News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2018 » Балаҕан ыйа » 7 » Күндүтүк саныыр, ытык-мааны Сахам сирин дьоно!
Күндүтүк саныыр, ытык-мааны Сахам сирин дьоно! | 08:45 |
Күндүтүк саныыр, ытык-мааны Сахам сирин дьоно!
Урукку ааспыт быыбардарга, Российскай Федерация Президенын быыбардарыгар 1991 сылтан са5алаан, бастаан Н.И.Рыжковка, онтон Г.А.Зюгановка куоласпын биэрэр этим. Бу сааскы, кулун тутар ыйга буолбут , дойдубут Президенын быыбарыгар, куоласпын П.Н.Грудиниҥҥа биэрбитим.
Билигин, дойду олоҕо ыарахан балаһыанньаҕа киирдэ, ордук Саха курдук омуктарга ыарахан кэм кэллэ. Айылҕабыт алдьаныыта элбээтэ, дьон үлэтэ суох буолуута үксээтэ, «капитализм” ыар тыына кэллэ.
Айсен Сергеевич Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын быыбарыгар кыттарын истэммин, олус диэн үөрбүтүм. Айсен СергеевиЬы киьи уонна салайааччы быЬыытынан өрдөөҕүттэн билэбин. Саха сирин кэскилин туһунан бэйэтин санааларын үгүстүк бэйэтин кытта кэпсэтэрбэр истээччибин. Кини киҺи быһыытынан эйэҕэһэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ ураты сыһыана үчүгэйинэн, билиитэ-көрүүтэ дириҥинэн киһини кэрэхсэтэр. Дойду билиҥҥи туругун үчүгэйдик билэринэн - миигин элбэхтик сөхтөрөрө. Кини биир ураты өрүтүнэн, киһини бэйэтигэр ураты тардар көрүүлээх салайааччы буолар.
Билигин, Саха сиригэр Ил Дархаҥҥа “Үһүс сүһүөх” Саха киһитэ кэллэ. Бу иннинэ, “Бастакы сүһүөх” салайааччы Михаил Ефимович Николаев, “иккис сүһүөх” салайааччы Егор Афанасьевич Борисов буолаллар. Мин бу икки ураты Саха сирин улахан салайааччыларын кытта кэпсэтэн, алтыҺан ааспытым. Туох да диэбит иһин, Михаил Ефимович, Егор Афанасьевич- саха омук биир улахан чулуу уолаттара буолаллар. Билиҥҥи ыарахан кэмҥэ , бу икки улахан дьоннорбут үлэлээбит,салайбыт Дуоҕаларын эдэр эрчимнээх, кэскиллээх “Үһүс сүһүөх” салайааччы Айсен Сергеевич илиитигэр туттарылынна.
Дьэ, бу балаҕан ыйын 9күнүгэр , буолаары турар Ил Дархан быыбарыгар, Сахам сирин дьонун-сэргэтин биир санааннан хайдыспакка, партиянан арахсыбакка, биир киһи курдук быыбардыыргытыгар ыҥырабын.
Билигин, дойду үрдүнэн, ол иһигэр Саха сиригэр буола турар араас
алдьаныы-кээһинии, Саха дьонноруттан тутулуга суох, үөһэттэн Киин сиртэн оҥоһулла турар. Итини барытын , биһиги сахалар билиэхтээхпит, өйдүөхтээхпит. Араас сыыһа өйдөөһүн, сороҕор соруйан холуннарыы курдук түктэри көстүүлэргэ киирэн биэримиэҕин. Сахабыт сирин Саха киһитэ салайар тоҕостоох кэмэ кэлбитин мүччү тутумуоҕуҥ. Түмсүүлээх омугу хайа да күүс ылла ылбычча, хам баттаан дьаҺайан барбат.
Үлэтин бастакы хардыылара көрдөрдүлэр, кини күүстээх былааннарын, үлэҕэ эппиэтинэҺи ирдиирин. Кини үлэни тэрийэр, хамсатар дьоҕурдааҕын өссө төгүл бэлиэтиибин.
Айсен Николаев тыа сирин олоҕун, тыа хаһаайыстыбатын туругун билэр, экономика уонна промышленность салаатын үчүгэйдик баһыылаабыт бэлэмнээх салайааччы. Кини өрөспүүбүлүкэни салайарга саҥа көрүүлээх, аныгы дьаһаллаах салайааччы буоларын астына, дуоһуйа бэлиэтиибин.
Түмсүүлээх, биир сомоҕо, биир санаа буоламмыт Саха сирэ күүстээх, кыахтаах өрөспүүбүлүкэ буоларын ситиһиэхпит!
Быыбарга кэлэн кыттыҥ, Айсен Сергеевич Николаевы өйүөҕүҥ!
Федот Петрович Иванов, саха эмчитэ, Дьөккөн нэһилиэгэ
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 1260 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 90 Ыалдьыттар (гостей): 90 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|