News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2018 » Атырдьах ыйа » 27 » Экология миниистирэ Бүлүү уута киртийбитигэр эмиэ айылҕаны буруйдаата?
Экология миниистирэ Бүлүү уута киртийбитигэр эмиэ айылҕаны буруйдаата? | 07:32 |
Экология миниистирэ Бүлүү уута киртийбитигэр эмиэ айылҕаны буруйдаата?
Бүлүү улуустарын дьонун-сэргэтин аймалҕана бу күннэргэ сытыырхайда. Болоорхой уу, үлүгэрдээх балык тараһатынан үөһэ уста сылдьар хаартыската, видеота мессенджери толордо. Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин эбээһинэһин толорооччу Сахамин Афанасьев, Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, АЛРОСА салалтатыттан — Игорь Соболев буолан Иирэлээх үрэҕи вертолетунан көтө сылдьан көрдүлэр, мунньахтаатылар диэн официальнай СМИ иһитиннэрдэ. Былаастаах дьон этэллэринэн, Иирэлээххэ үлэлиир уста сылдьар драгалар котлованнарын дамбата тоҕо барбыт. Минэкология отчуоттуурунан, Иирэлээх, Аччыгый Ботуобуйа, Бүлүү эбэлэр ууларын химическэй састааба «киһиэхэ куттала суох» үһү.
Ол гынан баран «иһимэҥ» диэн сэрэтии ыыппыттар. Уу болоорхой өҥө — ардах уута кумаҕы, ньамаҕы суурайбытыттан таҕыста диэбиттэр. Оччотугар киһиэхэ «куттала суох» ууга тоҕо итиччэ элбэх балык өллө?
Тоҕо сырыы аайы айылҕа сордооҕу буруйдуур куолулаах министиэристибэний бу?! Кырдьык да общественнай эколог Уйбаан Буурсап этэринии «туохха да туһата суох министиэристибэ» буолла. Уйбаан Сэмэнэбис айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр 1,6 тыһ. киһи үлэлиир, сылга 700-тан тахса мөлүйүөн бу дьону аһатарга-сиэтэргэ бюджеттан көрүллэр диир. «Тугу эмэ сахатын норуотун, сирин-уотун көмүскэһэр туруулаһар министиэристибэ дуу, суох дуу?!» — эколог кыыһырыан кыыһырар. Хайдах сырыы аайы туох эмэ таҕыста да, наар «айылҕа көстүүтэ» буолан иһэрий?!
«Ити драгаларыгар ыарахан састааптаах минераллаах сурадаһыннары туттубаттар диэн букатын сиикэйдэрэ! Тутталлар!» — диэн кини этэр. Оччотугар драга котлованнарын кирдээх уута сүлүһүннээх буолан бу үс эбэ уутун киртитэн балыгын өлөрдөҕө. Ол аайы Сахамин Афанасьев тугу да билбэтэҕэ буолан тумсун дулҕаҕа соттон ньылбаарытан иһэр. Бу айылаах быыбар бөҕө ааҥнаан турдаҕына, сатахха, көрүнньүккэ да кыһаллан көрүөх этилэр. Ол тухары биир да депутат официальнай отчуоту сымыйаргаабата. Арай Ньурба улууһуттан Ил Түмэҥҥэ депутат Иннокентий Васильев эрэ куолаһа иһиллэр.
Ил Түмэн депутата буолан туран миниистир Сахамин Афанасьевка, киһи билэринэн. кини эрэ токкоолоһон сурук суруйда. Иннокентий Давыдович Васильев: -Мииринэй алмаасчыттара туттубут ууларын, ыраастыыр оборудованиелара алдьанан, 3 сыл кирдээх ууну курдат тоҕо турбуттарыгар, Афанасьевтан туох миэрэ ыллыгыт диэн ыйыппыппар хардарбатаҕа.
Онтон Мииринэйгэ карьер хвостохранилищета тоҕо баран, бадараана Ленскэй суолугар саба халыйан тахсыбытыгар Правительственнай чааска эмиэ ыйыппытым, туох миэрэ ыллыгыт диэн. Онуоха 100 тыһ. ыстарааптаатыбыт диэбитэ. Бачча миллиардынан эргитэ олорор тэрилтэҕэ 100 тыһ. диэн баҕа силэ буоллаҕа.
Күлүү гыммыт курдук. Көннөрү боростуой киһи уу таһыгар массыынатын сууйаары гыннаҕына ыстараап үлүгэрэ, предприниматель кэмигэр бөҕүн хомуйбатаҕына ханнык баҕарар инспектор кэлэн 90 күҥҥэ тэрилтэтин сабан кэбиһэр бырааптаах. Оттон бу курдук аарымаларга кэлэн министиэристибэбит тииһэ-уоһа баранан, тыҥыраҕа сыппаан биэрэрин хайдах өйдүөххэ сөбүй?!
Боростуой норуокка сүрдэнэллэрин эрэ билэллэр. Дьиҥинэн, кинилэр биһиги хаххабыт, көмүскэлбит буолуохтаах этилэр. Ол оннугар хата төттөрүтүн барытыгар сир баайын хостуур хампаанньалары көмүскээн айылҕаны буруйдуу олороллоро кыһыылаах! Аны ити официальнай отчуоттарыгар быһылааны хайдах түргэнник туоратар туһунан биир да тыл суох. Хас техника, дьон, харчы көрүллэрин-көрүллүбэтин туһунан тугу да эппэттэр.
Эгэ ыстараап туһунан этиэхтэрэ дуо?!
Саахал туоратылла илигинэ, быһыт чөлүгэр түһэриллэ илигинэ булгуччу производство тохтотуллуохтаах! *** Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев туруорсуутунан, өрүс уута ырааһырыар диэри нэһилиэнньэ ыраас уунан хааччыллыахтаах. Ити барыта АЛРОСА суотугар оҥоһуллуохтаах диэн хаһыаттарга сурулунна. Алмаас промышленноһа Бүлүү сүнньүн улуустарын улаханнык кээһэттэ. Сатахха, иһэр уунан хааччыллыы баччааҥҥа диэри суох.
Экология хоромньутун туоратыыга САПИ Фондаҕа төһөлөөх миллиард харчы көрүллүбүтүн мэҥиэстибит дьон бэйэлэрэ билэн эрдэхтэрэ. Уонна сирэйдэрэ сааппакка өссө «норуот туһа» диэн сырыы ахсын депутат мандатыгар киирсэллэр. «Норуот туһа» диир буоллаҕына, Тумусов саатар төрөөбүт улууһугар биир ууну ыраастыыр станция туттарыахтаах этэ. Ол сунтаардарга, ньурбаларга, бүлүүлэргэ кыһаллыбытаҕын аанньа. *** Aartyk.Ru
Источник: Aartyk.ru
|
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода |
Views: 1101 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 20 Ыалдьыттар (гостей): 20 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|