга тахсыытын (үс мөл. туонна урууда).
Оттон Удачнай 12с №-дээх баабырыкатын утумнарын таһыччы уларытыыга хампаанньа балтараа млрд.солк анаабыта – инникини сыныйан тургуппутун кэрэhитэ. Биллэн турар, маннык кээмэйдээх үлэ 12с №-дээх баабырыка тэриэбэтэ тосту уларыйыытын ирдиир. Бастатан туран, баабырыка урууда мэлийиитин утумугар уларытыыны ыыттылар.Үс миэлиҥсэ уларытылынна. Урууданы «сиксийэр» грохоттар саҥардылыннылар. Маны кытары, байытыы утумугар икки тэриэбэ («Тяжелосредное обогащение») уларытылыннылар.
Аны шахта. Манна сүрдээх киэҥ идэтийии ирдэнэр. Ирдэбиллэрэ да кытаанах. Оттон шахтаны тутааччылар уонна «Якутнипроалмаас» институт, кирбиилэр куттала суох буолууларыгар ордук сыныйан үлэлии сылдьаллар.
Уопсайынан, рудник бастакы уочарата сайдан, силигилээн барар түгэнигэр, Удачнай алмаас хостооhунун саамай бөдөҥ учаастагар кубулуйаары олорор.
Хампаанньа салалтата биллэрбитинэн, бастатан туран, оҥорон таһаарыы сүрүн оробуочайдарыгар хамнас улаатыннарыллыа диэн эрэннэриллибитэ. «АЛРОСА» - бөдөҥ бырамыысалыннас тэрилтэтэ, күндү тааhы атыылааhынтан дохуоту ыла олорор эргинэр (кэммиэрчэскэй) хампаанньа.
Онон табыгастаахтык бородууксуйатын батарар да, соччонон үлэhиттэрин хамнастара эбиллэр, бириэмийэ, бонус бэриллэр туруктанар.
Маны аахпыт ыччаттар Удачнайга – алмааска үлэни болҕойуҥ.
Үп-харчы тиийбэт, тиийимэккэ кэппиэйкэни ааҕа олоруу адаҕатыттан, дьадайыыттан босхолонуҥ, дьоҥҥут-сэргэҕит этэҥҥэ олорууларын бигэ тирэҕэ буолуҥ.
Станислав Алексеев, Мииринэй куорат.